Оробуочай хамыыһыйа Чөркөөхтөөҕү Судаарыстыбаннас түмэлин өрөмүөнүн боппуруоһугар сүбэ мунньаҕы тэрийэн ыытта. Ону сэргэ, Дэлбэрийбит алааһыгар саха сэбиэскэй литературатын төрүттээччи, суруйааччы уонна уопсастыбаннай диэйэтэл Былатыан Ойуунускай бюһугар сибэкки дьөрбөтүн уурдулар. Оройуон киинигэр спикер Алексей Еремеев кыттыылаах САССР хомунаалынай хаһаайыстыбатын бастакы наркома Ананий Кононович Андреев аатынан кинигэ билиһиннэриитигэр кыттыыны ылла. Сырыы түмүгэр Ытык Күөлгэ «Саханефтегазсбыт» АХ 71 №-дээх АЗС чөлүгэр түһэрии былааннаммыт үлэлэрин билистилэр.
Судаарыстыбаннас түмэлэ саҥардыллыаҕа
Спикер Алексей Еремеев Саха Сирин парламеныгар өрөспүүбүлүкэтээҕи Судаарыстыбаннас устуоруйатын түмэлэ болҕомтоҕо ылылларын бэлиэтээтэ. Билигин өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн маннык үс түмэл үлэлиир — Нам улууһун Хатырык нэһилиэгэр М.К. Аммосов аатынан, Үөһээ Бүлүү улууһун Харбалаах нэһилиэгэр И.Н. Барахов аатынан уонна Таатта улууһун Чөркөөх нэһилиэгэр П.А. Ойуунускай аатынан. Бу эбийиэктэр бары Емельян Ярославскай аатынан Хотугу норуоттар устуоруйаларын уонна култуураларын судаарыстыбаннай холбоһуктаах түмэлин филиаллара буолаллар. Сүбэ мунньахха Алексей Еремеев парламент уонна Ил Дархан Айсен Николаев аадырыстарыгар Судаарыстыбаннас түмэлин өрөмүөннүүр наадатын туһунан суруктар киирбиттэрин туһунан эттэ. Бу сыалга сөптөөх быһаарыыны ылынарга көһө сылдьар оробуочай сүбэ тэриллиннэ.
Парламентарийдар таатталарга сүрүн кыһалҕалары чопчу ыйалларыгар уонна бастаан эбийиэги өрөмүөннүүр ньымалары ыйарга, түмэлгэ экспозициялары саҥардарга этиилэри киллэрэргэ сорудахтаатылар. «Саха түмэлэ» СБТ административнай-хаһаайыстыбаннай чааһыгар дириэктэри солбуйааччы Александр Ховров тутатына түмэл үлэтин-хамнаһын сырдатта.
Салгыы Култуура уонна духуобунай сайдыы министиэристибэтин судаарыстыбаннай үлэлэри хааччыйыыга отделын начаалынньыга Александр Сидоров Былатыан Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннас түмэлигэр сыһыаннаах сытыы боппуруостары көтөхтө.Ол курдук, түмэл 2012 с. ахсынньы 25 күнүгэр, Ил Дархан Егор Борисов дьаһалынан аһыллыбыт. Үөрүүлээх түгэн аһыллыытын сиэрэ-туома Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 120 сылыгар анаммыт. Ол кэнниттэн, 746,20 кв.м иэннээх икки этээстээх эбийиэк турар сирин чинчийиитэ суох тутуллубутуттан, үлэҕэ киллэриллибит бастакы күннэриттэн акылаата түспүт. Сүрүн биричиинэтэ – эбийиэк турар учаастага ирэн, дьиэ акылаата хамсаабыт.
2016 с. акылааты бөҕөргөтөргө 4 мөл. солк. суумалаах үлэ ыытыллыбыт эрээри, аны билигин эбийиэк тас өттүттэн хамсыыра көстөр. Онон дьиэни-уоту сөптөөхтүк үлэлэтэргэ ирбэт тоҥ сир ириитин тохтотор сыалтан, тоҥорор турбалары түһэрии ирдэнэрэ этилиннэ. Иккиһинэн, акылаат хамсааһыныттан пластик турбалар олуктарыттан тэйэллэр. Сир ириитэ сүрүннээн тохсунньуга түбэһэринэн, сыл саамай тоһуттар тымныыларыгар пластик турбалар хам тоҥон тэстэллэр. Инньэ гынан, саахалтан быыһанаары кыһынын үлэһиттэр түүннэри-күнүстэри тохтоло суох дьуһуурустубалыыллар.
Биэдэмистибэ бэрэстэбиитэлэ Александр Сидоров этэринэн, дьиэ хапытаалынай өрөмүөнүн бырайыактыыр-сметнэй докумуона оҥоһуллан сытар. Былаан быһыытынан, ититэр уонна электрическэй ситимнэрин тардар, эбийиэк ис уонна тас өттүлэрин өрөмүөннүүр үлэлэр наадалар. Уопсай суумата 30 мөл. солк.
Сүбэ мунньах кыттыылаахтара экспозициялары саҥардыыга мультимедийнай технологиялары туһанарга, интерактивнай сайдыыны туһаныыны уонна цифровизацияны күүһүрдэргэ этиилэри киллэрдилэр, ону тэҥэ атын оройуоннары кытта үлэлииргэ тырааныспарынан хааччыйыы наадатын ыйдылар.
Түмэлгэ Былатыан Ойуунускайы эрэ буолбакка, Саха Сирин Судаарыстыбаннаһын усторуйата сырдатыллыахтаах, улуус дьаралыктара уонна былаахтара туруоруллуохтаах. Ону сэргэ, Былатыан Ойуунускай аатынан искибиэри тэрийэргэ этиини көтөхтүлэр, дизайн-бырайыагын оҥорорго дьүүллэстилэр.
Түмүккэ парламент спикерэ муус устар 5 күнүгэр бүддьүөт көннөрүүтэ көрүллүөн иннинэ, чинчийэр үлэлэри ыытарга, дьиэ акылаатын бөҕөргөтүү сметатын бэлэмнииргэ уонна докумуоннары көрүүгэ ыытарга эттэ. Атын суоттааһыннарын бу сыл от ыйыгар диэри оҥоһулларыгар сорудахтаата. Оробуочай хамыыһыйаны кытта бөлөх састаабыгар тиийбит «Судаарыстыбаннай сакаас сулууспата» Чөркөөххө хаалан, дьиэ акылаатын өрөмүөннүүргэ ыыттыллар үлэлэр сыанабылын оҥоруохтара.
Ананий Андреев сырдык кэриэһигэр
Ытык Күөл Олох-дьаһах хомунаалынай хаһаайыстыбатын түмэлигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин национальнай архыыбын докумуоннарын хомуурунньугунан суруллубут Ананий Кононович Андреев олоҕун уонна үлэтин туһунан сырдатар кинигэлэри билиһиннэрии тэрилиннэ. Кинигэ сүрэхтэниитэ САССР 100 сылыгар уонна быйыл ОДьКХ уонна энэргиэтикэ министиэристибэтэ тэриллибитэ 25 сылыгар ананна.
Тэрээһиҥҥэ Ил Түмэн спикерэ Алексей Еремеев, норуот дьокутааттара Яков Ефимов, Павел Пинигин, Виктор Лебедев, ОДьКХ уонна энэргиэтикэ миниистирин бастакы солбуйааччы Виктор Романов, Тутуу миниистирин солбуйааччы Евгений Афанасьев, Таатта улууһун баһылыга Михаил Соров, улуус Мунньаҕын бэрэссэдээтэлэ Валентин Охотин уонна дьокутааттара, нэһилиэк баһылыктара уонна тэрилтэлэр салайааччылара кытыннылар.
Спикер Алексей Еремеев Ил Түмэн уонна тус бэйэтин ааттарыттан Таатта улууһун олохтоохторун кинигэлэри сүрэхтээһининэн эҕэрдэлээтэ. Кини Былатыан Ойуунускай уонна Ананий Андреев маннык эппиэттээх дуоһунаска үлэлээн ааспыттарынан биир дойдулаахтара чахчы киэн туттар бырааптаахтарын бэлиэтээтэ. Ананий Андреев аатынан түмэл тутуута ситиһиилээхтик түмүктэнэригэр баҕарда. Кинигэ ааптарыгар Галина Егоровнаҕа махтал тылларын эттэ уонна А.К. Андреевка туһулаан Саха Сирин парламентаризмын түмэлигэр бииргэ үлэлэһэргэ, матырыйаалларын харайыыга ыларга этии киллэрдэ.
Ил Түмэн Бочуоттаах грамотатынан Б.Ойуунускай аатынан Таатта народнай тыйаатырын кылаабынай режиссера Валентина Бурнашева наҕараадаланна, ону тэҥэ СӨ Национальнай архыып дириэктэрин солбуйааччы Наталья Степановаҕа «САССР тэриллибитэ 100 сыла» үбүлүөйдээх бэлиэни туттарылынна.
Норуот дьокутаата Яков Ефимов кинигэ архыып чахчыларыгар олоҕуран суруллубутун бэлиэтээтэ уонна түмэл сэбиэдиссэйэ Галина Арылаховаҕа дириҥ махталын биллэрдэ. Парламентарий иһитиннэрбитинэн, кулун тутар 17 күнүгэр Дьокуускай куоракка ГРЭС-II былаһааккатыгар Ананий Андреевка пааматынньык туруоруллар миэстэтигэр өйдөбүнньүк таас ууруллуутун үөрүүлээх тэрээһинэ ыытыллыбыт. Бу бырайыагы ОДьКХ эйгэтин үлэһиттэрэ өйөөбүттэригэр махтанна. Сис кэмитиэт Бочуотунай грамоталарын Таатта улууһун ОДьКХ бэтэрээннэригэр Егор Ючюгяевка уонна Серафим Поповка туттарда.
Ытык Күөлгэ — саҥа АЗС
Салгыы норуот дьокутааттара Ытык Күөлгэ «Саханефтегазсбыт» АХ 71 №-дээх АЗС чөлүгэр түһэриигэ былааннаммыт үлэлэри билистилэр.
Ол курдук, быйыл тутууга бэлэмнэнии үлэлэр ыытыллара былааннанар. АЗС өрөмүөннэнэр кэмигэр быстах кэмҥэ контейнернай АЗС тэриллэн үлэлиэҕэ. Кэлэр сылтан эбийиэк сүрүн тутуута оҥоһуллуоҕа.
«Саханефтегазсбыт» АХ генеральнай дириэктэрэ, норуот дьокутаата Виктор Лебедев иһитиннэрбитинэн, 2024 сылга сайын АЗС үлэҕэ кииирэрэ былааннанар.
Бэлиэтээн эттэххэ, СӨ Бырабыыталыстыбатын соругунан тэрилтэ билигин убаҕас уонна айылҕа гааһынан заправкалыыр ыстаансыйалар ситимнэрин кэҥэтиигэ көхтөөхтүк ылсан үлэлиир.
Ил Түмэн пресс-сулууспатын матырыйаалларынан бэлэмнэннэ.
Василий Кононов хаартыскаҕа түһэриилэрэ.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0