Кэм бэйэтинэн кэрэ, хайдах баарынан күндү дииллэр. Билигин да оннук, урукку да өттүгэр син ол кэриэтэ буолуо. Сорохтор «алҕаһыыгыт» диэн аахсар санаалара киириэ. Биллэн турар, сэбиэскэй кэмнээҕэр аныгы үйэҕэ дойду тутула, идиэйэтэ, мөккүөрэ чыҥха атын. Ол эрэн ити өйдөбүлү ааспыт кэм ыччата бүгүҥҥү күнү «оттомурбут», «дьоһуннаммыт», баҕар «сааһырбыт» өйүнэн-санаатынан өйдүү, ылына сатыырыттан буолуон сөп.
Быйыл муус устар ыйга Саха сирин хомсомуола төрүттэммитэ 100 сылын туолла. Төһө даҕаны өрөспүүбүлүкэ таһымыгар ньиргитэн бэлиэтээбэтэрбит, ол онтон дьоһун даата таһыма намтаабат, суолтата суураллыбат. Урукку кэмҥэ махталлаах, үтүө өрүтүн тутуһар, бастыҥ ньымаларын салгыы сайыннарар ыччат дьон баарын тухары көлүөнэ ситимэ, оттомноох солбук, харыстабыллаах сыһыан салҕанан иһиэ буоллаҕа.
Биһиги 90-нус сылларга улааппыт ыччаттар тугу эрэ улаханы, суолталааҕы куоттарбыт курдук сананабыт. Төрөппүттэрбит, эйгэлэһэр аҕа көлүөнэ дьоммут кэпсээннэриттэн, сыһыаннарыттан, сырыыларыттан эрэ истэн, көрөн ылынар, сыаналыыр кыахтаахпыт. Кыһалҕаны билбит, өрүү үчүгэйгэ тардыһар баҕалаах дьон хомсомуол аҕа көлүөнэҕэ биэрбит үтүө сыаннастарын, олоххо сирдээбит билиитин-көрүүтүн, айан-тутан, сайыннаран кэлбит үтүө олоҕун күндүтүк саныыбыт, өрүү эппиэтинэстээхтик ылынабыт. Инникитин салгыахпыт, иннибит диэки дьулуһуохпут турдаҕа…
Люлия Григорьева, Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун бэрэссэдээтэлэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ытык Сүбэтин салайааччыта:
– Оҕо эрдэхпиттэн чобуо, сытыы эбиппин. Оннооҕор хуорга ыллаан дуораһыта турдахпына, «куоласкын аччат» диэн буойаллара. Уруок быыһыгар уһун тохтобулга балалаайканан краковяк, вальс үҥкүүлүүрбүт. Уопсайынан учууталлар көхтөөх, тыыппалаах оҕолору эрдэттэн бэлиэтии көрөллөр эбит. Ол курдук 7 кылааска Мэҥэ Хаҥалас Хаптаҕай оскуолатыгар пионерскай дружина сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ буолбутум. Салгыы үрдүкү кыыластарга Докуускай куоракка киирэн, 2№-дээх оскуолаҕа үөрэммитим. 8-ка сырыттахпына хомсомуол кэккэтигэр ылбыттара. 1960 сыллаахха, оскуоланы бүтэрээт, тута Үөһээ Бүлүүгэ хомсомуол оройуоннааҕы кэмитиэтигэр тэхэньиичэскэй сэкиритээринэн барбытым. Хомсомуол путевкатынан тыа кулуубугар сэбиэдиссэйдээбитим. 1961-63 сыллардаахха холкуостары бөдөҥсүтүү кэмигэр, Исиидэр Бараахап сопхуоска хомсомуол иккис, онтон кылгас кэм иһинэн бастакы сэкиритээринэн талыллан, бэрт таһаарыылаахтык үлэлээбитим. Олус сэргэх уонна интэриэhинэй кэмнэр этилэр. Ыччат үлэ кэннэ куруук кулуупка мустара. Араас оонньуулары тэрийэрбит, уус-уран көрүүлэри ыытарбыт, пьесалары туруорарбыт. Успуорт күрэхтэһиилэриттэн, агитзона үлэтиттэн эмиэ туора турбат этибит. Урукку кэм ыйыытынан оскуоланы бүтэрбит уолаттары талан, ыччат комсомольскай ферматыгар үлэлэтэ ыытарбыт. Ситиhиилэр туһунан ахтан ыллахха. Холобур, тус бэйэм остуол тенниhыгар үhүс болбуттаахпын. Уонна саамай өйдүүр түгэним диэн Надежда Констинтинова көмөтүнэн бэлэмнэнэн, оройуон аатыттан уобаластааҕы ыччат уус-уран самодеятельноhын көрүүтүгэр кыттыыбыт буолар. «Күн тааhа» диэн либреттоны туруорбуппут. Степан Дадаскинов тылын, онтон Останин диэн кылаабынай быраас муусукатын суруйбуттара. Христофор Максимов көмөлөhөн, мин кылаабынай дьоруойу оонньоон, өрөспүүбүлүкэҕэ бастаан турардаахпыт. Кэлин Күн тааһын уобараһыгар миигиттэн кэрэ кыыһы булбатахтара дуу диэн күлэбин ээ. Ити курдук, оҕону уопсастыбаннай, доҕордуу уонна патриоттуу тыыҥҥа кыра эрдэхтэн ииттэххэ, олоҕун тухары үтүөнү үксэтэр туруу үлэһит дьон буолан ситэн-хотон тахсар.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0