Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -28 oC

Олунньу 17 күнүгэр парламеҥҥа «Элбэх оҕолоох ыалларга бэриллибит сир учаастактарын инженернэй инфраструктуратын хааччыйыыга тэрээһиннэрин олоххо киллэрии туһунан» бырабыыталыстыба чааһа онлайн киэбинэн ыытылынна. Тэрээһини СӨ Ил Түмэн дьиэ кэргэн уонна оҕо аймах дьыалаларыгар сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Алена Атласова ыытта.

Олунньу 17 күнүгэр парламеҥҥа «Элбэх оҕолоох ыалларга бэриллибит сир учаастактарын инженернэй инфраструктуратын хааччыйыыга тэрээһиннэрин олоххо киллэрии туһунан» бырабыыталыстыба чааһа онлайн киэбинэн ыытылынна. Тэрээһини СӨ Ил Түмэн дьиэ кэргэн уонна оҕо аймах дьыалаларыгар сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Алена Атласова ыытта.

Сытыы боппуруоһу дьүүллэһиигэ Госдума дьокутаата Галина Данчикова, парламент вице-спикера Антонина Григорьева, норуот дьокутааттара, бырабытаалыстыба чилиэннэрэ, Саха сирин борокуратууратын, муниципальнай тэриллиилэр, уопсастыбаннай холбоһуктар, иһитиннэрэр-көрдөрөр хампаанньалар бэрэстэбиитэллэрэ кыттыыны ыллылар.

Кэмитиэт тэриллэн үлэлиир кэмиттэн Саха сиригэр  оҕолоох дьиэ кэргэн саамай кыһалҕалаах боппуруостарын быһаарыыга туһуламмыт көдьүүстээх үлэни ыытарын туһунан парламентарий тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Маннык боппуруостартан биирдэстэринэн элбэх оҕолоох ыалларга бэриллэр сир учаастактарын инженернэй инфраструктуратын хааччыйыыта буолар. Кини 2012 сылга дойду Бэрэсидьиэнэ ыам ыйынааҕы ыйаахтарын  чэрчитинэн бу тутаах соругу туруорбутун санатта. 2016 сыллаахха дойду Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин сорудаҕынан, «Үс уонна онтон элбэх оҕолоох ыалларга бэриллибит сир учаастактарын инфраструктуратын хааччыйыы туһунан»  СӨ Ил Дарханын Ыйааҕа тахсыбыта. Дьокутаат Алена Атласова этэринэн, 2019 сылга СӨ дьиэ кэргэн уонна оҕо аймах дьыалаларыгар сис кэмитиэтэ ыыппыт «Элбэх оҕолоох ыалларга сир учаастактарын биэрии уонна инженернэй инфраструктураларын тупсарыы боппуруостара»  бырабыыталыстыба чааһын кэмигэр бу кыһалҕалар бааллара арыллыбыта. «Бырабыыталыстыба чааһын түмүгүнэн туох, хайдах таһымнаах үлэлэр ыытыллыбыттарын туһунан истиэхпит, - диэн эрэлин биллэрдэ.

«Сүрүн кыһалҕалары өйдөөн тураннар, норуот дьокутааттара сыл ахсын судаарыстыбаннай бүддьүөт көрүүтүгэр, сөптөөх үбүлээһининэн хааччыйар уонна улаатыннарар туһунан этиилэри киллэрэллэр. Ол курдук, 2019 сыллааҕы судаарыстыбаннай бүддьүөккэ сир учаастактарын инженернэй инфраструктуранан хааччыйыыга 400 мөл. солк. (мантан 230 мөл. солк. ороскуоттаммыта), 2020 сылга – 203 мөл. солк., 2021 сылга – 141 мөл. солк., 2022 сылга – 140 мөл. солк. көрүллүбүтэ», - диэн иһитиннэрдэ кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ.

KVA 0293

«2019 сыллааҕы уонна былааннаах 2020-2021 сыллардааҕы бүддьүөтүн туһунан» Ил Түмэн уурааҕынан үс уонна онтон элбэх оҕолоох ыалларга анаммыт сир учаастактарын инженернэй инфраструктураларын тупсарыыга бүддьүөттэн үбүлээһини улаатыннарарга СӨ Бырабыыталыстыбатыгар этии киллэриллибитэ. Маннык ис хоһоонноох  этии «2020 сыллааҕы уонна былааннаах 2021-2022 сыллардааҕы бүддьүөтүн туһунан» Ил Түмэн уурааҕар эмиэ бигэргэммитэ.

Ону тэҥэ, 2019 сылга, сис кэмитиэт көҕүлээһинэн кэтэх олорор дьиэлэри тутууну көҕүлүүргэ уонна территорияны баһылааһыҥҥа туһуламмыт өрөспүүбүлүкэтээҕи судаарыстыбаннай бүддьүөттэн үбү-харчыны сөптөөхтүк туһаныыны  хонтуруоллаан, түмүк таһаарарга, СӨ Счетнай палаатата үлэтин саҕалаабыта.

«Хомойуох иһин, ыытыллар үлэлэр баалларын үрдүнэн, күн бүгүнүгэр диэри бу боппуруос сытыытык турар. Элбэх оҕолоох ыалларга бэриллэр учаастактар үгүстэрэ сөптөөх сылы эргиччи олорор инфраструктуранан хааччыллыбаттар. Ол курдук, бэриллибит учаастактар уопсай ахсааннарыттан электроэнергиянан - 65,35 %, уунан - 3,03%, гааһынан - 31,29% хааччылынна. Суол ситиминэн хааччыллыыта - 41,07%. Биир да сир учаастагар оптуобус сырыыта суох», - диэтэ Алена Николаевна.

«Элбэх оҕолоох ыаллар оҕо төрөөһүнүгэр саамай боччумнаах кылааты киллэрэллэрин үрдүнэн, маннык усулуобуйаҕа туралларыттан, демография көрдөрүүлэрэ үрдүүр туһунан этэ да барыллыбат» – диэн бырабыыталыстыба чааһын сүрүн тиэмэтин норуот дьокутаата торумнаата.

Кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ «2022 сыллааҕы уонна былааннаах 2023-2024 сыллардааҕы бүддьүөтүн туһунан» Ил Түмэн уурааҕар 2022 сыл бастакы кыбартаалыгар бэриллибит учаастактарга инженернэй инфраструктураны хааччыйыыга «суол каартата»  оҥоһулларыгар  этии киллэриллибитин санатта. Итини сэргэ 2021 сыл сэтинньитигэр «Дальнай Восток уонна Забайкалье» парламент Ассоциациятын уопсай мунньаҕар кыттыыны ылбытын уонна Уһук Илин федеральнай уокуругун уратыларын учуоттаан федеральнай бүддьүөттэн кэтэх олорор дьиэлэри тутууну сайыннарыы бырагыраамалары көҕүлүүргэ үбүлээһинин учуоттуур наадатын туһунан этии киллэриллибитин бэлиэтээтэ. Бу боппуруоһу эмиэ Госдума бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Анна Кузнецованы кытта оробуочай көрсүһүү чэрчитинэн дьүүллэһиллибитэ.

«СӨ Аҕа баһылыга Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһаайбыт этиитинэн, бүгүн, биһиги, бу боппуруоһу чопчу быһаарарбытыгар эрэлбит улахан. Бырабыыталыстыбаҕа элбэх оҕолоох ыалларга бэриллибит сир учаастактарын инфраструктуратын хааччыйыыга, кэтэх дьиэни тутууну көҕүлүүр бырагырааманы ырытан оҥорорго уонна ылынарга сорудахтаабыта. Ийэ сылыгар бу хайысхаҕа чопчу түмүктэри көрүөхпүт диэн эрэнэбит», - диэтэ парламентарий.

Тыл этиитин түмүктүүрүгэр Алена Николаевна федеративнай тутулга, эрэгийиэннээҕи бэлиитикэҕэ, олохтоох салайыныыга, Хотугу сир дьыалаларыгар, Уһук Илин, Аартыка уонна Антарктика сайдыытын буоппуруостарыгар федеральнай мунньаҕын холбоһуктаах сүбэ мунньаҕар кыттыбытын туһунан эбэн эттэ.  Сүбэ мунньах кэмигэр РФ Бырабыыталыстыбатыгар Уһук Илиҥҥи уоукурук састаабыгар киирэр Российскай Федерация субъектарыгар туспа лимииттэри биэрэр кыаҕын, ону тэҥэ субсидияны туһаныы суолтатын быһаарар коэффициенын, территорияны кэлимник сайыннарыы бырайыактарын олоххо киллэриигэ субъектарынан эбии үп кээмэйин учуоттуур кыаҕы биэрэр, «Стимул» федеральнай бырагырааманы олоххо киллэрии быраабылатыгар уларытыылары киллэрэргэ этии киллэрбитин туһунан сырдатта.

Алена Атласова Уһук Илин субъектарыгар, чуолаан, биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр ити киирэр уларыйыылар элбэх оҕолоох ыалларга бэриллэр сир учаастактарын инфраструктуратын хааччыйыы хайысхатыгар, эбии субсидия бэриллэригэр эрэнэрин биллэрдэ. Кини сис кэмитиэт чилиэннэригэр, норуот дьокутаттарыгар сытыы боппуруоһу быһаарыыга үлэлэрин иһин махтал тылларын анаата уонна бырабыыталыстыба чааһа норуот дьокутаата Наталья Румянцева этиитинэн ыытылларын чопчулаата.

