Киһи олоҕун хаачыстыбатын тупсарыы
XIX үйэ бүтүүтүгэр дойдуга буолбут дьалхааннаах кэрчик кэм инники күөҥҥэ сылдьар дьону таһаарбыта. Өссө биир түгэн 1990 сыллар саҕаланыыларыгар буолбута. Бу кэмҥэ өрөспүүбүлүкэбитигэр Михаил Ефимович Николаев Бэрэсидьиэнинэн талыллыбыта. Өрөспүүбүлүкэбит кыаҕа, тирэҕэ олугун охсубута. Саамай сүрүн, сөптөөх хамсаныы оҥоһуллубута.
Кини дойду үрдүкү сокуонунан – Конституциянан киэҥ бырааптаммыт субъектар төһөнөн күүһүрэллэр даҕаны, соччонон Арассыыйа элбэх омуктаах биир сомоҕо судаарыстыба быһыытынан күүһэ-уоҕа түргэнник уонна балысханнык сайдан күүһүрүөҕэ диэн идеята олохтооҕо көһүннэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтэ бүгүн атын эрэгийиэннэр ортолоругар инники күөҥҥэ сылдьар. Оттон отут сыл анараа өттүгэр бастакы Бэрэсидьиэнинэн торумнаммыт, хас биирдии киһи олоҕун хаачыстыбатын үрдэтиигэ туһуламмыт сүрүн национальнай хайысхалар: доруобуйа харыстабыла, оҕо аймах, ийэ, дьиэ кэргэн көмүскэлэ, духуобунас, чөл олох, үгэстэри уонна төрүт култуураны сөргүтүү бүгүҥҥү күҥҥэ дойду бүттүүнүн таһымыгар сайдыы национальнай бастакы суолталаах туһаайыыларынан буоллулар. Ити хайысхалартан саамай сүрүнэ – хас биирдии киһи олоҕун хаачыстыбатын тупсарарга дьулуһуу Михаил Ефимовичка мэлдьи бастакы миэстэҕэ турбута. Саамай суолталааҕа — кини онуоха туһуламмыт бэлиитикэтэ дьоҥҥо барытыгар өйдөнөрө, хас биирдии киһиэхэ тиийэрэ…
Дьоҥҥо холобур буолар олоҕо
85 саас – ытык саас. Михаил Ефимович бу сааһын сүһүөҕүн үрдүгэр, дьонун-сэргэтин кытта үлэлии сылдьан көрсөрө хайҕаллаах. Саҥа үөскээн эрэр көлүөнэ саха бастакы Бэрэсидьиэнин көрөн, ытыктабылларын иҥэрэн олохторугар холобур оҥостуохтара. Кинилэргэ норуоппут үгэһин, сиэрин-туомун, историятын олохсутуохтаахпыт, харыстыахтаахпыт, манна үлэлээбит-хамсаабыт дьону үрдүктүк тутуохтаахпыт диэн санаа үөскүөхтээх. Судаарыстыбаннаспыт историята силиһэ-мутуга хара маҥнайгыттан чиргэл, чэгиэн буоллаҕына, киниттэн силигилээн тахсар Аал Луук Мас күөх уонна чөл буолуоҕа. Айылҕа барахсаҥҥа хайа да бэйэлээх аарыма, модун тиит силиһиттэн тутулуктаах, сибээстээх. Ол тэҥэ сахабыт саарына төрөөбүт төрүт буорун, дьонун-сэргэтин куруутун чугастык саныыр, тирэх, өйөбүл буолар.
Уостубат таптал кистэлэҥэ
Саха сирин бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев улахан бэлиитикэҕэ уһун үйэлэниитин уонна норуот киниэхэ уостубат тапталын кистэлэҥэ туохханый? 90-с сайа охсор көҥүл тыалын кытта тэҥҥэ уларыта тутуу дьалхааннаах сылларыгар дойдубут улахан тургутууну ааспыта. Бу уустук сылларга Михаил Николаев Саха сирин союзнай өрөспүүбүлүкэлэри кытта биир таһымҥа туруорбутун ааһан, Киинтэн сүүнэ өйөбүлү ылары ситиспитэ. Ити сылларга олох-дьаһах төһө да уустугун иһин, норуот кута-сүрэ уһуктан, өйдүүн-санаалыын уларыйан, бэйэтин омук быһыытынан билиниитэ, ис туруга күүһүрүүтэ хаһааҥҥытааҕар да үрдүк таһымҥа тахсыбыта. Экэниэмикэҕэ дьаһаллары сэргэ духуобунаска, култуураҕа, үөрэхтээһиҥҥэ, дьиэ кэргэн экэниэмикэтигэр болҕомто ууруллан, национальнай култуураны, ыһыаҕы, олоҥхону, сиэри-туому, төрүт итэҕэли сөргүтүү идеялара норуоту сомоҕолообуттара уонна уустук кэми этэҥҥэ аһарарга көмөлөспүттэрэ.
Тыа сирин туруктаах сайыннарыы
Бүгүҥҥү кэм үктэлиттэн олоххо, үлэҕэ улахан тургутууну ааспыт киһи быһыытынан, Михаил Николаев саха норуотугар туһаайан, 5 сыл анараа өттүгэр, сүбэлээбитэ билигин даҕаны суолтатын сүтэрбэт:
— Саҥа Саха сирин сайдыытын бөҕө акылаатын түһэрдигит, ситиһиллибити харыстааҥ уонна байытыҥ, өбүгэлэрбит бэлэх гынан хаалларбыт бу уйгу-быйаҥ сирдэринэн киэн туттуҥ, харыстааҥ уонна таптааҥ! Норуот сайдыыга талбыт суолуттан хаһан да туоруо суоҕа диэн эрэнэбин. Бүгүн олоххо элбэҕи билбит-көрбүт, өрөспүүбүлүкэтээҕи уонна федеральнай таһымнарга үлэ улахан үөрүйэхтэрин санныбытыгар сүкпүт дьон быһыытынан, биһиги уопсастыба өйүн-санаатын, ис кыаҕын күннээҕинэн олоруу көлөһүнүттэн босхолоон үүнүү-сайдыы суолун тутуһууга туһаайарбыт наадалаах. Манна биһиги норуоппут бэйэтигэр иитиэхтээн илдьэ сылдьар күүстээх ис тускулун, духуобунай уонна сиэр-майгы өттүнэн ураты кыаҕын олохпутун тупсарарга арыйыы, туһаайыы – сайдыыбытын түргэтэтэр кыахтаах... Тыа сиригэр бэйэ хаһаайыстыбатын сайыннарыы – бу дьарыктаах буолуу, тыа сирин дьонун дохуота улаатыыта, үлэ көрүҥэ. Дьиэ кэргэн экэниэмикэтин сайыннарыы – үп-харчы өттүнэн туруктаах буолууну хааччыйарын ааһан, эдэр дьоҥҥо иитэр-үөрэтэр сүдү оруоллаах. Оттон оҥорон таһаарыы кооперация сайдыыта – соҕотуопкалыыр уонна тыа хаһаайыстыбатын ордор бородууксуйатын астыыр, элбэтэр, о.д.а. үгүс кыаҕы биэрэр. Биһиги тыабыт сирин сайдар кыаҕа, кэскилэ, дьиҥинэн, олус улахан. Тыа сирдэригэр урутаан сайдыы сирдэрэ-уоттара үөскэтиллиэхтээхтэр, сири толкуйдаан туһаныы, өрөспүүбүлүкэтээҕи суолталаах ураты экэнэмиичэскэй түөлбэлэр, бөдөҥ бырайыактар. Биир тылынан эттэххэ, тыа сирин сайдыытыгар кэлим, киэҥ хабааннаах уонна чопчу сыаллаах сыһыан наада. Тыа сирдэрин сайдыытыгар ирдэнэр хапытаалы биһиги өссө да уга иликпит, саҥалыы көрүүлээх, күннээҕи уонна кэскиллээх соруктары дьүөрэлээн, аныгылыы табыгастаахтык быһаарар кадрдары ситэ бэлэмнии иликпит.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0