“Дойдубун ахтан аймахтарбар диэн ааттаан тиийэ сырыттым. Олорор аадырыстарын быһа холуйан билэр буолан уулуссатын эрэ аатын таксиспар эттим. Арай, массыынам олох да билбэт, хас да мэндиэмэннээх дьиэлэргэ кэлэн хорус гынна. Мин чочумча олордум ээ. Букатын билбэт сирбэр кэлбит курдукпун. Оннук олоруом дуо? Тахсан, дьонунан ыйдаран тиийиэхтээх сирбин буллум. Көр, урут сайдыы киин куораттарга эрэ кэлэр дии саныырым. Билигин Бэрдьигэстээх сэлиэнньэтэ киэркэйбитин көрөн баран, улуустарга да болҕомто ууруллар эбит, диэн түмүккэ кэллим”, — диэн оҕо сааһын ааспыт сирэ тупсубутуттан астынан туран кэпсээбитэ. Гаастааһыҥҥа, суол оҥоһуутугар, эбийиэктэри тутууга Горнай улууһугар туох хабааннаах үлэлэр ыытылла туралларын туһунан улуус баһылыгын бастакы солбуйааччыта Алгыс Стручковтуун кэпсэттим.
Төлөн уот
- Ил Дархан Айсен Николаев тус өйөбүлүнэн 2020-2021 сс. “Тыа сирин сайыннарыы” бырагырааматын нөҥүө 381 мөл солк үп-харчы көрүллэн чааһынай ыалларга гаас ситимин тардыы үлэтэ ыытылынна. Уопсайа 1234 гаас турбата ыаллар олбуордарыгар диэри тардылынна. Бырагыраама чэрчитинэн ыытыллыбыт үлэ бу сыл атырдьах ыйыгар түмүктэнэ. Салгыы биирдиилээн ыаллар гаас ситимин холбонууларын үлэтэ бара турар. Ол курдук, бүгүн күҥҥэ, Бэрдьигэстээххэ 343 ыал гаас ситимигэр холбонно. Манна даҕатан эттэххэ, дойдубут бэрэсидьиэнэ Владимир Путин анал уурааҕынан тахсыбыт “Социальнай газификация” диэн бырагыраама үлэлиир. Бу бырагыраама чэрчитинэн “Сахатранснефтегаз” тэрилтэ эрэгийиэннээҕи оператор быһыытынан эппиэтинэстээх. Быйыл бу бырагыраама нөҥүө уопсайа 495 дуогабар түһэрсилиннэ. Ол иһиттэн 430 дуогабар номнуо турбут стояктартан дьиэҕэ гааһы киллэрии уонна 65 дуогабар гаас ситимин тэлгэһэҕэ диэри тардыыга түһэрсилиннэ. Уопсайа 309 дьиэҕэ гаас толору холбонон, билиҥҥитэ бу ыаллар күөх төлөнүнэн толору сылыттан олороллор.
Гааска киллэрии үлэтэ чааһынай дьиэлэргэ эрэ буолбакка, хочуолунайдары анал инвестбырагыраама нөҥүө гааска көһөрүү үлэтэ ыытыллар. 2019-2020 сс. улууспутугар уопсайа биэс хочуолунай гааска көстө. Бэрдьигэстээх хаалбыт түөлбэлэригэр гаас ситимэ тиийэрин ситиһэргэ 2021 сылга бырайыак оҥоһуллан турар. Салгыы гааска холбонуу “Социальнай газификация” бырагырааманан үлэтэ ыытыллар. “Сахатранснефтегаз” тэрилтэ улууспутугар материальнай базата кэҥииригэр, билигин бу тэрилтэ үлэһитэ элбээн уонна олохтоохтор үөскээбит боппуруостарын кэлэн быһаарсалларыгар анаан аныгылыы тииптээх эбийиэк тутулла турар.
Суол - сайдыы
- Бу сылга суол хаһаайыстыбатыгар анаан муниципальнай бырагырааманан улуус бүддьүөтүттэн 17 896 тыһ.солк көрүллүбүтэ. Ол курдук, ааспыт сылга саҕаламмыт Бэрдьигэстээх-Өрт суолун, Кумахтаах тимир муоста тутуутун үлэтэ түмүктэннэ, муоста киирии суоллара ситэрилиннэ. Бэрдьигэстээх-Өрт суол хапытаалынай өрөмүөнүгэр “Амгор” тэрилтэни кытта икки сыллаах хантараак түһэрсибиппит. Бу сылга 250 м өрөмүөн үлэтэ ыытылынна. Барыта икки сыл иһигэр Бэрдьигэстээх-Өрт хайысхатынан 2,5 биэрэстэ суол оҥоһуллуохтаах. 6,5 мөл. солк. үп бу хайысхаҕа өрөспүүбүлүкэ, улуус бүддьүөтүттэн көрүлүннэ.
Быйыл саха норуодунай суруйааччылара ини-бии Сэмэн, Софрон Даниловтар төрөөбүттэрэ 105 уонна 100 сылларын чэрчитинэн, Мытаах-Бор хайысханан 2,8 км усталаах саҥа суол оҥоһулунна. Барыта 8 257 тыһ. солк суумалаах үлэ барда. Быйыл сааскы халаан уутугар суоллары быһа охсуталаабыта. Маны чөлүгэр түһэриигэ өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 1,3 мөл үп көрүллэн Бэрдьигэстээх-Өрт, Орто Сурт-Кэптин хайысхаларынан үлэлэр ыытылыннылар. Манна тохтуур буоллахха, Орто Сурт-Кэптин икки ардыгар сытар Нуоралдьыма учаастага халаан уутуттан улаханнык эмсэҕэлээн, бу сиргэ хапытаалынай үлэ ыыттыбыт. Манна 3,5 мөл солк үбүлээһин көрөммүт түөрт улахан ууну аһардар турба уктардыбыт уонна суол араҥатын үрдэтэ куттардыбыт. Маны сэргэ, бу суолга саамай куһаҕан учаастагар Орто Сурт сэлиэнньэтиттэн саҕалаан 15 км саҥа суол тутуутугар 600 мөл. солк. суумалаах бырайыак оҥоһуллан, судаарыстыбаннай экспертизаны этэҥҥэ ааһаммыт, түмүгүн ыллыбыт. Инникитин федеральнай үп көрүлүннэҕинэ, суол үлэтин эһиилгиттэн саҕалыахтаахпыт. Муниципальнай суолларга турар мас муосталары хаачыстыбаннай тимир муостаҕа уларытыы бырагыраама быһыытынан ыытыллар. Ол курдук, быйылгы сылга Улуу Үрэҕи туоруур муостаны саҥа тимир муостаҕа уларытар бырайыагын оҥоро сылдьабыт. Эһиилги сылга бу бырайыакпыт түмүктэнэн, 2024 сылга үбүлээһин көрүллэн, үлэтэ ыытыллыахтаах. Сыллата суол көрүүтүгэр-истиитигэр, астарыытыгар, бэлиэлэри туруорууга анаан улуус бүддьүөтүттэн 4 мөл. солк. үп көрөммүт үлэ ыытабыт.
Дьэндэспит мэндиэмэннэр
- Бу сылга түмүктэниэхтээх икки улахан эбийиэктээхпит. Ол курдук, Бэрдьигэстээххэ МСО түөлбэтигэр квартальнай уопсай дьиэ тутуута. Бу эбийиэккэ “Адгезия” тэрилтэ үлэни ыыта сылдьар. Уопсайа бу кыбаарталга 7 дьиэ тутулла турар. Биэс 26 кыбартыыралаах уонна иккитэ 23 кыбартыыралаах дьиэлэр. Уопсайа 176 кыбартыыра “Хаарбах дьиэттэн көһөрүү” анал бырагырааманан федеральнай уонна эригийиэн бүддьүөтүттэн үбүлэнэн тутуллар. Саҥа тутуллубут кыбаарталга бу бырагыраама нөҥүө 500-тэн тахса киһи 36 хаарбах туруктаах уопсай дьиэлэртэн көһөн киириэхтээх. Билиҥҥи туругунан тутуу ыытыллыыта 93 % тэҥнэһэн турар. Тас үлэтэ түмүктэннэ. Дьиэлэргэ барыларыгар ититии ситимэ толору тардылынна. Бу кэмҥэ дьиэлэр ис уонна тас оҥоһуулара ыытылла сылдьаллар. Уопсайа 22 биригээдэ, 162 киһи, 7 улахан кыамталаах тиэхиньикэ үлэлииллэр. Бу дьиэлэр бырайыактара саҥа ирдэбилгэ толору эппиэттииллэр диэн бэлиэтиэххэ наада. Барыта этэҥҥэ буоллаҕына, ахсынньы 15 күнүгэр дьиэлэр үлэлэрэ түмүктэнэн, докумуона ситэри оҥоһуллуохтаах. Бу сылы баттаһа олохтоохторго саҥа дьиэлэр күлүүстэрин туттарыахтаахпыт. Дьиэлэр тутуллан үлэҕэ киирдэхтэринэ, управляющай тэрилтэни кытары дуогабардаһан, насоснай станциятын, септиктарын, итии, тымныы уунан хааччыйыытын боппуруоһун хонтуруолга ылыахтаахпыт. Билиҥҥитэ бу дьиэлэри хааччыйыыга “Чаҕылҕан” тэрилтэни кытары үлэлэһэ сылдьабыт. Тутуу уосайа 904 мөл. солк. федеральнай уонна өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн көрүллэн ыытылла сылдьар.
Иккис улахан тутуубут, Саха АССР тэриллибитэ 100 сылыгар анаан тутуллуохтаах 100 социальнай суолталаах эбийиэктэр истэригэр киирбит саха норуодунай поэта Сэмэн Данилов аатын сүгэр 550 миэстэлээх таас оскуола тутуута буолар. Бу муниципальнай чааһынай партнерство нөҥүө, СӨ салалтатын уонна Экэниэмикэҕэ министиэристибэтин өйөбүлүнэн ыытылла турар үлэ. Бу эбийиэги “Союз-Инвест” диэн тэрилтэ тутар. Оскуолабыт тутуута былырыын муус устар ыйтан саҕаламмыта. Билиҥҥи туругунан тас өртүгэр тротуар, күрүө оноруутун үлэлэрэ ыытыллаллар. Бу эбийиэк бэйэтэ туспа, тутулуга суох итиинэн хааччыйар газовай хочуолунайдаах буолар. Ахсынньы ыйга дылы хочуолунай тутуутун үлэтэ түмүктэнэн оскуолаҕа сылаас бэриллиэҕэ. Сүрүн эбийиэккэ ис үлэтэ ыытылла сылдьар. Билиҥҥи туругунан эбийиэк тутуута 80 % тэҥнэстэ, 86 киһи, 10 улахан тиэхиньикэ үлэлиир. Ититии ситимэ тардылыннаҕына, дьиэ ис үлэтигэр, оборудование туруоруутугар түргэтиэхтээхтэр. Тутуу болдьоҕор кыра хаалыылар баар этилэр, билигин тустаах кэпсэтиилэр ыытылланнар, эбийиэк кэлэр сыл муус устарга үлэтэ түмүктэниэхтээх. Манна даҕатан эттэххэ, үлэ түгэнигэр буолбакка, хаачыстыбатыгар ордук болҕомтону уурабыт. Бу оскуола тутуутун өрөспүүбүлүкэ Бырабыыталыстыбатын тус хонтуруолугар тутан сылдьара үлэ хаамыыта тэтимнээхтик, хаачыстыбалаахтык барарыгар улахан сабыдыаллаах.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0