Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -19 oC

 Саха киһитэ былыр-былыргыттан хороҕор муостааҕы, сыспай сиэллээҕи иитэн, тыыннаах хаалан олордоҕо. Билигин даҕаны тыа ыала сүөһүттэн ас таһаарынан олорор.

Сүөһү, сылгы иитиитэ төрүт дьарыкпыт буолан, төрөөбүт тылбытын кытта быһаччы сибээстээх. Онон үтүө үгэспит баарын тухары киһи туруктаах буолуута, олохпут уйгута, тылбыт сүппэт үөстэниитэ куруук баар буолуоҕа.

Бүгүн мин Таатта улууһун олохтооҕо, Арассыыйа үтүөлээх пиэрмэрэ, бааһынай хаһаайыстыба салайааччыта, элбэх оҕо, сиэн күн күбэй ийэтэ, эбэтэ Екатерина Матвеевна Винокурованы кытта сэһэргэһэбин.

 Саха киһитэ былыр-былыргыттан хороҕор муостааҕы, сыспай сиэллээҕи иитэн, тыыннаах хаалан олордоҕо. Билигин даҕаны тыа ыала сүөһүттэн ас таһаарынан олорор.

Сүөһү, сылгы иитиитэ төрүт дьарыкпыт буолан, төрөөбүт тылбытын кытта быһаччы сибээстээх. Онон үтүө үгэспит баарын тухары киһи туруктаах буолуута, олохпут уйгута, тылбыт сүппэт үөстэниитэ куруук баар буолуоҕа.

Бүгүн мин Таатта улууһун олохтооҕо, Арассыыйа үтүөлээх пиэрмэрэ, бааһынай хаһаайыстыба салайааччыта, элбэх оҕо, сиэн күн күбэй ийэтэ, эбэтэ Екатерина Матвеевна Винокурованы кытта сэһэргэһэбин.

--Екатерина Матвеевна, бу соторутааҕыта эйиэхэ, тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар кылаатыҥ иһин, Судаарыстыбаннай Дуума дьокутаата Владимир Плотников “Арассыыйа үтүөлээх пиэрмэрэ” бэлиэни туттарда. Төһө долгутуулаах этэй?

-- Саха пиэрмэрдэрин уонна тыа хаһаайыстыбатын кэпэрэтииптэрин ассоциацияларын 30 сыллаах үбүлүөйдээх форумугар туттарбыттара. Улахан наҕараадаҕа тиксии -- дьиэ кэргэн сыралаах үлэтин түмүгэ. Улууспут салалтата, ассоциациям уонна туһааннаах министиэристибэм өйөөн, үлэһити кэмигэр сыаналаан, маннык ситиһиигэ тигистим. Ити иһин кинилэргэ махтанабын!

орден Винокуровтар дьиэ кэргэн

--Бэйэҥ тускунан кэпсээ эрэ.

--Мин кырылас кумахтаах Бүлүү улууһун Үгүлээтигэр 1957 сыл ыам ыйын 1 күнүгэр күн сирин көрбүтүм. Ийэм Марфа Дмитриевна Хаптырова ыанньыксыт этэ, аҕам Матвей Михайлович Яковлев кыһынын бултуура, сайынын таба көрөрө.

орден Аҕабыт Николай Николаевич улуус бэтэрээннэрин Сэбиэтин чилиэнэБииргэ төрөөбүт үһүөбүт, мин кыраларынабын. Ийэм 12 саастаахпар соһуччу олохтон туораабыта. Күндү киһибин суохтаппакка, эдьиийдэрим, аҕам уонна нэһилиэгим үтүө дьоно көрөн-харайан, атаах бэйэм билигин улахан дьиэ кэргэн хотуна буолан олоробун. Аҕам Матвей Михайлович Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа, 93-с сааһыгар диэри бултаабыта, 106 сааһыгар бу олохтон барбыта.

орден портретное

Оскуоланы дойдубар бүтэрэн баран, биир сыл Үөһээ Бүлүүгэ дьыссаакка ньээҥкэнэн үлэлээбитим. Нөҥүө сылыгар Дьокуускайдааҕы культпросвет училищетыгар үөрэнэ киирбитим. Кырабыттан дьаһаллаах буоламмын, кылааспар ыстаарыстанан, үөрэх секторынан, хаһыат эрэдээктэринэн талылларым. Кэнсиэр аайы ыллыырым. Идэм талыы-талба Тааттаҕа аҕалбыта. Бастаан утаа култуура отделыгар, онтон тыйаатырга үлэлээбитим. Алын кылаастан уопсастыбаннай үлэ үөһүгэр сылдьыбытым билиҥҥэ диэри онтум эбээһинэс курдук сүктэриллэн, иҥэн  хаалбыт. Билигин төһө да сүөһү-сылгы иитиитигэр сырыттарбын, ырыам -- олоҕум аргыһа. Үлэлии сылдьан кигинэйэн ыллыы сылдьабын. Оччоҕо ыарахан да үлэ чэпчэкитик оҥоһуллар курдук.

орден Ырыа олоҕум аргыһа

-- Киэҥ эйгэлээх култуура үлэһитэ хайдах кыракый учаастакка олорорго быһаарыммыккыный?

-- Даккы -- кэргэним Николай Николаевич төрүт сирэ-уота. Киинэ онно түспүтэ. Өбүгэ сиригэр төннүү, үгэһи тутуһуу баһыйбыта. Дьоллоох дьиэ кэргэн укулаатын оҥорон биэрбит дойдубут буолар.

Олох ыараан иһиитэ хамсаныылары, быһаарыныылары эрэйбитэ. Биһиги дьиэ кэргэн нус-хас олоҕун кэргэним Николай Николаевич түстүүр. Кини Даккыга тахсан, сылгы, сүөһү ииттэргэ эппитэ. Онон оройуон кииниттэн 2004 сыллаахха көспүппүт. Биэс эрэ төбө сүөһүлээх бааһынай хаһаайыстыбаны тэриммиппит. Бэйэбитигэр эрэллээх буоламмыт, ылыммыт уонна ылсыбыт дьыалабытын быраҕан кэбиспэккэ, баччааҥҥа диэри сайыннаран, тэнитэн кэллибит. Кырдьык, биһиги Сахабыт Сирин тыйыс сокуоннаах айылҕата тыа дьонун үлэтигэр элбэх харгыстары үөскэтэр, кэтэспэтэх өттүгүттэн күөйэ тутар...

орден Олоҕум аргыһынаан тапталлаах кэргэмминээн Николай Николаевичтыын

--Холобура?

--Улахан уу кэлэн, 2007 сыллаахха Тааттаны туоруур муостабыт ууга былдьаммыта. Үүтү таһарга онно эрэйи көрсүбүппүт. Биирдэ тиэниигэ үс тиэхиньикэни тэҥинэн туһанарбыт. Титииктэн тыраахтарынан тиэйэн аҕалан, мотуоркаҕа угарбыт, онтон үрэхпитин туораан баран, биэрэктэн үөһэ сыһан-соһон таһааран, аны үрдүк баҕайы массыынаҕа уурарбыт. Ытык Күөлгэ собуокка массыынаттан барытын төттөрү түһэрэн, ыйааһыҥҥа таһарбыт. Аны ол кэнниттэн өрө көтөҕөн, баахха кутан туттарарбыт. Кэпсээтэххэ, “Айуу-айа” дииллэр. Аны оннук сыралаһан туттарбыт үүтүҥ оччолорго лиитэрэтэ кып-кыра сыаналаах этэ. Билигин улаатта, күүскэ өйүүр буоллулар.

орден Таатталар съезд кыттыылаахтара

 Ааспыт сайын ойуур баһаара учаастакпытыгар киирээри суоһаабыта. Аны үрэхпит толору уулаах турбута. Куораттан кэлбит сиэннэрбитин эвакуациялыылларыгар, суолбут биир өттө уот, биир өттө уу буолан, ыксата сылдьыбыта. Дьохсоҕоммут нэһилиэгин баһылыга П.Е. Захаров уонна Даккыттан төрүттээх Сергей Михайлов, Николай Ефимов, Иннокентий Арылахов, Ньургун Малардыров уо.д.а, олохтоохтор түүннэри-күнүстэри охсуһан, уоту  туппуттара, тохтоппуттара. Ол туһунан героизм этэ. Гаврил Петров сиэннэрэ, биһиги аҕабыт кыргыттарын, күтүөттэрин кытта тыраахтарынан уу таспыттара. Дьоммут-сэргэбит көмөтүнэн биир да киһи, дьиэ-уот былдьаммакка, сүөһүбүтүн энчирэппэккэ, кытыастар уоту умуруорбуппут.

--Хаһаайыстыба бүгүҥҥү туруга хайдаҕый?

--Ол биэс сүөһүбүтүн тэнитэн, 200-эн тахса буола сылдьыбыта. Биллэн турар, итинник эбиллии тохтоло суох үлэттэн кэлэр. Саҥа аныгы матырыйаалтан тутуллубут хотонноохпут. Билигин төбө ахсаанын аҕыйаттыбыт. Ол эрээри хаһаайыстыбабытын эспэккэ, ылыахтаах үүппүтүн ыы, оттуур оппутун оттуу олоробут. Хас да үөр сылгылаахпыт, ону таһынан куурусса, кролик, кус иитэбит. Тапталлаах кэргэним Николай Николаевич, оҕолорум, күтүөтттэрим, сиэннэрим – бука бары сүүрэр-көтөр буоламмыт, барытын ситиһэбит.

орден Таатталар быыстапка дьаарбаҥкаҕа

--Билиҥҥи ыччат сүөһү үлэтигэр улаханнык сыстыбат. Оттон эн оҕолоруҥ, сиэннэриҥ олох тэбис-тэҥҥэ үлэлэһэллэр дии?

--Оҕолорбут бары Даккыга төрөөбүттэрэ. Каникул буоллун, сайыҥҥы сынньалаҥ буоллун, туора турбакка, ынах ыан, от оттоон, сүөһү көрөн улааппыттара. Бары үрдүк үөрэхтээх, идэлээх дьон. Билигин сиэннэр илии-атах буолаллар. Ол курдук, Самира хотон солбуллубат көмөлөһөөччүтэ, Андрейбыт үһүс кылаастан тыраахтар ыытан, окко күүс-көмө буолар. Өссө оскуолаҕа киириэн инниттэн аҕатыгар рулоннайга көмөлөһөрө. Уҥа илиибит, тутаах үлэһиппит кыыспыт -- Екатерина Николаевна. Идэтинэн үрдүк үөрэхээх эколог. Олох кыра сааһыттан сүөһүгэ уратытык сыһыаннаһар. Талбыт тиэхиньикэтин баһылаата, аты таах миинэр. Онон инникитин хаһаайыстыбабыт үчүгэй илиигэ хаалыа диэн эрэлбит улахан.

орден Эрэлбит сатабыллаах киһибит Екатерина Николаевна

--Улахан хаһаайыстыбаны салайар уустук буоллаҕа.

--Кэргэним сүрүн күүс буоллаҕа эбээт. Кини мындыр толкуйунан, дьаһалынан үлэ харгыстаммакка барар. Биһиэхэ уон сыл эҥкилэ суох, олус эппиэтинэстээхтик үлэлээбит, тирэх буолбут Анастасия Ильинична, Борис Борисович Захаровтар диэн үтүөкэн ыалга махталбыт улахан.

--Хаһаайыстыба салайааччыта буолан, ханнык тэрээһиннэргэ кыттыыны ылбыккыный?

--Ситиһиим балачча. Аҕыйаҕы аҕыннахха, 2008 с., 2010 с., 2012 с., 2014 с. нэһилиэккэ, улууска “Дьиэ кэргэн бастыҥ хаһаайыстыбата”, “Бастыҥ тэрээһиннээх хаһаайыстыба” ааттары ылбыппыт. 2010 с. АККОР Бэрэсидьиэнэ В.Н. Плотников грамотатынан наҕараадаламмытым. 2012 с СӨ Ил Дарханын граныгар тиксибиппит. Ити сыл “Тыа хаһаайыстыбатын туйгуна” буолбутум. 2013 с. СӨ Ил Дарханын “СӨ дьоҕус уонна орто урбаанын сайдыытыгар кылаатын иһин” бэлиэни туппутум. Николайдыын иккиэн Москуба куоракка ыытыллыбыт пиэрмэрдэр XX, XXX сийиэстэрин дэлэгээттэрэбит.

орден Өрөспүүбүлүкэ Бэрэсидиэнинээн Егор Борисовтыын

--Эһиги дьиэ кэргэн Даккы сиригэр олорбут сэрии кыттыылаахтарын үйэтитиигэ улахан үлэни ыытар.

-- “Ворошилов” холкуос олохтоохторо 1944 сыл бэс ыйыгар, Кыайыы чугаһаабытын бэлиэтээн, сэргэ туруоран, ыһыах ыспыттар. 1945 с. Кыайыы ыһыаҕын, онтон 1946 с. кыайан-хотон эргиллибит бэтэрээннэрин чиэстээн, улахан ыһыаҕы үөрэн-көтөн туран тэрийбиттэр. Ол ытык сирдэрин сөргүтүү Николайга, биһиэхэ, кинилэр оҕолоругар сүктэриллибитин өйдүүрбүт. Ол иһин тоҕоостоох кэми кэтэһэн, Кыайыы 75 сылыгар өйдөбүнньүк бэлиэни оҥорорго быһаарыммыппыт. Бу идиэйэни, дьиҥэр, А.Г. Мочкин сахпыта. Кини “Хорсунун иһин” үс мэтээллээх эһэтэ Петр Константинович Арылахов мэтириэтин гранит тааска түһэттэрэн, түһүлгэбитигэр ыйаабыта. Ону көрөн, эһиилигэр биһиги аҕабыт 100 сылынан итинник өйдөбүнньүгү 50-ча буолан туруорбуппут. Онно улахан стела турар миэстэтин былааннаабыппыт уонна саха сэмэй сиэринэн бастаан: “Сэрии бэтэрээннэригэр эрэ оҥотторобут, сыана ыараханынан, элбэх кыаллыа суоҕа, саатар, 30-40 бырыһыаннарын хаппыт киһи”, -- дэспиппит.

орден Таатталар съезд кыттыылаахтараКуоракка олорор биир дойдулаахтарбыт С.К. Байбаллыковы, И.Е. Саввинаны кэпсэтиннэрэн, хас биирдии киһи сакаастыырыгар сөптөөх гына сыананы түһэрсибиппит. Онтон, дьэ, хаартыскалары, дааннайдары, харчыны хомуйуу түбүгэ саҕаламмыта. Сорохтор өйдөөбөтөхтөрө, ол да буоллар саҕалаабыт дьыалабыт хамсаан, күүһүн ылан барбыта. Били, 30 бырыһыан буолбакка, барыларын хабар сорук турбута. Эбии этиилэр киирэн, “тыыл бэтэрээннэригэр эмиэ оҥотторуохха” диэн буолбута. Матырыйааллары, харчыны хомуйууну кыыспыт, үөрэх управлениетын бухгалтера Сайыына Николаевна сүрүннээбитэ. Хомуллубут дааннайдары барытын тус-туһунан картотекалаан, көмпүүтэргэ киллэрэн, үс төгүл куоракка баран, оҥорор мастарыскыайы кытта дуогабар түһэрсэн, үлэлээн истэхпитинэ, аны пандемия туран мэһэй буолбута. Ол да буоллар, электроннай ньыманан үлэлээн түмүктээбиппит. Барыта сэрии 44 бэтэрээнин, тыыл 107 бэтэрээнин оҥотторбуппут.Онно 1 мөл. 62 тыһ. солк. үбү норуот бэйэтэ хомуйан, үйэлээх стела турда.

 Маны таһынан, 2021 с. сахалартан соҕотох Албан Аат уордьан толору кавалера, киэн туттар биир дойдулаахпыт, Даккыттан төрүттээх Дмитрий Ананьевич Петровка аналлаах ыһыахха биһиги аймах сыал ытыыга күрэх ыыппыта. Тэрийии уонна ыытыы үлэтин аҕабыт бэйэтэ сүрүннээбитэ.

орден Уоттаах сэрии кыттыылаахтарын тыыл бэтэрээннэрин стелата

--Даккыга билигин хас ыал олороруй? Тугунан дьарыктаналларый?

--Даккы учаастага Дьохсоҕон нэһилиэгэр киирэр. Бу күҥҥэ бааһынай хаһаайыстыба тэриммит 5 ыал олохсуйан олорор. Гаврил Дмитриевич Петров, Гаврил Платонович Петров – иккиэн “Тыа хаһаайыстыбатын туйгуна” бэлиэлээхтэр, Трофим Алексеевич Мурунов, Роман Кузьмич Луковцев курдук сыспай сиэллээҕи тэнитиигэ олохторун анаабыт үтүө үлэһит дьон олороллор.орден Миниистир Александр Атласовтыын--Аны улахан дьиэ кэргэн ийэтэ буоларгын кэпсэтиэх.

-Кыыс оҕо буолан, ийэ буолар дьолу биллим. Таптыыр кэргэмминээн Винокуровтар диэн аҕа ууһун тэниттибит. Нэһилиэкпэр, улууспар ыытыллар тэрээһиннэргэ күүһүм кыайарынан кыттабын. 2013 сыллаахха “Далбар Хотун” өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруска кыайан, тыраахтарынан наҕараадаламмытым. Бу ситиһиим дьоллоох, уйгулаах, туруктаах олохтоох дьиэ кэргэн ийэтэ, эбэтэ буолуум туоһута буолар.

Кэпсэтиибит түмүгэр тугу этиэххин баҕараҕыный?

- “Ойуурдаах куобах охтубат” диэн өбүгэлэрбит сөпкө да эппиттэр эбит. Бу этиигэ олоҕуран, Ассоциациям үрдүкү салайааччыларыгар -- бэрэсидьиэммит Александр Еремеевич Артемьевка, бэрэссэдээтэл Константин Егорович Тимофеевка, дириэктэр эбээһинэһин толорооччу Зарема Романовна Бочкареваҕа, Таатта улууһун тыатын хаһаайыстыбатын салаатын начаалынньыга Михаил Ильич Хаптагаевка, исписэлиис Дария Семеновна Поповаҕа, Таатта пиэрмэрдэрин ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ Семен Николаевич Андросовка -- махталбын тиэрдэбин. Кинилэр көмөлөрүнэн туохтан да толлубакка, бааһынай хаһаайыстыба тэриммитим.

 Аан бастакынан “Семейное молочное крестьянское-фермерское хозяйство” федеральнай пилотнай бырагыраамаҕа үлэлэһэн, 150-н  төбө турар хотонун туттарарбар, элбэх докумуон оҥоһуутугар, хомуйуутугар көмөлөспүт министиэристибэм исписэлиистэригэр, Елена Николаевна Кулаковская салайааччылаах РСХБ, Надежда Романовна Луковцева салайааччылаах налоговай, оччолорго Иннокентий Иннокентьевич Матаннанов салайааччылаах пенсионнай тэрилтэ үлэһиттэригэр махтанабын. Маны таһынан Тааттатааҕы ветуправление (сал. Н.Н. Пестерев) кэлэктиибигэр туспа махтал тылын аныыбын.

Орден Таатта улууһун крестьянскай фермерскэй хаһаайыстыбаларын ассоциациаларын актыыба

--Екатерина Матвеевна, тыа хаһаайыстыбатын курдук ыарахан үлэҕэ эриллэ сылдьан, өссө үйэтитии курдук үлэни ыыппыккын сөҕөн-махтайан туран, эйиэхэ, Айыы Далбар Хотунугар, ситиһиилэри баҕарабын!

 Вера Канаева, уопсастыбаннай кэрэспэдьиэн.  

  • 8
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением