Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -0 oC

Ыам ыйын 18 күнүгэр саха норуотун киэҥ биллиилээх интэлигиэнэ, бэлии­тигэ, култуурунай диэйэтэлэ, бастакы драматура, норуота киһи уонна омук тэҥинэн бырааптанарын туһугар бүтүн олоҕун анаабыт саха дьиҥнээх саа­рына Василий Васильевич Никифо­ров-Күлүмнүүр төрөөбүтэ 157 сылын туолла.

Ыам ыйын 18 күнүгэр саха норуотун киэҥ биллиилээх интэлигиэнэ, бэлии­тигэ, култуурунай диэйэтэлэ, бастакы драматура, норуота киһи уонна омук тэҥинэн бырааптанарын туһугар бүтүн олоҕун анаабыт саха дьиҥнээх саа­рына Василий Васильевич Никифо­ров-Күлүмнүүр төрөөбүтэ 157 сылын туолла.

В.В. Никифоров-Күлүмнүүр Сибииргэ, ол иһигэр Саха уобалаһыгар, земствоны олохтооһун боппуруоһун уһун сылларга дьирээлэһиилээхтик туруорсубут киэҥник биллэр бэлиитик этэ. 1928 сыллаахха сымыйа буруйда­аһынынан, бастаан ытылларга ууруллу­бута,ол бириигэбэрэ 10 сыл болдьохтоох хаайыынан солбуллубута. Новосибир­скай куорат түрмэтин балыыһатыгар өлбүтэ.

KVA 0692

«АПТАНЫАМЫЙА ТУҺУНАН ТОЛКУЙ ОЛОХ ЭРДЭТТЭН БААРА»

Национальнай-демократичнай интэли­гиэнсийэ бэрэстэбиитэллэрэ өссө нуучча бастакы өрөбөлүүссүйэтин сылларыгар уо­баласка олохтоох салайыныы земствотааҕы уорганнарын тэрийэр туһунан боппуруоһу туруорбуттара. Кинилэр земство үнүстүүтүн тэрийиини норуот дьиҥ бэйэни салайыныыга көрөр идиэйэтин кытта ситимнииллэрэ. Наци­ональнай интэлигиэнсийэ Саха уобалаһыгар земствоны киллэриигэ охсуспут охсуһуутун биир түмүгүнэн, 1906 сыл саҥатыгар тэрилли­бит «Сахалар сойуустара» буолбута. Бу сойуус үлэтэ-хамнаһа тэрилиннэҕин утаата сонно тутатына бобуллубута. Никифоров өссө «Са­халар сойуустарын дьыалатыгар саҥардыы сэлиэстийэлэнэ сылдьан, оччотооҕу Саха Сирин усулуобуйатыгар земствоны киллэрии боппуруостарын туруорарын тохтоппотоҕо. Соппуруон Сыраанап, Өлөксөй Ардьакыап өссө XVIII үйэҕэ сахалар бырааптарын уонна интэриэстэрин турууласпыт сыраларын туһу­нан кэпсиир дөкүмүөннэргэ олоҕуран, Василий Васильевич Никифоров бэйэтин кэмэнтээрий­дэригэр суруйар: «Олохтоох бэйэни салайыныы туһунан уонна өссө аптаныамыйа да туһунан толкуй туора урдустарга бэрт өрдөөҕүттэн үөскээбитэ. Василий Никифоров «Саха олоҕо» хаһыакка» (1908 с. атырдьах ыйын 21 к.) «Саха уобалаһыгар земство кыаллар кыахтаах дуо?» диэн кириитикэлээх ыстатыйаны суруйар.

КҮЛҮМНҮҮР БЫРАЙЫАГЫН ТӨРҮТҮГЭР

1917 сыл олунньу ыйын бүтүүтүгэр олун­ньутааҕы дэмэкэрээттии өрөбөлүүссүйэ ньиргийэр. Кулун тутар 3 чыыһылатыгар бэли­тиичэскэй сыылынайдар Петроградка уонна Москубаҕа өрөбөлүүссүйэлии өрө туруулар буолбуттарын, ыраахтааҕы торуонуттан акка­астаммытын туһунан кэпсиир тэлэгэрээмэни туталлар. Бэлитиичэскэй сыылынайдар уонна куорат интэлигиэнсийэтин бэрэстэбиитэл­лэрин ыҥырыыларынан тэриллибит норуот мунньаҕынан, Уопсастыбаннай куттал суох буолуутун Саха Сиринээҕи кэмитиэтэ талыллар.

Саха уонна нуучча бааһынайдарын маҥнайгы көҥүл сийиэстэрэ 1917 сыл кулун тутар 26 күнүттэн муус устар 16 күнүгэр диэ­ри ыытыллыбыта. Саха бааһынайдарын эрэ интэриэһиргэтэр буолбакка, нэһилиэнньэҕэ бүттүүнүгэр сыһыаннаах дьоһун суолталаах бэлитиичэскэй уонна экэнэмиичэскэй боп­пуруостар дьүүллэһиллибиттэрэ. Ол кэмҥэ ордук сытыытык турар боппуруостарынан Арассыыйа Тэрийэр мунньаҕын быыбарыгар бэлэмнэнии, земствотааҕы олохтоох салай­ыныы туһунан саҥа балаһыанньаны оҥоруу, о.д.а. соруктар тураллара. Бу сийиэс уоба­ласка олохтоох салайыныы бириинсиптэрин утумнаахтык киллэрии булгуччулааҕын биир санаанан бэлиэтээбитэ уонна В.В. Никифоров 1905 сыллаахха оҥорбут, ол эрээри ыраахтааҕы чунуобунньуктарынан өйөммөтөх бырайыагын төрүтүгэр олоҕуран оҥоһуллубут «Саха уоба­лаһыгар земствотааҕы олохтоох салайыныы быстах кэмнээх балаһыанньатын» ылыммыта.

KVA 0541

САҤА УСУЛУОБУЙАҔА – САҤАЛЫЫ

1917 сыл ыам ыйын бүтүүтэ урукку бэлити­ичэскэй сыылынайдар үөс—сиргэ барбыттарын кэннэ, Саха Сиринээҕи уопсастыбаннай куттал суох буолуутун кэмитиэтэ Саха Сиринээҕи Быстах кэмнээх бырабыыталыстыба салайар уорганын туспа толоруулаах кэмитиэттээх Уобаластааҕы сэбиэтигэр уларытан тэрий­биттэрэ. В.В. Никифоров сүрүн болҕомтотун уопсастыба дэмэкэрэтиичэскэй күүстэрин национальнай интэлигиэнсийэ тула сомоҕо­лооһуҥҥа, түмүүгэ уурбута. Кини күүстээх тэрийэр дьоҕурун үтүөтүнэн «Көҥүл» сойуус, «Федералистар саха үлэһит сойуустара», «Национальнай кэмитиэт» курдук уопсасты­баннай-бэлитиичэскэй холбоһуктар үөскээ­биттэрэ уонна бу түмсүүлэр кэлин 1917-1919 сс. демократическай уларыта тутуулары ыы­тыыга көхтөөх кыттыыны ылбыттара. 1917 сыл күһүнүгэр Саха уобалаһыгар земство салалтатын уорганнарын уонна Арассыыйа­тааҕы Тэрийэр мунньах быыбардарын хампа­анньалара күүстээхтик тэнийбитэ. Олохтуур тэрийэр мунньах бары тэрээһинин кэннигэр Василий Никифоров турара.

«Федералистар саха үлэһит сойууста­ра» баартыйаны төрүттээбит Г.В. Ксено­фонтов уонна эсер, урукку бэлитиичэскэй сыылынай В.С. Панкратов быыбардааччы­лар куоластарын хото ылбыттара. Земскэй гласнайдар (дьокутааттар) испииһэктэрин оҥорууга, хандьытааттартан үгүстэрэ ки­нилэр блоктарыттан ааспыттара көстөн тахсыбыта. Быыбардыыр учаастактарга олохтоох уопсастыбалартан уонна бэлити­ичэскэй баартыйалартан аан бастакыты­тын кэтээн көрөөччүлэр кыттыбыттарын бэлиэтиир наадалаах. Земствотааҕы быыбардар сүһүөх-сүһүөх үс таһымынан барбыттара: буоластар, улуустар таһымна­рынан, уезтар, уокуруктар уонна уобалас, күбүөрүнэ таһымнарынан. Дьокуускай, Бүлүү уонна Өлүөхүмэ уезтарыгар быыбар уопсай бүттүүн куоластааһынынан барбы­та. Ол онно дьахталлар аан бастакытын кыттыбыттара. Бу быыбарга 673 буоласта­аҕы земскэй гласнайдар талыллыбыттара. Икки хотугу уокурукка олорор олохторо ырааҕынан, дьонноро аҕыйаҕынан уонна нэһилиэнньэлэрэ маннык бэлитиичэскэй хампаанньаҕа бэлэмнэрэ суоҕунан быы­бар ыытыллыбатаҕа.

I суһал ыҥырыылаах уобаластааҕы мун­ньах 1918 сыл тохсунньу 30 күнүгэр ыҥы­рыллыбыта. Саҥа талыллыбыт гласнайдар (дьокутааттар) бэйэлэрин эбээһинэстэрин чиэһинэйдик толорорго эрэннэрбиттэрэ. Уобаластааҕы земство мунньаҕын бэрэссэ­дээтэлинэн куорат эсердэрин салайааччыта В.Н. Соловьев, Уобаластааҕы земскэй упа­рааба бэрэссэдээтэлинэн В.В. Никифоров талыллыбыттара.

НЭҺИЛИЭННЬЭНИ СОМОҔОЛООБУТ ҮТҮӨЛЭЭХТЭР

Саха уобалаһын земскэй упарааба­та 1918 сыл олунньу ыйыттан бэйэтин эбээһинэстэрин толорууга ылсыбыта. В.В. Никифоров салайааччылаах упарааба маннык отделлардааҕа: хаһаайыстыбан­най-административнай, норуот үөрэҕири­итэ, сир атастаһыга, үп, суол, мэдиссиинэ, юридическай консультация, ас-үөл. Упа­рааба уобаластааҕы земскэй мунньахха отчуоттуура. Земствоны киллэриинэн сибээстээн, уобаластааҕы мунньах олохтоох хаһаайыстыбаны, үөрэхтээһини, доруобуйа харыстабылын, бэтэринээринэй көмөнү, о.д.а. олохтоох кыһалҕалары хааччыйыыны земство учреждениеларыгар сүктэртээ­битэ. Земство нэһилиэнньэҕэ саҥа нолу­октааһыны олохтооһун суотугар бэйэтин үбүн-харчытын булунуохтааҕа. Бүддьүөт таҥыллыытыгар улахан оруолу эргиэн уонна бырамыысыланнай предприятиелартан хо­муллар хомуурдар улахан оруолу ылаллара.

Уобаластааҕы земскэй упарааба икки сыл үлэлээбит кэмигэр норуот үөрэҕирии­тигэр, доруобуйа харыстабылыгар, култуу­раҕа, эрэмиэсилэннэй уонна кустаарынай предприятиелары сайыннарыыга элбэҕи оҥорбута. Земство икки сыл үлэлээбит кэмигэр, Уобаласка кээпэрэтиибинэй уонна кирэдьииттиир уопсастыбалар, уонунан ахсааннаах оскуолалар уонна эмтиир пуун­нар аһыллыбыттара. Эргэ учреждениелар матырыйаалынай-тиэхиниичэскэй бааза­лара тупсарыллыбыттара, стационарнай балыыһалар иэннэрэ кэҥэтиллибиттэрэ. Хаһыаттар уонна сурунааллар бэчээттэнэр тирээстэрэ улааппыта, драматическай куруһуоктар үлэлээбиттэрэ, испэктээхтэр туруоруллар буолбуттара. Саха земствотын эйэлээх хаһаайыстыбаннай олоҕо-дьаһаҕа, үлэтэ-хамнаһа бассабыыктар баһылыктаах олохтоох буойунускай хамаанда бастаанньа­лааһынын түмүгэр ыһыллыбыта.

1919 сыл ахсынньы 15 күнүгэр земство биллиилээх диэйэтэллэрэ хаайыллыбытта­ра, ол иһигэр Саха уобалаһынааҕы земскэй упарааба бэрэссэдээтэлэ В.В.Никифоров эмиэ. 1920 сыл саҥатыгар земство уор­ганнарын үлэлэрэ бүтүн уобалас үрдүнэн тохтотуллубута.

В.В. Никифоров-Күлүмнүүр уонна Уо­баластааҕы земство атын диэйэтэллэрин устуоруйаҕа үтүөлэринэн: Арассыыйаҕа гражданскай сэрии уота муҥутаан күүдэп­чилэнэ турдаҕына, саха земствотын салал­тата уонна чиэстээх, суобастаах үлэһиттэрэ олохтоох нэһилиэнньэни түмэннэр, биир уобалас сиригэр-уотугар эйэлээх олоҕу тутуһуннарбыттарыгар, быстах-остох сэри­игэ кытыннарбатахтарыгар буолар. Кыра ахсааннаах норуоттан төһөлөөх киһитэ өлүө-сүтүө этэй?! Ол иэдээни кытта букатын даҕаны өлөр-сүтэр суолбут аһыллан биэрбит буолуон эмиэ сөп этэ. Сибиир усулуобуйаты­гар, салайыы земскэй уорганын төрүттээч­чилэрин көрүүлэринэн, аптаныамыйа куо­рмаларыттан биирдэстэрин быраактыкаҕа сыһыаран, олоххо туттуллар уонна киирэр бырааптааҕын дакаастаабыттара.

Пантелеймон ПЕТРОВ, устуоруйа наукатын хандьытаата суруйуутунан Прокопий ИВАНОВ бэлэмнээтэ

  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением