Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -20 oC

Аартыка оройуоннарыгар биир сүрүн кыһалҕанан сырыы-айан уустугуттан бородуукта сыаната үрдүгэ буолар. Усуйаана улууһугар үлэлиир кэммитигэр бары нэһилиэктэр олохтоохторо бу кыһалҕаны чорботон бэлиэтээбиттэрэ, онно "Якуоптторг" туhунан элбэхтик иһиттибит.

Аартыка оройуоннарыгар биир сүрүн кыһалҕанан сырыы-айан уустугуттан бородуукта сыаната үрдүгэ буолар. Усуйаана улууһугар үлэлиир кэммитигэр бары нэһилиэктэр олохтоохторо бу кыһалҕаны чорботон бэлиэтээбиттэрэ, онно "Якуоптторг" туhунан элбэхтик иһиттибит.

Тумакка сырыттахпытына, биир кэмҥэ быраастарга көрдөрө кэлбит дьон аҕыйыы быһыытыйбытыттан дьиктиргээн, олохтоох сиэстэрэ кыыстан ол биричиинэтин ыйыппыппар: "Якутоптторг" тэрилтэ бородуукта аҕалбыт, дьоммут онно барбыттар быһыылаах", — диэн хоруйдаабыта. "Сыанатыгар төһө араастаһыы баарый?" диэн чопчулаабыппар:"Тыый. Оҕуруот аһа куорат сыанатын курдук атыыланар. Манна оҕуруот аhын аҕалыы уустук, ороскуоттаах буолан, чааһынай маҕаһыыннарга сыаната лаппа үрдүк буолар. Онтон "Якутоптторг" киэнэ, аҕалыытын ороскуотун өрөспүүбүлүкэ уйунар буолан, лаппа чэпчэки", — диэн быһааран биэрбитэ.

Усуйаана биэс нэһилиэгэр олохтоохтор сырыы-айан уонна бородуукта сыанатын араастаһыытын туhунан элбэхтик этэллэрин иһиттибит. Дьон гражданскай авиация сайдыан, билиҥҥи курдук бөртөлүөт сырыыта миэстэ туолуутуттан тутулуктаммакка, график быһыытынан сылдьар буолуон баҕаралларын биллэрдилэр.

e77666ef 5b46 418f 8403 100ec524629d

a29cc064 f351 4b03 8847 1846fe347da5

Командировкабыт бүтэһик икки күнүгэр Бырабыыталыстыба отчуоттуур бөлөҕүн кытта сылдьыбыппыт. Бөлөххө "Якутоптторг" АУо генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Егор Ефимов кэлсэн, бородууктанан хааччыллыы хайдаҕын, олохтоохтор санааларын истэн, инникитин өссө туох үлэ ыытыллыахтааҕын билсиһиннэрдэ. Биһиги Егор Егоровиһы кытта Уус Куйга бөһүөлэгэр баар "Якутоптторг" филиалыгар тиийэн кэпсэттибит.

- Уус Куйгатааҕы базабытын 2021 с. аҕыс ый иһигэр тутан киллэрбиппит. Былырыын 700 туонна социальнай суолталаах бородуукталары аҕалбыппыт, ол иһигэр бурдук, саахар, макарон, курууппалар, оҕуруот астара уо.д.а киирсэллэр. Эһиилги сылга бу бородуукталар аҕалыллар кээмэйдэрин үс төгүл, 1780 туоннаҕа тиийэ, улаатыннарар былааннаахпыт. Былырыын Уус Куйгаҕа муоранан Астраханьтан 115 туонна бородуукта аҕалтарыахтаах этибит. Хомойуох иһин, халлааммыт туруга мөлтөөн, хараабылбыт Мурманскай уонна Диксон икки ардыларыгар 50-ча күн хаайтаран турбута. Инньэ гынан, Дьааҥы өрүс уута түһэн, улахан ааллар кыайан сылдьыбат буолан, Зеленай Мыска бородуукталарбытын сүөкүүргэ күһэллибиппит. Билигин ол итээһини кыһыҥҥы суолунан таһан толоро сылдьабыт. Күн бүгүн 20 туонна суолунан кэллэ. Өссө түөрт рейс оҥоһуллуохтаах. Бырабыыталыстыба отчуоттуур бѳлѳҕүн кытта улуус уһук нэһилиэктэригэр сырыттыбыт. Бу сылдьан үгүс дьон "күөх авиарейстэри элбэтэргит буоллар" диэн туруорсарын бэлиэтээтибит. "Күөх рейс" диэн Бырабыыталыстыбабыт үбүлээһининэн бородууктаны сөмөлүөтүнэн аҕалыыны ааттыыллар.

730ecef2 48b3 49dd a0e5 7a9cba52a0a8

Светлана Стасюк, "Якутоптторг" Усуйаанатааҕы филиалын сэбиэдиссэйэ: - Сүрүн табаар Уус Куйгаҕа баар базабытыгар аҕалыллар. Онтон бөһүөлэктэринэн аттаран тарҕатабыт. Сырыы суох кэмигэр ыраах сытар нэһилиэктэргэ сөмөлүөтүнэн ыытабыт. Бу билигин суол аhыллан, массыынанан илдьэллэр. Сүрүн, дьон олоҕор суолталаах бородуукта кэлиитин тиһигэ быһыллыбат. Ол өттүгэр, көрөргүт курдук, барыта баар. Тиийбэт бородуукталары испииһэктээн сакаастыыбыт, оччоҕо аҕалаллар. Дьон хото сылдьар, - диэн кэпсээтэ.

Светлана Петровна "сырыы баар кэмигэр" диэн этиитигэр тохтоотоххо, кырдьык Аартыка иэнэ да улаханынан, сирэ-уота да айанныырга уустугунан сиринэн айан суола бэрт кылгас кэмҥэ аhыллар эбит. Өрүс суола тохсунньу ыйтан муус устар ыйга дылы арыллар. Бу кылгас кэмҥэ нэһилиэнньэ бэйэтин бородууктанан хааччыныан, сөмөлүөт, уу сырыыта тупсуор диэри толорунуон наада. Онтон сырыы суоҕар олохтоохтор буранынан кэлэн табаар ылаллар эбит. Бэл, ахсынньыга, саҥа дьыллааҕы остуолларыгар, оҕуруот, фрукта баар буоларын кэпсээтилэр.

Хас эмэ уонунан көһүнэн тайаан сытар нэһилиэктэргэ аам-даам тымныыга буранынан сибиэhэй аһы хайдах аҕалалларый? Тыйыс сир дьоно булугас өйдөрүн өрүү хайгыы бэлиэтиибин. Анал тиэрмэс хоппо оҥорон, онтукаларын тымныы киирбэт гына бүрүйэн, оҕуруот аһын, фруктаны таһаллар эбит. Баҕар, манна этиэххит, "ээ, ол оҕуруот аһын, фруктаны сибиэһэйдии оччо ыраах туохха илдьэн, онтуката да суох олоруллар ини" диэн. Ол эрэн Саҥа дьылы бэлиэтиир үтүө түгэҥҥэ уонна уопсайынан даҕаны остуолга мандарин, атын фрукта баара хайдах көнньүөрдүбэт буолуой, ордук оҕо аймаҕы.

  • 3
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Уопсастыба

Кинилэр олоҕу киэргэтэллэр

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хаптаҕай нэһилиэгин олохтоохторо Гаврил Семенович Самсонов уонна…
02.11.24 10:31