KVA 0285

Салгыы элбэх оҕолоох ыалларга бэриллэр сир учаастактарын инженернэй инфраструктуранан хааччыйыы туһунан дакылааты СӨ тутуу миниистирэ Павел Кылатчанов оҥордо. Кини иһитиннэрбитинэн, Сахастат олунньу 1 күнүнээҕи туругунан, Саха сиригэр барыта 25612 элбэх оҕолоох ыал олорор уонна  олохтоох салайыныы уорганнарынан сир учаастагын биэриигэ учуокка ылыллыбыттарын ыйда. Кинилэр быһаарыыларынан барыта 10673 сир учаастага түҥэтиллибит. Сир учаастактарын сүрүн кээмэйэ Дьокуускайга тиксэр, манна сайаапка биэрээччитэ -  10889, ылыныллыбыта -  3379. «Бу тэрээһиннэр чэрчитинэн судаарыстыбаннай бүддьүөттэн муниципальнай тэриллиилэргэ араас үлэни ыыталларыгар субсидия бэриллэр», - диэтэ миниистр. Дакылаатчыт иһитиннэриитинэн, олохтоох салайыныы уорганнарыгар субсидия биэрэр сүрүн усулуобуйатынан, олорор дьиэ тутуутун зоната 10-тан итэҕэһэ суох сир учаастактаах буолуохтаах, бырайыактыыр-сметнэй докумуона эбэтэр технологическай холбооһун чааһыгар дуогабар түһэрсиллибитэ ирдэнэр.

Салгыы дакылаатчыт ааспыт сылга ыытыллыбыт тэрээһиннэргэ тохтоото. СӨ Тутуу министиэристибэтэ ыыппыт сүүмэрдиир куонкуруһун чэрчитинэн, муниципальнай тэриллиилэртэн 30 сайаапка киирбит. Куонкурус түмүгүнэн 7 оройуонтан 16 кыбартаал инфраструктуратын хааччыйыыга 126,7 мөл. солк. көрүллүбүт. 2021 сыллааҕы дьаһаллары олоххо киллэриигэ 126 673 234,83 солк. көрүллүбүт, онтон туһаҕа таһаарыыта 114 474 297,51 солк. (90%) тэҥнэспит.

KVA 0295

Быйыл субсидияны биэриигэ муниципальнай тэриллиилэр сайаапкаларын талыы куонкуруһа ыытыллар. Сайаапканы 22 муниципальнай тэриллии 633,8 мөл. солк. суумаҕа биэрбиттэр. Куонкурус олунньу 22 күнүгэр диэри ыытыллыаҕа. 2021 сылга көрүллүбүт үбүлээһининэн, 502 сир учаастагын инфраструктурата хааччыллыбыт, оттон быйыл 500 учаастагы хааччыйаллара былааннанар.

Салгыы норуот дьокутааттара тутуу миниистирин бастакы солбуйааччытыгар Галина Новиковаҕа чуолкайдыыр ыйытыктары биэрдилэр. Алена Атласова СӨ Бырабыыталыстыбатын  бээссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Кирилл Буслаев бырабыыталыстыба чааһыгар анаан ыыппыт иһитиннэриитин чуолкайдаата.

«Өрөспүүбүлүкэ уопсай наадыйыыта 1 млрд 809 мөл. 700 тыһ. солк. суума кэриҥэ кэтэх дьиэ тутуутун зонатын тупсарыыга туһуламмыт. Онуоха, сыл анараа өттүгэр, уопсай наадыйыы 4 млрд 100 мөл. солк.этэ. Ол кэннэ, 2021 сылга - 203 мөл. солк., 2022 сылга - 140 мөл. солк. көрүллүбүтэ. Кэтэх дьиэни тутуу зонатын тупсарыыга өрөспүүбүлүкэ наадыйыыта тоҕо араастыырый?», - диэн Алена Атласова ыйытта.

KVA 0305

Миниистир биир сир учаастагын инфраструктуратын оҥоруу орто сыанаттан тахсар диэн хоруйдаата. «Билигин 6945 учаастактан уотунан хааччыллыбыта 10 673 эбит буоллаҕына, 3,5 тыһ. тахса учаастак инфраструктурата хааччыллыбатаҕын өйдүүбүт», - диэн хоруйдуур Павел Кылатчанов. Кини хос быһаарыытынан, 4 млрд солк. – бу уопсай аналитическай наадыйыыта, онтон 1 млрд 809 мөл. 700 тыһ. солк. – муниципальнай тэриллиилэр сайаапкаларыгар олоҕуран оҥоһуллубут наадыйыы буоларын быһаарда.

Юрий Николаев олохтоох салайыныы уорганнарыгар анаан олохтоох бүддьүөттэн  хос  уонна бүддьүөтү таһынан үбүлээһини туоһуласта. Норуот дьокутааттара Павел Ксенофонтов, Нюргуяна Захарова субсидияны биэрии усулуобуйатын судургутутарга, ол иһигэр олохтоох бүддьүөттэн хос үбүлээһин усулуобуйатын саҥалыы көрөргө сүбэлээтилэр. Ону таһынан дьокутааттар  Саха сирин Бырабыыталыстыбата бу сыл бастакы кыбартаалыгар элбэх оҕолоох ыалларга кэтэх дьиэни тутууга туһуламмыт сир учаастактарын инженернэй инфраструктуратын хааччыйыыга «суол каартатын» оҥорорго сүбэлээбиттэрин санаттылар. Экэниэмикэ миниистирин солбуйааччыта Иван Елисеев маннык «суол каартата» билигин суоҕун уонна оҥоһулла сылдьарын ыйда.

Галина Данчикова суһал быһаарыыны ылары ирдиир суолталаах боппуруос дьүүллэһиллэрин бэлиэтиир. «Бастатан туран, наадыйыы чуолкайданыахтаах - ханна наадыйыы, ханнык кыах баарын сыаналыахтаахпыт. Араас сыыппаралары истэбит. Бэйэбит кыахпыт ханна баарынан көрбөппүт», - диэтэ дьокутаат. Антонина Григорьева ыйытта: «Территориальнай былааннааһын докумуоннарыгар, кэскиллээх кэтэх дьиэлэри  тутуунан хааччыйарга, инженернэй инфраструктура эбийиэктэрин киллэриигэ технологическай «коридордар» учуоттаналлар дуо?». Маны сэргэ, Ил Түмэн вице-спикерэ газтааһын, инфраструктура атын көрүҥнэрин (автономнай гаас ситимнэрэ уо.д.а.) ыйыталаста. Оройуоннарынан төннөрүү элбэҕин учуоттаан, Градостроительнай докумуону оҥорорго көмө наадатын туһунан туоһуласта.

KVA 0281

Маны таһынан чуолкайдыыр ыйытыктары норуот дьокутааттара Татьяна Егорова, Елена Голомарева, Аркадий Семенов, Наталья Румянцева уонна Иван Данилов биэрдилэр.

«Северный» уопсастыбаннай тэрилтэ бэрэссэдээтэлэ Наталья Мухортова «Северный» учаастак суолун туһунан туоһуласта. Ону таһынан, ыйытыктары Мииринэй оройуоннааҕы сэбиэтин дьокутаата Алексей Бутаков биэрдэ. Кини муниципалитеттарга тутуу хайысхатыгар кэмчилээһин наадатын бэлиэтээтэ. Кини этэринэн, муниципалитеттарга сиртэн хостонор баайы туһанааччылартан суолу оҥорууга чэпчэки сыаналаах матырыйааллары ылыы, муниципальнай тэрилтэлэргэ карьердар сирдэрин үллэрии кыаллыбат. «Сокуон быһыытынан элбэх оҕолоох ыаллар сир учаастактарын ылаллар, ол эрэн туһаҕа таһаарбаттар. Дьиҥинэн, «утуйан олорор», чэпчэки тутуу матырыйаала суоҕунан куотунар дьону үбүлүө суохтаахпыт. Хаһан эмэ сир учаастагын туһамматах дьонтон сүүмэрдээн,  сирдэрин атыылаһыахпытын биитэр төттөрү ылыахпытын сөп дуо?» - диэн Алексей Бутаков ыйытта.

Норуот дьокутааттара сир учаастактарын инженернэй инфраструктуратын хааччыйыыга тэрээһиннэр олус бытааннык баралларын уонна 2016 сылтан сытыы боппуруос бэбиэскэҕэ турарын бэлиэтээн биир санааҕа кэллилэр. Кинилэр Ийэ сылыгар, дьэ, кэмниэ-кэнэҕэс Саха сирин элбэх оҕолоох ыаллара юэриллибит сир учаастактарыгар олороллоругар сөптөөх дьаһаллар ылыныллыахтара диэн эрэнэллэрин биллэрдилэр.

Бырабыыталыстыба чааһын түмүгэр кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Ил Түмэн уурааҕынан бу сыл бастакы кыбартаалыгар «суол каартата» оҥоһуллуохтааҕын чопчулуур. « Бырабыталыстыба чааһын кэмигэр этиллибит  боппуруостары кэмитиэт салгыы ылсан, СӨ Бырабыыталыстыбатын кытта тэҥҥэ үлэлэһиэҕэ», - диэн Алена Атласова түмүктээтэ.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Образование

Мероприятия к 90-летию СВФУ

На этой неделе научная и образовательная общественность Республики Саха (Якутия) отметит…
18.11.24 14:24