Устуоруйаны сэгэтэн көрдөххө, олунньу 23 күнэ Ильмень күөлгэ кыргыһыыны кытта ыкса сибээстээх. 1943 сыллаахха бу күн саха буойуттара Ильмень күөлгэ кыргыһыыга сырдык тыыннара быстыбыта. Устуоруйаҕа этиллэринэн, “якутские стрелки” диэн ааттанар 19-с хайыһар туспа биригээдэтигэр 597 саха баара. Биригээдэ сыалынан өстөөҕү үлтүрүтэн, Шимскэй туһаайыытынан суолу арыйыы буолбута. Ону толорор туһуттан 19-с уонна 3-с хайыһар биригээдэлэрэ Ильмень күөлү уҥуордаан, Борисов, Улахан Ужин, Улахан Воронов, Балагиж дэриэбинэлэри ылан, Старай Руссаҕа кимэн киирэн, айан суолун быһыахтаахтара. Онон олунньу 23 күнүгэр кимэн киирии саҕаламмыта. Буойуттар толору сэптэрин-сэбиргэллэрин кэтэн, хайыһарынан Ильмень күөлү туоруурга туруммуттара. 19-с биригээдэ 30 км. ааһан баран, атын чаастары кытта сибээһин сүтэрбитэ.
Сарсыарда сырдыыта 2-с батальон сэрииһиттэрэ Ретлё дэриэбинэҕэ кимэн киириини саҕалаабыттара. 1-кы уонна 3-с батальон улахан аҥаарын, дьоно биэрэккэ тиийбэккэ эрэ, өстөөх күүстээх уотун анныгар түбэспиттэрэ. Күн иккис аҥаарыгар 2-с уонна 3-с батальоннар Горка уонна Конечек диэн дэриэбинэлэри кимэн киирэн ылбыттара. Ол кэнниттэн өстөөх уотун анныгар сытар 1-кы уонна 3-с батальоннары быыһаары, Устрек дэриэбинэҕэ кимиини саҕалаабыттара. Күн бүтүүтэ ньиэмэстэр резервэлэрин аҕаланнар, күүстээх утары охсууну оҥороннор, ботуруоннара, бойобуой саппаастара бүппүт биһиги сэриилэрбитин күөл биэрэгэр диэри төттөрү охсубуттара. Онон олунньу 23 күнэ бүтүүтүгэр 19-с биригээдэ 30% тиийэ дьоҥҥо сүтүктэммитэ. Онон түүн буолуута, хараҥанан хаххаланан, күөлү туораан, төттөрү бэйэлэрин позицияларыгар чугуйбуттара. Салгыы 19-с биригээдэни Взвада оройуонугар бырахпыттара. Манна эмиэ өстөөх бөҕөргөтүнүүлээх позицияларын ылыы туһугар кулун тутар 10 күнүгэр диэри сэриилэһэн, сүрдээх элбэх сүтүктэммитэ. Ол иһин биригээдэни сабан баран хаалбыт тобохторун 150-с стрелковай дивизия састаабыгар киллэрбиттэрэ. Бу дивизия салгыы Берлиҥҥэ тиийэ сэриилэһэн, Рейхстагы ылсыбыта.
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0