Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -19 oC

Биһиги улуустар мунньахтарын дьокутааттарын кытары кэпсэтиини салгыыбыт. Бүгүҥҥү ыалдьыппыт – «Амма улууһа» МТ дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ, РФ Доруобуйатын харыстабылын туйгуна, СӨ үтүөлээх бырааһа, Дьокуускай куорат доруобуйатын харыстабылын бочуоттаах үлэһитэ, мэдиссиинэ билимин кандидата Софья Лаврентьевна Александрова.

Биһиги улуустар мунньахтарын дьокутааттарын кытары кэпсэтиини салгыыбыт. Бүгүҥҥү ыалдьыппыт – «Амма улууһа» МТ дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ, РФ Доруобуйатын харыстабылын туйгуна, СӨ үтүөлээх бырааһа, Дьокуускай куорат доруобуйатын харыстабылын бочуоттаах үлэһитэ, мэдиссиинэ билимин кандидата Софья Лаврентьевна Александрова.

– Софья Лаврентьевна, Амма улууһун дьокутааттарын күннээҕи түбүктэриттэн кылгастык кэпсэтии­битин саҕалыахха.

– Биһиги 7-с ыҥырыылаах мунньах дьокутааттара, мэлдьи буоларын да курдук, үлэ үөһүгэр, бүппэт түбүккэ кыах баарынан үлэлии-хамсыы олоробут. Билигин Сэбиэккэ 16 дьокутаат үлэлиир уонна ааҕар-суоттуур балааталаахпыт (хара тэриллиэҕиттэн бэрэссэдээтэлинэн С.С. Окорокова таһаарыылаахтык үлэлиир). Бастаан талылларбытыгар 19 этибит. Хомойуох иһин, ытыктыыр киһибит, улуус мунньаҕын бэрэссэдээтэлинэн талыллан үлэлээбит Прасковья Ивановна Емельяновабыт күн сириттэн күрэммитэ. Оттон Владимир Смирников улуус баһылыгын тутууга солбуйааччынан ананан барбыта, Сахайаана Михайлова баһылыгы социальнай боппуруостарга солбуйааччынан үлэлии көспүтэ. Дьокутааттарбыт үрдээн, эппиэттээх үлэлэргэ ананаллар.

8e4e1400 3d8e 47fd b505 898fd9d79baf

– Эн бэйэҥ, бу иннинэ, доруобуйа харыстабылыгар өр кэм устата үлэлээбитиҥ. Оттон тыа сирин дьокутаатын үлэтэ, буолаары буолан, улуус мунньаҕын салайыы хайдах эбитий?

– Кылаабынай бырааһынан 16 сыл үлэлээбитим. Оҕо инфекционнай балыыһатын 13 сыл салайбытым. Онтон оччотооҕу миниистир М.Охлопков «Төрөөбүт дойдугар тахсан үлэлээ» диэбитин быһа гыммакка, Аммаҕа тахсан киин балыыһаны салайбытым. Кэлин дьонум-сэргэм туруорсан, 2018 сыллаахха дьокутаатынан талыллыбытым. 2019 сыл олунньу 4 күнүттэн оройуон Сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн үлэлиибин. Дьокутаат үлэтэ чахчы уустук, эппиэтинэстээх уонна умсугутуулаах. Дьоммут-сэргэбит олохторун чэпчэтиигэ, кинилэр интэриэстэрин күннэтэ туруулаһыыга барытын да умнан туран үлэлиигин. Аҥардас социальнай-экэнэмиичэскэй боппуруостарга, сокуон, нуорма-быраап аахталара, араас быһаарыылар ылыналларыгар эрэ буолбакка, киһи быһыытынан дьоҥҥо өйөөн-өйдөөн, сүбэ-ама биэрэн, күүс-көмө буолаҕын.

Ил Түмэни кытта бииргэ үлэлэһэбит. Судаарыстыбаннай мунньахха, уопсайынан, аллараттан көмө наада эбит. Илин Эҥэр улуустар – Уус Алдан, Амма, Таатта, Чурапчы, Мэҥэ Хаҥалас, кэлин Уус Майа уонна Томпо дьокутааттара күүспүтүн холбоон, бэйэбит Ассоциация тэринэн үлэлиибит. Түмсүүлээх буоллахха, элбэҕи ситиһэҕин. Онуоха бу Ассоциациябыт олус көмөлөөх. Хамсык хааччахтарын кэмигэр да, сирэй көрсөн да буолбатарбыт, сүбэбитин холбоон, араас боппуруостары бары бииргэ быһаарар этибит.

– Нэһилиэк дьокутааттарын кытта хайдах үлэлэһэҕит? Төһө көхтөөхтөрүй?

– Нэһилиэктэри кытары ыкса үлэлэһэбит, олус көхтөөхтөр. Миэстэтигэр тахсан мунньахтарга кыттыһабыт, куруук сүбэ-ама, күүс-көмө буолабыт. Социальнай ситимнэринэн күннэтэ билсэ-көрсө, кэпсэтэ олоробут. Онон ситимнээхтик үлэлиибит. Дьокутааттарбытыгар анаан «Школа депутата» көҕүлээһини тэрийбиппит. Манна Ил Түмэн дьокутааттара Руслан Федотов уонна Сергей Ларионов эспиэр быһыытынан сүбэ-ама биэрбиттэрэ.

– Уопсастыбаннай приемнай хайдах үлэлиирий?

– Торумнаммыт былаан быһыытынан, гражданнары уопсастыбаннай приемнааһын тиһигин быспакка ыытыллар. Быйыл нэһилиэнньэттэн 172 ыйытык киирбитэ. Ону сэргэ «Биир ньыгыл Арассыыйа» фракция эмиэ күүскэ үлэлиир. Биһиги дьокутааттарбыт баһыйар өттүлэрэ бу баартыйа биир санаалаах чилиэттэрэ. Улуус Мунньаҕар биир РФКП дьокутаата баар. Ил Түмэн дьокутаата Руслан Федотов миэстэтигэр кэлэн, быыбардааччыларыгар сотору-сотору көрсүһүү ыытар.

– Дьон ордук туохха мунаарарый, тугу туруорсарый?

– Араас боппуруостар киирэллэр. Ону хас биирдиитин сыныйан үөрэтэбит, быһаарсабыт. Биир саамай тирээн турар кыһалҕабыт – оттук маһынан хааччыйыы уонна уот ситимин тардыы. Амма улууһун 40%-на билигин даҕаны маһынан оттунан олороллор. Аны туран. Уоппут күүрүүтэ олус мөлтөх, кыамтата 30 кВт эрэ. Улууспут урукку баһылыга Николай Архиповы кытта ити боппуруостары быһаарыыга сүрдээх үчүгэйдик үлэлэспиппит. Бу кыһалҕа сытыытык турбута ыраатта, бу иннинээҕи баһылыктарбыт эмиэ хоннохтоохтук ылсан үлэлэспиттэрэ. Быйыл быһаарыллыахтаах кыһалҕабыт миэстэтиттэн сыҕарыйан, 100 км уот лииньийэтэ тардыллар буолла. Бырайыак үбүлээһинэ 2,5 млрд солк. сыаналанна. Манна СӨ бырабыыталыстыбата, Ил Түмэн дьокутааттара уонна Госдума дьокутаата Галина Данчикова сүрдээҕин көмөлөстүлэр. Үлэбит түмүгүн биир сүрүн ситиһиитэ диэн сыаналыыбыт.

– Билигин бары күүһү быстах байыаннай хомуурга ыҥырыллыбыт байыастарбытын өйүүргэ, кинилэргэ көмөлөһөргө туһаайабыт. Эһиэхэ туох үлэ барарый?

– Амма улууһугар байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин өйүүргэ кииннэммит үлэ тиһигин быспакка, күүскэ ыытыллар. «Фонд помощи участникам СВО» диэн анал пуонда тэрийбиппит, мин онно хамыыһыйа бэрэссэдээтэлинэн талыллан үлэлии олоробун. Амма улууһуттан анал байыаннай эпэрээссийэ бары кыттыылаахтарыгар 30-туу тыһ. солк. хомуйан ыыттыбыт. Нэһилиэнньэ, уопсастыбаннай түмсүүлэр, тэрилтэлэр, урбаанньыттар ким төһө кыахтааҕынан үп хомуйан, пуондаҕа 3 мөл. солк. тахса суума хомулунна. Аһымал кэнсиэрдэр, тэрээһиннэр ыытыллаллар. Дьиэ кэргэттэргэ көмөлөһөргө туспа хамыыһыйа тэриллэн үлэлиир. Кинилэр кыстыкка бэлэмнэниигэ, мууһу, маһы, сүөһү аһын тиэйиигэ уо.д.а. барытын кыраҕатык кэтээн олорон көмөлөһөллөр. Хонтуруол күүстээхтик ыытыллар. Хас биирдии дьиэ кэргэни кытары ыкса сибээстээхтик үлэлэһэбит. Холобур, эмискэ быстах хомуурга хомуллан барбыт уол олорор дьиэтин тутуутун ситэрбиппит, миэбэлинэн хааччыйан, уотун, ититиитин холботторон, кыстыкка этэҥҥэ бэлэмнээн киллэрбиппит. Манна норуот дьокутаата Руслан Федотов улахан өҥөлөөх. ТХУ сүөһүлээх-астаах дьоммутугар оту тиэйиигэ, эбии аһынан хааччыйыыга босхо бурдук түҥэтэн көмөлөстүлэр. Билигин муҥха кэмэ буолан, дьоммутугар балык бэристибит. Уопсайынан аммалар олус түмсүүлээхтик, биир санаанан салайтаран байыастарбытын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин өйүүргэ тэриллиилээхтик үлэлии олоробут.

d9b3e6c8 3d03 40e8 a2a1 34ccb304a3cf

– Оттон быйылгы кыстыкка хайдах үктэннигит?

– Быйыл биһиэхэ от үүнүүтэ куһаҕана суох. Сыллааҕы былааммытын 93% толорбуппут. Баһылыкпыт Николай Архипов эрдэттэн үлэни күүһүрдэн, эбиитин атын сирдэртэн кэлэн чиэски сирдэрбитигэр мобильнай биригээдэлэри ыҥыран оттоппута. Чурапчыттан кэлэн оттоотулар, онон сэтиэнэх эҥин суох буолуо, ол баһаардар тахсыбаттарыгар көмөлөһүөҕэ.

– Аммаҕа маһы кэрдиини утарар хампаанньа киэҥ далааһыннаахтык барбыта. Манна дьокутааттар санаалара хайдах этэй?

– Биһиги кэлэр көлүөнэҕэ Кыыс Аммабыт уутун, экосистиэмэтин чөл, ыраас хаалларарбыт – ытык иэспит. «Защитим реку Амга» уопсастыбаннай тэрилтэни кытта ыкса сибээстээхтик үлэлэспиппит. Хата, Ил Дархаммыт Айсен Сергеевич, бэйэтин тус быһаарыытынан Аммаҕа маһы кэрдии тохтотуллан турар. Онон киниэхэ махталбыт муҥура суох.

– Кэлэр сыллааҕы бүддьүөккүтүн көрдүгүт дуу?

– Сэтинньи 16 күнүгэр бүддьүөт кэмитиэтин мунньаҕа ыытыллынна, онтон бастакы ааҕыыны сэтинньи 22 күнүгэр буолар мунньахха көрүөхпүт.

– Софья Лаврентьевна, сотору кэминэн эһиэхэ улуус баһылыгын талыаххыт.

– Хаарыан уолбут,  Николай Архиповичпыт,  соһуччу күн сириттэн күрэнэн олус харааһынныбыт, улаханнык суохтаатыбыт... Бүтүн улуус аҕа баһылыга суох хаалара диэн сүрдээх ыарахан. Улуус мунньаҕа аҕа быһылыкпытын талар быыбары ахсынньы 11 күнүгэр ыытыахха диэн быһаарбыппыт. Быыбар хампаанньата сэтинньи 14 күнүттэн саҕаланна. Быыбарга 6 киһи турунна. Биһиги быыбар чиэһинэйдик, сиэрдээхтик, туох да хайдыһыыта суох барыахтааҕын эрдэттэн кытаанахтык быһаарсыбыппыт. Норуот бэйэтэ талыаҕа. Этэргэ дылы, ким күүстээх – кыа­йыа­ҕа!

  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением