Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -21 oC

Ньиэмэс омугун биллэр историга Альф Людтке (1943-2019) этэн турар: “История должна начинаться “снизу”, с тех кто жил и страдал, кто назывался “маленьким” человеком...”.

Кини толкуйунан, киһи ханнык баҕарар омук историятын, култууратын ис дьиҥин билиэн баҕарар буоллаҕына, бу омук көннөрү боростуой үлэһитин күннээҕи олоҕор болҕомтотун ууруохтаах. “Оннук эрэ үөрэтэр омугуҥ ис дьиҥин билэҕин” диэн өйдөбүлгэ тирэҕирэр.

Ньиэмэс омугун биллэр историга Альф Людтке (1943-2019) этэн турар: “История должна начинаться “снизу”, с тех кто жил и страдал, кто назывался “маленьким” человеком...”.

Кини толкуйунан, киһи ханнык баҕарар омук историятын, култууратын ис дьиҥин билиэн баҕарар буоллаҕына, бу омук көннөрү боростуой үлэһитин күннээҕи олоҕор болҕомтотун ууруохтаах. “Оннук эрэ үөрэтэр омугуҥ ис дьиҥин билэҕин” диэн өйдөбүлгэ тирэҕирэр.

IMG 1163

Бааһынай ырыынагар

Өрөбүл күн. Бааһынай ырыынага. Иһинэн-таһынан дьон бөҕө үмүөрүһэр. Балык, эт, хаппыыста, араас ас эгэлгэтэ. Арай бу маннык сүпсүлгэн быыһыгар, ырыынак дьиэтин иккис мэндиэмэнигэр, түгэх хоско, кэлэр-барар дьону одуулуу, лаппа сааһырбыт кырдьаҕас эмээхсин олорор. Кини эмиэ атыыһыт. Ол эрээри, ас-таҥас буолбатах – КИНИГЭ.

 Биллэн турар, ону көрөн дьиктиргээммин, киниэхэ чугаһыыбын. Кинигэлэрин көрөбүн уонна тылын-өһүн истэбин. Атыылыыр кинигэлэрэ даҕаны арааһынай. Ол гынан баран, харахпар тута быраҕыллыбыта диэн, үксэ эргэ, ону ааһан быдан үйэтээҕилэр. Барахсаным сыаната даҕаны олус чэпчэки: 20 солкуобайтан саҕаланар. Бу туран, хараҕым Г.В. Ксенофонтов “Урааҥхай сахаларыгар” хатана түһэр. Сыанатын ыйыппыппар, эмээхсин: “Икки мөһөөххө ылаҕын дуо?” -- диир. Хоруйдуу да иликпинэ: “Бырастыы гын, ити кинигэм иккис таһаарыыта (иккис том) суох”, – диэн алы гыннарар. Кырдьаҕас ити курдук атыылыыр малыгар балай эмэ быһаарсарын тута көрдөрөр. Итинник биһиги сыыйа билсэн барабыт.

IMG 1157

Дойдута суох киһи

--Мин 1941 сыллаахха Бүлүү улууһун Модут нэһилиэгэр маҥнайгы оҕонон күн сирин көрбүтүм. Бэйэм анныбынан Роман диэн бырааттааҕым. Ийэм Ульяна Семеновна Колтовская диэн этэ. Кини өр сылларга Модут уонна Тоҕус нэһилиэгэр Сэбиэт сэкирэтээринэн үлэлээбитэ. Аҕам Михаил Никифорович Колтовской 1945 сыллаахха, мин түөртээхпэр, күн сириттэн күрэммитэ. Тыыннааҕар холкуос бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ эбитэ үһү. Уонча саастаахпар Модут нэһилиэгин Бороҕоҥҥо холбоон кэбиһэллэр. Инньэ гынан, билигин төрөөбүт дойдум суох. Итинтэн хайдах эрэ олус хараастабын...

Ыспыраапка

 “Модут нэһилиэгэ билигин Бүлүү улууһугар ааттыын да суох, 1951 сыллаахха Бороҕон нэһилиэгэр холбоһон, биир нэһилиэк буолбута быйыл номнуо 60 сыла. Былыр Үөлэс уонна Хахсык аҕатын уустара төбүрүөннээн олохсуйан олорбут сирдэрэ билигин өтөхсүйэн, кураанахсыйан тураллара киһиэхэ курус санаалары үөскэтэллэр”. [М.П. Григорьев. Орто Бүлүү улууһа. Модут нэһилиэгэ].

Күөлү көһөрөн, дьиэ тутан

-Оскуоланы бүтэрэн баран, Оренбург уобалаһын Бузулук куоратын гидромелиоративнай техникумугар үөрэххэ киирбитим. 1961 сыллаахха бүтэрэн, мелиоратор идэтин ылбытым. Дойдубар Бүлүү Балаҕаччытын холкуоһугар дуогабарым быһыытынан үлэлии барыахтааҕым. Ону миэстэ суох диэннэр, Үөһээ Бүлүү оройуонугар тиийэн, Далыр нэһилиэгин Ленин аатынан холкуоһугар үлэбин саҕалаабытым. Мелиоратор быһыытынан маҥнайгы ситиһиим -- Дуондур алааһын күөлүн көһөрүү буолбута. Бу алаас иккис сылын уута эбиллэн, оттуур ходуһа иэнэ лаппа кыччаан турара. Ону бульдозер тыраахтарынан хоруттаран, үлэһиттэри кытары күрдьэҕинэн эбии хаһан, бары көмөлөөн, уубутун үрэххэ түһэрэн, аттынааҕы күөлгэ көһөрбүппүт. Инньэ гынан, бу күөл онно сыыйа ходуһа буолан, кэлин от бөҕө оттонор сирэ буолбута. Былыр өбүгэлэрбит оннук дьаһанан, оттоон-мастаан олордохторо (былыр сахалар маннык күөлү көһөрөн оттуур сири оҥорууну “чымынаайы” диэн ааттыыллара -- У.З.).

Нөҥүө сылыгар холкуостар эстэннэр, Халбаакыга “Мастаах” сопхуоһугар көһөбүн. Идэбинэн икки сыл курдук үлэлээн баран, тиэхиньикэ суох буолан, хонтуораҕа таах олорорбун сирэн, СГУ физико-математическай факультетыгар туттарсан киирэбин. Ол эрээри үөрэхпин ситэ түмүктээбэккэ, үһүс куурус кэнниттэн бастаан Бүлүү Тоҕус нэһилиэгэр, онтон Иккис Күүлэккэ ситэ бүтэрбэтэх идэбинэн физика уонна математика учууталынан иккилии сыл үлэлиибин. Педагог буолбатахпын билинэн, аны Тылгыны “Күүлэт” сопхуоһугар  тутуу маастарынан үлэлээн саҕалыыбын. Мелиоратор үөрэҕэр “строительство” диэн биридимиэт баара. Онно биһигини смета оҥоруутугар, нэрээт сабыытыгар үөрэтэллэрэ. Онно үөрэммитим бу саҥа идэбин баһылыырбар олус туһалаабыта. Ол курдук, сотору буолаат, букатын да прорабынан ананабын. Балтараа сыл иһигэр түөрт кыбартыыралаах дьиэлэри, саҥа улахан хотону, гарааһы -- уопсайа аҕыс эбийиэги үлэҕэ киллэрэбин. Олус үөрбүтүм диэн, анал прораб үөрэхтээх быраатым Роман Михайлович Колтовской бу үлэбин олус хайҕаабыта. Билигин санаатахпыга, кини эрэ үлэбин хайҕаабыт эбит. Роман бэйэтэ Москуба куорат ханнык эрэ техникумун бүтэрбитэ.

Маарыйалыын кэпсэтэ олордохпутуна, араас дьон кэлэн эйэргэһэн ааһар. Саҥаларыттан иһиттэххэ, олус ытыктыыллар быһыылаах. Саастаах киһи дитэххэ, харчытын лоп курдук түргэнник уонна сөпкө суоттуур, ол быыһыгар муна-тэнэ сылдьар дьоҥҥо туох атыы ханан баарын чуо ыйан биэртэлиир. Онтон бэйэтин кытары араа-бараа саастаах, арааһа, балай эмэ көрсүбэтэх дьүөгэтэ аах кэлэр. Хамсык кэмигэр иккиэн тыыннаахтарыттан үөрбүттэрин уйадыйа көрдүм. Вакцина ыланнар, ыарыыны этэҥҥэ аһараннар: “Аны ыалдьыбат буоллубут”, -- дэстилэр.

Киһи тыыннааҕын тухары дьарыктаах буолуохтаах

--Кэлин сопхуос эстибитин кэннэ, Тулагыга көһөн кэлбиппит. Хаарбах дьиэҕэ кыбартыыра атыылаһан, күн бүгүнүгэр диэри онно олоробун.

Бааһынай ырыынага хара тэриллиэҕиттэн манна баарбын. Бастаан муоста сууйааччынан үлэҕэ киирэбин. Оччолорго ырыынак генеральнай дириэктэрэ Анатолий Березкин этэ, киһи киэнэ кэрэмэһэ. Онтон кини кэнниттэн Руф Егоров салайбыта. Руф Ивановичтыын биһиги өссө Тылгыныттан билсэрбит. Кини миигин бу ырыынакка үлэҕэ ылбыта.

Ити курдук, сылы кыайбат кэм муоста сууйбуппун кэннэ, салалтам бу ырыынакка атыылыыр миэстэ көрбүтэ. Онтон ылата күн бүгүнүгэр диэри кинигэ, сурунаал, хаһыат атыытынан олоробун. Бу үксэ бэйэм үйэм тухары мунньубут кинигэлэрим. Ону таһынан сороҕор саҥа кинигэлэри атыылаһан, онтукайдарбын атыылыыбын. Маны таһынан дьон аҕалан атыылаттарар. Хата, эн “Чолбон” сурунаалы, “Аар Тайҕа”, “Ил Түмэн” хаһыаттарын булан аҕаларыҥ буоллар, дьон син ылыахтара этэ. Ыйытааччылар.

Салалтам бу сирбин чэпчэтиилээх арендалыыр буолан олус абыранным.

Бу эн ыйытарыҥ курдук, олох ыараханыттан эҥин буолбатах, бэйэм тус санаабыттан маннык сылдьабын. Киһи хамсаныахтаах, хамсанар буоллаххына, чөл сылдьаҕын. Сорох саастаах дьон билигин, кырыйдыбыт диэн, дьиэлэригэр олорон, бүгэн хаалаллар. Ити олох сыыһа. Киһи дьон ортотугар сылдьыахтаах, кыаммат буолуор диэри дьарыктаах буолуохтаах. Бу орто дойдуга хас биирдии киһи анал олорор болдьохтоох кэлэр диэн суруйаллар. Ону сүһүөххэр сылдьан көрсүөхтээххин диэн санаалаахпын. Дьоҥҥор боҕуу буолбакка, сордообокко, эрэйдээбэккэ. Дьиэҕэ олорор, уопсайынан, куһаҕан. Киһи кэбириир, мөлтүүр. Ити билигин хамсык диэн, дьону дьиэлэригэр хаайдылар. Ити көстүү, дьэ, чуолаан саастаах дьоҥҥо охсуулаах буолуо турдаҕа. Сэрэнэр ордугун ордук эрээри, эппитим курдук, киһи син биир барар кэмигэр барар быһыылаах. Ол гынан баран, өлөр туһунан саныа суохтааххын. Ылар кэмнэригэр эйигиттэн ыйыппакка илдьэ барыахтара.

Мин билигин отунан-маһынан эмтэнэ сатыыбын. Украина улуу учуонайа Болотов уонна кини идиэйэтинэн үлэлиир Наумов кинигэлэрин ааҕабын, ити дьон ырысыаптарынан туһанабын. Аһылыкпын көрүнэр буолбутум эмиэ хас да сыл буолла. Хата, бу бэйэбит ырыынакпытыттан барыта сибиэһэй аһы: үксүн балык, суорат, иэдьэгэй ылабын. Доруобуйа диэн оннук: сөптөөх аһылык уонна хамсаныы.

Кинигэ атыытын талбытым диэн, бэйэм адьас оҕо эрдэхпиттэн ааҕарбын сөбүлүүбүн. Барыны барытын ааҕар этим. Бу билигин харах мөлтөөн, ааҕарым лаппа аччаата. Биһиэхэ саастаах дьоҥҥо кинигэ ааҕар олус туһалаах, оннук өйбүт сыппаабат.

IMG 1144

***

Мария Михайловна Колтовская 80-с хаарын санныгар сүгэ сылдьар киһи, эмиэ да кэпсээннээх курдук эрээри, олоҕун сорох өттүн арыйарын кыккыраччы аккаастанна. Кэргэнин, оҕолорун туһунан токкоолоһо сатаатым даҕаны, дуомнааҕы ороон ылбатым. Билбитим диэн, түөрт оҕолоох, уонтан тахса сиэннээх, биир хос сиэннээх эбит. Икки сиэнэ билигин Новосибирскай куоракка устудьуоннуу сылдьаллара үһү. “Ол дьоммор биэнсийэбиттэн харчы ыытыаҕым диэн киһиргээн кэбиһэммин, онтукайбын толоро барыахтаахпын”, – диэн күлэр. Атыны тугу да эбии кэпсээбэтэ. Баҕар, кырдьык, кырдьаҕас киһи сөпкө туттунара буолуо. Билиҥҥи үйэҕэ сорох дьон күннээҕи олохторун барытын ыһа-тоҕо үллэстибиттэрин иһин, саастаах өттө аньыыргыыллар. Маарыйа барахсан: “Баҕа санаам диэн, өссө төһө кыалларынан бу миэстэбэр атыылыы турбут киһи”, – диир.

Күн аайы Тулагыттан оптуобуһунан сылдьар буолан, айаныгар олус эрэйи көрсөр эбит диэн бэйэм сабаҕалыыбын. Кини: “Бу ырыынак таһыгар хос куортамныыллара, оннукка тиксэрим буоллар, дэлэлээх үчүгэй буолуо этэ дуо?” -- диэхтиир. “Дьол диэн тугуй?” диэн ыйытыыбар: “Ону билбэтим, киһиэхэ куһаҕаны баҕарыма, мөкүнү оҥорума даҕаны, дьоллоохтук олоруоҥ” – диэн кэпсээнин түмүктүүр.

IMG 0434

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (1)

This comment was minimized by the moderator on the site

Мин көрөөччүм Крестьянскайга. Барахсан книга бөҕө аахпыт кырдьа5ас эбит дии. Этэҥҥэ буоллун, атыылыы турдун !

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Уопсастыба

Кинилэр олоҕу киэргэтэллэр

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хаптаҕай нэһилиэгин олохтоохторо Гаврил Семенович Самсонов уонна…
02.11.24 10:31