Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -31 oC

Биир нэһилиэк олоҕунан сирдэтинэн, тыа сирэ бүгүн тугунан тыынан, хайдах дьаһанан, төһө бэркэ, туох кыһалҕалаах олорорун быһаарыахха сөп. Онон Таатта улууһун Дьохсоҕон нэһилиэгин баһылыгынан иккис болдьоҕор талыллыбыт Петр Егорович Захаровтыын кэпсэттибит.

Биир нэһилиэк олоҕунан сирдэтинэн, тыа сирэ бүгүн тугунан тыынан, хайдах дьаһанан, төһө бэркэ, туох кыһалҕалаах олорорун быһаарыахха сөп. Онон Таатта улууһун Дьохсоҕон нэһилиэгин баһылыгынан иккис болдьоҕор талыллыбыт Петр Егорович Захаровтыын кэпсэттибит.

  Өксөкүлээх Өлөксөй, Алампа курдук улуу дьон төрөөбүт Дьохсоҕон нэһилиэгэ Таатта улууһун кииниттэн биир эрэ көс кэриҥэ тэйиччи сытар. Бөһүөлэги кыйа “Халыма” федеральнай суол ааһар. Онон кыһыннары-сайыннары сырыы-айан баар, итиэннэ Ытык Күөлтэн да чугас буолан, атын дэриэбинэлэргэ тэҥнээтэххэ, көһүү аҕыйах. Нэһилиэнньэ ахсаана 90-с сыллартан халбаҥнаабакка турар: тыһыынча кэриҥэ. 

         Нэһилиэк баһылыга Петр Егорович  -- Дьохсоҕон төрүт олохтооҕо. Аҕата Егор Васильевич Захаров бөһүөлэк тутаах тэрилтэтигэр – “Победа” кэпэрэтиипкэ – дириэктэринэн уһун кэмҥэ үлэлээбит буолан, уола салайар үлэ ымпыгын-чымпыгын, нэһилиэк олоҕун-дьаһаҕын кыратыттан үчүгэйдик билэ улаатан, билигин аҕатын солбуйар бэртээхэй салайааччы. 

дьох2

--Петр Егорович, бу буолан ааспыт быыбарга кылбардык кыайаҥҥын, элбэх куолаһынан куоһараҥҥын, дуоһунаскар хаалбыккынан эҕэрдэлиибин!

-- Махтал. Устуоруйаҕа хаалар бүтэһик быыбар буолан ааста. Тоҕо диэтэххэ, 131-с №-дээх “Об общих принципах организации местного самоуправления в РФ” Федеральнай сокуоҥҥа 87-с нүөмэрдээх Федеральнай сокуонунан  2019 сыллаахха кэккэ уларытыылары киллэрбиттэрэ. Ол курдук, 2025 сылга диэри өрөспүүбүлүкэбитигэр муниципальнай уокуруктар тэриллиэхтэрэ. Оччоҕо уокурук баһылыга нэһилиэк баһылыктарын бэйэтэ аныыр буолуоҕа.

--2015 сыллаахха баһылыгынан талылларгар, сүрүн болҕомтоҕун туохха уурбуккунуй?

-- Тыын суолталаах сир боппуруоһугар. Тоҕо диэтэххэ, 2016 сыл тохсунньутуттан дойду Уһук Илиҥҥи эрэгийиэнигэр "Дальневосточнай гектар" сокуон үлэҕэ киириэхтээҕэ. Дьохсоҕон нэһилиэгэ улуус киинин кытта сыста олорорунан, итиэннэ “Халыма” федеральнай тыраассаҕа сытарынан, биһиги сирбитигэр-уоппутугар наадыйааччы үгүс буолара сэрэйиллэрэ. Урукку өттүгэр араас балаһыанньанан сирдэрбитин атын нэһилиэктэргэ сыһыарбыттара. Онон өбүгэ саҕаттан өлүүлэммит сирдэрбитин харыстыыр соругу туруоран, сиргэ-уокка сыһыаннаах, тус сыаллаах муниципальнай бырагырааманы оҥорон, 12 тыһыынчаҕа чугаһыыр гектар иэннээх сирбитин кадастровай учуокка туруордубут, ханна да учуокка турбатах сирдэри докумуоннатан, сокуон өттүнэн көмүскээн хааллардыбыт. Онон “Дальневосточнай гектарынан” сир ылаары гыммыт туора дьоҥҥо аккаас биэрэн турабыт. Оттон нэһилиэкпит олохтоохторо сылгы ииттэллэригэр, база тутталларыгар 3-5 гектарга диэри быһан биэрэбит.

Кэпэрэтииппит бааһыналара Таатта үрэҕин уҥуоргу өттүгэр, Дьиэбэгэнэ үрэҕин сүнньүгэр бааллар. Онон бэтэрээ кытылга баар сирдэрбитин туһаҕа таһаараары, агро хайысхалаах оскуолабытыгар сир сыһыаран, 7,8 гектар иэннээх бааһынаны күрүөлээммит, бурдук үүннэрдилэр. Кэлэр сылларга ыһыы сирин иэнин кэҥэтиэхпит.  

Сири туһамматыҥ да, адьас кылгас кэм иһигэр талаҕынан саба бүрүллэр. Ол иһин сирдээх эрээри, сүөһүлэрин эспит ыалларбыт ходуһаларын оттуур дьоммутугар уларсабыт. Сүрүн усулуобуйата диэн, сирдээх хаһаайын оҕолоро кэлин сүөһү, сылгы ииттэргэ быһаарыннахтарына, ходуһаларын төттөрү ылаллар. Оттоммокко лаҥха буолбут сирдэргэ сааскы өртөөһүнү “Противопожарные выжигания” диэн ааттаан ыытарбыт. Билигин үөһэттэн боптулар. Онон Сахабыт сирин салалтата бу боппуруоһу Арассыыйа таһымыгар туруорсуон, сааскы өртөөһүнү ыытар тыын суолталааҕын өйдөтүөн наада дии саныыбын.

дьох

-- Эн аҕаҥ салайарын саҕана өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр “Победа” ТХПК билигин үлэ-хамнаһа хайдаҕый?

-- “Победа” хаһаайыстыба туруктаахтык үлэлии олорон, 2012-2013 сылларга аныгылыы тииптээх хотону туттараары, Россельхозбаантан кирэдьиит ылан, улахан хабалаҕа киирбитэ, балаһыанньата биллэ мөлтөөбүтэ. Уопсайынан, хотоннору тутуу бырагырааматын финансовай схематыгар итэҕэстэр баалларыттан маннык балаһыанньа өрөспүүбүлүкэ үгүс хаһаайыстыбатыгар үөскээбитэ. Кэпэрэтииппит итинник экэнэмиичэскэй кириисискэ киирбит кэмигэр нэһилиэк дьаһалтатын тус сыаллаах муниципальнай бырагыраамата кырата суох көмөнү оҥордо. 2016 сыл саҕаланыаҕыттан СӨ Бырабыыталыстыбатыгар күүскэ туруорсан, хас да төгүл Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр мунньахтаан, өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар тылбытын ылыннаран, ТХМ-тэн ситэ ылбатах үппүтүн ылан, иэһи аччаппыппыт. Салгыы “Туймаада” ФАПК нөҥүө кирэдьииппитин олоччу саптартарбыппыт. Ааспыт сылтан үлэлэһэн, кэпэрэтииппит быйылгыттан “Туймаада” агрохолдиҥҥа холбосто, “Победа” хааччахтаммыт эппиэтинэстээх уопсастыба” диэн буолла. Кэм-кэрдии бэйэтэ сыаналаан көрдөрүө -- бу ылыллыбыт дьаһаллар төһө оруннаахтарын, сөбө суохтарын.

-- Түргэнник ситэр салааны сайыннарыы төһө бэркэ ыытылларый?

         -- Кэнники сылларга улуус тыатын хаһаайыстыбата Хатастан сибиинньэ оҕолорун, Дьокуускайдааҕы көтөр фабрикатыттан сымыыттыыр кууруссалары олохтоох нэһилиэнньэ сайаапкатынан аҕалар буолла. Сибиинньэни күүскэ иитиэхпитин, күөх үүт таһыллыбата атахтыыр. Ол сүрүн төрүөтэ -- “Таатта” СПК Ытык Күөлгэ баар саҥа кэмбинээтэ обраттан  араас аһы хото астыыр буолан, нэһилиэнньэҕэ тарҕатарга ордубат.

