Быыстапканы Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин дьокутааттара, Ил Түмэн аппараатын үлэһиттэрэ, Дьокуускайдааҕы дизайн уонна технология колледжын устудьуоннара, уустар, саха саатын-саадаҕын сэргээччилэрэ көрдүлэр.
СӨ Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Александр Жирков мустубут дьону, чуолаан ыччаты, Баайаҕатааҕы «Мандар Уус» түмэлигэр сылдьарга ыҥырда. «Баайаҕыын бэйэтэ көрдөөн булбут экспонаттара манна бааллар. XVII үйэттэн саҕалаан сахалар бэйэлэрэ оҥорбут оҥоһуктарын – дьиҥнээхтэрин уонна үтүгүннэрэн оҥоһуллубуттарын – түмэлгэ көрүөххэ сөп».
Баайаҕа нэһилиэгин «Мандар Уус» этнологическай түмэл комплексын дириэктэрэ Николай Егоров-Баайаҕыын түмэл үлэһиттэрэ идэлэригэр олус бэриниилээхтэрин бэлиэтээтэ. «Түмэлбитигэр 7 киһилээх сүрдээх үчүгэй кэлэктиип үөскээтэ. Бары үрдүк үөрэхтээх, улахан баҕалаах уонна энтузиаст дьон».
«АЙАР УУСТАР» креативнай индустрия колледжын (уруккута Дьокуускайдааҕы технология уонна дизайн колледжа) дириэктэрэ Елена Яковлева 2012 сылтан үөрэх кыһатыгар Борис Неустроев-Мандар Ууһу ыҥыран сүбэлэтэр буолбуттарын туһунан эттэ. «Кини уус быһыытынан эрэ буолбакка, уһуйааччы быһыытынан биллэр. Ол курдук, 2019 сылга Борис Федорович «Оҥорон таһаарыы үөрэҕин маастара» диэн хайысхаҕа колледжпытыгар үлэлээбитэ. Ол үүнэр көлүөнэҕэ наһаа туһалаах дии саныыбын».
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0