Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -19 oC

Москваҕа алтынньы 5-8 күннэригэр Бүтүн Арассыыйатааҕы «Көмүс күһүн-2021» быыстапкаҕа Саха сирин дэлэгээссийэтэ ситиһиилээхтик кыттан, сүүрбэ мэтээли ылан кэллэ. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин Сүөһүнү иитиигэ, племенной үлэҕэ, кэпэрээссийэҕэ уонна хаһаайыннааһын дьоҕус киэптэригэр департаменын салайааччыны солбуйааччы, биология наукатын кандидата Галина Осипованы кытары биһиги кэпсэтиибит бу тэрээһиҥҥэ ананна.

Москваҕа алтынньы 5-8 күннэригэр Бүтүн Арассыыйатааҕы «Көмүс күһүн-2021» быыстапкаҕа Саха сирин дэлэгээссийэтэ ситиһиилээхтик кыттан, сүүрбэ мэтээли ылан кэллэ. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин Сүөһүнү иитиигэ, племенной үлэҕэ, кэпэрээссийэҕэ уонна хаһаайыннааһын дьоҕус киэптэригэр департаменын салайааччыны солбуйааччы, биология наукатын кандидата Галина Осипованы кытары биһиги кэпсэтиибит бу тэрээһиҥҥэ ананна.

Чорботуллар хайысхалар

Галина Николаевна, ситиһиилээх сырыынан эҕэрдэлиибит. Быйылгы быыстапка туһунан кылгастык билиһиннэр эрэ.

– Пандемиянан сибээстээн, быыстапкаҕа сэрэтэр санитарнай ирдэбиллэр тутуһулуннулар, урукку курдук элбэх кыттааччы суох да буоллар, былааннаммыт тэрээһиннэр толору ыытылыннылар. Быыстапка арыллыытыгар Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин онлайн-эҕэрдэтин холбообуттара. Онно премьер пандемия кэмигэр дойду аһылык өттүнэн куттал суох буолуутун хааччыммытын, хайа даҕаны эрэгийиэҥҥэ ас-үөл тиийбэт буолуута таһаарыллыбатаҕын бэлиэтээбитэ. Ааспыт сыл туһааннаах кэмигэр тэҥнээтэххэ, тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥоруу кээмэйэ икки төгүл үрдэтилиннэ, бу ситиһиини өссө чиҥэтиэҕиҥ, тастан киирэр технологияны бэйэ киэнинэн солбуйууну күүһүрдүөҕүҥ, ол иһигэр ыһыы сиэмэтигэр уонна селекцияҕа диэтэ.

Бары салааларынан элбэх үлэ ыытылынна. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлэ Андрей Тарасенко уонна тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Александр Атласов “Агропромдаш-2021” норуоттар икки ардыларынааҕы быыстапкаҕа кыттан, астыыр-таҥастыыр технологиялары оҥорор хампаанньалар салалталарын кытары көрүстүлэр, «Росагролизинг» АУо лизинговай хампаанньаны кытта бииргэ үлэлэһиигэ сөбүлэҥ түһэристилэр. Быыстапка түмүгүнэн өрөспүүбүлүкэ дэлэгээссийэтэ 20 мэтээли ылла, ол иһигэр астыыр-таҥастыыр салааҕа «Батамай» ХЭТ икки кыһыл көмүс мэтээлинэн, Компетенция киинэ кыһыл көмүс мэтээлинэн, Алина уонна Ньургуйаана Заморщиковалар биирдэм тэрилтэлэрин мүөтэ, чэйдэрэ биэс үрүҥ көмүс мэтээлинэн бэлиэтэннилэр.

Михаил Мишустин «селекция» диэн тылы мээнэҕэ эппэтэх, селекциялыыр племенной үлэ болҕомто киинигэр турда. Евразия экономикатын союһун чэрчитинэн тэриллибит «төгүрүк остуолга» сүөһү боруодатын чопчулааһын, ол эбэтэр инвентаризациялааһын үлэтин тула киэҥ кэпсэтии таҕыста, племенной үлэни Евразия экономикатын союһун ирдэбилинэн тэрийэргэ этилиннэ. Ол аата сүөһү боруодата ыраас буолуохтаах, ону уонна удьуорунан бэриллэр ыарыыны быһаарарга молекулярнай-генетическэй анаалыс оҥоһуллуохтаах, үлэ ИАС (информационнай автоматизированнай ситим) тиһигинэн салаллыахтаах. Быһата, 2022 сылга диэри ДНК-ҕа молекулярнай-генетическэй методиканан үлэҕэ киириэхтээхпит. Онон министиэристибэ молекулярнай генетика лабораториятын тэрийэргэ үп көрөн, хайы-үйэ атыылаһан аҕалан үлэлэтэн эрэр, «Сахаагроплем» тэрилтэ маннык лабораторияҕа лицензия ылла.

О_2_2.jpg

Учуот кытаанах

Оччотугар билигин племхаһаайыстыбаларга сүөһүнү учуоттуур (инвентаризациялыыр) үлэ ити иһин ыытыллар буоллаҕа?

– Оннук. Кэлиҥҥи сүүрбэччэ сыл устатыгар «улахан үүтү» сырсаннар, селекционердар араас боруода сүөһүнү булкуйар идэлэннилэр. Холобур, симменталь боруода сүөһүгэ дойду таһыттан киллэриллибит голштины холбообуттарын түмүгэр, Арассыыйа бэйэтэ өр сылларга ууһатан таһаарбыт, ыраас хааннаах симменталь боруодата сүтэр кутталланна. Холмогор боруода үөскэтиллибит сиригэр, Архангельскай уобаласка, холмогор сүөһү хаанын 90 %-а гольштин буолбут! Иккиһинэн, учуонайдар тастан араас боруода киллэриллэриллэрин түмүгэр, ордук атыыр оҕустарга аномальнай геннар, генетическэй ыарыылар тарҕаныылара элбээбитин бэлиэтээтилэр. Биллэн турар, боруоданы тупсарар наада эрээри, наһаалыыр сатаммат. Билигин Арассыыйаҕа ыраас симменталь боруода Смоленскай уобаласка, холмогор боруода Комига хаалбыттар уонна биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр бааллар, биһиги атыыр оҕус сиэмэтин уонна атыыр оҕустары ити эрэ эрэгийиэннэртэн ылабыт.

Дьэ ити иһин инвентаризация ыытыллар, онуоха үүт хайысхалаах сүөһү хаанын 75 %-а бэйэтин боруодата (симменталь, холмогор) буоллаҕына эрэ кини боруодата бигэргэнэр итиэннэ оннук сүөһүлээх хаһаайыстыба генопуонда тэрилтэтин статуһун ылар кыахтанар. Бу үлэ пилотнай бырайыак быһыытынан, уон эрэгийиэҥҥэ, ол иһигэр биһиэхэ бара турар. Инньэ гынан, билигин племенной статустаах тоҕус хаһаайыстыбаҕа (саха сүөһүтүн иитэр генопуонда тэрилтэтигэр, симментальга идэтийэр алта хаһаайыстыбаҕа уонна холмогорга идэтийэр икки хаһаайыстыбаҕа) улахан үлэ ыытыллар, сүөһү боруодата, төрдө-ууһа төрдүс көлүөнэҕэ тиийэ чопчуланан, «Селэкс – молочный скот» бырагыраамаҕа киллэриллэ сылдьар.

Үлэбитин үчүгэйдик түмүктээн, саха сүөһүтүн бэйэбит төрүт боруодабыт, онтон симментальбытын уонна холмогорбутун саха булкаастаах, олохсутуллубут боруода быһыытынан дакаастаан, бигэргэттэрэргэ эрэнэбит. Итини ситистэрбит эрэ биһигиттэн сыл устатыгар ынахтан 5000 киилэ үүтү ыыр ирдэниэ суох этэ. Элбэх хаһаайыстыбабыт дойду үрдүнэн туруоруллар ити 5000-лаах ирдэбилтэн сылтаан, племенной статуһу ылбакка, федерация субсидиятыттан матан олороллор.

Золотая_осень-21_--_медаль_2.jpg

Мэтээл мээнэ бэриллибэт

Племенной сүөһүнү иитиигэ Бүтүн Арассыйатааҕы куонкурус буолла, пандемиянан сибээстээн, кэтэхтэн. Племенной үлэни сүрүннүүр «Сахаагроплем» судаарыстыба бүддьүөтүн тэрилтэтэ бастыҥ племхаһаайыстыбалар үлэлэрин-хамнастарын (боруода ырааһын, электроннай учуот, Селэкс бырагырааманан үлэ, төрүөҕү ылыы, племенной атыы, миэстэҕэ племүлэ тэрээһинин) тустарынан матырыйаалы электроннай киэбинэн илдьэ баран ситиһиилээхтик кытынна. Түмүккэ ынах сүөһү салаатыгар –холмогорга идэтийэр «Өлүөхүмэ кыладабыайа» ХЭТ (салайааччы Василий Сафонов, Өлүөхүмэ), симменталга идэтийэр «Тумул» кэпэрэтиип (салайааччы Таисия Десяткина, Мэҥэ Хаҥалас), саха сылгытын үөрдээн иитиигэ – «Чаппанда» кэпэрэтиип (салайааччы Николай Семенов, Ньурба), «Кулаада» кэпэрэтиип (салайааччы Семен Седалищев, Чурапчы), таба салаатыгар – эбэҥки боруода табатын иитэр «Өлөөн» МУТ (салайааччы Анатолий Егоров, Өлөөн) кыһыл көмүс мэтээлинэн бэлиэтэннилэр. Ити үлэ-хамнас сөптөөхтүк баран иһэрин кэрэһилиир.

Кэлэр өттүгэр туох уларыйыы киирэн эрэрий?

– Федерация Сэбиэтин аграрнай бэлиитикэҕэ уонна айылҕаны туһаныыга кэмитиэтин көҕүлээһининэн, «Племенной сүөһүнү иитии туһунан» федеральнай сокуоҥҥа кэккэ уларытыы киллэриллэн эрэр. Ол бигэргэннэҕинэ, биирдэм урбаанньыттар, бааһынай хаһаайыстыбалар племенной үлэнэн эмиэ дьарыктанар бырааптаныахтара. Ити биһиги племенной хаһаайыстыбаларга туруоруллар ирдэбилгэ эппиэттиир бөдөҥ бааһынай хаһаайыстыбаларбытыгар Арассыыйа судаарыстыбаннай регистригэр киирэр кыаҕы биэриэҕэ.

Иккиһинэн,«Арасссыыйа Федерацятыгар судаарыстыбаннай хонтуруол (надзор) уонна муниципальнай хонтуруол туһунан» сокуоҥҥа уларытыы киллэриллибитинэн сибээстээн, «Арасссыыйа Федерациятын кэккэ сокуоннарыгар уларытыылары киллэрэр туһунан» 170 №-дээх федеральнай сокуоҥҥа олоҕуран, быйыл от ыйын 1 күнүттэн Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин Сүөһүнү иитиигэ департаменыттан племенной үлэни хонтуруоллааһын аналын ылан кэбистилэр. Онон племенной хаһаайыстыбалары уонна сервиснэй тэрилтэлэри бэрэбиэркэлиир кыахпыт суох буолла, аны бу хайысханан ким дьарыктаныахтааҕа чопчу биллэ илик. Инньэ гынан, инники өттүгэр элбэх үлэ күүтэр.

Раиса СИБИРЯКОВА

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением