Кэм бэйэтинэн кэрэ, хайдах баарынан күндү дииллэр. Билигин да оннук, урукку да өттүгэр син ол кэриэтэ буолуо. Сорохтор «алҕаһыыгыт» диэн аахсар санаалара киириэ. Биллэн турар, сэбиэскэй кэмнээҕэр аныгы үйэҕэ дойду тутула, идиэйэтэ, мөккүөрэ чыҥха атын. Ол эрэн ити өйдөбүлү ааспыт кэм ыччата бүгүҥҥү күнү «оттомурбут», «дьоһуннаммыт», баҕар «сааһырбыт» өйүнэн-санаатынан өйдүү, ылына сатыырыттан буолуон сөп.
Быйыл муус устар ыйга Саха сирин хомсомуола төрүттэммитэ 100 сылын туолла. Төһө даҕаны өрөспүүбүлүкэ таһымыгар ньиргитэн бэлиэтээбэтэрбит, ол онтон дьоһун даата таһыма намтаабат, суолтата суураллыбат. Урукку кэмҥэ махталлаах, үтүө өрүтүн тутуһар, бастыҥ ньымаларын салгыы сайыннарар ыччат дьон баарын тухары көлүөнэ ситимэ, оттомноох солбук, харыстабыллаах сыһыан салҕанан иһиэ буоллаҕа.
Биһиги 90-нус сылларга улааппыт ыччаттар тугу эрэ улаханы, суолталааҕы куоттарбыт курдук сананабыт. Төрөппүттэрбит, эйгэлэһэр аҕа көлүөнэ дьоммут кэпсээннэриттэн, сыһыаннарыттан, сырыыларыттан эрэ истэн, көрөн ылынар, сыаналыыр кыахтаахпыт. Кыһалҕаны билбит, өрүү үчүгэйгэ тардыһар баҕалаах дьон хомсомуол аҕа көлүөнэҕэ биэрбит үтүө сыаннастарын, олоххо сирдээбит билиитин-көрүүтүн, айан-тутан, сайыннаран кэлбит үтүө олоҕун күндүтүк саныыбыт, өрүү эппиэтинэстээхтик ылынабыт. Инникитин салгыахпыт, иннибит диэки дьулуһуохпут турдаҕа…
Евгения Михайлова, М.К.Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет бэрэсидьиэнэ, Ил Түмэн бэһис ыҥырыылаах мунньаҕын дьокутаата:
– Үтүө да кэмнэр эбит! Эдэр саас истиҥ иэйиитэ, устудьуон буолан идэни баһылааһын, хомсомуол үрдүк аатын сүгэн дьоһуннаныы оскуолата… Кууруспутугар кураатардаабыт уонна быраактыкабытын салайбыт ытыктыыр учууталбыт М.П. Кылатчанов кыһамньытынан идэҕэ уһуйуллан, салгыы аспирантураҕа үөрэнэр былааннаммытым. Ол эрэн кулун тутар ыйга буолбут ураты түгэн олохпун арыый атын хайысхаҕа салайбыта. СГУ бары факультеттарын тиһэх куурустарын комсоргтарын (сэкиритээрдэрин) парткомҥа С.С. Татариновка мустулар, просвещение миниистирэ Н.И.Шарин биһигини кытта кэпсэтэ кэлбит. Устудьуоннар эдэр миниистири бары одуулуу, сэргии көрдүбүт. Ис кирбэх, дуоспуруннаах. Кумааҕыны эҥин хаһыспакка, болҕойон олорон, биһигини кытта истиҥник кэпсэттэ. Хоту сиргэ оскуолаларга физика, химия, биология, история, нуучча икки, омук тылын учууталлара тиийбэттэрин иhитиннэрдэ. «Үчүгэй бэлэмнээх уонна үлэлиир баҕалаах учууталлары хантан булабыт. Үөрэххэ баҕалаах оҕолору сайдыы суолуттан матарбат буоллахпыт?», – диэн хайдах эрэ эрэммиттии, болҕомтолоохтук тобулута көрөн кэбиһэ-кэбиһэ, хас биирдиибитин кытта илии тутуспута. Бииргэ үөрэммит табаарыстарым математиктар үгүстэрэ кэриэтэ тэрилтэлэргэ саҥа арыллан эрэр ааҕар-суоттуур кииннэргэ, бааннарга, научнай институттарга талаhаллара. Мин да син ол курдук санаалааҕым. Арай биирдэ университет выпускниктарын кэмпириэнсийэтэ буолла. Степан Спиридонович: «Эһиги, комсоргтар, тыл этэҕит, ыччаттары кытыы сиргэ учууталлыы барарга көҕүлүөххэ наада», – диэн көрдөстө. Доҕотторум ахталларынан, мин тырыбынаҕа тахсан, чөллөркөй куоласпынан хотугу сири сайыннарарга эдэр дьон наадатын, учууталлар тиийбэттэрин, онуоха бары турунарбыт уолдьаспытын туhунан уоттаах-төлөннөөх тыл эппиппин. Онтон дьэ тугу эппиппин-тыыммыппын сыыйа өйдөөн, саҥам да, бэйэм да аччаан хаалбыппын. Маннык дьон иннигэр тахсан ыҥырар буоллахпына, бэйэбинэн дьону көҕүлээн, хоту сиргэ үлэлии барар эппиэтинэhи ылыммыппын диэн…Ол кэннэ ылыммыт быhаарыныыбын ким да уларыппатаҕа. Арай кураатарым Михаил Павлович эрэ иннигэр буруйдаах курдук сананарым. Учууталым өссө дьиэбитигэр кэлэн, ийэбин буойбута, аспирантура миэстэтэ мээнэ киhиэхэ көстүбэт диэн. Сыл-хонук аастаҕын аайы буруйдана саныырым түгэним дьонум-сэргэм иннигэр ытык иэhим буолбута. Онон күн бүгүнүгэр диэри учууталларбар, миигин тулалыыр үтүө дьоҥҥо махталым муҥура суох. Кыах баарынан дьоҥҥо, ордук эдэрдэргэ, көмөлөһө сатыыбын. Биллэн турар, хомсомуол – ыччаты иитии биир дьоһун оскуолата этэ.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0