Баһаардар бэлэмэ суохпутун көрдөрдүлэр
СӨ Экологияҕа, айылҕа баайын туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатын министиэристибэтин уопсастыбаннай экологическай сэбиэтин чилиэнэ, РФ үтүөлээх эколога, «Саха сирин айылҕатын харыстыаҕыҥ» уопсастыбаннай хамсааһын хос бэрэссэдээтэлэ Любовь Киприянова хас даҕаны ыйытыылаах быһа сибээскэ тахса сырытта.
–Кэнники сылларга буолбут ойуур баһаардара РФ Ойуур кодексата мөлтөхтүк үлэлиирин көрдөрдө. Өрөспүүбүлүкэбит сокуону оҥорор уоргана бу кодекска уларытыы киллэрэргэ туох эмэ дьаһалы ылынна дуо?
Сахамин Афанасьев ойуур харыстабылыгар федераллары кытта биир ситимнээх үлэ эрдэттэн барбатаҕын түмүгэр итэҕэс өрүттэрбит көстүбүттэригэр сөбүлэһэрин биллэрдэ:
– Бу баһаардар үп-харчы өттүнэн ситэтэ суох хааччыллыыбытын, айылҕа алдьархайыгар бэлэмэ суохпутун көрдөрдүлэр. Күөх дуолбутун көтөр аалларынан үөһэттэн кэтээн көрүүгэ, баһаары сэрэтэр үлэҕэ уонна умулларыыга үбүлээһин кыратыттан бу иэдээн таҕыста. Кыһалҕаны уопсастыбаннас, ол иһигэр эн эмиэ, уот харахха бэлиэтээтигит. Быйыл бу боппуруос мунньахтарга, «төгүрүк остуолларга» көрүлүннэ. Ол кэпсэтиилэргэ киллэрбит этиилэрбитин Ил Дархан Айсен Николаев РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путиҥҥа уонна Уһук Илин федеральнай уокурукка РФ Бэрэсидьиэнин толору боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутневка аһаҕастык иһитиннэрдэ. Онуоха үрдүкү салалта өйөөтө, ойуурбут пуондатын уоттан харыстыырга анаан эбии 1 млрд. 170 мөл. 150 тыһыынча солкуобайы көрдө.
РФ Бырабыыталыстыбатын 2020 сыл балаҕан ыйын 16 күнүнээҕи «Об утверждении Правил противопожарного режима в Российской Федерации» уурааҕар бу 2021 с. ыам ыйын 21 күнүгэр уларытыылар киирбиттэрин парламентарий бэлиэтээтэ. Быйылгы баһаардары, итиэннэ баһаары утары эрэсиим быраабылаларын, чуолаан хонтуруолланар өртөөһүнү, ону тэҥэ ойуур сыһыаннаһыытын эйгэтигэр боломуочуйалары толорууга федеральнай бүддьүөттэн көрүллэр үп уопсай кээмэйин быһаарыы туһунан саҥа нуорма-быраап аахталара ылыллыбыттарын быһааран кэпсээтэ.
– РФ Бырабыыталыстыбатын, Госдуматын, Айылҕа баайыгар уонна экологияҕа министиэристибэтин кытта көрүөхтээх, ырытыахтаах боппуруостарбыт олус элбэх. Биһиги этиилэрбит баар кыһалҕаларга, уопсастыбаннас туһаайыытыгар, эспиэрдэр, учуонайдар, уопсастыбанньыктар санааларыгар олоҕуран оҥоһулуннулар. Бу ыытар үлэбитигэр эн эмиэ кыттыһан, туора турбакка, «Өлүөнэ очуостара» национальнай паарка сиригэр айылҕа пуондатын көмүскүүргэ уонна харыстыырга үлэ ыытаргар, ойуур баһаардарын умуруорууга үлэлэспиккэр, ханнык хайысханан үлэни сүрүннүүрбүтүн ыйан-кэрдэн биэрэргэр, сүбэ-ама буоларгар, бэйэҥ уопуккуттан үллэстэргэр махтанабын, – диэтэ Сахамин Афанасьев.
Саха сиригэр биллэр волонтер Антон Васильев «Ойуурга олох» диэн бырайыагын кэпсээтэ. Мин өйдөөбүппүнэн, баһаар буолбут сирдэригэр ордон, охтон хаалбыт мастары кэрдэн, туһаҕа таһаарар соруктаахтар эбит. Ону кыаммат дьон кыһын оһох оттоллоругар тиэйэн биэрэр санаалаахтар.
– Бырайыакпытын саҕалаабыппыт. Салгыы үлэлииригэр баһаар буолбут оройуоннарыгар 1-2 мөлүйүөн солкуобайы көрөр кыаллыа дуо? – диэн ыйытта.
Сахамин Миланович Антон Васильев бэйэтин баҕатынан хаһыс да сылын сири-дойду бөхтөн ыраастыырын, оттон баһаардар кэмнэригэр Горнайга, итиэннэ Бүлүү бөлөх улуустарыгар доброволецтар быһыытынан, ол кэнниттэн баһаар содулун туоратыыга күүскэ үлэлээн, дьоҥҥо көмөлөһүү бастыҥ холобурун көрдөрөрүн иһин махтанна.
– Баһаар буолбут ойуурун чинчийэн үөрэтии кэнниттэн маһы санитарнай ирдэбилинэн кэрдэллэр. Онно үбүлээһин көрүллэр. Биир гектар сиргэ ортотунан 41 000 солкуобай. 2021 сылга 154 гектар иэннээх санитарнай кэрдиигэ 6 мөл. 366 тыһ. солкуобай көрүллүбүтэ. 2022 сылга эмиэ быһа холоон 6 мөл. солк. көрүллүө. Онон үбүлээһин баар. Бу үлэни «Лесресурс» Саха сиринээҕи филиала сүрүннүүр. Оттон эн бу бырайыаккын үлэлэтиэххин баҕарар буоллаххына, холобур, маннык гыныаххын сөп: Горнай сиригэр умайбыт ойууру чинчийэргэ ойуур хаһаайыстыбатын улуустааҕы тэрилтэтигэр судаарыстыбаннай сорудах бэриллэр. Кинилэр кэрдиллиэхтээх сир иэнин быһаараллар. Онуоха бүддьүөттэн үбүлээһинин ылаллар. Эйигин уонна эн хамаандаҕын волонтер быһыытынан наймылаһан үлэлэтиэхтэрин сөп. Инникитин эн бу уопуккун туһаналларын курдук, СӨ Экологияҕа, айылҕа баайын туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр бырайыаккын хайаатар даҕаны мэктиэлиэхпит.
Баһаар экологияҕа хорумньутун, Саха сирин айылҕатын чөлүгэр түһэрии туһунан Нам улууһун уопсастыбаннай сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Любовь Борисова ыйытыласта.
– Эһиил баһаардар турар түгэннэригэр, толору бэлэмнээх буолар туһуттан, үлэ билиҥҥиттэн саҕаланна. Оттон ойуур баһаарын кэнниттэн мас үүннэриитигэр икки уруккуттан тутуһар хайысхалаахпыт: айылҕа бэйэтин чөлүгэр түһэринэригэр сирин ыраастаан биэрии эбэтэр мас аҕалан олордуу. Айылҕаны чөлүгэр түһэриигэ ойуур хаһаайыстыбаларын тэрилтэлэрэ үлэлэһэллэр. Кинилэр санитарнай кэрдии ыыталлар, мас олордорго усулуобуйаны тэрийэллэр. Үһүс саҥа хайысхабыт – лесопитомниктары тэнитии. Билигин маһы сиэмэнэн үүннэрэр питомник Өлүөхүмэҕэ үлэлии турар, итиэннэ Намҥа туттулар, – диэн хоруйдаата Сахамин Афанасьев.
Баайбыт— айылҕабыт
Любовь Киприянова иккис ыйытыыта Алдан уонна Дьааҥы өрүстэр киртийиилэригэр сыһыаннаах. Кини этэринэн, ааспыт сайын бу өрүстэргэ сир баайын хостооччулар буруйдарынан балачча улахан киртиийи буолбут. Онон сибээстээн, уопсайынан, сир баайын хостооччуларга көҥүлү биэриини бэрээдэктииргэ туох үлэ ыытылларын ыйытта. Аны, Усуйаана оройуонун Уус Куйга бөһүөлэгэр атомнай ыстаансыйаны тутуу долгутарын биллэрдэ. Радиоактивнай тобохтору харайыы ньымаларын, ону хонтуруоллуурга туох нуорма-быраап аахталара баалларын туоһуласта.
Дьокутаат хоруйугар олоҕурдахха, көҥүлү быһыы мэхэньиисимнэрэ үлэлииллэр эбит. Итиэннэ СӨ Бырабыыталыстыбатын сир баайын туһаныыга хамыыһыйатын састаабын көрүөххэ сөбүн эттэ. «Хамыыһыйаҕа экологтар, эспиэрдэр киириэхтэрин сөп», – диэтэ. Норуот дьокутаата итинник этиилээх СӨ Бырабыыталыстыбатыгар киирэр соруктаах.
Оттон атомнай ыстаансыйаҕа сыһыаннаан Сахамин Афанасьев Саха сирин олохтоохторун конституционнай бырааптара көмүскэниэхтээҕин, итиэннэ СӨ сиригэр-уотугар радиоактивнай тобохтору харайыы адьас табыллыбатын биллэрдэ.
– Бу боппуруоска туһуламмыт туспа ыстатыйа баар. Онно этиллэринэн, туттуллубут уматыгы уонна радиоактивнай тобохтору олохтоммут бэрээдэгинэн көҥүллэммит эрэ сирдэргэ харайыллыахтаах. Ол туһунан ыйыыны ыстаансыйа бырайыагын докумуонугар киллэртэриэхпитин наада. Саха сиригэр оннук тобохтору харайар полигон суох буолуохтаах. Ити ыйытыыгын мин өйүүргэ бэлэммин, – диэтэ бу эйгэҕэ киэҥ билиилээх дьокутаат.
Сунтаар оройуонун уопсастыбаннай сэбиэтин чилиэнэ Айаал Тотонов бүгүҥҥү күҥҥэ бөҕү харайыы-дьаһайыы эбээһинэһин сүкпүт эрэгийиэннээҕи оператордара үлэтин ситэ-хото толорботун биллэрдэ. Оскуола, оҕо уһуйаана, онтон даҕаны атын тэрилтэлэр кытаанах уонна убаҕас тобохторо, мунньуллан сыппакка, тута полигоҥҥа тиэйиллэрин туруорсаллар эбит.
– Быйыл муус устарга Сунтаарга мунньах ыыппытым. Эрэгийиэннээҕи операторгыт Мииринэй улууһугар баар. Ол иһин үлэтин кыайбатын нэһилиэктэргит баһылыктара эппиттэрэ. Онуоха быһаарыы ылыммыппыт: «Бу тэрилтэни тохтотуҥ, саҥаттаан куонкурус ыытан, улуус мэктиэлээбит эрэгийиэннээҕи операторын талыахха диэн». Ол быһаарыыны ОДьКХ уонна энэргиэтикэ министиэристибэтигэр ыыппытым. Министиэристибэттэн бу хайысхаҕа туох үлэ ыытыллыбытын, Бүлүү бөлөх улуустарыгар саҥа атын тэрилтэни хаһан аныылларын туһунан иһитиннэриини ирдэһиэҕим.
***
Эколог Анна Шишигина оттуур сирдэргэ сири тупсарар үлэлэри сөргүтэргэ, тыа хаһаайыстыбатыгар үбүлээһини элбэтэргэ этиилээх тахса сырытта. Итиэннэ билиҥҥи кэмҥэ өртөөһүнү ыытар туһунан сокуон ылыллара тирээн кэлбитин эттэ, тоҕо диэтэххэ, кини санаатынан, кэлиҥҥи сыллар баһаардара от-мас куурбутуттан-хаппытыттан сылтаан буолбуттар. Шишигина этиитин Амматтан Степан Сутаков өйөөтө. Боппуруостаах дьон бука бары толору хоруйу ыллылар.
Биир бэйэм дьокутаат аттыгар олорон, нэһилиэнньэлиин хайдах кэпсэтэрин бастакыбын көрдүм уонна сэргээтим. Саха сирин уопсастыбанньыктара санааларын толлубакка этэллэрин, туруорсалларын хайҕаатым. Ыйытыылара барыта тулалыыр эйгэ харыстабылын тула буолла. Сөп ээ, сүрүн баайбыт айылҕабыт буоллаҕа эбээт.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0