«Бэдэрээссийэ Мунньаҕын алын палаататыгар ыччат судаарыстыбаннай бэлиитикэтин туспа кэмитиэт быhыытынан таһаарыы – улахан ситиһии. Саҥа устуруктуура бу хайысхаҕа үлэбитин көдьүүһүрдэр, сонун ньымалары, дьаһаллары көҕүлүүр аналлаах. Бэдэрээссийэ сокуонугар этиллэринэн, «ыччат» диэн 14-35 саастаах эдэр дьон ааттанар. Ахсааммыт 41 мөл. тэҥнэстэ. Ол аата дойду нэһилиэнньэтин үс гыммыт биирэ. Маныаха хабар эйгэбит киэҥэ – дьоһуннаах бэлиитикэни ыытарбытыгар тирэх буолуон сөп», – диэн киирии тылы эттэ Артем Метелев.
Дьокутааттар, бастатан туран, саҥа төрүттэммит кэмитиэт тэрээhин боппуруостарын кэпсэттилэр. Сүрүн тосхол быhыытынан үлэни-хамнаһы, ырытыллар кыһалҕалары, дьон санаатын уонна этиилэрин социальнай ситимнэргэ аhаҕастык сырдатары ааттаатылар. Кэмитиэт мунньахтарын быһа эпииргэ таһаарар, былаһааккаларга этиллэр санаалары телеграм-ханаалга кэпсиир буолуохтара. Эрэгийиэннэри, биэдэмэстибэлэри, уопсастыбаннай тэрилтэлэри кытта истиҥ уонна быhа ситими олохтуур наадатын ыйдылар. Ордук ыччат НКО-ларын, Госдуума уонна эрэгийиэн судаарыстыбаннай мунньахтарын ыччат парламеннарын, субъектар ыччат бэлиитикэтигэр уорганнарын, сис кэмитиэттэрин, уопсастыбаннай палааталар хамыыһыйаларын чугаһатары, кинилэри түмэн эспиэр сэбиэтин тэрийэри наадалааҕынан аахтылар. Көрүллэр боппуруостарга, сокуон барылларыгар уларытыылары, эбиилэри киллэрэр наада буоллаҕына, миэстэтигэр тахсан, киэҥ кэпсэтиилэри тэрийиэх, ыччат санаатын истиэх буоллулар.
Кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Артем Метелев бэлиэтээбитинэн, дойду таһымыгар эдэр испэсэлиистэри өйөөһүн, ыччат дьарыктаах буолуута, выпускниктар үлэнэн хааччыллыылара ордук сытыытык турар кыһалҕа. Кырдьык, Сибиир уонна Уһук Илин уокуруктарыттан ыччат киин сиргэ көһүүтэ, саамай үлэлиир-хамныыр кэмигэр үлэ миэстэтэ тахсыбата эдэр дьону атахтыыр сүрүн харгыс буолар. Кэмитиэт болҕомтотугар ыччат туризыма, кини билиэн-көрүөн, саҥа саҕахтары арыйыан баҕатын хааччыйыы боппуруоһа киирбит. Холобур, эдэр дьон дойду иhигэр айаннарын төлөбүрүн субсидиялааһын буолуон сөп. Салгыы үрдүк үөрэх инфраструктуратын ыччат киэҥ араҥатыгар туhаҕа таhаарар туhунан кэпсэппиттэр. Успуорт саалалара, научнай лабораториялар, инновация кииннэрэ устудьуоннарга эрэ буолбакка нэhилиэнньэҕэ, ыччат түмсүүлэригэр эмиэ үлэлиэхтээхтэр. Салгыы волонтер хамсааhынын өйөөһүн боппуруоhа дьүүллэhиллибит. Баҕа өттүнэн үтүө дьаһалга кыттыһар киһи страховкалаах буолуохтаах. Ол туһунан сокуон барылын бэлэмнээн, «Биир ньыгыл Арассыыйа» бэлитиичэскэй баартыйа салалтатын кытта кэпсэтэн, Госдуума күһүҥҥү сиэссийэтигэр киллэрэр былааннаахтар эбит. Кэмитиэт тус болҕомтотун оҕо дьиэтин иитиллээччилэрин уонна инбэлиит оҕолору үлэнэн хааччыйыы боппуруоhугар туһаайыаҕа. Маны таhынан оскуола үөрэнээччилэрэ үлэҕэ сыстан, холонон көрөн, тус уопут ылыналларыгар, салгыы идэлэрин таба тайаналларыгар механизм оҥоһуллуохтаах. Билигин 14-дүн сиппит оҕолору үлэҕэ ылыы сокуонунан бигэргэтиллэн турар эрээри, ирдэбилэ уонна ороскуота үгүс буолан, тэрилтэлэр тумна сатыыллар эбит.
Бу уонна да атын боппуруостар Госдуума кэмитиэтин былааныгар киирэн, кэлэр биэс сылга араас таhымҥа ырытыллыахтара. Ыччат сайдар эйгэтин тэрийиигэ, эдэр дьон бары хайысхаҕа баһылыыр, экономиканы сүрүннүүр күүс буолалларыгар саҥа ньымалар, механизмнар тобуллуохтара диэн эрэнэбит. Эдэр парламентарийдар сэргэхтик уонна кимэн киириилээхтик үлэлиир баҕалаахтарын инстаграм сирэйдэригэр үгүс элбэх ыҥырыылары суруйан, биллэрдилэр. «Дьоһун этиилэргитин, сонун көрүүлэргитин ыытыҥ, биһиэхэ кэпсии олоруҥ», – диэн көрдөстүлэр.
Санатан этэр буоллахха, аҕыйах хонуктааҕына «Биир ньыгыл Арассыыйа» бэлитиичэскэй баартыйа аатыттан кэмитиэт баһылыгынан анаммыт Артем Метелов 28 саастаах, Москуба куорат олохтооҕо, Педагогическай судаарыстыбаннай университет выпускнига. Арассыыйаҕа волонтердар кииннэрин ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин уопсастыбаннай палаататын чилиэнэ, «Бары бииргэ» бүтүн арассыыйатааҕы үтүө санаа аахсыйатын тэрийээччилэриттэн биирдэстэрэ.
* * *
Кэлиҥҥи сыллары сыныйан көрдөххө, Арассыыйаҕа ыччат судаарыстыбаннай бэлиитикэтэ олохсуйарыгар дьоhуннаах хардыылар оҥоhулуннулар. Ол курдук, бастаан 2014 сыллаахха «2025 сылга диэри ыччат судаарыстыбаннай бэлиитикэтин сайдар тосхоллоро» диэн Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Бырабыыталыстыбатын дьаhала тахсыбыта. 2015 сыллаахха «2016-2020 сылларга гражданнары патриотическай тыыҥҥа иитии» диэн судаарыстыбаннай бырагыраама бигэргэммитэ. 2016 сыллаахтан ыччат бэлиитикэтэ бырабыыталыстыба вице-премьера Виталий Мутко салайар хайысхатыгар киирэр. Бу хайысха урукку сылларга Арассыыйа Бэдэрээссийэтин үөрэҕин уонна билимин министиэристибэтин иhинэн салаллар эбит буоллаҕына, 2018 сыллаахтан биэдэмистибэ тус көрүүтүттэн тахсан, бырабыыталыстыба болномуочуйатыгар бэриллэр. 2017 сыллаахха дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин XIX-с аан дойдутааҕы ыччаттар уонна устудьуоннар бэстибээллэрин Арассыыйаҕа тэрийэри көҕүлүүр. 2020 сыллаахха Конституцияҕа уларытыылары киллэриигэ ыччат судаарыстыбаннай бэлиитикэтин туhунан балаhыанньа төрүт сокуоҥҥа эмиэ киирэр. Итиннэ тирэҕирэн ааспыт сыл ахсынньы ыйыгар «Ыччат бэлиитикэтин туhунан» бэдэрээссийэ таhымнаах сокуон ылыллар.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0