Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -19 oC

Сайыммыт ортолоото. Оҕуруот аһын номнуо сиэн ырааттыбыт. Оҕуруоту көрүү кистэлэҥнэрин туһунан хаһыат бастайааннай сүбэһитэ Женни Бурнашева биһиэхэ маннык кэпсиир.

Сайыммыт ортолоото. Оҕуруот аһын номнуо сиэн ырааттыбыт. Оҕуруоту көрүү кистэлэҥнэрин туһунан хаһыат бастайааннай сүбэһитэ Женни Бурнашева биһиэхэ маннык кэпсиир.

Оҕурсу

Оҕурсуну аһатыы

Эбии аһатарга сэбирдэхтээх оту кыра баакка ууга  уган сытытыллар. Манна оҕурсу бэйэтин сэбирдэҕэ да барсар. 10 күн ааспытын кэннэ нэдиэлэҕэ биирдэ ол булкадыһыгы (раствор) кутуллар. Икки нэдиэлэҕэ биирдэ  биэдэрэ ууга  испиискэ хоруопкатынан оһох күлүн кутабын. Булкуйан баран, оҕурсуларга барыларыгар үллэрэбин. Кылаабынайа, күл туох да бөҕө сыыһа суох буолуохтаах, аҥаардас мас эрэ күлэ.

Маны сэргэ сымыыт хаҕынан эбии аһатыы диэн баар. Бу кальцийынан аһатыы диэн буолар. Оҕурсу үүнэр буоругар кальций тиийбэт буоллаҕына, укка тахсыбыт астар ситэ улааппаттар, хатан, өлөн иһэллэр уонна оҕурсу сэбирдэхтэрэ аллара диэки намылыйан үүнэр буолаллар. Оннук түбэлтэҕэ 7, 8 устуука сымыыт хаҕын хас да күн хатарабыт уонна бытарытабыт.  Ону биэдэрэ аҥаара ууга суурайабыт уонна укка барытыгар үллэрэн кутабыт.

db3fa39e 3251 4e67 9bc2 5fec6c96de14 копия

Ууну кутуу быраабылалара

Оҕурсу  90 %-на ууттан турар. Ситэ уу кутуллубатах буоллаҕына, оҕурсу амтана аһыы уонна ортото тэһэҕэстээх буолар. Сайыҥҥы ситиминэн кэлэр ууну хоннорон баран кутар ордук. Тоҕо диэ­тэххэ, скважина уута метан диэн газтаах буолар, ол оҕуруокка соччото суох.

Төһөнөн элбэх уу кутуллар да, оччонон оҕурсу түргэнник аһа улаатар. Аһа үөскүүр бириэмэтигэр түөрт ук­ка 10 лиитэрэ уу кутуллуохтаах. Уу хайаан да тэпилииссэҕэ хоммут буолуон наада. Ол  иһин киэһэ кутар ордук. Күннээххэ куттахха, сэбирдэхтэрэ умайыан сөп. Ардахтаах, тымныы күҥҥэ биир, икки күн кутумуохха сөп. Итиэннэ ууну лиэйкэнэн кутар ордук, тоҕо диэтэххэ, оҕурсу силиһэ наһаа дириҥник үүммэт. Силиһэ ыалдьыбатын  уонна салгынынан хааччылларын туһугар буоругар кыра маһынан хайаҕастары сотору-сотору оҥоһуллуохтаах.

Оҕурсу аһа тахсан иһэн саһаран өлөр буоллаҕына, ол аата эбии аһылык тиийбэт уонна ууну сыыһа кутууттан тахсар. Ас үөскүүр кэмигэр уу икки төгүл элбэхтик кутуллуохтаах. Саһарбыт оҕурсулары ылан баран, аттыгар баар сэбирдэхтэрин кырыйыллар.  Умнаһа 60 см курдук сэбирдэҕэ суох хааллаҕына, эрийэ тутан баран, сэрэнэн буорга көмүллэр. Кыра мастарынан туттарыахха сөп. Көмпүт умнаспыт силис буолар. Ити кэнниттэн үчүгэйдик эбии аһатыахха наада. Быраабыла быһыытынан нитрофосфат, суперфосфат, гумат уонна да атын эбии аһылыктар кутуллуохтаахтар. Ону тыа сирин киһитэ үксэ булар кыаҕа суох. Ол иһин боростуой ньыманы ити эттим.

Оҕурсуну көрүүгэ тэттик сүбэлэр

Оҕурсу аһын аттыгар биир сэбирдэхтээх буолар. Аһа ситтэҕинэ эбэтэр саһаран өлөн хаалбыт буоллаҕына, ол сэбирдэҕи кырыйыллар. Оҕурсулаах сэбирдэҕи быстахха, аһа ситэ үүнүө суоҕа.

Аһатыыга ынах ноһуомун элбэҕи кутар соччото суох – үүнээйи силиһин быһа сиир. Итиэннэ сибиэһэйдии туттубаттар. 200-тээх буочукаҕа 2 устуука ынах сааҕын куттаххына сөп буолар. Бу түөрт, биэс күн туруон наада. Тэпилииссэ буоругар балбаах булкааһа элбэх буоллаҕына, ынах сибиэһэй ноһуомун туттумуохха да сөп. Азотнай уоҕурдуу элбээтэҕинэ, оҕурсу ото эрэ үүнүө, аһын биэриэ суоҕа.

Помидор

Помидор аһатыыта

Помидору аһатарга биэдэрэҕэ ууга 1 остолобуой ньуоска гумат натрия, 2 остолобуой ньуоска суперфосфат диэн эбии аһылыгы суурайыллар. Биир укка биирдии лиитэрэни кутуллар.

Бу маннык уоҕурдуулар суох буоллахтарына, 100 лиитэрэлээх буочукаҕа биэс киилэ оту сытытыллар, онно  ынах ноһуомун,  хомпуот бааҥкатынан оһох күлүн (мас  күлэ эрэ буолуохтаах, бөҕө-саҕа суох) уонна сымыыт буспут уутун кутуллар. Булкуйан баран, биир нэдиэлэ кэтэһиллэр. Ол кэнниттэн бу уоҕурдуунан нэдиэлэҕэ биирдэ помидордары аһатыллар. Биир укка биир лиитэрэ тиксиэхтээх.

69e8635c 5ccb 42b7 9c23 3f98fb6eef17 копия

Ууну кутуу быраабылалара

Помидор элбэх ууну сөбүлүүр. 15 см курдук дириҥнээхтик  буора инчэйиэхтээх. Ону тарбаҕы уган бэрэбиэркэлэниллэр. Наһаа чаастатык уонна кыра ууну кутар буоллахха, силиһэ ситэ сайдыбат. Киэһэ лиэйкэнэн кутар ордук. Сэбирдэҕин таарыйбакка, буоругар кутуллуохтаах. Оннук гымматахха, сэбирдэҕэ ыалдьыан сөп.

Помидору көрүүгэ тэттик сүбэлэр

Помидору сөпкө хоннохтуохха наада, оччоҕо элбэх ас биэриэ. Сибэккилэнэн баран ас биэрбэт буоллаҕына, умнаһыттан тутан сахсыйыллар, ол аата буоһатыы.

Сорох суорт помидордар хоннохтоммоттор уонна бэйэлэрэ буоһуур буолааччылар. Сиэмэни атыылаһан баран, таһырдьа дуу, тэпилииссэҕэ дуу үүнэрин билэн баран, ону хайаан да тутуһар оруннаах. Аһаҕас сиргэ үүнэр помидор үгүс өттүгэр хоннохтоммот. Помидор салгыны, тыалы сөбүлүүр. Тэпилииссэҕэ үүнэр буоллаҕына, ааны аһаҕас хаалларыллар.

Биэрэс көрүүтэ уратылаах

Биэрэһи аһатыы оҕурсуттан, помидортан атын буолар. 100 лиитэрэлээх буочукаҕа күөх от,  биирдии  биэдэрэ ынах, сылгы ноһуомун уонна чеснок, луук хахтарын кутуллар. Биир нэдиэлэ тура түһүөн наада. Сиидэлээн баран, хас биирдии биэрэскэ биирдии лиитэрэ тиксэр гына кутуллар. Маннык нэдиэлэҕэ биирдэ аһатыллар. Маҥнайгынан  кытарбыт биэрэһи туурар табыллыбат.  Атыттар кытаралларыгар көмөлөһөр. Сиппит биэрэһи тууран иһэр наада. Олус улааттаҕына, атыттары үүннэриэ суоҕа.

Кабачогу көрүү-харайыы

Аһа саһаран баран, сытыйан өлөр буол­лаҕына, ол аата наһаа элбэх тымныы уу кутуллар эбит. Тэпилииссэҕэ хоммут ууну сөбүлүүр. Эбэтэр сылытан баран кутуохха сөп.

Кабачокка хайаан да атыыр уонна тыһы сибэкки  баар буолаллар. Куоппаһырдыыны сарсыарда  оҥоһуллуохтаах. Сибэккитэ барыта атыыр буоллаҕына тууран ылыллар.  Барыта тыһы буоллаҕына, 1 чаайынай ньуоска мүөтү биир ыстакаан сылаас ууга суурайан баран ыстарыллар.

Кабачок бастакы аһа 15-25 см буоллаҕына быһыллар, онтон атыттарын ситтэхтэринэ ылыллар. Сэбирдэҕэ наһаа улааттаҕына, аһын күлүктүүр, онон алларааҥҥы сэбирдэхтэрин быһыахха наада. 3-4 эрэ устууканы быһар сөп. Элбэҕи быстахха, кабачок ыалдьыан сөп.

dc14ba32 eb77 4684 ab0c 12f42bc5d750 копия

Эбии аһатыы

Биэдэрэ ууга 2 остолобуой ньуоска «Идеал» диэн уоҕурдууну булкуйуллар. Маны нэдиэлэ аайы киэһэ биир укка биир лиитэрэни кутуллар.

Кабачок саҥа астаммыт буоллаҕына, 10 лиитэрэ ууга 2 остолобуой ньуоска «нитрофоска” диэн уоҕурдууну кутар ордук. Нэдиэлэ аайы иккилии лиитэрэни кутан аһатыллар. «Нитрофоска” булбатахха, 10 лиитэрэ ууга 2 остолобуой ньуоска «Идеал” диэн уоҕурдуу эмиэ барсар. Маны нэдиэлэ аайы биир укка биирдии лиитэрэни куттахха үчүгэй.

Кабачок төбөтүттэн сытыйан өлөр буол­лаҕына, ол аата ууну сыыһа кутартан тахсар. Элбэх уонна тымныы уу кутуллара сыыһа. Кабачок сылаас ууну сөбүлүүр.  Уу 22-25  кыраадыс сылаас буолуон наада.

Кабачок буорун көбүтэр наадата суох, силиһэ алдьанара табыллыбат. Ууну сэбирдэҕин инчэппэккэ эрэ кутуллуохтаах.

  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением