Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -29 oC

Алтынньы 31 күнүгэр Ил Түмэн култуураҕа уонна сонуну киэҥник тарҕатар ситимнэргэ сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Захар Никитин норуот уус-уран оҥоһуктарын өйөөһүн туһунан сокуон үлэтигэр туһуламмыт Бырабыыталыстыба чааһын салайан ыытта.

Алтынньы 31 күнүгэр Ил Түмэн култуураҕа уонна сонуну киэҥник тарҕатар ситимнэргэ сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Захар Никитин норуот уус-уран оҥоһуктарын өйөөһүн туһунан сокуон үлэтигэр туһуламмыт Бырабыыталыстыба чааһын салайан ыытта.

Сокуон – тирэх күүс

Сүрүн иһитинэриини култуура уонна духуобунай сайдыы миниистирэ Афанасий Ноев оҥордо. Норуот уус-уран оҥоһуктарын оҥорор уустары, уран тарбахтаах маастардары кытары үлэ 2009 с. ылыллыбыт «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр норуот уус-уран оҥоһуктарын судаарыстыба өттүттэн өйөөһүн туһунан» сокуоҥҥа олоҕуран ыытыллар.

2024 сыл тохсунньу 1 күнүнээҕи туругунан, 294 киһи «Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастарын», 670 киһи «Саха Өрөспүүбүлүкэтин уус-уран оҥоһугун маастарын» аатын сүгэллэр. Норуот уус-уран оҥоһугун оҥорор маастардары, тимир, мас уустарын, иистэнньэҥнэри түмэр 113 түмсүү баар. Кинилэр өрөспүүбүлүкэ, Бүтүн Арассыыйа уонна аан дойду таһымнаах быыстапкаларга, тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кытталлар.

Ил Дархан Айсен Николаев өйөбүлүнэн, кэнники сылларга төрүт култуураны өйөөһүҥҥэ улахан дьаһаллар ылылыннылар, 2023 сылтан тимир уустарыгар уонна норуот маастардарыгар анал истипиэндийэлэр олохтоннулар. 2018 сылтан саҕалаан, улуустарга 14 Уус дьиэтэ тэриллэн үлэлиир, олорго 147 үлэ миэстэтэ таһаарыллан, кырдьаҕас уустар эдэрдэри бэйэлэрин маастарыстыбаларыгар уһуйаллар. Онон хас биирдии Уус дьиэтэ нэһилиэк, улуус уопсастыбаннай-култуурунай олоҕор улахан оруолу ылар, кэрэҕэ тардыстыы кииннэрэ буоллулар. Норуот уус-уран оҥоһуктарын өйөөһүн Кэнсиэпсийэтин чэрчитинэн, 2033 сылга диэри тыа сиригэр Уустар дьиэлэрин, норуот уус-уран оҥоһуктарын кииннэрин салгыы тэрийэн, уран тарбахтаахтары ол тула түмэн, саҥа үлэ миэстэлэрин таһаарар сорук туруоруллубут.

Уран тарбахтаах уустары идэтийбит таһымынан бэлэмнээһиҥҥэ Аартыкатааҕы култуура уонна ускуустуба судаарыстыбаннай үнүстүүтэ, П.П. Романов аатынан Дьокуускайдааҕы ходожественнай училище, И.Е. Винокуров аатынан Намнааҕы педкэллиэс, Креативнай индустрия кэллиэһэ (Айар уустар) үлэлииллэр.

Кэлэр өттүгэр «“Симэх” норуот прикладной ускуустубатын уонна уус-уран оҥоһуктарын киинэ» аптаныамынай тэрилтэҕэ тирэҕирэн, Уустар дьиэлэрин кэлим тиһигин тэрийэр былаан баар. Бу тэрилтэ норуот маастардарын кытары үлэни сүрүннүүр, быыстапкалары, уопут атастаһыытын тэрийэр. 2013 сылтан эталон буолар 300 оҥоһугу пуондаҕа муста. Өссө таһаарыылаахтык үлэлиэҕин-хамсыаҕын бэйэтэ туспа дьиэтэ-уота суоҕа (А.Е.Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын киинигэр баар) атахтыыр. Онон «Симэх» матырыйаалынай-тиэхиньиичэскэй баазатын тупсарар, эбии ыстааттары көрөр, эталон буолар оҥоһуктар пуондаларын хаҥатар, массыынанан хааччыйар уо.д.а. эрэйиллэр эбит.

уус_уран_оҥоһук_-_3.jpeg

Үлэ оскуолаттан саҕаланар

Норуот дьокутааттара дакылааты биһириилэрин биллэрдилэр, уустары матырыйаалынан хааччыйыыга чопчулуур ыйытыылары биэрдилэр. Елена Голомарева норуот уус-уран оҥоһуктарыгар аадырыстаах бырагыраманы сөргүтэргэ, Антонина Григорьева министиэристибэ тустаах сокуоҥҥа сылларынан тыырыллыбыт үбүлээһин бырагырааматын оҥороругар сүбэлээтилэр.

Ким даҕаны норуот маастара буолан төрөөбөт. Кыра сааһыттан уһаныы бастакы сатабылларыгар уһуйуллубут оҕо ситэн-хотон, уус буолар. Урукку өттүгэр оскуолаларга үлэ, технология уруоктарыгар уонна эбии үөрэхтээһин дьарыктарыгар оҕолор элбэххэ үөрэнэллэрэ. Билигин хайдаҕый, оскуолалары үөрэтэр-үлэлэтэр тэриллэринэн хааччыйыы төһө ыытылларый? – диэн ыйытта Афанасий Владимиров.

Онуоха үөрэх министиэристибэтин эбии үөрэхтээһиҥҥэ департаменын бэрэстэбиитэлэ Мария Корякина оскуолаларга эбии үөрэхтээһин 1778 бырагыраамата үлэлиирин, олорго 58 тыһыынча үөрэнээччи хабылларын, үлэ уонна технология биридимиэттэригэр туттар тэриллэр, ыстаныактар кэлэн эрэллэрин, оттон норуот уус-уран оҥоһуктарыгар үөрэтии куруһуоктарынан ыытылларын туһунан кэпсээтэ. Ити курдук, оҕолору үлэ-хамнас араас көрүҥэр үөрэтии кэлимник ыытыллар, уһанарга дьоҕурдаах, баҕалаах ыччаттар син үүнэ турар эбиттэр.

Төрүт култуура аны үөрэтиллибэт...

ФГОС саҥа ыстандаартын быһыытынан, быйылгы үөрэх сылыттан төрүт култуура биридимиэтин үөрэтии суох буолбутун туһунан национальнай гимназия учуутала, куукуланы оҥорооччулар айар сойуустарын салайааччы Айталина Иванова эттэ.

Төрүт култуура биһиги маастардарбытын бэлэмниир, өй-санаа өттүнэн сааһылыыр, толкуйдатар, иитэр сүрүн биридимиэппит этэ. Педагика психологиятыгар ылыныы (воспритие) диэн өйдөбүл баар, төрүт култуура оскуолаҕа үөрэтиллибэт буоллаҕына, кэлэр өттүгэр норуот култууратын, ускуустубатын ылынар, ону салгыырга дьулуһар ыччат ахсаана аҕыйаан иһиэҕэ. Онон бу кыһалҕаны үөрэх үлэһиттэрэ эрэ буолбакка, бары ылсаммыт судаарыстыба таһымынан көмүскүүр мэхэньииисими тобулуохпутун наада. Бу тиэмэҕэ хаһан кэпсэтиини тэрийиэххитин сөбүй? – диэн ыйытыытын дьокутааттарга туһаайда.

Өйдөннө, боппуруоһу «харандааска ыллыбыт», -- диэтэ Ил Түмэн наукаҕа уонна үөрэххэ сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Антонина Григорьева.

уус_уран_оҥоһук_-_2.jpeg

Бырайыактыыр офис наада

«Симэх» норуот прикладной ускуустубатын уонна уус-уран оҥоһуктарын киинин дириэктэрэ Яна Игнатьева биһиги үлэ тэрээһинигэр көрсөр уустуктарбытын быһаарарга Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтиттэн саҕалаан Дьарыктаах буолуу кэмитиэтигэр тиийэ бары биэдэмистибэлэри кытары ыкса үлэлиибит диэтэ. Норуот уус-уран оҥоһуктарын кытары үлэ киэҥ, дириҥ эйгэ буолар, онон Ил Дархан иһинэн биэдэмистибэлэр икки ардыларынааҕы сэбиэти биитэр бырайыактыыр офиһы тэрийэргэ эттэ.

Сокуон 2009 с. ылыллыбыта, ол кэмтэн балачча уларытыы киллэрилиннэ. Олох баран иһэр, билигин сүрүн хайысха норуот уратытын көрдөрөр култууратын куодун оҥорууга ылылынна. Чинчийэр үлэ быһаарбытынан, норуот ааспыт үйэлэр улаҕаларыттан илдьэ кэлбит, кэлэр көлүөнэлэргэ тиксэриэхтээх култууратын куодун тута сылдьааччылартан биирдэстэрэ уустар эбиттэр. Онон бырагыраама саҥа эрэдээксийэтигэр үгэс буолбут методологияны сэргэ үлэ-хамнас аныгы көрүҥнэрин, ааспыт өттүгэр учуоттамматахтары, киллэрэр эрэйиллэр. Уус-уран оҥоһуктар салааларын өйөөһүҥҥэ Япония мэхэньиисимин Кытай ылынан эрэр, биһиги ону туһанарбыт сөп дуо? – диэн тимир уустарын уонна тимири уһаарааччылар ассоциацияларын бэрэсидьиэнэ Николай Бурцев сураста.

Миниистир Афанасий Ноев Арассыыйа да, өрөспүүбүлүкэ да таһымнарынан өйөбүл олох ирдэбилин учуоттаан оҥоһуллалларын, онон, этии киирдэҕинэ, саҥа мэхэньиисимнэри үөрэтэн көрөн баран, көдьүүстээх диэтэххэ, өйүөххэ сөбүн туһунан быһаарда.

«Тускул» уонна «Сайдам» хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэлэр сэлии муоһунан фабрикат аҥардаах оҥоһуктары оҥорон экспортка таһаарар эбиттэр. Былырыын 6 туоннаны Кытайга батарбыттар. Быйыл да оччону оҥоруохтарын РФ Култууратын министиэристибэтиттэн палеонтология матырыйаалын быһыы-отуу, аалыы о.д.а култуура сыаннаһын алдьатыы, холуобунай эппиэккэ тардыллар буруй буоларын туһунан сурук кэлбит. Инньэ гынан үлэлэрин тохтопуттарын туһунан тэрилтэ бэрэстэбиитэлэ кэпсээтэ уонна ол суругу сокуон хараҕынан быһаарарга көрдөстө.

Түмүккэ

Мунньаҕы түмүктүүрүгэр Захар Никитин кэпсэтии манан эрэ бүппэтин, ким тугу эппэккэ хаалбыт этиилэрин уонна ыйытыыларын сис кэмитиэккэ тиксэрэллэригэр эттэ.  "Миниистир Афанасий Ноев дакылаатыттан тустаах сокуон чэрчитинэн туох үлэ ыытылларын иһиттибит, туох кыһалҕа баарын биллибит, онон, бүддьүөт иккис ааҕыытыгар норуот уус-уран оҥоһуктарын салаатыгар өйөбүлү туспа строканан көрөргө этэбин" диэтэ.

Хаартыскаҕа Василий КОНОНОВ (Ил Түмэн) түһэриитэ

  • 3
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Түһүлгэ

Сайдыы суола арылыннын

ЫҺыллыбат ыйааҕынан, уларыйбат укааҺынан, эргилиннэрбэттии этиллибитинэн тохтообокко…
08.12.24 11:04