Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -38 oC

Сахабыт Сиригэр күүстээх дуобаччыттардааҕынан биллэр. Быйыл өҥүрүк куйаастар сатыылаан турдахтарына, бэс ыйын 30 – от ыйын 6 күннэригэр Дьокуускайга дуобат-саахымат киинигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин “64” дуобакка үрдүкү лигатын чөмпүйэнээтэ  түмүктэннэ.

Сахабыт Сиригэр күүстээх дуобаччыттардааҕынан биллэр. Быйыл өҥүрүк куйаастар сатыылаан турдахтарына, бэс ыйын 30 – от ыйын 6 күннэригэр Дьокуускайга дуобат-саахымат киинигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин “64” дуобакка үрдүкү лигатын чөмпүйэнээтэ  түмүктэннэ.

Чөмпүйэнээти Саха Өрөспүүбүлүкэтин физическай култуураҕа уонна успуорка министиэристибэтэ (Спиридонов Л.Н.), физическай култуураҕа уонна маассабай успуорка управлениета (нач. Оконешников Р.И.) уонна Дуобат федерацията (Сидоров Я.Э.) тэрийэн ыыттылар.

Бүтүн Арассыыйатааҕы категориялаах судьуйа, чөмпүйэнээт сүрүн судьуйата Гаврил Петрович Винокуров этэринэн,  сыл устата элбэх сүүмэрдээһини ааспыт 12 эр дьон, 14 дьахталлар, олор истэригэр, былырыыҥҥы 2022 сыл чөмпүйүөннэрэ, бастакы лига чөмпүйэнээтин чулуулара, Дьокуускай куорат чөмпүйүөнэ, дуобат бэстибээлин кыайыылааҕа оонньоотулар. Аан дойдуга оонньонор балаһыанньаҕа олоҕуран, сэрэбиэй тардыллан,  бастакы дебютнай хаамыылар эрдэттэн туруоруллан, түөртүү чаас оонньоотулар. Ол эбэтэр, күрэхтэһээччилэр ханнык позиция оонньонорун билэр буолуохтаахтар, сылайбакка-сындалыйбакка, тулуйаннар, албастарга киирэн биэриэ суохтаахтар. Бары да оонньуур таһымнара, маастарыстыбалара үрдүк, дуобат мындырын, сатабылын баһылаабыт алта аан дойдутааҕы гроссмейстердар, аҕыс улахан успуорт маастардара бааллар. Успуорт маастардара, маастарга кандидат оҕолор албан аатырбыт дуобаччыттарга баһыйтарбакка, иэмэх талахтыы эристилэр. Кытаанах, олус тыҥааһыннаах киирсиилэр буоллулар.  Тириэньэрдэр эдэр дьон буоланнар,  интэриниэт ситимин нөҥүө дуобат күүскэ сайдар. Төрөппүттэрин кытта кэпсэтэн оҕолор эт-сиин өттүнэн  кыахтаах буолалларын ситиһэллэр. Онон, эргиччи, комплексно сайдыбыт киһи муҥутуур кыайыылаах буолар. Аҕыйах да сөк уоскуйуо суохтаахтар, ударга, албаска киирэн биэрбэт гына, туруктара үчүгэй буолуохтаах.

Соһуччу, “сенсационнай” түмүктэрдээх чөмпүйэнээт буолла. Ол курдук, дахталларга ахсыс кылаас үөрэнээччитэ, Горнай улууһун аатыттан кыттыбыт, маастар нуорматын толорбутут докумуона кэлэрин күүтэ сылдьар Дайаана Алексеева, успуорт маастардара Сандаара Апросимова, Тунаара Федорова үһүө буоланнар тэҥ очколаммыттарыгар, коэффициенынан, үрдүкү лига дьахталларын чөмпүйүөҥкэтинэн буолары ситистэ:

- Барыта, тэрээһинэ эҥин, наһаа үчүгэйдик ааста, миэхэ сатанна. Бастакы хаамыылары талбыппыт. Ол аата, сороҕор эйиэхэ, сороҕор киниэхэ куһаҕан буолар. Матрена Степановна, Сандаара Апросимова, Тунаара Федорова курдук күүстээх дуобаччыттар элбэхтэр. Күөн киирсии үрдүк. Онньуур истиилим диэн, кими кытта, хайдах оонньуурбуттан тутулуктаах. Утарсааччым атаакалаатаҕына көмүскэнэбин, “окружениеҕа” ылабын, онтон кини миигин эргийээри гыннаҕына, көмүскэннэҕинэ атаакалыыбын. Кыайбыппыттан наһаа  үөрэбин. Кыра сааспыттан Мария Никитичнаҕа дьарыктаммытым. Ситиһиилэрим диэн, Апросимова Сандаара, Федорова Тунаара буоламмыт Россияҕа хамаанданан бастаабыппыт, мин үһүс буолбутум. Бэһис уонна сэттис кылаастарга үөрэнэрбэр Турцияҕа уонна Польшаҕа оҕолорго аан дойду чемпионаттарыгар икки төгүл бастаабытым.  Билигин тренерим Николай Григорьевич Гуляев. Кыайыыбын дьиэ-кэргэммэр, балтыбар Сандаарушкабар аныыбын. Оччоҕо табыллар. От ыйын 21 күнүгэр Санкт-Петербурга “Белые ночи” барыаҕым”.

Эр дьоҥҥо, өрөспүүбүлүкэ дуобакка федерациятын толорооччу дириэктэрэ, аан дойду түөрт төгүллээх чөмпүйүөнэ, гроссмейстер, “Саха” НКИХ экэнэмииһинэн үлэлиир Николай Константинович Стручков бастаата:

-Үрдүк таһымнаах, олус тыҥааһыннаах, ыгааһыннаах чөмпүйэнээт буолла. Күүстээх дуобаччыттары, гроссмейстердэри сэргэ, эдэр кэскиллээх дуобаччыттар кытыннылар. Оонньуум бастакы тууртан табылынна. Сэрэбиэйинэн оҥоһуллар бастакы хаамыылар, биллэр этюдтарым буолан биэрдилэр. Элбэхтик күрэхтэһиилэргэ кыттаммын, туругум, бэлэмим да үчүгэй. Турукпар киирэ сылдьаммын күрэхтэстим. 10-тан 9 очконы ыллым. Бастакы туурга чөмпүйэнээт фаворитын, былырыыҥҥы чөмпүйүөн Николай Гуляевы, онтон,   “100” дуобакка өрөспүүбүлүкэ чөмпүйүөнүн, 8 кылааска үөрэнэр Айсен Егоровы кыайаммын инники тахсыбытым. Өрөспүүбүлүкэҕэ бу бастакы кыайыым буолла. Онон, тус-бэйэбэр улахан ситиһиим быһыытынан, кэрэ-бэлиэ түгэн буолла. Ааҕар-суоттур үлэм син-биир дуобакка дьарыгы санатар. Суот-отчуот. Үлэбэр өйүүллэр, мэһэйдээбэттэр, бэлэмнэнэрбэр, күрэхтэһэрбэр уоппуска биэрэллэр. Иннибэр баар харгыһы туораатым диэххэ сөп. Билигин эдэрдэр тахсан иһэллэр, кинилэри кыайар уустуктардаах этэ”.  

Саха дуобатын аан дойду таһымыгар таһаарбыт, аан дойду дуобакка федерациятын салайа сылдьыбыт, Өрөспүүбүлүкэ дуобакка федерациятын бочуоттаах президенэ Владимир Ильич Птицын:

- Историческай түмүктэрдээх чөмпүйэнээт буолла. Дуобаччыттар ис кыахтарын толору туһаннылар. Икки саҥа чөмпүйүөн үөскээтэ. Аан дойду түөрт төгүллээх чөмпүйүөнэ Николай Стручков аан бастаан Сахатын Сиригэр бастаата. Иккиһинэн, дьахталларга төһө да ааттаах-суоллаах дуобаччыттар баалларын үрдүнэн, ахсыс кылаас үөрэнээччитэ Дайаана Алексеева чөмпүйүөн үрдүк аатын ылары ситистэ.  Дуобат историятыгар суруллуоҕа. Бу үлүгэрдээх итии күннэргэ бэйэ туругун үрдүктүк тутуу үчүгэй көрдөрүү. Биһи дуобаппыт саҥа салайааччытын гроссмейстер Матрена Ноговицынана дуобат-саахымат киинин дириэктэринэн анаммытынан эҕэрдэлиибин! Гроссмейстер Иван Августович Токусаров физическай култуура уонна маассабай успуорт управлениетын начаалынньыгын солбуйааччынан анаммытынан эмиэ эҕэрдэлиибин.  Иккиэн тэрийэр-салайар үлэни кыайыахтара, үөһэ салалтаҕа тиийэннэр саха дуобатын көмүскүөхтэрэ, туруулаһыахтара диэн эрэнэбин. Дайаана төрөппүттэрэ кэлэн олороллор, онон эмиэ эҕэрдэбин тиэрдэбин.

Кыайыылаахтар кубоктарынан, өйдөбүнньүк мэтээллэринэн, дипломнарынан, 20, 15, 12 тыһ.солк., төрдүс, бэһис, алтыс миэстэлэргэ тиксибиттэр  эмиэ харчынан сэртэпикээттэринэн наҕараадаланнылар.

Алта иһигэр киирбит дуобаччыттар, дьахталларга, Дайаана Алексеева (Горнай), Сандаара Апросимова (Дьокуускай),  Тунаара Федорова (Горнай), Алена Большакова (Дьокуускай), Юлия Никанорова (Дьокуускай), Дайаана Кондратьева (Үөһээ-Бүлүү),   эр дьоҥҥо Николай Стручков (Дьокуускай), Гаврил Колесов (Чурапчы), Иван Токусаров (Мэҥэ-Хаҥалас), Николай Гуляев (Таатта), Андрей Федотов (Амма), Айсен Егоров (Хаҥалас) эһиилги үрдүкү лига чөмпүйэнээтигэр салгыы оонньуохтара.

Инники өттүгэр күрэхтэһиилэр элбэхтэр. Арассыыйа, аан дойду таһымыгар күрэхтэһиилэр тэриллиэхтэрэ. Сорох дойдулар Арассыыйаҕа сыһыаннара үчүгэй. Атырдьах ыйын 12-16 күннэригэр дойду уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх тириэньэрэ Н.Н. Кычкин кэриэһигэр,  балаҕан ыйыгар Нөмүгүтээҕи килиэби собуотун (ген.дир Нестерев В.А.) бириистэригэр омук дойдулара кыттыылаах улахан турнирдар буолуохтара. Бэлэмнэниилэр саҕаланнылар.

4 copy

Дуобат-саахымат киинэ саҥа салайааччыланна

Чурапчы Мугудайыттан төрүттээх-уустаах “64” уонна “100” дуобакка аан дойду аҕыс төгүллээх чөмпүйүөҥкэтэ,  Европа биэс төгүллээх  чөмпүйүөҥкэтэ, Арассыыйа эмиэ биэс төгүллээх чөмпүйүөҥкэтэ  гроссмейстер Матрена Ноговицына бу күннэргэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин дуобакка уонна саахымакка киинин дириэктэринэн ананна. Саха аатырбыт дуобаччыта бүгүн биһиги ыалдьыппыт:

- Матрена Степановна, дуобакка аан-бастаан хаһан-хайдах кэлбиккиний?

- Биһиэхэ Ноговицыннар дьиэ-кэргэҥҥэ бары дуобатынан оонньууллара. Ол да иһин буолуо, бэйэбин өйдүүр буолуохпуттан, дуобатынан олох кыра эрдэхпиттээн, түөрт саастаахпыттан дьарыктаммытым. Аан-бастаан  аҕам дуобат хаамыытыгар үөрэппит. Кини бииргэ төрөөбүттэрэ, убайдарым, таайдарым, эһэм бары удьуор дуобаччыттар. Барыларын кытта дуобакка оонньоон, интэриэһиргээн улааппытым. Эһэм Тимофей Степанович Ноговицын сэрии бэтэрээнэ, Улуу Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа, успуорт улахан фаната, ат сүүрүүтүн, тустууну сөбүлүүрэ уонна дуобаттыыр этэ. Биэс саастаахпар оҕо уһуйааныгар сылдьаммын Дьокуускайга өрөспүүбүлүкэ уһуйааннарын оҕолорун ортолоругар бастаабытым. Бастакы кылааска дойдуга тэҥ саастыылаахтарбар үһүс миэстэлэммитим. Оскуолабыт иһинэн дуобатынан дьарыктанар буолбутум. Үһүс кылааска эһэбин кытта тэҥнэспиппэр дьиэбитигэр улахан үөрүү буолбута. Онтон, аҕам Чурапчытааҕы успуорт оскуола-интэринээт тириэнньэрэ Николай Николаевич, Мария Никитична Кычкиннарга киллэрэн хомуурга сырытыннарара, дуобат кинигэлэрин, сорудахтары аҕалтыыра.

- Маҥнайгы ситиһиилэриҥ?

- Оннук курдук саҕалаан бастакы улахан хомуурга, аҕам үбүлээн, Арассыыйа оҕолорго чөмпүйэнээтигэр“64” түргэн дуобакка бастаабытым. Иккистээн барарбар уон саастаах оҕолорго “100-хэ” классическайга бастаабытым. Онтон ыла саҕаланан, дуобатынан үлүһүйбүтүм, ситиһиилэр кэлэн барбыттара.  

- Улахан дуобакка көрдөрүүлэриҥ хаһан ситиһиллибиттэрэй?

2004 с. улахан дьоҥҥо көспүтүм. “Азия оҕолорун” оонньууларыгар сааһым кыра буолан, хапсыбатаҕым. Ол оннугар, күүстээх сүүмэрдээһини ааһаммыт, Европа чөмпүйэнээтигэр Польшаҕа барбыппыт. Онно тиийэммин дьахталларга үһүс миэстэ буолбутум. Тиринньэринэн Николай Кычкин  анаммыта, онтон ыла биһигини улахан дьоҥҥо күрэхтэһиннэрэ илдьэ сылдьар. 2006 с. дьахталларга Арассыыйа чөмпүйэнээтигэр Тамара Танцыккужина иннигэр түһэммин бастаабытым. “Саамай эдэр чөмпүйүөҥкэ” буола сылдьыбытым. Ол рекорду быйыл куоһардылар. Маргарита Федорова диэн Удмуртия кыыһа быйыл дойдуга бастаата. Онтон 2007 с. манна Дьокуускайга аан дойду чөмпүйэнээтигэр Марфа Данилова классическайга, мин блицкэ үһүс буолбуппут. Бу санаатахха, биһиги наһаа күүстээх дуобаччыттары кытта оонньуур эбиппит. Оҕо буоламмыт куттаммаппыт да буолуо, долгуйбаппыт, харса суох киирсэрбит, ол иһин мүччү-хаччы туттарарбыт. Эдэр киһи түргэнник көрөр быһыылаах, комбинационнай бириэмэтэ эҥин быдан күүстээх буолар.

- “64” уонна “100” дуобаттарынан тэҥҥэ оонньуугун?

- Мария Никитичнаҕа “64” кыра сылдьан дьарыктаммытым. Онтон Николай Николаевич Кычкин этиитинэн улахан болҕомтобутун “100-хэ” уурар буолбуппут. Улаатан бараммын, “100” оонньуубуун. Ол гынан баран, “64” урукку баазабыт хаалбыт, баар быһыылаах, күрэхтэһиилэргэ кыттабын. Аан дойдуга бастыы сылдьыбытым. Бразильскай дуобакка “түргэҥҥэ” эмиэ бастыы сылдьыбытым.

- Туох уратылаахтарый?

- Көрдөххө тэҥ курдуктар. Иһигэр киирдэххэ олох атыттар. “64” интэриэһинэй, кыра да сыыһаны бырастыы гыммат. Туох-баар хаамыылары барытын көрүөхтээххин. Онтукайым миэхэ “100-хэ” көмөлөһөр. Ол гынан баран, киэҥник көрүөххүн, улахан былаанынан оонньуоххун наада. Ол иһин иккиэн хараахтардара атын-атыттар, онно тутатына уларыйан биэриэххин наада. Итиннэ ыараханнары көрсүөххэ сөп. Идиэйэлэрэ атын. Холобур, үс дуобатынан соҕотох дуобаты хаайбаккын.

- Бу иннинэ ханна үлэлээн кэллиҥ, идэҥ?

- 2013 с. Санкт-Петербургдааҕы экэнэмиичэскэй университеты бүтэрбитим. Тириэнньэрдээбитим. Чурапчытааҕы физкултуурунай-успуорт институкка бакалавры, магистратураны бүтэрбитим. Чурапчытааҕы успуорт оскуолаҕа тириэнньэринэн үлэлээбитим. Онтон аан дойдуга бастаабыппар спортсмен быһыытынан Москубаҕа сүүмэрдиир хамаанданы бэлэмниир кииҥҥэ ылбыттара. Онтон кэллим. Колесов Г.Г., Токусаров И.А. эрдэ хаста да этэ сылдьыбыттара, онтон, дьэ, боруобалаан көрүөххэ диэммин, сөбүлэстим. Эппиэтинэһин өйдүүбүн. Министиэристибэ, управление анаатылар.

- Үлэни хайдах-туохтан саҕалыыр санаалааххын?

- Билигин дуобат-саахымат киинин үлэтин, физическай култуура уонна маассабай успуорт управлениетын кытта билсэбин. Күүстээх састааптаах үрдүкү лигаҕа бастакы күрэхтэһиибит буола турар. Атырдьах, балаҕан ыйдарыгар Н.Н. Кычкин мемориалыгар Бүтүн Арассыйатааҥы турниры  икки улахан күрэхтэһиилэри ыытарга бэлэмнэнэбит.  Көмө-тирэх буолар дьоннор, дуобаччыттар, уһуннук үлэлээбит тэрийээччилэр, салайааччылар бааллар. Барыта табыллан иһэригэр эрэнэбин. “64”, “100” дуобаттары сэргэ “Азия оҕолорун” оонньууларыгар киирэр, саҥа тахсан эрэр “Го” дуобатынан эмиэ ылсыахпыт. Сүрүн сыалбыт-сорукпут – Сахабыт Сиригэр интеллектуальнай көрүҥнэри сайыннарыы, маассабаһы үрдэтии, нэһилиэнньэ успуордунан дьарыктанарыгар усулуобуйа оҥоруохтаахпыт.

- Матрена Степановна, чэпчэкитэ суох чэрийэр-салайар үлэҕэр ситиһиилэри баҕарабыт!  

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Уопсастыба

Ытык ыал ийэтэ

Татьяна Васильевна Романова 1931 с. күһүн оччолорго Амма оройуонун, билигин Мэҥэ Хаҥалас…
14.12.24 14:29