Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -19 oC

Ардай аһыылаах кыыллар, сур бөрөлөр, ааспыт ойуур баһаардарыттан күрүнэн Горнай улууһун өттүттэн Бүлүү улууһун Баппаҕаайы нэһилиэгин олохтоохторо оттуур сирдэринэн, Илбэҥэ дэриэбинэтиттэн балтараа көстөөх, Тураҥнаах диэн сылгылар мэччийэр сирдэригэр киирэннэр, биэс Дьөһөгөй оҕотун тарданнар, улахан аймалҕаны таһаарбыттара.

Ардай аһыылаах кыыллар, сур бөрөлөр, ааспыт ойуур баһаардарыттан күрүнэн Горнай улууһун өттүттэн Бүлүү улууһун Баппаҕаайы нэһилиэгин олохтоохторо оттуур сирдэринэн, Илбэҥэ дэриэбинэтиттэн балтараа көстөөх, Тураҥнаах диэн сылгылар мэччийэр сирдэригэр киирэннэр, биэс Дьөһөгөй оҕотун тарданнар, улахан аймалҕаны таһаарбыттара.

Хааччахха хаайыы

Баппаҕаайы нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыга Егор Афанасьевич Николаев суһал иһитиннэриини тутаат, уталыппакка дьаһал ылан, сылгылаах дьону мунньан, ардай аһыылаахтары уодьуганныырга быһаарыммыттара. Олохтоохтортон хомуллубут булчуттар биригээдэлэрэ бөрөлөр суолларын көрөн-истэн бараннар, нэһилиэк сиригэр-уотугар 14 бөрө кэлэн мустубутун быһаарбыттара. Сүбэлэһэн бараннар, булчуттар бу кутталлаах кыыллары Баппаҕаайы сириттэн салгыы ыыппат соругу ылынаннар, бултаһыыны саҕалаабыттара.

Кинилэр бөрөлөр сырыыларын үөрэтэн-чинчийэн баран, биолог-охотовед үөрэхтээх баһылыктара Егор Николаев дьаһалынан, аһыҥастаах үөрүн кыһыл былааҕынан тардыллыбыт тоһуур иһигэр ыган, биир сиргэ мунньан баран, тоһуурдаан бултуурга туруммуттара. Онон сис ойуурга «Буран» көлөнөн сылдьаннар, сороҕун сатыы кэрийэннэр, түөрт көс эргимтэлээх сиринэн кыһыл былаахтаах хаарчаҕы тардыбыттара. Итиэннэ күннэтэ ыганнар, бөрөлөр ыырдарын кыаратан, тоһуур эргимтэтин төһө кыалларынан аччатан испиттэрэ. Түөрт көстөөх эргитии иһигэр былаахтаах элбэх хааччаҕы саахыматтыы тардыбыттара.

Волк_-_2.jpg

Тоһуурдаан бултааһын

Ахсынньы 5 күнүгэр буркуннаабытын аахсыбакка, бөрөлөрү тоһуурга үүрэн бултааһыны саҕалаабыттара. Сити күн бөрөһүттэр биригээдэлэригэр эрдэттэн болдьоһон, улуус кииниттэн уонна Горнайтан баҕа өттүлэринэн хомуллубут отучча булчут кэлбитэ. Бөрөлөрү бултааһыны нэһилиэк баһылыга бэйэтэ иилээн-саҕалаан салайбыта.

Кыһыҥҥы күн кылгаһын учуоттааннар, булчуттар олохтоох дьаһалта дьиэтигэр сарсыарда эрдэ, өссө халлаан сырдыы илигинэ, бултааһын быраабылаларын туһунан инструктаһы ааспыттара, анал сурунаалга илии баттаабыттара, итиэннэ сып-сап хомунаннар, дэриэбинэттэн балтараа көстөөх сиргэ, Чэмпэрэ үрэх тардыытынан сытар Тураҥнаахха, ким вездеход массыыналарынан, алта булчут «Буранынан», икки булчут атынан бөрөлөрү бултуур сиргэ тиийэн, сарсыарда 9 чааһы ааһыыта болдьохтоох сиргэ мустубуттара.

Күн сырдыгын баттаһан, кинилэр араас саҥа технологиялары, холобур, моойго кэтэрдиллэр навигатор моойторугу, рациялары уонна салгыҥҥа көтөр видеокамералаах дрону туһананнар, үс сиринэн күрэх оҥорбуттара. Ол түмүгэр биир тыһы бөрө, кыһыл былаахтаах күөйүүнү бата, сыбардарынан күлүктэтэн күрээн эрэрин аттаах уонна «Бураннаах» булчуттар таба көрөннөр, тута ытыалааннар тохтоппуттара. Бу иннинэ идэтийбит бөрөһүт Анатолий Николаев биир бөрөнү хаптаппыта.

Сэттэ бөрө!

Ахсынньы 7 күнүгэр олохтоохтор үс сиринэн күрэх оҥороннор, түөрт ардай аһыылааҕы өлөрбүттэрэ. Онтон бу кэлин эбии биири сууһардылар.

– Онон барыта сэттэ бөрөнү бултаатыбыт, онтон түөрдэ тыһы, бары сиппит кыыллар, -- диир нэһилиэк баһылыга Егор Афанасьевич. – Билигин да сонордоһуу тохтообот.

