Оттон биһиэхэ, саха итэҕэлинэн, уон икки сыллаах кыра мөһүлгэнэн, үүнэр сылбыт Одун Хаан сыла буолар. Саҥа сыл суолтатын уонна тугу тосхойуоҕун туһунан кэпсииригэр көрдөспүппүтүгэр, биология наукатын дуоктара Гавриил Угаров-Эһээ Дьыл маннык сэһэргээтэ:
Саҥа дьыл дуу, Саҥа сыл дуу?
Тохсунньу 1 күнүгэр биһиги Саҥа сылы куруук буоларын курдук үөрүүлээхтик бэлиэтиибит. Манна дьэ, хас да ыйытыы үөскүүр.
Бастакытынан, Саҥа дьылы көрсөбүт дуу, Саҥа сылы дуу? Саха киһитэ сүөһү баайдаах буолан, күн-дьыл уларыйыытын бэркэ билэрэ. Онон ынах сүөһү кыстыкка киирэн, бэлэм оту сиир кэмин “дьыл” диэн ааттыыра. Дьыл кыһыны кытта тэҥҥэ, алтынньы 14 күнүгэр кэлэр, ыам ыйын 22 күнүгэр бүтэр, ол аата уһуна 220 хонук. Ол иһин, олунньу 1 күнүгэр «дьыл оройо үүннэ» диэн аһын-үөлүн, отун-маһын саппааһын көрүнэрэ. Өскөтүн ити күн от-мас, ас-үөл саппааһын аҥаара хаалбыт буоллаҕына, дьылы этэҥҥэ туораан, күөххэ үктэнэр кыахтаммыппын эбит диэн эрэх-турах сананара. “Сыл” диэн саха төгүрүк сылы ааттыыр. Дьэ онон, биһиги дьиҥинэн григорианскай кэрдииһинньигинэн тохсунньу 1 күнүгэр Саҥа дьылы буолбакка, Саҥа сылы көрсөбүт.
Иккиһинэн, туох сылын көрсөбүтүй? Кытайдыы Тиигир сылын көрсөбүт. Былыргы саха Тиигири билэрэ, «Баабыр» диэн ааттыыра, ол эрээри дьылы кытары ситимнээһин суох буоллаҕа. Бу кэлин, Кытай күүһүрэн-кыаҕыран, аан дойдуга биллэр-көтөр буолан, илиҥҥи халандаары билинэр буоллулар. Ол эрээри, сорох чинчийээччилэр күнү-дьылы кыыллар уобарастарын кытары ситимнээһин былыргы түүрдэргэ баара, өссө бастаан кинилэр оҥорбуттарын кытайдар сүһэн ылбыттара дииллэр.
Таҥарианство итэҕэлинэн, сыллары уонна ыйдары Үөһээҥҥи Айыылары кытта Сирдээҕи иччилэр, ол эбэтэр Таҥара Орто дойдуга олохтообут үлэһиттэрэ, кыттыһан салайаллар. Саҥа 2022 сылы Одун Хаан (Үөһээҥҥи Айыы) уонна Ытык Чыыбыстаан (Сирдээҕи Айыы, Тыл иччитэ) дьаһайаллар.
Ыарыыттан босхолонуу
Бэрт охсуулаах сыл ааһан эрэр. Таҥнары аҕытаассыйаны истэн, нэһилиэнньэ коронавируһу утары быһыыны кэмигэр ылбакка, ыарыы тарҕаныыта улаатан хаалбыта. Дьиҥинэн быһыы айыллыбыта ыраатта уонна сайдыы хаамыытынан технологията эрэ уларыйан иһэр. Урут ыарытыннарар күүһэ мөлтөөбүт вируһу, бактерияны ыланнар, быһыы оҥороллоро. Холобур, ынах уоспатын вируһунан киһиэхэ быһыы оҥорон, киһи организма дьиҥнээх уоспаны утары күүстэнэрин ситиспиттэрэ. Инньэ гынан араас эпидемиялары бохсоннор, киһи аймаҕы быыһаан-абыраан кэллэхтэрэ.
Быһыыны ылбыт киһи ыалдьар. Ыалдьыахтаах даҕаны, итинэн антитела, иммунитет үөскээн, дьиҥнээх ыарыыга хаптардаххына, кэм халымырдык аһарынаҕын. Атыннык эттэххэ, көмүскэллээх буолаҕын. Дьон итини өйдөөннөр, кэлин быһыыны балачча ыла сатаатылар. Онон үүнэр сылга бу ыарыыттан босхолонуохпут. Саҥа сыл улахан сонуна ити буолар.
Мунньуллубут күүс тахсыаҕа
Пандемия кэмигэр хааччахха олорон, дьон иллэҥсийэн, элбэҕи толкуйдаата, ырытта-ырыҥалаата, тобулла, айда, билигин дьэ, ону туһаҕа таһаарарга, олоххо киллэрэргэ дьулуһуоҕа. Атыннык эттэххэ, мунньулла сылдьыбыт ис күүс, энергия тахсан, уларыйыы, сайдыы өттүгэр улахан хамсааһын барыаҕа. Кэнники икки сылга олоҕу атын харахпытынан көрөр-истэр итиэннэ сыаналыыр буоллубут.
Саха мындыр, дьоҕурдаах уонна талааннаах омук. Ханнык баҕарар эйгэҕэ сыста охсон, ону дөбөҥнүк ылынар, баһылыыр уратылаах. «Саха сатаабатаҕа суох» диэн мээнэҕэ этиллибэт. Онуоха туох барыта үптэн-харчыттан тутулуктааҕын быһыытынан, үрдүкү салалта өйүөн наада, араас граннары олохтоон. Сэбиэскэй былаас саҕана харчыны абааһы көрөргө иитэллэрэ гынан баран, харчы олоҕу хамсатар күүстээҕин билиниэххэ наада. Харчы суоҕа, үп тиийбэтэ саҥаны айыыны, науканы, оҥоһуллубут олоххо киирэрин атахтыырын бары билэбит.
Үүнэр сыл Одун Хаан уонна Ытык Чыыбыстаан дьаһайар сыллара диэтим дии. Чопчулаан эттэххэ, Ытык Чыыбыстаан туруорсуутунан уонна салалтатынан, 2022 сылга тылга, итэҕэлгэ улахан болҕомто ууруллуоҕа. Дьон кэрэхсэбилин саха итэҕэлин биир кэскиллээх хайысхата, Таҥарианство, ылыаҕа.
Күн-дьыл туруга
Ааспыт өттүгэр күнү-дьылы билгэлээһин чуолкай соҕус буоллаҕына, билигин халлааммыт уларыйа турар. Кэлэн испит тыал хайысхатын уларыта охсор, түһүөхтээх хаары (ардаҕы) илдьэ барар уо.д.а. Ити иһин, бэл, этэргэ дылы, тииһигэр тиийэ аныгы компьютер технологиятынан сэбилэммит метеорология сулууспата чугастааҕы үс хонук иһинэн күн-дьыл туругун туһунан чопчу билгэлээһини кыайан оҥорбот буолла. Холобур, былырыын улахан тымныылаах кыһын буолуо диэн ким даҕаны эппэтэҕэ, билбэтэҕэ дии. Иллэрээ сыл баччаларга ковид ыарыы туруо диэн билэр этибит дуо? «2020 сыл ордук хонуктаах, чорбохтоох, дьаҥ кэлиэн сөп», -- диэн көннөрү уопсай тылынан эрэ муҥурдаммыппыт. Пандемия аан дойдуну бүтүннүүтүн сабардаан, күүстээхтик кэлиэ диэн ким сэрэйиэ баарай? Онон билигин билгэлээһини оҥорор ыарахан. Сайыны кыһынынан сылыктыылар, оттон быйыл ахсынньы наһаа тымныйбата. Тохсунньубут дьэ, хайыыр?
Ойуур баһаардара
Уот кураан сатыылаан, ааспыт сайын ойуур баһаардара бөҕө буолан аастылар... Ити эрээри куһаҕан үчүгэйэ суох буолбатын өйдүүр эмиэ наада. Саамай сүрүнэ маннык кыһалҕа баарын дойду салалтата билиннэ, ону быһаарарга улахан болҕомтотун уурда. Боппуруоһу дьаалатынан ыытар сатаммат эбит, үбү-харчыны эбии көрөн, ааспыт сылларга атарахсытыллыбыт, хас да түһүмэхтээн сарбыллыбыт ойууру көрөр-истэр, кытарартан араҥаччылыыр сулууспалары чөлүгэр түһэрдэххэ, кинилэр материальнай-тэхиньиичэскэй баазаларын хаҥаттахха, күүһүртэххэ сатаныыһы диэн түмүк оҥоһунна. Онон, ойуурга уот саҥа туран эрэр кэмигэр саба тутан умуруорар кыах үөскэтиллиэҕэ.
Иккиһинэн, сопхуостар ыһыллыахтарыттан сир бөҕөтө быраҕыллан, онуоха эбии өртөөһүн бобуллан, ханна даҕаны лаҥха, сэтиэнэх мунньуллубутун, дьэ ол саҕаһа буолан, кыра да кыымтан уот күөдьүйэн тахсар куттала улааппытын бары билэбит. Инньэ гынан, бу ааспыт баһаардарынан айылҕа бэйэтин бэйэтэ ыраастанарыгар күһэйдибит. Өссө соҕуруу уобаластарга уоту ыытар, умайа сылдьар лабааны ытыран илдьэн, саҥа сиргэ быраҕар көтөрдөр бааллар диэн суруйаллар. Айылҕа ыраастанар сокуона буоллаҕа. Онон аны сайыҥҥыттан ойуур баһаардарын арыый умна быһыытыйыахпыт диэн эрэниэхпин баҕарабын. Сыыйа ойуурбут чөлүгэр түһэн киирэн барыаҕа.
Манна өссө биири бэлиэтиэм этэ, Бүтүн Арассыыйа үрдүнэн үөскээбит бу кыһалҕаҕа дойду салалтатын болҕомтотун биһиги Ил Дархаммыт Айсен Николаев тарта. Кини туруорсуутунан ойуур хаһаайыстыбаларыгар сыһыан уларыйара ситиһилиннэ.
Дьыл оҕуһа
Саха кэрдииһинньигинэн кыһын тымныйыыта Дьыл оҕуһун муоһа үүнэрин уонна түһэрин кытары ситимнээх. Дьыл оҕуһун бастакы муоһа сэтинньи 8 күнүгэр үүнэр, итинтэн ыла кыһыҥҥы тымныы түһүүтэ саҕаланар, бу муос сэтинньи 20 күнүгэр ситэр. Иккис муос ахсынны 21 күнүгэр тахсар, тымныы эрээри, муос уһуктана илигинэн, ахсынньы тохсунньутааҕар арыый сымнаһыар. Тохсунньу 8 күнүгэр Дьыл оҕуһун муостарын төбөтө ситэр, тымныыбыт өрөгөйө буолар. Тохсунньу 31 күнүгэр муостар кылааннара кыларыйар, бытарҕан тымныы аҕырымныыр. Олунньу 12 уонна 24 күннэригэр муостар түһэллэр, онон олунньу ортотугар, бүтүөр да диэри тымныы син биир турар.
Былыр Сэлиини (мааманы) «Уу оҕуһа» дииллэрэ, аһыытын «муоһа» дии саныыллара. Сэлии муоһун сыыр сирэйэ сууллан түспүт сириттэн буланнар, Уу оҕуһун муоһа тымныыны түһэрэр эбит диэн өйдөбүл үөскээбит. Күн-дьыл ааһан истэҕин аайы, Уу оҕуһун муоһа үүнэрин-түһэрин быһаччы Оҕус муоһа үүммүт-түспүт диир буолбуттар.
Дьыл оҕуһун сүүнэ улахан муостаах дьиэ оҕуһун курдук саныыр эбиттэр.
Дьиҥинэн олоҥхо курдук сүдү эпоһы айбыт омук тымныы иччитин (Дьыл оҕуһун) сүрдээн-кэптээн өйдүүр буолуохтаах диэн, Дьыл оҕуһун былыргы өйдөбүлүгэр тирэҕирэн, Эһээ Дьыл оҕуһун, Тымныы Иччитин, саҥа дьүһүнүн оҥордум. Бу оҕус үс кыыл (сэлии, дьиэ оҕуһа уонна тайах) холбоспут сиэнчэр төрүөх. Эһээ Дьыл оҕуһун муоһа тайах муоһун кытары бииргэ үүммүтэ кыһын Оҕус муоһа үүнэрин, саас муос утуу-субуу түһэрин санатар.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0