Кыаттарбатах салаабытынан уонна туох баар көрдөрүүлэрбитин улаханнык атахтыыр чааспыт -- үүтү туттарыы. Олохтоох нэһилиэнньэ уонна бааһынай хаһаайыстыбалар бэриллибит былааны холкутук толороллор. Оттон кэпэрэтииппит былаана сыллата туолбат, онон нэһилиэк уопсай былаана туолбакка хаалар. Кэлэр сылларга бу балаһыанньа көнөрүгэр эрэл баар. Хаһаайыстыба саҥа хотоно өрөмүөннэнэн, ыһыы сирин иэнэ кэҥэтиллэн, эбии ыанар ынахтары аҕалан, үлэни тэрийэргэ дьаһаллары ылынныбыт.

арка

--Өрөспүүбүлүкэ тус сыаллаах бырагыраамаларыгар уонна граннарыгар кыттаҕыт дуо?

         -- Сылгы базатын тутуутугар туһуламмыт, итиэннэ саҥа саҕалааччы фермердэри уонна дьиэ кэргэн хаһаайыстыбаларын өйүүр сыаллаах граннарга тиксэн турабыт. РФ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ ыытар “Комплексное развитие сельских территорий” бырагырааматын сүнньүнэн “Серов” микрооройуон инфраструктуратын оҥорууга 180-ча мөлүйүөнү, нэһилиэкпитигэр оҕо спортивнай былаһааккатын тутууга 1 мөлүйүөн 850 тыһыынча солкуобайдаах граны ылбыппыт.

Үбү-харчыны туруорсан ыларга, куонкурустарга, граннарга кыттарга докумуон үлэтэ элбэҕи быһаарар. Холобура, ханнык баҕарар тутуу бырайыагын көмүскүүргэр сириҥ докумуонуттан саҕалаан, техническэй усулуобуйатыгар тиийэ барыта наада буолар. Смета чааһын өссө этэ да барбаккын. Аны хас биирдии докумуон, бырайыак барыта куонкуруска кыттарыгар аһаҕас буоларын туһуттан анал порталлар, сайтар нөҥүө дьэҥкэтик көстөллөр. Онон кытаанах хонтуруолу ааһан, кырата суох уустуктары көрсөн, үбү-харчыны ылары ситиһэҕин. Бу сыллар тухары олохтоох дьаһалта кэлэктиибэ күүстээх хамаанда буолан, бары ыытыллар куонкурустарга, граннарга ситиһиилээхтик кыттан кэллибит.

         --Нэһилиэккэ эдэр ыаллары олохсутууга усулуобуйа оҥоһуллар дуо?

-- Тыа хаһаайыстыбатын эйгэтигэр үлэлиир дьоммутун олорор дьиэнэн хааччыйар туһуттан агрокластер туттардыбыт. Бу саҥа кыбаарталга 13 дьиэ дьэндэйдэ. СӨ Тутууга министиэристибэтин куонкуруһугар кыттан, бу коттеждтары киин ититэр ситимҥэ холботтубут. Уот ситимэ тардылларыгар уонна кластер суола оҥоһулларыгар уопсайа 4 мөлүйүөн 83 тыһыынча солкуобай үбү ылан оҥоттордубут. СӨ Ыччат дьыалаларыгар министиэристибэтин бырагырааматынан  16 эдэр ыал дьиэ тутунна.

Олоҥхоһуттар бөлөҕө э

-- Элбэх ыал босхо дьиэлэнэрин ситиспиккит.

-- Дьохсоҕоҥҥо дьиэ туттан олорорго усулуобуйа барыта баар. 2016 сылтан кииннэммит ититэр ситимҥэ холбонуу үлэтэ  түһүмэҕинэн баран бүтэн эрэр. Онуоха саҥа хочуолунайы туттардыбыт. Тоҕо диэтэххэ аҕыйах сыл үлэлээбит хочуолунайбыт сирин аннынааҕы линзата ирэн, сууллар гына иҥнэри барбыт этэ. Биир дойдулаахпыт, Ил Түмэн дьокутаата Яков Ефимов өйөөн, урут сопхуос ыһылларыгар түһэриллибит сыбаайаларга “Северный Дом” тэрилтэ хочуолунай тутан биэрдэ. Манна даҕатан эттэххэ, Яков Ананьевич көмөтүнэн, оскуола хочуолунайын, итиэннэ ититэр ситими өрөспүүбүлүкэтээҕи инвестиционнай бүддьүөккэ киллэртэрдибит. Онон Саха АССР 100 сылын көрсө, 2022 c. саҥа квартальнай хочуолунайы үлэҕэ киллэриэхпит. Эрдэтээҥҥи быһа барыллаан ааҕыынан, бу үлэлэр сметнай сыаналара 157 мөлүйүөн солкуобай, итинтэн хочуолунайы тутуутугар 46 млн. баранар курдук, онтон  атына ититэр ситим, оһохтор, о.д.а. оборудованиелар ороскуоттара.

Нэһилиэги уотунан хааччыйыы сүрдээх кыһалҕалаах боппуруос. Уоппут боруобаттара, остуолбалара эргэрэннэр, кыахтарыттан тахсаннар, бэрт үгүс эрэйи көрсөбүт. Хас тыал, ардах түстэҕин ахсын саахал бөҕө тахсар. Тааттатааҕы ыстаансыйаны (РЭС) кытта бииргэ үлэлэһэн, сууллубут, сууллар кутталлаах остуолбаларга үлэ барар эрээри, бары биир кэмҥэ моһуоктаабыт буолан, кыһалҕа үгүс. Саатар, оройуон кииниттэн чугас олорор буоламмыт, СИП-кэ көһөрүү уочаратыгар бүтэһик турабыт. Хас да сыл устата тиһигин быспакка туруулаһан, 2021 сылга “десятка” линия олоччу СИП-кэ көһүөҕэ, оттон “четвертка” уонна нэһилиэк иһинээҕилэр 2023 сылга.

Бөһүөлэк иһинээҕи суоллары тупсарыыга үп кырыымчыгынан  дьаамаларга эрэ өрөмүөн ыытыллар, хапытаалынай үлэҕэ харчы тиийбэт. Уулуссалары оҥортороору, СӨ Тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтэ ыытар куонкурустарыгар кыттан көрбүппүт эрээри, ирдэбилгэ биир пуун баар буолан сыыйыллан иһэбит. Ол -- Ил Дархан анал дьаһала суоҕуттан. Анал дьаһалы үбүлүөйдээх эрэ нэһилиэктэргэ таһаараллар. Биһиги нэһилиэкпит төгүрүк үбүлүөйдээх сыла хаһан буолара биллибэт. Быһа сабаҕалаан көрүүнэн, 1682 сыллар диэки тэриллибит буоллаҕына, 2022 сылга 340 сыла буолар. Оччотугар икки сыл өссө күүтэбит...

Аны туран, мин үлэлии киирэрбэр нэһилиэкпитигэр баар бары муосталар утуу-субуу туһаларыттан тахсыбыттара. Хаһалаах муостатын норуот күүһүнэн субуотунньуктаан, 120-чэ киһи үлэлээн көннөрбүппүт. Хоруубутугар таас “кольцолары” аҕалан уган, ол үрдүнэн буор куттаран, быһыт оҥорбуппут. Таатта үрэҕи сатыы киһи туорууругар анаан бэйэбит  полистиролларынан муоста оҥорбуппут, хата, кимнээҕэр эрэ сулууспалыы турар. “Заречье” түөлбэҕэ массыына туоруур күрбэтин улуус суолга-иискэ пуондатыттан көрөргө быһаарыы ылыллыбыта. Ол эрээри бу сылларга пуонда үбэ Туора Күөл, Дэбдиргэ, Баайаҕа суолларын тутуутугар ороскуоттанар буолан, ол кыаллыбата. Ыксаан, бэйэбит бырайыак оҥоттороору, биир тэрилтэни кэпсэппиппит, онтубут аҥаардас бырайыагын сыаната 6,5 мөлүйүөн солк. Оннук үлүгэрдээх харчыны олохтоох бүддьүөт хайдах даҕаны уйунар кыаҕа суох. Ол иһин бэйэбит бырайыактаан тутаары, тимирин атыылаһарга дуогабар түһэристибит, Хачыкааттан хайа боруодатын аҕаларга кэпсэттибит.

-- Оттон күөллэргит, үрэхтэргит туруктара хайдаҕый?

-- Мелиорация управлениетын Чурапчытааҕы салаатын нөҥүө кэпсэтиһэн, кыра-кыралаан үп көрүллэн, быһыт оҥоһуллар. Быйыл 300 тыһыынча көрүллүбүтэ. Саас аайы уу ыытабыт, хаһаанабыт.

Нэһилиэк күөллэригэр балыктааһыҥҥа бэрээдэк олохтонон эрэр. Бастатан туран, баҕадьылары саҥардыыга үлэлэһэн, икки саҥа муҥханы атыылаһан, көрөр-истэр, үлэни сүрүннүүр дьоммутугар туттарбыппыт. Муҥхаларбыт ийэлэрин харахтарын 38 мм гына оҥотторон, ыччат балыгын ыан, улахан балыгын бултуурга диэн анаан-минээн дьаһаммыппыт. Бастакы сылларга мэлийэн, онтон кэлин ыраас үчүгэй балыгы хаптаран, дьоммутун үөрдэбит. Сайынын уолаттар күһүнүн муҥхалыыр эбэлэрбитигэр балыгы үөскэтиинэн дьарыктаналлар. Оройуон дьоно урукку курдук талбыт, бас-баттах балыктыыллара тохтотуллубута. Бөһүөлэкпит иһинээҕи күөллэрбитигэр иккис сайыммытын, дьоммут-сэргэбит сайылыы кэллэхтэринэ диэн ааттаан, окко киириэххэ диэри илимнээһини көҥүллүүр буоллубут.

--Социальнай эйгэҕэ туох үлэ барарый?

--Бу эйгэ нэһилиэк дьаһалтатын биир сүрүн уонна саамай тутаах боломуочуйата буолар. Сүрүн болҕомто нэһилиэк хас биирдии олохтооҕо сокуон өттүнэн көмүскэллээх буоларыгар туһаайыллар. Көрүллэр бары чэпчэтиилэри, көмөлөрү туһаныыны таһынан, баар бырагыраамаларга үлэлэһэн, дьоммут олоҕун уйгутун тупсарыыга туруулаһабыт. Холобура, бойобуой дьайыылар кыттыылаахтарын дьиэнэн хааччыйыы бырагырааматынан -- 3,  биэс оҕоттон элбэх оҕолоох ыаллары дьиэнэн хааччыйыы бырагырааматынан 6 ыал дьиэ ыларга сэртипикээт туппуттара. Сорох дьоҥҥо сокуонунан көрүллэр биэнсийэлэрин биэрбэтэхтэрин, Ил Түмэнинэн быһаарсан төлөттөрдүбүт. Нэһилиэкпит бэтэрээннэригэр, аҥаардас ийэлэрбитигэр муус, мас боппуруостарыгар өрүү көмөлөһөбүт. Биэс сыл устата материальнай көмөнү биэрии кээмэйэ улаатта.

Киһиэхэ кыра да наада. Бөһүөлэкпит эр дьоно саас бултаабыт кустарыттан бэтэрээннэри күндүлүүллэр. Саҥа дьыл ахсын үтүө санааланыы аахсыйатынан тэрилтэлэр элбэх оҕолоох ыаллар оҕолоругар бэлэх оҥороллор.

Сэрии сылларын оҕолорун

--- Спорка көрдөрүүлэргит?

         --И.Г. Федосеев аатынан Оҕо спортивнай оскуолатын иһинэн Дьохсоҕоҥҥо тустуу саалата тутуллуохтаах. Дьиҥэр, докумуона барыта оҥоһуллубата. Ону 2019 сылтан судаарыстыбаннай экспертиза киирэн, эрдэтээҥҥи бырайыакпыт сыыйыллан хаалбыта. Билигин хаттаан ирдэбилгэ эппиэттиир гына бырайыактатан бүтэртэрэн эрэбит.

Дьохсоҕонтон биллэр спортсменнар элбэхтэр. Эдэрдэри холобурдаан эттэххэ, көҥүл тустууга Арассыыйа, хапсаҕайга СӨ спордун маастара, хапсаҕайга уонна грэпплинг көрүҥэр өрөспүүбүлүкэ муҥутуур чөмпүйүөнэ, СӨ көҥүл тустууга чөмпүйүөнээтин үрүҥ көмүс призера, самбоҕа Бүтүн Арассыыйатааҕы турнир призера, панкратиоҥҥа норуоттар икки ардыларынааҕы күрэхтэһиилэр кыайыылааҕа Игнат Андросов, пауэрлифтиҥҥа СӨ спордун маастарыгар хандьыдаат, доруобуйаларынан хааччахтаахтарга 2015 с. Европа аһаҕас чөмпүйүөнээтин, “Азия оҕолоро” норуоттар икки ардыларынааҕы оонньуулар призера, Бүтүн Арассыыйатааҕы күрэхтэһиилэр хас да төгүллээх чөмпүйүөнэ Екатерина Бабанова уо.д.а.

Буулдьанан ытыыны сайыннарыахха диэн, бу көрүҥҥэ фанат Александр Заворотнайдыын сүбэлэһэн, икки сыаналаах сааны ылан, улууска улахан хамсааһыны таһаарбыппыт. Оскуола гарааһын ыраастаан, тупсаран, өрүмүөннээн, ититэн, тир оҥостон, хамнастаах үлэһит тутан, үлэ күөстүү оргуйан барбыта.  Хомойуох иһин, нэһилиэк бүддьүөтэ барытын соһор кыаҕа суоҕунан тохтообута.

дьох4

-- Нэһилиэк култуурунай олоҕун сырдат эрэ.

--2015 с. балаҕан ыйын 13 күнүгэр, быыбар күн, 537-с нүөмэрдээх нэһилиэкпит быыбардыыр учаастагар киэн туттар биир дойдулаахпыт, Саха уобалаһын бастакы быыбардыыр хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит Роман Федорович Кулаковскай аатын иҥэрэр үөрүүлээх тэрээһин буолбута. Онно быыбардыыр хамыыһыйа чилиэттэрэ сахалыы таҥныбыттарын көрөн баран, кырдьыгынан эттэххэ, олуһун кыбыстыбытым. Онон сахалыы таҥаска күүстээх үлэни ыыппыппыт. Үҥкүүһүттэр, олоҥхоһуттар бөлөхтөрүгэр,  фольклорнай ансаамбылга, Алампа аатынан норуот айымньытын киинин үлэһиттэригэр барыларыгар хаачыстыбалаах матырыйаалтан сахалыы көстүүмнэри тиктэрбиппит. Билигин өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһиилэргэ да тиийдэхпитинэ, таҥастарбытын сэҥээрэн, кэрэхсээн көрөллөр.

Аны туран, тутуллуутугар наһаа элбэх итэҕэстээх кулууп дьиэбитин ситэрэн, көннөрөн тутан, 2016 сыллаахха үлэҕэ киллэрбиппит. Норуот айымньытын киинин сүнньүнэн үйэтитиигэ үлэлэһэбит. Пуонда тэрийэн, кинигэ таһаарабыт. Оскуола устуоруйатын кинигэтэ ол пуондаттан үбүлэнэн тахсыбыта. Улуу Кыайыы 75 сылыгар анаммыт, Боотурусскай улуус бастакы кулубата Егор Дмитриевич Николаев туһунан, нэһилиэк устуоруйатын, итиэннэ Дьохсоҕон нэһилиэгин холкуостарын тустарынан кинигэлэр бэчээттэниэхтээхтэр.

Эһиил дьохсоҕоттор хас да үбүлүөйдээх олоробут: суруйааччы, “Саха саҥата”, "Чолбон" сурунааллар, “Манчаары” хаһыат бастакы эрэдээктэрэ, Саха драматическай тыйаатырын төрүттээччи А.И. Софронов-Алампа төрөөбүтэ 135, сахалартан бастакы үрдүк үөрэхтээх инженер-энергетик, олох-дьаһах уонна энергетика наркома, Саха АССР Совнаркомун бэрэссэдээтэлэ, Саха АССР Киин Ситэриилээх Кэмитиэтин чилиэнэ, Дьокуускай куорат исполкомун бэрэссэдээтэлэ Ананий Кононович Андреев төрөөбүтэ 120, Саха АССР бастакы үтүөлээх уонна бастакы норуодунай артыыһа Пантелеймон Иннокентьевич Васильев төрөөбүтэ 115, сахалартан соҕотох Албан Аат уордьан толору кавалера Дмитрий Ананьевич Петров төрөөбүтэ 100 сыллара буолар. Бу сүҥкэн бэлиэ дааталары дьохсоҕоттор өрөйөн-чөрөйөн туран көрсүөхпүт.

2016 сыллаахха Пантелеймон Иннокентьевич төрөөбүтэ 110 сылын көрсө, өрөспүүбүлүкэ 6 профессиональнай тыйаатырын икки ардыларыгар куонкурус тэрийэн, бастыҥ артыыһы талыы буолбута. Дьүүллүүр сүбэҕэ театральнай деятеллэр уонна кириитиктэр бааллара. Пантелеймон Васильев аатынан бастакы норуодунай бириэмийэни Саха тыйаатырын артыыһа Роман Дорофеев ылар чиэскэ тиксибитэ.

М.Н. Тихонов аатынан пааркабытын тупсаран оҥордубут: саҥа күрүө-хаһаа, күнү көрсүү сиэрин-туомун ыытар түһүлгэ, дьон олорор трибуналара, кэнсиэр көрдөрөр сыана, киириигэ сэргэлэр, спортивнай тренажердар... Онон ыһыахтыырга бэртээхэй түһүлгэ буолла. Маныаха үс сыл субуруччу куонкуруска кыайаммыт, устудьуоннар тутар этэрээттэрэ кэлэн үлэлээтэ.

“Сырал тулааһына” балаҕаммыт тула олус киэҥ далааһыннаах үлэ ыытыллар. Биһиги биэс сыл устата итэҕэлгэ ылсан үлэлэһэн, “Эйгэ” түмсүүлэннибит. Түмсүүбүт нэһилиэккэ ыытыллар бары тэрээһиннэргэ кыттыыны ылалларын таһынан, дьоммутугар-сэргэбитигэр ыарахан, уустук күннэригэр күүс-көмө, сүбэ-ама, өйөбүл буолаллар.

 Саха дьоно бу бутуурдаах кэмнэргэ төрүт өйдөбүллэрбитигэр, тирэх билиибитигэр, итэҕэлбитигэр тирэҕирэн, сиэр-майгы өттүнэн сатарыйбакка, хайдах да балаһыанньаҕа ыгыллыбакка, киэҥ-холку буолуохтаахпыт. Туохха барытыгар сырдык эрэ өттүн көрүөхтээхпит, бэйэ-бэйэни харыстаһыахтаахпыт, өйөһүөхтээхпит. Хас биирдии күнү көрсөртөн махтанан үлэлии, олоҕу кэрэхсии, саҥаны сонургуу, кыраттан да үөрэн, олохпутун, тулалыыр эйгэбитин тупсарар туһугар өйү-санааны тобулуохтаахпыт. Киһи үйэтэ наһаа кылгас, бу бэриллибит кэрчик кэми сиэрдээхтик олорон, кэрэтик кырдьар дьолу билиэхтээхпит.

Түгэнинэн туһанан, үлэбин сыаналаан, иккис болдьоххо баһылыгынан талбыт нэһилиэгим олохтоохторугар махтанабын .

--Петр Егорович, саха омук сайдыытыгар сүҥкэн суолталаах Дьохсоҕон нэһилиэгин аныгы кэм хардыытынан, билиҥҥи үйэ ирдэбилинэн сайыннарар санааҥ саргыланнын, туруоруллубут соруктаргын ситиһэргэр баҕарабын!

 

 

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Образование

Мероприятия к 90-летию СВФУ

На этой неделе научная и образовательная общественность Республики Саха (Якутия) отметит…
18.11.24 14:24