Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -24 oC

Арассыыйаҕа устудьуоннар тохсунньу 25 күнүгэр, Татьяналар күннэригэр, бырааһынньыктыыр үгэстээхтэр. 1755 сыллаахха ити күн МГУ аһыллыбытын иһин. Оттон аан дойдуга Устудьуон күнэ сэтинньи 17 күнүгэр бэлиэтэнэр. Онон сиэттэрэн, хаһыаппыт ыччакка аналлаах балаһатыгар бүгүн М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университекка идэ ылаары үөрэнэ сылдьар устудьуоннары кытта кэпсэттим.

Арассыыйаҕа устудьуоннар тохсунньу 25 күнүгэр, Татьяналар күннэригэр, бырааһынньыктыыр үгэстээхтэр. 1755 сыллаахха ити күн МГУ аһыллыбытын иһин. Оттон аан дойдуга Устудьуон күнэ сэтинньи 17 күнүгэр бэлиэтэнэр. Онон сиэттэрэн, хаһыаппыт ыччакка аналлаах балаһатыгар бүгүн М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университекка идэ ылаары үөрэнэ сылдьар устудьуоннары кытта кэпсэттим.

Билим байҕалын эрдээхтик эрдэн

Үрдүк үөрэххэ науканан дьарыктанар устудьуон мэлдьи биһирэнэр. Оннук инники күөҥҥэ сылдьар устудьуонунан Игорь Данилов буолар.

Игорь Данилов 1

– Төрдүс кууруска үөрэнэбин. Наукаҕа бастакы хардыыларбын оскуолаҕа сылдьан оҥорбут буоламмын, интэриэстээх киһи университекка киирбитим. Наукаҕа ситиһиилэрбинэн үрдэтиллибит истипиэндьийэни ылабын. Кээмэйэ – 16 тыһыынча солкуобай. Чинчийэр үлэнэн умсугуйан дьарыктанабын, научнай ыстатыйалары суруйан, анал сурунаалларга бэчээттэтэбин, сотору-сотору НПК-ларга кыттабын. Холобура, Москубатааҕы уонна Новосибирскайдааҕы судаарыстыбаннай университеттар ыытар кэмпириэнсийэлэригэр хаста да миэстэлэспитим. Быйылгыттан университет иһинэн саҥа аһыллыбыт “Аартыка тылларын экологията» диэн норуоттар икки ардыларынааҕы научнай-чинчийэр лабораторияҕа үлэлиибин. Былырыын университет хамаандата РФ Бырабыыталыстыбатын мега-гранын куонкуруһугар кыайбыта. Ол үп суотугар бу лаборатория үлэлиир. Наука бары үктэллэрин дабайар, төрөөбүт дойдубар туһаны аҕалар соруктаахпын.

Үлэни, үөрэҕи дьүөрэлээн

Университекка дьонуттан кэппиэйкэ да көрдөөбөккө, бэйэлэрэ үөрэнэ-үөрэнэ үлэлээн, айахтарын ииттинэр устудьуоннар бааллар. Үгүстэрэ официанынан, муоста сууйааччынан, таҥас ыйааччынан, о.д.а. тиэхиньиичэскэй персонал быһыытынан үлэлииллэр. Кинилэри биһиги, биллэн турар, хайгыыбыт. Оттон бэйэтэ атын идэни баһылыы сылдьан, сөбүлүүр дьарыгынан үлэ булуммут устудьуон аҕыйах. Билсиҥ – Артамон Максимов. Кини РФ хотугулуу-илиҥҥи норуоттарын тылларын, култуураларын институтун магистрана.

Артамон Максимов

– Оскуола эрдэхтэн саахыматынан үлүһүйэбин. Онтукайбын бырахпакка, университекка салгыы дьарыктаммытым. Төрдүс куурустан “Комбинация» диэн саахымат кулуубугар тириэньэрдиибин, номнуо 4-с сылыгар барда. Хамнаһым ортотунан 30 тыһыынча, итиэннэ онно эбии 7500 солкуобай истипиэндьийэлээхпин. Бу дьарыкпын чинчийэр үлэбин кытта дьүөрэлээн, саахыматы оҕоҕо саха тылынан үөрэтии туһунан диссертацияны суруйа сылдьабын. Төлөпүөҥҥэ үөрэх босуобуйатын курдук сыһыарыыны оҥорор санаалаахпын. Дьонум харчынан көмөлөспөтөхтөрө ыраатта, төттөрүтүн бэйэм ардыгар ыытааччыбын.

Ким кыһамньылаах – ол ситиһиилээх

Билиҥҥи үйэҕэ ситимнээх биисинэс (сетевой бизнес) дьоҥҥо эбии дохуот буоларын элбэхтик истэбит. Бу эйгэҕэ устудьуоннар эмиэ холоноллор. Сорохтор дьиэ кэргэннэрин кытта хааччыйаллар.

Сандаара Габышева, ХИФУ V кууруһун устудьуона:

Сандаара Габышева

– Бэйэм ыалбын, икки оҕолоохпун. Кэргэним Владимир диэн. Кыыһым Сайаана алталаах, уолум Сайдам түөрт саастаах. Оҕолорум Анатолий Бурнашев чааһынай уһуйааныгар сөбүлээн сылдьаллар. Онно кыргыттары уонна уолатттары тус-туспа арааран иитэллэр. Бастаан төлөбүрдээх миэстэҕэ киирбитим. Үөрэхпин төлөөн, үөрэнэрим быыһыгар үлэлээн саҕалаабытым. Онтон сыал-сорук туруоран, туйгун буолбутум, ол иһин босхоҕо көһөрбүттэрэ. Өссө “Чуораанчык» диэн оҕо уһатыллыбыт үөрэҕин (продленнай) куруһуогар учууталлыыр этим. Билигин хааччахтааһын буолан тохтообута. Онон “Гринвей» диэн экологическай бородууксуйаны атыылыыр хампаанньаҕа бэркэ табыллан үлэлии сылдьабын. 2019 сылтан ылсыбытым. Манна элбэҕи өлөрөбүн, дьиэ кэргэммин иитэбин. Устудьуон да буолларбын, оҕолорум атыттартан итэҕэс буолуохтарын баҕарбаппын, ол туһуттан үөрэхпэр да, биисинэспэр да кыһаллабын. Кэргэним барытыгар күүс-көмө, өйөбүл буолар.

ХИФУ – доҕордоһуу түһүлгэтэ

Университет федеральнай статустаныаҕытан ыла манна РФ атын эрэгийиэннэриттэн, итиэннэ тас дойдулартан элбэх устудьуон кэлэн үөрэнэр. Кинилэрдиин билсэ, олорор 17-с уопсайдарыгар бара сырыттым.

Айзада Нурбекова, Киргизия: 

Айзада Нурбекова

– Кыргыстаантан кэлэн, мэдиссиинэ институтугар үөрэнэбин, фармация хайысхатыгар. Номнуо үһүс сылбар барда. Үөрэнэрим кэммэр араас омук оҕолорун, олохтоох да ыччаты кытта бэркэ бодорустум. Кыра ыарахаттары бастакы кууруска көрсүбүтүм. Суох, ол омугумсуйуу иирсээнэ эҥин буолбатах (күлэр). Саха сирин тымныы кыһынын, бүтэй куйаас сайынын тулуйбакка. Адаптацияны ааһарбар, экстремальнай килиимэккитигэр үөрэнэрбэр доҕотторум, кураатарбыт сүбэлээн-амалаан, санаабын көтөҕөн көмөлөспүттэрэ. Инникитин РФ гражданствотын ылар баҕалаахпын. Үөрэрим диэн, үөрэхпитин бүтэрдэхпитинэ, социальнай эмтиэкэлэргэ үлэҕэ ылыахтаахтар.

Тас дойдуттан кэлбит буоламмыт, маннааҕы төрүт олохтоох устудьуоннар курдук чэпчэтиилэри социальнай өттүгэр туһаммаппыт. Үөрэххэ да барыбытын тэҥҥэ туталлар. Арай преподавателлэрбит үчүгэйдик нууччалыы саҥарбаппытын учуоттаан, бытааннык быһаараллар, тылга сыыһаларбытыгар улахан болҕомтону уурбаттар, өйдүү уонна өйүү сатыыллар.

Саха сирин олус сөбүлээтим, ол эрээри тымныытыгар-куйааһыгар, итиэннэ сайынын олус элбэх бырдахтааҕар сатаан үс сыл устата үөрэммэтим. Быйыл, саатар, баһаар буруота эрэйдээбитэ, тыынарга уустуга.

Рустам Кичиев, Таджикистан:

Рустам Кичиев

– Мэдиссиинэ институтугар «лечебное дело» диэн салааҕа үөрэнэбин. Бэһис сылым. Бастакы сылбын чэпчэкитик аһарбытым. Сахалар, эбээннэр, нууччалар олус диэн өйөөбүттэрэ. Бука, үөрэхпэр наһаа умсугуйан быһыылаах, кыһын тымныытын да билбэккэ хаалбытым. Ол эрээри биэс сылы тэҥнээтэххэ, 2021 сыл кыһына ордук тыйыс, чысхааннах-дьыбардаах этэ. Балыыһаҕа быраактыкалана барарбар, оптуобус кэтэһэ туран, балачча тоҥорум, үлүйэ сыыһарым. Урукку дьылларга оннук буолбатах этэ.

Саха сирин университета хаачыстыбалаах билиини биэрэр. Билэр дьонум атын эрэгийиэннэргэ үөрэнэллэр, олор ХИФУ-ну истэн ымсыыраллар, бэйэлэрин үөрэнэр кыһаларын астымматтар, көтүмэхтик үөрэтэллэр диэн үҥсэллэр. Ол эрээри Арассыыйа атын куоратын билэр-көрөр баҕаттан ординатурабын соҕуруу барыам. Саха сирин олус сөбүлээтим. Сайын Кыыс Амма дьэҥкир уутугар умсаахтаабыппын, Булуус диэн олус дьикти сири көрбүппүн хаһан да умнуом суоҕа.

***

Университеппытыгар эриэккэс дьоҕурдаах, олоххо дьулуурдаах устудьуоннар үөрэнэллэр. Кинилэртэн бу тарбахха баттанар аҕыйаҕын холобурдаан кэпсээтим. Быйыл тэриллибитэ 65 сылын туолбут үрдүк үөрэхпит кыһата өрөспүүбүлүкэбитин сайыннарар ыччаты уһуйан таһаара, норуоттар доҕордоһууларын күүһүрдэ турдун!

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Ааҕааччы суруга

Ыйытыылаахпын!

Евгений Кривошапкин диэн хаһыаппыт ааҕааччыта биһиэхэ тахсан бу телеграм каналыгар…
13.11.24 16:18
Общество

Архитектор Новой Якутии

Десятилетие деятельности Михаила Николаева на посту Первого Президента Республики Саха…
13.11.24 14:44