Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -36 oC

Ахсынньы 7-8 күннэригэр Санкт-Петербург куоракка «Аартыка: билиҥҥитэ уонна инникитэ»  диэн XIII норуоттар икки ардыларынааҕы пуорум ыытылла турар. Пуорум – Аартыка кыһалҕаларын уонна сайдыытын тула кэпсэтэр сүрүн уопсастыбаннай былаһаакканан буолар. Манна Аартыка эрэгийиэнигэр олорооччулар уонна үлэлээччилэр кэлэн санаа уонна уопут атастаһаллар. Эрэгийиэн сайдыытыгар көрүүлэрин үллэстэллэр.

Ахсынньы 7-8 күннэригэр Санкт-Петербург куоракка «Аартыка: билиҥҥитэ уонна инникитэ»  диэн XIII норуоттар икки ардыларынааҕы пуорум ыытылла турар. Пуорум – Аартыка кыһалҕаларын уонна сайдыытын тула кэпсэтэр сүрүн уопсастыбаннай былаһаакканан буолар. Манна Аартыка эрэгийиэнигэр олорооччулар уонна үлэлээччилэр кэлэн санаа уонна уопут атастаһаллар. Эрэгийиэн сайдыытыгар көрүүлэрин үллэстэллэр.

Бастакы күн, ахсынньы 7 күнүгэр, «Үйэлээх сыаннас: киэҥ аартыкка норуоттар икки ардыларынааҕы билим сайдыытын тула кэпсэтии» диэн панельнай сессия кэмигэр дойду уонна тас дойду экспердэрэ аныгы геобэлитиичэскэй олох чахчыларын усулуобуйатыгар учуонайдар бииргэ үлэлээһиннэрин кэскилин дьүүллэстилэр.

O forume pict1 714x228

Билигин Арктика тула билим учуонайдарын килиимэти кэтээн көрүү уонна тулалыыр эйгэ сабыдыалын интэриэһиргэтэр. Бу сытыы кыһалҕа дойдуга эрэ буолбакка, аан дойду үрдүнэн эмиэ инники күөҥҥэ турар. «Бу хайысхаҕа чинчийиилэри тохтотор сатаммат», – диэн мунньах кыттыылаахтара биир санааҕа кэллилэр. «Полярниктар ассоциациялара» уопсастыба вице-бэрэсидьиэнэ, уопсастыба норуоттар икки ардыларынааҕы бииргэ үлэлээһиннэригэр хамыыһыйатын бэрэсээдээтэлэ Антон Васильев Арассыыйа Арктика сэбиэтиттэн тахсыбатаҕын бэлиэтээтэ.

«Арҕааҥҥы Арктика дойдуларыттан экспорка салгыы бииргэ үлэлэһиигэ интэриэс баар. Бу хайысхаҕа үлэ барар. Учуонайдар тас сибээстэри өйөөн, бэйэлэрэ биирдиилээн вебинардары тэрийэн ыыталлар», - диэтэ Антон Васильев. «Учуонайдары уонна билим сэбиэттэрин түмэр кыахтаах дойдулар суолталара күүһүрэр», – диэн сессия кэмигэр Российскай Федерация Тас дьыалаларга министиэристибэтин анал сорудахтарга посол Николай Корчунов кэпсээтэ.

2023 12 07 17 17

«Арктика сэбиэтэ билигин муҥутуур намыһах кыаҕынан үлэлиир, онон инникитигэр саарбахтааһыннар үөскүүллэр. Дьиҥэр, бу сэбиэт сүрүн үлэтин көрүҥэ уонна мэхэньииһимэ буолар... Онон норуоттар икки ардыларынааҕы билим хайысхатыгар түмсүүлэри уонна бииргэ үлэлээһиннэри тохтотуу дойду иһигэр атын түмсүүлэр көдьүүстэрин үрдэтиигэ, аан дойдуга сайдар кыахтаах консорциумнары тэрийиигэ тиэрдэр», - диэтэ Корчунов.

Кини Арктика эрэгийиэннэригэр интэриэһи үөскэтэр Латинскай Америка, Уругвай, Аргентина уонна Бразилия курдук дойдулары кытта норуоттар икки ардыларынааҕы бииргэ үлэлээһиннэр боппуруостарыгар бииргэ түмсэргэ ыҥырда. «Арктика сайдыыта килиимэт сабаҕалааһыннарыгар, тырааныспар логистикатыгар уонна аан дойду экэниэмикэтигэр ордук суолталаах», - диэн посол бэлиэтээтэ.

Сессия кэмигэр Арктика уонна Антарктика институтун дириэктэрэ Александр Макаров килиимэт уларыйыыта ийэ сир үрдүнэн олус суолталааҕын бэлиэтээтэ. «Арктикаҕа килиимэти уларытыы сир ийэ килиимэтигэр, тулалыыр эйгэтигэр уонна олох хаачыстыбатыгар, ол иһигэр, холобур, Уругвайга улахан дьайыылары таһаарар. Килиимэт уларыйыытын үөрэтиигэ бары интэриэстээхтэр. Бииргэ үлэлээһиннэр билигин биирдии киһи таһымыгар ыытыллаллар, ол эрээри саҥа сүүрээннэр салҕаналлар, сибээстэһии үөскүүр», - диэн эбэн эттэ Макаров. Билигин Кытайы, Индияны, Индонезияны кытта сөбүлэһиилэр түһэрсиллибиттэрэ.

9cb26bbb98d9ae5ebd8402c1c688d709

АХШ научнай дипломатиятын киинин бэрэссэдээтэлэ Полк Беркакан: «Билим - бу күргэ». Арктика сэбиэтин үлэтэ тохтоон турар. Олус уустук балаһыанньаҕа олоробут. Бу килиимэт, нэһилиэнньэ уларыйыыларын уопсай боппуруостарыгар бииргэ үлэлээһии туһунан этэр буоллахха, биһиги арктическай судаарыстыбалары кытта саҥа саҕахтары булуохтаахпыт», - диэн түмүктээтэ.

Санаттахха, Хотугу кэтирээһининэн хас да судаарыстыбалар кыраныыссалара ааһаллар эрээри, саамай элбэх Арктика территориялара Арассыыйа бас билиитигэр баар. Российскай Федерацияҕа Арктическай зона Хотугу Муустаах акыйаан кытылын кыйа ааһар. 2022 сылга диэри полярнай зонаҕа чугас сытар оройуоннар бигэтик сайдыыларын хааччыйыыга Арктика сэбиэтэ улахан суолталааҕа. Манна 8 судаарыстыба киирэллэрэ: Арассыыйа, Канада, Дания, Швеция, Исландия, Финляндия, Норвегия уонна АХШ. Арктика сайдыыта аан дойду үрдүнэн норуоттар икки ардыларынааҕы сибээскэ биир уһулуччулаах хайысханан буолбута. Бииргэ үлэлээһиннэр ыксаллаах быһыыны-майгыны туоратыыга, флораны уонна фауналары харыстааһыҥҥа сыһыаннаах боппуруостары барыллаан быһаарыы хайысхаларынан үлэлэспиттэрэ.

2023 12 07 19 54

Былырыын Арассыыйаны кытта бииргэ үлэлээһиҥҥэ тас дойдулар хааччахтары киллэрбиттэрэ. Арассыыйа саҥа ыҥырыыларга үлэтин уларыта тутан, Арктика бэлиитикэтигэр элбэх кэскиллээх үлэлэри ыытар суолга туруммута.  Судаарыстыба Арктика бырайыактарыгар интэриэстээх дойдулары кытта бииргэ үлэлээһиннэри бөҕөргөтүүтүн саҕалаабыта. Билигин билим уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэр кыттыгас норуоттар икки ардыларынааҕы суолталаах бырайыактары олоххо киллэриигэ көхтөөхтүк үлэлииллэр.

«Арктика: билиҥҥитэ уонна инникитэ» аан дойдутааҕы пуорум Санкт-Петербурга 13-с төгүлүн ыытыллар. Пуорум былаһааккатыгар сыл ахсын былаас, бизнес уонна уопсастыба бэрэстэбиитэллэрэ түмсэн, Арктика зонатын сайыннарыыга сүрүн соруктары дьүүллэһэллэр. Бу тэрээһин Арктика территориятын сайыннарыыга интэриэстээх бары өрүттэри сибээстиир суолталаах.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Общество

Как распознать мошенников

«Как только мы начинаем задавать вопросы, мы начинаем думать, поэтому всегда задавайте…
10.12.24 09:34
Уопсастыба

«Үрүччэ» 35 сыла!

Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускайга «Сырдыкка, кэрэҕэ тардыһан» диэн тылынан уус-уран айымньы…
10.12.24 09:22