Билигин булчуттар күннэтэ хааччах ыырын кыаратаннар, саҥаттан саҥа былаахтары тардаллар. Баһылык ааҕарынан, биэс хас кыыл, кутуруктара купчуйан, кэлэр-барар ыырдара кыараабытыттан аһыҥастаах оҕолоро кии буолар күннэрэ чугаһаабытын сэрэйэн, кыһыл былаахтаах хааччах иһигэр кирийэн бүктүлэр. Эбэтэр көҥүлгэ тахсар соргуну тобуланнар, кыһыл былаахтаах хаарчахтан төлө көтөннөр, ыаллыы сытар нэһилиэктэр сирдэринэн салгыы арбайдыы сундулуһуохтара турдаҕа дуу?                                                              

Волк_--_3.jpg

Баар эрээри, туһата суох

Бөрөлөрү бултааһын саҕаланыаҕыттан Баппаҕаайы бөрөһүттэрэ икки туонна кэриҥэ бенсиини туттубуттарын, биир «Буран» күҥҥэ 30 лиитэрэ уматыгы үрэрин туһунан Егор Афанасьевич кэпсиир. Олохтоох дьаһалта үбүнэн кыайан көмөлөһөр кыаҕа суох, Айылҕа харыстабылын департамена 200 лиитэрэ  бенсиини биэрбитэ биир күн аҥаарыгар эрэ тиийбит. Инньэ гынан, кыһалҕалаах дьон аһыҥастаах кыыллары уодьуганныыр туһуттан уматыктарын бэйэлэрэ хааччыналлар. Манна аны бу тимир көлөлөр хаппырыыстаан алдьанан, бу үлүгэрдээх тымныыга үгүс түбүгү үөскэтэллэрин эбиэххэ. Дьиҥинэн,  «Сахабулт» хампаанньа чэрчитинэн бултаммыт бөрөҕө төлөбүр диэн көрүллэр эрээри, ол харчы хамсааһына олус бытаан. Холобур, былырыын баппаҕаайылар 20 бөрөнү өлөрбүттэриттэн 14-дүн бу тэрилтэҕэ туттарбыттара -- харчыта күн бүгүнүгэр диэри суох. Оттон сонордоһууну тэрийэргэ көмө сибилигин наада эбээт.

Бөрөһүт көрсөр ороскуотун толуйар хайысхалаах Балаһыанньа улууска суох буолбатах эрээри, көдьүүһэ кыра. Ол туһунан ыйыталаспыппар, улуус баһылыгын бастакы солбуйааччы Иван Евсеев маннык быһаарда:

– Итинник Балаһыанньа улууска баар эрээри, булчут аналлаах көмөнү ылара олус уустук. Тоҕо диэтэххэ, Балаһыанньа быһыытынан, булчут бөрөнү бултууругар көрсүбүт ороскуоттарын сабынарыгар олус элбэх докумуон ирдэнэр, дьэ, олору хомуһар, тахсыбыт ороскуоту дакаастыыр ыарахан. Онон бу Балаһыанньа булчукка төрүт табыгаһа суох. Ол иһин Балаһыанньаҕа көннөрүүлэри киллэрэн, бу ырычааҕы судургутутан, бөрөһүт бөрөнү өлөрдө да, олохтоох дьаһалта бөрөнү чахчы өлөрбүтүн туһунан туоһулаан биэрбит ыспыраапкатыгар уонна бэтэринээринэй сулууспа исписэлииһэ толорбут аахта докумуонугар олоҕуран, бириэмийэ быһыытынан харчынан төлөөһүнү олохтоотоххо эрэ, бөрөһүт аһыҥастаах кыылы бултууругар көрсүбүт ороскуотун сабынар кыахтаныаҕа.

Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин чахчытынан өрөспүүбүлүкэҕэ:

2019 сыллаахха 218 бөрө,

2020 сыллаахха 220 бөрө,

быйыл 242 бөрө бултаммыт.

Түмүк оннугар

Бөрөһүт хоромньуну таһаарбат туһугар бултаһар, оттон бөрө аһаары бултаһар. Кинилэр иккиэн айылҕа анаабыт сонордьуттара. Өскөтүн бу кыыллар хааччахтан төлө көттөхтөрүнэ, төһөлөөх ороскуоту-ночооту оҥоруохтарай?        

                     
Сур бөрө                               
Сур бөрө уһуннук улуйда,                                 
Сис тыа оройун уйгуурдан,                                
Соҕотох кини өрүүтүн                               
Аһыҥастаах удьуорун утума.                                         
Сур бөрө билэрэ, өйдүүрэ,                                      
Сонордьут соргулаах сырыытын,                                
Дьүккүөрдээх аһыҥас баҕата                           
Сонорго саҥаттан сирдиирэ.                                    
Сур бөрө чэрдийбит баастара                               
Хапсыылаах түгэни нүөлүтэ санатар.                                    
Мэлдьитин кини кыайыылаах,                            
Өлөртөн тостубат соргулаах,                          
Сур бөрө айанын суолунан                               
Өрүүтүн батыһар сонордьут.                                     
Кэтэҕин өҥөйөр Өлүү тыын                                           
Кэнэйдии күрэтэр бөрөнү

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением