Амма, Алдан маһын кэрдии туһунан тус санаабын үллэстэбин
Саха сирин уопсастыбаннаһа коммерческэй кэрдиини утарар. Бырайыак уйан айылҕаҕа хайдах дьайыан бары өтө таайабыт. Муус устарга буолбут анал этиитигэр Ил Дархан бэйэтинэн Аммаҕа “мас кэрдиллиитэ тохтотулунна» диэн уоскуппута эбээт. Онтубут, икки ый устата (ыам ыйа – от ыйа) дуогабардаспыт өрүттэр “ойууру туһаҕа таһаарыы” (Проект освоения лесов) бырайыагын оҥоро олорбуттар эбит.
Дьону-сэргэни «рубки леса Амги не будет», “дезинформация» уо.д.а. тылынан оонньоон, уоскута олорбуттара биллэр.
От ыйын 16 күнүгэр сарсыарда 4 чааска түрбүөннээх сонун уубун көтүттэ. Коммерческай кэрдии бу күһүҥҥэттэн саҕаланар буолбутун өйдөөтүм.
Бу сырыыга кэрдэр-кэрдибэт боппуруос аны турбат. Хайдах кэрдэри быһаарсыы үлэтэ баран эрэрэ хомотто. Аренда дуогабарын суут эрэ нөҥүө көтүрүөххэ сөп.
Онон тустаах министиэристибэ төрөөбүт төрүт айылҕатын көмүскүөн кэриэтэ кэлии кэрдээччини өйөөтө.
Мин саныахпар уопсастыбаннаһы кытта кэпсэтии сыыһа хайысханы ылынна. Амма тыатын хайдах кэрдэри быһаарсар оннугар Амма айылҕатын хайдах көмүскүүбүт диэн ыҥырыы киэҥ эйгэҕэ тахсыахтаах.
Биһиги тыҥааһыннаах кэмҥэ олоробут. Технократичнай уопсастыба киһи аймаҕы тыыннаах хаалар туһугар охсуһар дьылҕаҕа тэптэ. Сылтан сыл араас хабааннаах экологическай быһылааннар тахса тураллар. Айылҕаҕа сыһыаммытын уларытар кэммит тирээн кэллэ. Бу боппуруоһу үөрэппитим номнуо онус сылыгар барда.
«Экодуховнось» диэн өйдөбүл Арассыыйа духуобунай баайын сөргүтэр аналлаах. Киһи айылҕаны кытта сибээһин быспатын, төрөөбүт дойдутугар харыстабыллаах сыһыаны олохтуурун туһугар үлэлиибин.
Амма – Аан дойдуга биир тыытыллыбатах ураты кэрэ сир буолар. Орто бараан дойду тыыннаах тэбэр тымыра биһиги илиибитигэр баар. Хоту сир баай айылҕатын мээкэ уйата, төрүт олохтоох омуктар түптээн олорор дьиэлэрэ буолар. Онон хаһааҥҥытааҕар да харыстабылаах, нарын сыһыаны ирдиир. Бу бүтүн сир ийэ, киһи-аймах бүттүүнүн баайа эбээт!
Хайдах буолбут киһи маннык үтүө сиргэ дураһыйыан, хаарыаннаах сири самнара сатыан сөбүй ?
Түмүктэр. Этиилэр.
Бу улахан кыһалҕа тыҥаан турар. Инники дьылҕабыт, кэскилбит толук уурулунна. Онон бу боппуруос дириҥ хорутуулаах толкуйу, муударай быһаарыыны эрэйэр.
- Коммерческай маһы кэрдиини ирбэт тоҥ сиригэр-уотугар оҥорор сатаммат. Бу аан дойду туруктаах сайдыытын стратегиятын кэһии буолар (Экофорум ООН, Рио-1992).
- СӨ экология министиэристибэтэ бу дуогабары уопсастыбаннас утарсыбытан сибээстээн, итиэннэ маннык сиргэ маһыы кэрдии дьайыыта хайдах барара ситэ үөрэтиллэ илик буолан, көтүрэригэр ыҥырыам этэ.
- Өскөтүн министиэристибэ “ойууру туһаҕа таһаарыы” бырайыагын олоххо киллэрэрдии санаммыт буоллаҕына, туох баар научнай күүһү түмэн, комплекснай научнай экспертизаны ыытарга.
- 35-46 сыл тухары мас кэрдиллэр түгэнигэр буолуохтаах экологическай, экономическай уонна социальнай уларыйыылары быһа барыллаан суоттаан олохтоох нэһилиэнньэ истиитигэр таһаарарга.
- Амманы ЮНЕСКО көмүскэлигэр киллэрэргэ үлэлииргэ.
- Кэнчээри ыччакка экологическай иитиини иҥэрэргэ билиҥҥэттэн ылсыах кэрэх.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0