Сүрүн болҕомтону – идэни баһылааһыҥҥа
Анатолий Николаев этэринэн, үөрэх хаачыстыбата туйгун уонна үчүгэй сыанаҕа үөрэнэр устудьуон ахсаанынан кээмэйдэммэт. Оҕо үөрэҕин бүтэрэн баран, төһө ситиһиилээх киһи буоларыттан үөрэтии төһө көдьүүстээҕэ быһаарыллар эбит. Киһи үөрүөх, бүтэһик үс сылга 16-18 % устудьуон кыһыл дьупулуомунан, 43-45 %-нара үчүгэйдик үөрэнэн бүтэрбиттэр. Онон үөрэх хаачыстыбатыгар орто көрдөрүүлэрин тута сылдьаллар.
– Оҕолорбут ситиһиилээх, итиэннэ талбыт идэлэрин толору баһылаабыт дьон буолалларын туһуттан, түөрүйэнэн эрэ муҥурдаммакка, үлэ үөрүйэҕэр болҕомто ууран үөрэтэбит. Ол иһин үлэлии барыахтаах хампаанньаларын, тэрилтэлэрин кытта чугастык үлэлэһэбит. Билигин араас эйгэ 600-тэн тахса тэрилтэтин кытта дуогабардаахпыт. Онно оҕолорбут сыллата быраактыкаланаллар. Инникитин ити тэрилтэлэргэ бүтэрбит оҕолорбут тута үлэлии киирэллэрин ситиһэр сорук турар.
Маныаха биир улахан холобурунан мэдэссиинэ эйгэтигэр каадырдары бэлэмнээһин буолар. Устудьуоннар бастакы кууруска фундаментальнай билиилэрин ылан баран, иккис куурустан үөрэхтэрин быыһыгар балыыһаларга быраактыкаланан саҕалыыллар. Оччотугар үлэҕэ уопуттаах бүтэрэллэр. Сорохтору биһирээн, кыра хамнастыыллар эбит.
Инженердэр эмиэ, эмчиттэр курдук, идэлэрин быраактыка нөҥүө билэн баһылыыллар, оҥорон таһаарар, бырамыысыланнай, тутуу тэрилтэлэригэр үлэлииллэр. Инникитин оскуола педагогтарын итинник бэлэмниир былааннаахтар. Саҕалааһын номнуо баар. Мантан инньэ устудьуоннар оскуолаларга тиийэн, үөрэх таһынааҕы чаастары ылан, бэйэлэрэ эбии үөрэхтэри биэриэхтэрэ, куруһуоктары ыытыахтара. Ол улахан уопут буоллаҕа эбээт — дьиҥнээх педагог буола үүнэллэр-сайдаллар.
Мэдиссиинэ институтун уопутугар олоҕуран, ХИФУ үбүттэн учууталлары ыстаапка аҥаара хамнастаан, устудьуоннарга мэтэдьиис, кинилэри салайар үлэһит быһыытынан үлэҕэ ылар санаалаахтар. Чахчыта, оскуолаҕа үлэлии сылдьар учууталтан устудьуон элбэххэ уһуйуллар, идэтин туһунан үгүһү билэр-көрөр уонна сайдар, ол саарбаҕа суох. Чопчулуур буоллахха, бу саҥа сүүрээн хас биирдии биридимиэт педагогтарыгар киириэхтээх.
Соторутааҕыта Анатолий Николаев куорат оскуолаларын дириэктэрдэрин, солбуйааччыларын кытта улахан мунньахха кыттыбыт. Онно үөрэх Дьокуускайдааҕы управлениетын начаалынньыга Алексей Семенов 2024 сылга диэри 1300- 1400 учуутал миэстэтэ тахсаары турарын иһитиннэрбит. Университекка араас хайысхалаах чинчийэр лабораториялар сыллата аһыллаллар. Олорго үөрэҕи бүтэрбит оҕолорун, үөрэнэ сылдьар магистраннарын, аспираннарын үлэҕэ ылалларын истэн үөрдүм.
Үрдэтиллибит истипиэндьийэ
Үрдэтиллибит истипиэндьийэ диэн бырабыыталыстыба истипиэндьийэтин ааттыыллар эбит. Көрүллэр академическай истипиэндьийэттэн 10-ча бырыһыана үрдэтиллибит истипиэндьийэҕэ тыырыллар.
– Бу истипиэндьийэ 5 хайысханан бэриллэр: наука, туйгун үөрэх, уопсастыбаннай үлэҕэ көхтөөх кыттыы, култуураҕа уонна спорка уһулуччу ситиһии. Кээмэйэ сыллата уларыйар. Мин өйдүүрбүнэн, муҥутаан үрдүү сылдьыбыт кэмэ наукаҕа уонна үөрэххэ 21 тыһ. солк. этэ, билигин 16 000 солк. Атын хайысхаларга 11-дии тыһ. солкуобай. Итиэннэ 1-кы категориялаах спортсмен устудьуоннарга 20 тыһ. солк. суумалаах 10 истипиэндьийэни туһунан көрөбүт. Маны Европа, аан дойду чөмпүйүөннэрэ уонна призердара ылаллар. Мин санаабар, бу устудьуоҥҥа сүрдээх улахан көмө. Ол эрээри биир усулуобуйалаах: үөрэҕэр туйгун эбэтэр «4- 5» сыанаҕа үөрэнэр буолуохтаах.
Устудьуон ахсаана үксүүр
Анатолий Николаев ректор буолуоҕуттан үөрэххэ сүүмэрдиир 3 хампаанньаны ыытта. ХИФУ-га, бары филиалларын, орто үөрэх кыһаларын ааҕан туран, сыллата 5500 киһи устудьуон үөрэнэ киирэр.
Сылын ахсын ХИФУ-га 4000 кэриҥэ бүддьүөт миэстэтэ (бары филиалларын киллэрэн туран) көрүллэр эбит. Бүтэһик үс сыл иһигэр бүддьүөт миэстэтэ 200-тэн тахсанан эбиллибит. Ону тэҥэ үлэ ырыынагар наадалаах исписэлиистэр үөрэхтэригэр төһө кыалларынан бүддьүөт миэстэтин эбэллэр. Холобур, инженердэргэ, медиктэргэ, педагогтарга. Алтынньы 1-кы күнүнээҕи отчуот түмүгүнэн, ХИФУ-га (бары филиалларын ааҕан туран) 18500 кэриҥэ устудьуон үөрэнэ сылдьар.
– «ВПО-1» курдук улахан отчуоттар бааллар. Алтынньы 1-кы күнүгэр диэри филиалларбытыгар, орто үөрэхтэрбитигэр, манна, Дьокуускайга, төһө устудьуон баарын ааҕан көрөн баран, ону туһааннаах министиэристибэбитигэр отчуоттуубут. Барытын бэрэбиэркэлээн көрөн баран, бүддьүөппүт үбүн онон суоттаан быһаллар.
Отчуокка олоҕурдахха, ХИФУ орто үөрэҕин кыһата 1500 кэриҥэ устудьуоннаах, уоннааҕыта үрдүк үөрэххэ үөрэнэр. 14500-чэкэ устудьуон күнүскү үөрэххэ уһуйуллар, 4000-тан тахса киһи кэтэхтэн үөрэнэр, 350-ча ыччат күнүскү-кэтэхтэн диэн пуорманан идэни баһылыыр.
– Маны таһынан тас дойдуттан олус элбэх устудьуон үөрэххэ киирэр буолла. Тоҕо диэтэр, федеральнай таһымнаах университет буолан, норуоттар икки ардыларынааҕы форумнарга кыттабыт, бэйэбит туһунан информацияны киэҥ эйгэҕэ тарҕатабыт, саайпытыгар ситиһиилэрбитин суруйабыт. Ону ааҕан, көрөн-истэн интэриэһиргииллэр эбит. Холобур, бастаан федеральнай таһымнаах буолбуппутугар 20-30-ча эрэ омук устудьуона үөрэнэрэ. Былырыын номнуо 600-чэ курдук этэ, билигин 700-тэн тахса. Бачча ыраах уонна тымныы сиргэ кэлэллэрэ, 5 сылы быһа бырахпакка үөрэнэллэрэ да элбэҕи кэрэһилиир, туоһулуур. Холобур, быйыл мэдиссиинэ институтугар омуктарга анаан 25 миэстэни анаабыппыт. Манна 130-ча омук абитуриена куонкурустаспыта.
Бүтэрээччи үлэнэн хааччыллыыта
– РФ Бырабыыталыстыбатын өттүттэн Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка баар университеттарга болҕомто күүскэ ууруллар буолла, онон кэлиҥҥи кэмҥэ бүддьүөт миэстэтэ эбилиннэ. Ол үчүгэй. Биһиги сорукпут – идэтинэн үлэлиир кыахтаах исписэлииһи бэлэмнээн таһааран баран, үлэнэн хааччылларыгар көмө-тирэх буолуохтаахпыт.
Маны барытын үөрэхтээһин уонна наука министиэристибэтэ сыллата кэтээн көрөр, хас оҕо үөрэҕи бүтэрбитин, олортон төһөтө үлэ булбутун, төһөтө салгыы үөрэнэ киирбитин, хас киһи идэтинэн үлэлии сылдьарын отчуоттатар. Үөрэҕи бүтэрбиттэртэн 56-60 %-на үлэ булар, олортон 98 %-нара идэлэринэн үлэлииллэр.
– Хаалбыт 40 бырыһыаннара үлэтэ суох ускул-тэскил сылдьар диэн буолбатах. Сорохторо үөрэхтэрин салҕаан, магистратураҕа, аспирантураҕа, ординатураҕа үөрэнэллэр, сорохторо аармыйаҕа бараллар, эдэр ийэлэр оҕолорун көрөн олороллор, – диэн ректор чопчулуур.
Онон ХИФУ-ну бүтэрбит дьон 100 % кэриҥэ олоххо миэстэлэрин булаллар.
Университет – биир улахан дьиэ кэргэн
Быйыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн «хас биирдии оҕо талбыт идэтин траекториятынан үөрэнэр» диэн тиһиккэ (индивидуализация образования) киирбиттэр. Бастакы куурустар бары ити систиэмэнэн үөрэнэллэр, ол эбэтэр оҕо төрүкү баар 30-40 дьиссипилиинэни таһынан, үлэлии барыахтаах эйгэтин сүнньүнэн, онно наадалаах биридимиэттэри талан үөрэтэр. Саҥа сүүрээни ректор саамай сөптөөҕүнэн ааҕарын бэйэм эмиэ икки илиибинэн өйүүбүн. Чахчы даҕаны, 4 сыл устата үлэ ырыынага уларыйан хаалыан сөп, ол иһин онно сөп түбэһэр, бары өттүнэн дэгиттэр исписэлиистэр иитиллэн тахсаллара тоҕоостоох.
– Университекка саамай сүрүн киһи – устудьуон. Ити тосхолунан мин иннибинэ салайбыт Евгения Исаевна Михайлова 10-ча сыл тухары үлэлээн кэллэ. Мин санаабар, ити саамай сөптөөх быһаарыы: устудьуон баарын тухары университет тыыннаах. Ол гынан баран, ону кыратык уларыппытым: университет биир улахан дьиэ кэргэн курдук үлэлиэхтээх диэн. Биир дьыаланы оҥорор инниттэн икки өттүттэн өйдөһөр сыһыан үөскүөхтээх. Холобур, устудьуон преподаватели ытыктаабат буоллаҕына, хайдах кинини сэҥээрэн истиэй, үөрэниэй? Эбэтэр үөрэтээччи устудьуону аанньа ахтыбат буоллаҕына, оҕолорго билиини хайдах биэриэй? Онон саҥа сүүрээн киирэн, үлэни тэрийиигэ сыһыан арыый уларыйда.
Маны тэҥэ былырыын алтынньы бүтүүтэ «Точки кипения» диэн былаһаакканы арыйбыттар. Билигин университет саамай улахан тэрээһиннэрэ барыта онно ыытыллаллар. Бу үөрэх дьылыгар номнуо 340-ча курдук тэрээһин буолбут.
Итиэннэ университет сүрүн үөрэнэр куорпуһугар «Центр студенческих инициатив» диэн актыбыыс устудьуоннар көҕүлээһиннэринэн, бырайыактарынан үлэлиир, олоххо киллэрэр киини тэрийээри сылдьалларын Анатолий Николаев анонс курдук үллэстэр. Бу киини тохсунньуга Арассыыйа устудьуоннарын күнүгэр сөп түбэһиннэрэн арыйар баҕа санаалааҕын биллэрдэ.
Баараҕай бырайыактар, былааннар
Университет сайдарыгар туһуламмыт 10 сыллаах былааны СӨ Бырабыыталыстыбатын көрүүтүгэр сытар эбит. Онно олоҕурдахха, университекка улахан цифровой сайдыы барыахтаах. Ол чэрчитинэн гибриднэй технология киириэхтээх, оччоҕо устудьуон урукку курдук булгуччу аудиторияҕа кэлэн үөрэниэхтээх диэн ирдэбил турбат. Кини күнүс быраактыкатын кэнниттэн киэһэ эбэтэр хаһан киниэхэ табыгастааҕынан көрөн, ол көтүппүт лиэксийэтин Интэриниэт көмөтүнэн көрөн үөрэнэр.
Мэдиссиинэ институтугар саҥа үөрэнэр куорпустары тутуу, университекка үлэлиир преподавателлэр квалификацияларын үрдэтии, научнай эйгэҕэ аспираннарга күүстээх болҕомтону ууруу, онтон да атын үлэлэр бу былааҥҥа киирэ сылдьаллар.
Түмүктүүр буоллахха, Анатолий Николаевтыын кэпсэтиибиттэн дуоһуйдум. Кини 65 сыл тухары тутуһуллан кэлбит үгэстэри салгыы саҥардан, саҥа сүүрээннэри киллэрэн үлэлиир ньыматын сэҥээрдим. Университет сайдарын туһугар үчүгэй былааны оҥостубут. Аартыкаҕа бастыҥ университет буолар сыалын-соругун ситиһэригэр эрэнэбин.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0