Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -20 oC

Амма өрүс сүнньүнэн маһы кэрдии дьылҕата күн бүгүҥҥэ диэри салгыҥҥа ыйанан турара үгүс дьону долгутар.

Арамаан Дьөгүөрэп «Аммалар эстибит да дьон эбит» диэн айдааннаах ыстатыйата бассаап ситимин тилийэ көттө. Ааптар Амма дьоно-сэргэтэ дойдутун туһугар кыһамматын, кыһаллыбатын туһунан бу курдук этэр: “Амма тыатын көмүскээн илин эҥээр буоларбынан урууларбын, аймахтарбын, доҕотторбун уонна иитэр кэнчээри ыччаттарбытын араҥаччылаан уонча кыра ыстатыйа суруйан санааларбын быктардым. Бу иэдээҥҥэ бастакынан олохторо огдолуйар кыһалҕалаах аммаларбыт уу чуумпулар. ...Ханна баарый оҕолоргут, сиэннэргит кэскилин турууласпыккыт? Туох иһин олох олороҕут?...”

Амма өрүс сүнньүнэн маһы кэрдии дьылҕата күн бүгүҥҥэ диэри салгыҥҥа ыйанан турара үгүс дьону долгутар.

Арамаан Дьөгүөрэп «Аммалар эстибит да дьон эбит» диэн айдааннаах ыстатыйата бассаап ситимин тилийэ көттө. Ааптар Амма дьоно-сэргэтэ дойдутун туһугар кыһамматын, кыһаллыбатын туһунан бу курдук этэр: “Амма тыатын көмүскээн илин эҥээр буоларбынан урууларбын, аймахтарбын, доҕотторбун уонна иитэр кэнчээри ыччаттарбытын араҥаччылаан уонча кыра ыстатыйа суруйан санааларбын быктардым. Бу иэдээҥҥэ бастакынан олохторо огдолуйар кыһалҕалаах аммаларбыт уу чуумпулар. ...Ханна баарый оҕолоргут, сиэннэргит кэскилин турууласпыккыт? Туох иһин олох олороҕут?...”

Биллэн турар, Амма дьонун-сэргэтин сирэй-харах анньар кэбэҕэс. “Олорор мутуккун кэрдимэ” диэн этии манна оруннаах курдук. Ол гынан баран, аммалар бары даллаһан баран олороллор диир эмиэ сыыһа. Үлэ барар. Ол эрээри көннөрү дьон сүдү адьырҕалары кытта киирсэрэ уустук.

«Амманы көмүскүөх» уопсастыбаннай хамсааһын бу боппуруоска күүскэ үлэлиир. Түмсүү иһинэн Амма улууһугар сэттэ киһи оруннаахтык ылсан, бары кыаҕы түмэн, суут-сокуон боппуруостарын быһаарса сылдьаллар.

Санатар буоллахха, Амма тыатын кэрдиитин суут эрэ тохтотор кыахтаах. Ол аата бары өттүттэн докумуон үлэтэ сиппит-хоппут, дьэҥкэ буолуохтаах. Ол туһугар түмсүү күүстээх юристарга наадыйар. Онно экология туһугар сүрэхтэринэн-быардарынан ыалдьар дьон, нэһилиэнньэ көмөтө улахан оруоллаах. Билиҥҥи туругунан уопсайа 96 тыһ. солк. киирбит.  Онон сокуонунан көмүскэллээх буолуу бары өттүгэр баһыйар өрүттээх буоларын бэркэ билэбит.

Амма сүнньүнэн маһы кэрдии ирбэт тоҥҥо дьайыыта улахан экологическай алдьархайга тиэрдэр кутталлаах. Бу, дьиҥэр, Амма эрэ улууһун кыһалҕата буолуо суохтаах. Өрөспүүбүлүкэ бүттүүнэ үлэлиэхтээх дьыалата. Ол  иһин, салгыны хамсатар дьон баара эмиэ үөрдэр. Эппэтэхпитинэ-тыымматахпытына, дьону уһугуннарбатахпытына, ким хамсаныай? Пикеткэ, миитиҥҥэ тахсыы эмиэ бобуллуо суохтаах. Ол эрээри бу дьайыылары биһирээбэппин. Саха майгытыгар-сигилитигэр табыгаһа суох.

“Амманы көмүскүөх” уопсастыбаннай түмсүү салайааччыта Анна Шишигина этэринэн, сууттаһыы боппуруоһун юристар ылсан үлэлээн эрэллэр, билигин адвокат өҥөтүн төлүүргэ харчы хомулла сылдьар.  «Суутунан быһаарсарга юристарга урутаан төлөөтөххө (авансалаатахха) эрэ иск суруйаллар. Харчы көстүбэккэ, дьаһалтаны кэтэһии буолан, кэрдиллэр сири-уоту чинчийэр  экспедициялар тэриллэн барбатылар. Биллэр-көстөр учуонайдар,  ааттаах-суоллаах  дьон Амма сирин-уотун чинчийэр санааларын биллэрбиттэрин үрдүнэн, ол кыаллыбата. Амма улууһун дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Софья Александрова уонна мин илии баттаан, Ил Түмэҥҥэ экспедиция тэрээһинигэр үптэ көрүҥ диэн сурук киллэрбиппит, эппиэтэ суох хаалбыта. Дьиҥэр, олус элбэх сурук Арассыыйа да таһымыгар, өрөспүүбүлүкэ да иһинэн араас инстанцияҕа суруллан баран, хоруйа суох сүтэн-оһон хаалла, эппиэт ол тухары суох. Сэбиэскэй Сойуус саҕана былаас өйөбүллээх буолан, мас кэрдиитэ тохтотуллан турар.

Балаҕан ыйын 3 күнүгэр буолбут уопсастыбаннай палата көҕүлээһининэн тэриллибит онлайн кэмпэриэнсийэҕэ оробуочай бөлөх быһаарыытынан дойду Бэрэсидьиэнигэр сурук (обращение) сурулунна. Итиэннэ илии баттааһынын хомуйарга диэн быһаарбыппыт. Бүлүү алдьархайа тахсыбытыгар итинник тэрээһиннэри иилээн-саҕалаан ыыппыт уопсастыбынньыктар, биллэр экологтар бары түмсэн бэлэмнээтилэр.

Бу Амма үөһээ баһыгар Алдан улууһун территориятыгар мас кэрдиитэ, Сибиир тыатын бүтэрэн баран, аны Саха сирин маһын барытын кэртэрэргэ саҕалааһын буолара чуолкайданна.

Билигин да элбэх оройуоннарга  мас кэрдэргэ куонкурустар биллэриллэ тураллар. Биһиги бүтүннүү кэрдиини, бырамыысыланнай мастааптаах кэрдиини эрэ утарабыт. Кэлиҥҥи куонкурустар иэннэрэ да, арендаларын болдьоҕо да кыччатыллыбытын көрдөххө, норуот айдаанын син ылынар эбиттэр диибит.

Билигин биһиги уопсастыбынньыктар  сүрүн сорукпутунан нэһилиэнньэҕэ тирээн турар кыһалҕабытын тиэрдии буолар. Хайа өттүттэн көрдөрөн, дьон өйүгэр-санаатыгар хайдах-туох тиэрдэрбитин бары толкуйдуохтаахпыт.

Ийэ айылҕабыт көмүскэлэ инники күөҥҥэ тахсыахтаах. Билигин кэккэбит хаҥаан, инникибитигэр кыһаллар, кэскилбит туһугар туруулаһар дьон эбиллэн иһэрэ сүргэбитин көтөҕөр», -- диэн быһааран кэпсээтэ.  

«Бил баһыттан сытыйар” диэн мээнэҕэ эппэтэх буолуохтаахтар. Өскөтүн үрдүкү былаас муударай быһаарыыны ылыммат түгэнигэр, норуот сүөгэйэ-сүмэтэ биир санааны ылыныах тустаах.

Өй уонна сүбэ кылыстааҕар сытыы. Онон юристары, экологтары, учуонайдары түмэн, сүбэлэрин холбоон бу тирээн турар кыһалҕаны быһаарарга быдан таһаарыылаах, көдьүүстээх буолууһу. Пикет, миитиҥ бу тиһэх ньыма. Норуот бүтэһик хаһыыта. Онуоха тиэрдибэккэ, мындыр үлэ барарын бары күүтэбит.

Күндү Сахам сирин олохтоохторо, Амма маһын кэрдиини утарсарга күүстээх юристар өҥөлөрүн төлүүргэ уонна кэрдиллиэхтээх сири-уоту чинчийиигэ экспедиция тэрийэргэ үп-харчы ирдэнэр. Ким төһө кыахтааҕынан харчы хомуллуутугар көмөлөһүҥ диэн ыҥырабыт. Сууманы маннык счетка ыытыаххытын сөп:

Лицевой счет 40817810476000960082

в Якутском отделении № 8603 ПАО «Сбербанк»

ИНН 7707083893

БИК 049805609

Корр.счет 30101810400000000609

Бу банковскай каарта «Амманы көмүскүөх!» уопсастыбаннай түмсүү пуондатыгар анаан Шишигина Анна Зиновьевна аатыгар аһыллыбыта. Харчыны мобильнай баанынан 89148233169 нүөмэргэ  ыытыаххытын эмиэ сөп.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (1)

This comment was minimized by the moderator on the site

Олох даганы биьиэхэ биллибэттэр, харчы эрэ хомуйаллар тугу да билбэппит ким да тугу да эппэт. Мунньаз инин буолбат, учугэйдик тугу да таргаппаттар

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением