Пуорумҥа СӨ дэлэгээссийэтин састаабыгар парламент бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев салайааччылаах норуот дьокутааттара Александр Корякин, Андрей Находкин, Павел Петров уонна Елена Голомарева киирдилэр. Парламентарийдар пуорум хас да сиэссийэтигэр кыттааччы уонна спикер быһыытынан кытыннылар.
МЭЛДЬИ ХОЛОБУРГА
Саха Сирин парламенын спикерэ Алексей Еремеев Госдума Уһук Илин уонна Аартыка сайдыытын кэмитиэтин бэрэстэбиитэллэрин кытта Саха Сирин Аартыкатын сайдыытын тула тутаах боппуруостары дьүүллэстилэр. Ол курдук, Саха Сирин тырааныспарга туругун, Хоту таһаҕаһы тиэйии кыһалҕатын, ыраах сытар нэһилиэктэргэ интэриниэтинэн хааччыйыы туһунан суолталаах боппуруостары кэпсэттилэр. Карелия Өрөспүүбүлүкэтиттэн Госдума дьокутаата Валентина Пивненко Аартыкаҕа тырааныспар табыгастаах буолуутун хааччыйыы боппуруостарын быһаарыыга Саха Сирин салалтатын хамаандатын үлэтин биһирээтэ.
- Мин Саха Сирин парламентарийдарын үлэлэрин атын эрэгийиэннэр ортолоругар мэлдьи холобурга ыларга туруорсабын. Сахалар хайдах курдук үлэлииллэрин көрүҥ, үөрэниҥ! Ити чахчы оннук», - диэтэ Госдума дьокутаата Валентина Николаевна.
Алексей Еремеев Аартыка оройуоннарын сайыннарыыга федеральнай киин көмөтүн бэлиэтээтэ. Санаттахха, 2023 с. от ыйын 20 күнүгэр Госдума пленарнай мунньаҕар «Хоту таһаҕаһы тиэйии туһунан» федеральнай сокуон ылыллыбыта. Бу иннинэ хотугу таһаҕаһы тиэйии сокуонунан бигэргэммэт этэ. Билигин Хоту таһаҕаһы тиэйиини былаанныырга кэтээн көрүү, нуормалыыр, болдьоҕу олохтооһун бириинсиптэрин бигэргэтэр үлэлэлэр бараллар.
2026 сылга өрөспүүбүлүкэ «Аартыка синергията» бырайыагы олоххо киллэрэр былааннаах, оччотугар Аартыка зонатын ыраах сытар нэһилиэктэрин олохтоохторо түргэн интэриниэтинэн хабыллыахтара. Ону таһынан Уһук Илин эрэгийиэннэрэ сибээс эбии лииньийэтинэн хааччыллыахтара. Саха АССР тэриллиитин 100 сылын көрсө бу бырайыагы Федерация Сэбиэтэ өйөөбүтэ. Бырайыак 2023 сыл ыам ыйыгар дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин иннигэр көмүскэммитэ уонна балаҕан ыйыгар Уһук Илин куораттарын сайыннарыытын сүбэ мунньаҕар өйөбүлү ылбыта.
ФЕДЕРАЛЬНАЙ СОКУОНУНАН БИГЭРГЭТЭРГЭ
«Российскай Федерация – аан дойду үрдүнэн дьиэ табатын ахсаанынан лидер. Ол эрээри, хотугу эрэгийиэннэргэ таба ахсаана сыллата кыччаан, эбэтэр бигэ туруктанан хаалар», - диэн бэлиэтээтэ пуорумҥа Ил Түмэн Хотугу сир төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах норуоттарын уонна Арктика дьыалаларыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Елена Голомарева. Билигин Саха Сиригэр таба ахсаанын харыстааһына уонна элбэтиитэ өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр тыа хаһаайыстыбатын үгэс буолбут салааларын өйөбүлүнэн ситиһиллэр.
- Дьиэ табатын ахсаанын аҕыйатыы тохтоото эрээри, урукку үрдүк көрдөрүүлэри ситиһии кыалла илик. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ сөптөөх судаарыстыбаннай бырагыраама ылыммыта. Холобур, 2020 сылга өрөспүүбүлүкэ бары хаһаайыстыбатыгар 167 тыһ. тахса таба баар эбит буоллаҕына, 2022 с. – 172 тыһ. буолла. Онон, бүгүн, Саха Сирэ дойду үрдүнэн дьиэ табатын ахсаанынан үһүс миэстэни ылар. Дьиэ табата уһук хоту тыйыс айылҕалаах сиргэ аҕыйах ахсааннаах норуокка олорорго ураты кыах биэрэр. Табаһыттар үгүстэрэ этэллэр: «Биһиги норуоппут таба баарын тухары олоруоҕа». Таба суох буолуо – долганнар, эбэҥкилэр уо.д.а. омуктар суох буолуохтара, – диэн дьокутаат эттэ. Елена Голомарева бэлиэтээбитинэн, бу салааны салгыы сайыннарарга, үлэһиттэр олохторун таһымын уонна хаачыстыбатын үрдэтэргэ, хотугу дьиэ табатын иитиитин өйүүргэ туспа федеральнай сокуон ылыллара наада. Бу сыалы өрөспүүбүлүкэ үгүс сыллар усталарыгар ситиһэргэ дьулуһар.
БААРЫ САҤАРДЫЫ УОННА САҤАНЫ ТЭРИЙИИ
Ил Түмэн Экэниэмикэҕэ, инвестиционнай уонна бырамыыысыланнай бэлиитикэҕэ сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Павел Петров «Аартыка бартыбыала: Российскай Федерация Арктическай зонатыгар инвестицияны тардыы» оробуочай сиэссийэҕэ Саха Сирэ сиртэн хостонор баайынан ураты инвестиционнай кыахтааҕын, социальнай уонна демографическай өттүнэн, ону тэҥэ Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка экэниэмикэҕэ бигэ туруктааҕын туһунан эттэ. 2022 сыл түмүгүнэн Уһук Илиҥҥи уокурук экэниэмикэни уонна социальнай эйгэни сайыннарыыга 2,5 трлн. солк. кэриҥэ инвестиция улаатыытын ситиһэн, федеральнай уокуруктар ортолоругар бастакы миэстэни ылар. Онуоха инвестиция сүрүнэ Саха Сиригэр 24,5% тиийэр. Дьокутаат этэринэн, кэнники биэс сылга Саха Сирэ экэниэмикэҕэ инники күөҥҥэ таҕыста. Бу икки төгүллээх эрэгийиэннээҕи баалабай бородуукта улаатыыта уонна 2022 с. түмүгүнэн бүддьүөккэ 616,2 млрд солк. инвестицияны тардыы көрдөрөр. Павел Петров бэлиэтииринэн, ити Уһук Илиҥҥэ уонна Аартыкаҕа урбаан эйгэтин көҕүлүүргэ, оҥорон таһаарар тэрилтэлэр үлэлэрин өйөөһүҥҥэ тиэрдэр.
- Саха Сирин Аартыкатыгар сиртэн хостонор айылҕа баайын эргиирин түргэтэтэргэ баары саҥардыы уонна саҥа тырааныспар логистическай инфраструктуратын тэрийии наада, - диэн парламентарий иһитиннэрдэ.
ЭКОЛОГИЯҔА БЫРАЙЫАКТАР УОННА ЭТИИЛЭР
Ил Түмэн Сир сыһыаннаһыыларыгар, айылҕа ресурсаларыгар уонна экологияҕа сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Андрей Находкин «Саха Сирин холобуругар экологическай куттал суох буолуутун хааччыйыы туһунан» иһитиннэриини билиһиннэрдэ. Кини Аартыка территорияларыгар тулалыыр эйгэни харыстааһын боппуруостара ураты болҕомтону эрэйиллэрин бэлиэтээтэ уонна экологическай балаһыанньаны тупсарыыга кэккэ этиилэри иһитиннэрдэ. Бастатан туран, Аартыка зонатыгар Экологическай доктринаны ырытан оҥорорго уонна ылынарга боппуруоһу дьүүллэһэргэ этии киллэрдэ. Иккиһинэн, Өлүөнэ өрүс уутун харыстааһыҥҥа чэбдигирдэр дьаһаллары тэрийэн, дойду уу эбийиэктэрин экологическай чэбдигирдиитин федеральнай бырайыакка киллэрэргэ. Үсүһүнэн, уу эбийиэктэрин харыстааһыҥҥа судаарыстыбаннай экологическай хонтуруол (надзор) чэрчитинэн инспектордар уонна туһааннаах сирэйдэр кыттыыллаах аахта састааба оҥоһуллан, хардарыта бииргэ үлэлээһиннэринэн көһө сылдьар чинчийиини ыытарга. Төрдүһүнэн, айылҕа харыстабылын бырайыактарын олоххо киллэриигэ Российскай Федерация субъектарын бүддьүөттэригэр субсидияны биэрии уонна үллэрии быраабылатыгар Аартыка зонатыгар сытар буортулаах эбийиэктэргэ туспа ирдэбиллэри олохтуур туһунан боппуруоһу көрөргө. Итиэннэ парламентарий «Ирбэт тоҥу харыстааһын уонна туһаныы туһунан» федеральнай сокуону ыларга этии киллэрдэ.
ТЫЫН КЫҺАЛҔА – ЭБИЙИЭКТЭРИ САҤАРДЫЫ
Ил Түмэн Тутууга, олох-дьаһах хомунаалынай хаһаайыстыбатыгар уонна энэргиэтикэҕэ сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Александр Корякин Аартыка территориятыгар ОДьКХ уонна олорор дьиэ тутуутун туругун билиһиннэрдэ. Ол курдук, Аартыка зонатын 13 муниципальнай оройуонугар 67 тыһ. тахса киһи олорор. Аартыка 101 нэһилиэктэриттэн 90-на суола-ииһэ суох ыраах сирдэргэ сытар. Кэнники биэс сылга 30 хочуолунай тутуллубут, 1200 - тэн тахса олорор дьиэ ититиигэ холбоммут. 2028 сылга диэри эбии 23 хочуолунай тутуллара уонна саҥардыллара былааннанар. Дьокутаат этэринэн, Аартыкаҕа ОДьКХ эйгэтигэр биир улахан тыын кыһалҕанан хомунаалынай инфраструктура эбийиэктэрин саҥардыыта буолар. Ол курдук, сылааһы хааччыйыы эйгэтин сайыннарыыга кэккэ этиилэри киллэрдэ: Аартыка зонатыгар сыһыаннаах бырагыраамаларга ураты методикалары учуоттуурга; өскөтүн хантараак толоруллара сатаммат түгэнигэр хантаараак түһэрсиллибит болдьоҕун уһатар туһунан 44 №-дээх федеральнай сокуоҥҥа уларыытыы киллэрэргэ; федеральнай бырагыраамаларга кыттарга бырайыактыыр докумуон экспертизатын түргэтэтэргэ сылааһы биэрэр эбийиэктэри тутууга судаарыстыбаннайа суох экспертизаны ыытарга кыаҕы көрөргө; 223 №-дээх федеральнай сокуоҥҥа олоҕуран бүддьүөт үбүттэн көрүллүбүт ороскуоту толуйууну көҥүллүүргэ; Аартыка зонатыгар олорор дьиэ уонна социальнай эбийиэктэри тутуу болдьоҕун улаатыннарарга.
«Арктика: билиҥҥитэ уонна инникитэ» аан дойдутааҕы пуорум Санкт-Петербурга 13-с төгүлүн буолла. Пуорум былаһааккатыгар сыл ахсын былаас, бизнес уонна уопсастыба бэрэстэбиитэллэрэ түмсэн, Арктика зонатын сайыннарыыга сүрүн соруктары дьүүллэстилэр. Бу тэрээһин Арктика территориятын сайыннарыыга интэриэстээх бары өрүттэри сибээстиир суолталаах.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0