Быыбарга – 99,68 % куолас!
Баҕар олуона соҕус буолуо да буоллар, сорохтор ол төһө саастаах хотунуй, баҕар дьону салайар диэни олох билбэт олус эдэр, тырыбынаабыт аҕай, баҕар кыаҕа бүппүт кырдьаҕас буолуо диэхтэрин эмиэ сөп. Светлана Николаевна саамай үлэлиир-хамсыыр, айар-тутар сааһын үгэнигэр сылдьар (1978 сыллаах төрүөх), саха биир сытыы-хотуу, кими баҕарар салайыах, сааһылыах көрүҥнээх, олохтоох тыллаах-өстөөх салайааччы.
Биир интэриэһинэйэ баар, былырыын ахсынньы 13 күнүгэр Тэҥкэ нэһилиэгин баһылыгын талар сходка 96 киһи кыттыбытыттан, Светлана Игнатьева туһатыгар сонумсаҕа суох, кытаанах, дьиппиэ майгыларынан биллибит тэҥкэлэр 99,68 %-ра киниэхэ куоластаан «соһутан» тураллар. Туһугар биһиги улууска рекорд этэ. Онно эбии улууспут 26 нэһилиэгэр соҕотох дьахтар баһылык буолбута.
Биир бэйэм кистээбэккэ эттэхпинэ, күһүн-саас мэлдьи кэриэтэ тиэстэр Тэҥкэбэр сылы да кыайбат кэм иһигэр сайдыы өттүгэр итинник түргэн, балысхан да диэххэ сөптөөх, хамсааһын тахса охсуо дии санаабат этим. Бу иннинээҕи үлэлээбит бары баһылыктары сүөм да саҕаны намтаппакка туран эттэхпинэ, саҥа баһылык ыраах, (өһүргэммэт инилэр) түҥкэтэх Тэҥкэ сиригэр өрөбөлүүссүйэҕэ тэҥнээҕи оҥордо диэххэ сөп.
Босхо интернет
«Дьэ, онон» диэн баран, билиҥҥи Тэҥкэҕэ ыытыллыбыт, ыытыллар үлэ-хамнас туһунан Светлана Николаевна сэһэргээбититтэн сүрүннэрин эрэ сырдаттахха маннык.
Нэһилиэккэ быйыл сайын былааннаммыт үлэлэр үксүлэрэ туолбуттар. Ол курдук, улуус, өрөспүүбүлүкэ салалтатын, Инновационнай технология уонна сибээс министиэристибэтин, «Ростелеком» тэрилтэлэрин кытта ыкса, күүскэ үлэлэһии түмүгэр, интэриниэт ситимэ киирэн, күн бүгүн бары тэрилтэлэр интэриниэтинэн босхо туһаналлар. Бу үлэни салҕаан, тус сыаллаах федеральнай бырагыраамаҕа саҥаттан киирэн, билигин интэриниэти чааһынай дьиэлэргэ киллэриигэ үлэ ыытылар. Бу күннэргэ саҥа дьиэлэргэ, эргэ төлөпүөн ситимин баҕаналарын олохтоохтор бэйэлэрэ бэлэмнээн, сүүрбэччэ баҕананы «Ростелеком» тэрилтэтэ уларыппыт, салгыы төлөпүөн, интэриниэт киириитигэр үлэлиэхтээхтэр.
Сэрэтэр дьаһаллар
Нэһилиэк киинтэн төһө да тэйиччи, чөкө олордор, хамсык ыарыы элбии турарыттан сэрэхэдийэн, араас дьаһаллар ылыллыбыттар. Нэһилиэнньэҕэ анал аахсыйа тэрийэн, олохтоох балыыһаҕа мэдиссиинэ тэриллэрин ылан биэрбиттэр. Манна тэҥкэлэр бэйэлэрин урбаанньыт уоллара Евгений Ильин улахан көмөнү оҥорбут. Билиҥҥи туругунан, нэһилиэнньэ 76 %-а коронавируһу утары быһыыны ылбыт.
Баһаартан сэрэхтээх буолууга «АЛРОСА» хампаанньа икки бульдозерын кэпсэтэн, улуус дьаһалтатын кытта үлэлэһэн, сэлиэнньэ тула 10-12 миэтэрэ кэтиттээх минерализованнай балаһа оҥоһуллубут. Кыахтаах хампаанньаны кытта салгыы үлэлэһиэхпит диэн бэрт кэскиллээх былаан ылыллыбыт.
Үйэтитии үлэтэ
Тэҥкэ билиҥҥи оскуолатын туттарбыт, Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх учуутала Дмитрий Спиридонович Федоров төрөөбүтэ 100 сылынан, кини үлэлээбит оскуолатын иннигэр чугаһынан суох, бэртээхэй оҥоһуулаах бюст үөрүүлээх быһыыга-майгыга туруоруллубут. Бюһу Дмитрий Спиридонович төрөппүт уола, РФ үөрэҕириитин туйгуна, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх учуутала, Федоровтар учуутал династияларын аҕа баһылыга Валерий Дмитриевич уола Дмитрийдыын Санкт-Петербурка оҥотторбуттар.
Тэҥкэлэр биир киэн туттууларынан Георгий Петрович Яковлев буолара саарбахтаммат. Киниэхэ аналлаах мусуойга өрөмүөн үлэтэ ыытыллыбыт. Инникитин мусуой үлэтин хаттаан сөргүтүү, саІа эбии матырыйааллары хомуйуу соруга турар эбит. Маны таһынан оҕо оонньуур былаһааккатын эмиэ саҥа тыыннаан, өрөмүөннээбиттэр.
Уу – олох тыына
Тэҥкэлэр төһө да өрүс үрдүгэр олордоллор, иһэр ууларыгар улахан болҕомтону уураллар. Ол курдук, олохтоох бүддьүөттэрин кээмэйэ төһө да кырыымчык буоллар, 320 тыһ. солк. көрөн, ууну ыраастыыр ыстаансыйаҕа саҥа эбии тэрили ылбытын, «Саха Фильтр» тэрилтэ исписэлиистэрэ туруоран биэрбиттэр. Онон билигин тэҥкэлэр анал ыстандаарка эппиэттиир ууну ыйырбахтыыр кыахтаммыттар. Маны таһынан улуус дьаһалтатын көмөтүнэн, уу баһар массыыналарыгар саҥа пластик бааҕы оҥорторбуттар.
Биир үөрүүлээх түгэнинэн, былырыын саҕаламмыт сайыҥҥы уу ситимин тардыы үлэтэ быйыл атырдьах ыйыгар бүтэриллэн, олоххо киллэриллибитэ буолбут. Быйылгы үөрэх дьылыгар биир саҥа учуутал кэлэн, исписэлиистэр уопсайдарыгар олохсутуллубут. Тэҥкэҕэ билигин оскуола-саадка иитээччи, медпууҥҥа биэлсэр наадалар, түгэнинэн туһанан, онно ким баҕалааҕы ыҥыраллар. Тэҥкэ ытык сирэ эһигини үөрэ-көтө көрсүө дииллэр. Үлэлииргэ, олорорго бары усулуобуйа барыта олохтоммут.
Биэрэпискэ көхтөөхтүк
Бүтүн Арассыыйа үрдүнэн ыытылла турар нэһилиэнньэ биэрэпиһигигэр тэҥкэлэр улахан суолта биэрэн, көхтөөхтүк кытталлар. Билиҥҥитэ Судаарыстыба өҥөтүн оҥорор тэрилтэ нөҥүө 60-ча киһи биэрэпистэммит. Олохтоохтор бу биэрэпистэн күүтэллэрэ элбэх. Биэрэпис түмүгүнэн, нэһилиэнньэ ахсаана сүүстэн тахсар буоллаҕына, суотабай сибээс киирэрин күүтэллэр, уопсайынан даҕаны төһөнөн элбииллэр да, соччонон нэһилиэк социальнай-экэнэмиичэскэй балаһыаньата тупсуоҕар эрэнэллэр. Онно биир олугунан быйыл 5 оҕо күн сирин көрбүтэ, өссө да эбиллэр кэскил баара олохтоохтору үөрдэр. Тэҥкэ ыччат олохсуйар, үлэлиир, айар-тутар сирэ буолан эрэр дэһэллэр.
Ити курдук, нэһилиэк үүнэр-сайдар, улаатар. Олорор дьиэлэргэ уулуссалара ыйыллыбыт саҥа табличкалар ыйаммыттара даҕаны хайдах эрэ киһини олус сэргэхситэр буолар эбит. Быйылгы курдук уустук сайыҥҥа 445 туонна оту оттооннор, былааннарын 80 % толорбуттар. Сүөһү ахсаанын аҕыйаппат соругу туруорунан, отторо тиийбэт ыалларга көмөлөһөр санаалаахтар. Сылгыга ыарахан кыстык кэлээри турарыттан оруннаахтык дьиксинэллэр.
Бэйэбититтэн тутулуктаах
Кэпсээнин түмүгэр баһылык, тэҥкэлэр кийииттэрэ Светлана Николаевна маннык этэр:
Нэһилиэкпит сайдыыта, сарсыҥҥы күҥҥэ эрэллээх буолуубут бастатан туран, бэйэбититтэн тутулуктаах. Нэһилиэк хас биирдии олохтооҕо эдэриттэн кырдьаҕаһыттан тутулуга суох биир санаанан үлэлиирэ, саҥа сүүрээннэргэ көхтөөхтүк кыттара ситиһиигэ тирэх буолар. Үлэлииргэ-хамсыырга кимиэхэ баҕарар кыах бэриллэр.
Улууспут дьаһалтатыгар уонна тэрилтэлэригэр нэһилиэккэ ыытыллар бары үлэҕэ кыһалҕалары тэҥҥэ быһаарсалларын, өйөбүл-тирэх буолалларын иһин Тэҥкэ олохтоохторо улахан махталбытын биллэрэбит. Кэлэр сылга Саха Өрөспүүбүлүкэтэ төрүттэммитэ 100, Тэҥкэ туспа нэһилиэк буолбута 30 сылларынан былааннарбыт элбэхтэр.
Эдэр ыччат элбиэҕэ
Суруйуубун Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Тэҥкэ төрүт, ытык олохтооҕо, билигин 96 сааһыгар сылдьар Петр Константинович Яковлев «Тэҥкэ» диэн хоһоонун тылларынан түмүктүүбүн:
Сайдан, үүнэн чэчирээ саҥа үүммүт үйэҕэ
Төрөөн-үөскээн улааппыт, таптыыр сирбит Тэҥкэбит.
Сириҥ баайын туһанан ситиэ, тупсуо дойдубут
Эдэр ыччат элбиэҕэ, эрчим үлэ тэнийиэҕэ.
Борис Николаев, Сунтаар.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0