Ариана ханнык да художественнай кылааска үөрэммэтэҕэ. Кини кыракый Кыргыдайыгар оннук анал кыһа да диэн суох. Онон айылҕаттан дьоҕурдаах кыыс сүрэҕэ тугу сипсийэринэн дьүһүйэр. Ардыгар биир чаас иһигэр ойуулаан бүтэрэр. Сорох хартыыналарын хас да хонук суруйар.
Олус сэмэй-килбик кыысчаан оҕо уһуйааныгар сылдьан, мэниктээн сүүрэкэлээбэккэ, уу чуумпутук саҥата суох олорон, тугу эрэ харандааһынан тардыалаан бооччуйарын иитээччилэрэ бастаан бэлиэтии көрбүттэр. Бэйэтин сааһыгар бэркэ уруһуйдуурун наһаа сөхпүттэр.
Бу дьоҕурун сайыннарарыгар ийэтэ Марианна Кирилловна өҥөтө улахан. Кини кырачаан Арианаҕа харандаас, лиис биэрэн, ону-маны үтүгүннэрэн уруһуйдатара.
Онтон IV кылааска дьоҕурдаах кыыһы уруһуй уруогун учуутала Игорь Прокопьевич Степанов сэҥээрэн, ойуулуур-дьүһүннүүр искусство араас көрүҥнээҕин, тиэхиньикэлээҕин туһунан билиһиннэрбитэ, натюрморт диэн тугун, күлүгү түһэрии хайдаҕын үөрэппитэ.
--Алтыс кылааһы бүтэрэн баран, эмискэччи, соһуччу да диэххэ сөп, дьон мэтириэтин ойуулуур буолбутум. Ону чугас дьонум биһирии көрбүттэрэ: "Талааннаах эбиккин, инникитин бу дьарыккын хаһан да быраҕымаар", -- диэбиттэрэ. Итинник диэн Игорь Прокопьевич эмиэ этэн турардаах. Кинилэр ити тыллара бэйэбэр эрэлбин күүһүрдүбүттэрэ. Ааспыт үөрэх дьылыгар Игорь Прокопьевич көҕүлээн, оскуолабар бастакы айар быыстапкам тэриллибитэ. Киниэхэ улаханнык махтанабын.
Ариана бастаан боростуой, онтон өҥнөөх харандааһынан уруһуйдуура. Кэлин акварельга, гуашька көспүтэ. Билигин маслянайынан ойуулуур. Кини идэтийбит худуоһунньук буолар соругу туруорбат. Бу дьарыгын хобби эрэ курдук хаалларар санаалаах. «Бэйэ дьоҕурун бэйэ сайыннарара ордук. Мин улуу худуоһунньуктар И.И. Левитан, Леонардо да Винчи, И.Е. Репин, В.М. Васнецов хартыыналарын көрөн, элбэххэ үөрэнэбин. Кинилэр курдук үчүгэй мэтириэттэри, пейзажтары уруһуйдуохпун баҕарабын», -- диир.
Ити баҕа санаата туолуо, өскөтүн Ариана бу курдук илиитин араарбакка, мэлдьи таһаарыылаахтык айа-тута, айылҕаттан бэриллибит дьоҕурун сайыннара сырыттаҕына.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0