Миниистир эбээһинэһин толорооччунан онколог быраас Лена Афанасьева ананна. Кини 25 сыл ыстаастаах, онкологическай диспансер кылаабынай бырааһынан бу күҥҥэ диэри үлэлээн кэллэ.
Лена Николаевна салайар кэмигэр диспансер саҥа дьиэҕэ көспүтэ. Матырыйаалынай-тиэхиньиичэскэй базата бөҕөргөөбүтэ. Саҥа МРТ, УЗИ аппарааттарынан хааччыллыбыта. Лабораториялара, эпэрээссийэлиир хосторо барыта аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир гына оҥоһуллубута. Торакальнай абдоминальной хирургия, молекулярнай-биологическай уонна морфологическай чинчийии салаалара аһыллыбыттара.
Лена Николаевна сүрүн үлэтин таһынан, өссө науканан дьарыктанар. Мэдиссиинэ наукаларын хандьыдаата. Ол курдук, 35 научнай ыстатыйа, 3 методическай эрэкэмэндээссийэ ааптара. Семашко аатынан Национальнай чинчийэр институт докторана, ХИФУ доцена. «Ассоциация онкологов РС (Я)”, «Матери России», «Общество по организации здравоохранения и общественного здоровья», «Женщины – Ученые Якутии» уопсастыбаннай түмсүүлэр чилиэнэ.
Мэдиссиинэ эйгэтигэр П.А. Петров аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата. СӨ Доруобуйаҕа харыстабылын үтүөлээх үлэһитэ. РФ Доруобуйаҕа харыстабылын Бочуоттаах грамотатынан бэлиэтэммитэ.
Олоҕун суолун билиһиннэрэбит:
Афанасьева Лена Николаевна 1968 с. сэтинньи 30 күнүгэр Дьокуускайга төрөөбүтэ. СГУ «лечебное дело» салаатын 1992 с. бүтэрбитэ. Идэтийбит хайысхата -- «акушерство уонна гинекология». 1993 с. онкологияҕа ординатураны ааспыта. Кандидатскайын 2004 с. көмүскээбитэ.
1996-2000 сс. — диспансерыгар онколог-хирург-гинеколог.
2000-2009 сс. — онкодиспансерын гинекологияҕа салаатын сэбиэдиссэйэ.
2009 с. —5-с балыыһа кылаабынай бырааһын солбуйааччы.
2009-2013 с. — куорат дьаһалтатын доруобуйа харыстабылын управлениетыгар тэрийэр-методическай үлэ начаалынньыга.
2013-2017 с. — «Управление здравоохранения города Якутска при МЗ РС (Я)» салайааччыта.
2017 сылтан бэҕэһээҥҥэ диэри — онкологическай диспансер кылаабынай бырааһа.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0