Биир үтүө күн баран, сыананы сыныйан көрдүм. Олохтоох оҕуруотчуттар киилэ оҕурсулара 100 солк. диэри түспүт. Мин көрдөхпүнэ, оҕурсу эрэ арыый чэпчээбит. Күөх үүнээйи сүүмэҕэ 50 солк. сыаналаах. Олохтоох хаппыыста 100 солк., Казахстантан аҕалыллыбыт 80 солк. тураллар. Краснодартан аҕалыллыбыт хортуоппуй 100 солк. саҕаланар. Помидор сыаната кыһыҥҥытын курдук, түспэтэх диэн көрдүм – 200 солк.
Оҕуруот аһын дьаарыстыы сылдьар атыылааччыга тиийэн сыана туһунан кэпсэттим. Онуоха кини: “Билигин хаппыыста, помидор, хортуоппуй аһын өлгөмнүк биэрэ илик. Бу бары кэлии астар сыталлар. Холобур, хаппыыста Казахстантан аҕалыллыбыт, олохтоох оҕуруотчуттар киэннэрэ дьэ үүнэн эрэр. Помидору Кытайтан эбэтэр Краснодартан аҕалаллар. Хортуоппуй эмиэ атын эригийиэн киэнэ. Билиҥҥитэ маннааҕы оҕуруот астарыттан оҕурсу, күөх үүнээйи, салаат бааллар. «Крестьянскай» ырыынакка оҕуруот аһын сыаната от ыйын ортотуттан түһээччи”, -- диэн кэпсээтэ.
Мин ылыахтаах оҕуруотум аһын атыылаһан баран, бэйэ оҕуруоттаах дьон абыраммыттар эбит диэн санаатым. Саамай сүрүнэ, үүннэрбит үүнээйилэрин үчүгэйдик бүөбэйдээн көрдөхтөрүнэ, самаан сайын устата оҕуруот аһын хото сииллэр, кыһыҥҥыга хаһаас оҥостоллор буоллаҕа. Кинилэргэ анаан “Тускар туһан” балаһабытыгар сүбэ-ама биэрэбит.
Варвара Семенова сүбэлэрэ
Соторутааҕыта “Бичик” национальнай кинигэтин кыһата “Блокнот садовода-огородника Якутии” диэн кинигэ-блокноту бэчээттээн таһаарбыта. Кинигэни Арассыыйа наукаларын академиятын хотугу салаатын Саха сиринээҕи Криолитозонаҕа кыһалҕаларыгар биологическай институтун Ботаническай саадын старшай, научнай үлэһитэ, биологическай наука кандидата Варвара Васильевна Семенова оҥорбут. Кини киирии тылыгар Габышева Сардана Петровнаҕа уонна сүбэ биэрбит оҕуруотчуттарга Агафья Тарасоваҕа, Евдокия Гаврильеваҕа, Ариана Малышеваҕа, Мария Мигалкинаҕа, Екатерина Афанасьеваҕа махтанар. Кинигэҕэ суруллубут ханнык баҕарар оҕуруотчукка олус туһалаах сүбэлэри-амалары манна таһаарабыт.
Билигин да олордуохха сөп
От ыйын 20 күнүгэр диэри редисканы, салааты, укробу, луугу, шпинаты аһаҕас сиргэ кирээдэҕэ иккистээн ыһыахха сөп. Маны таһынан эрдэ олордуллубут оҕуруот аһын уоҕурдуллуохтаах, үүнээйини кэбирэтэр үөннэри кытары охсуһар үлэтэ ыытыллыахтаах. Кинигэҕэ бу хайысханан араас сүбэлэри биэрбиттэр.
Үүнээйи улаатарын көҕүлээччилэр. Бу – үүнээйи килиэккэлэрэ түҥэтиһэн тарҕаналларын көҕүлүүр вещество. Оччотугар үүнээйи түргэнник үүнэр. Үүнээйи улаатарын көҕүлүүр вещество икки көрүҥнээх – айылҕаттан төрүттээх уонна синтетическэй. Айылҕаттан төрүттээххэ фитогормоннар сыһыаннаахтар, синтетическэйдэргэ фитогормоннарга майгыннатан оҥоһуллубут веществолар.
М.С.Мигалкина айылҕаттан төрүттээх бэлэм препараттарга манныктары сүбэлиир.
1. Экопин – куһаҕан дьайыылар үүнээйи иммунитетын мөлтөтөллөрүн кытары охсуһар.
Стимул – үүнээйилэргэ аминокислоттары эбэр уонна мөлтөөбүт үүнээйи улаатарыгар көмөлөһөр.
Атлет – рассаада уга улаатарын бытаардар, ол оннугар силиһэ үүнэрин көҕүлүүр.
Гумат – сиэмэни ыһыах иннинэ бу веществонан обработкаланар, ону таһынан үүнээйи силиһин аһатыахха сөп. Үүнээйи силиһэ бөҕөргүүр, үүнээйи аһа буһар кэмин 3-7 күнүнэн кылгатар, тымныы халлааҥҥа үүнээйи ас биэрэригэр көмөлөһөр.
Корневин – рассада силиһэ, уга, саҥа салаата улаатарыгар, бөҕөргүүрүгэр көмөлөһөр. Үүнээйини олордон баран силиһигэр кутуллар.
Цветень – оҕурсу, помидор, биэрэс куһаҕаннык үүнэр буоллаҕына, туттуллар. Маны үүнээйилэр сибэккилэнэр кэмнэригэр ыстарыллар.
Үүнээйи улаатарын түргэтэтэр норуодунай сириэстибэлэр
Сүбэлиир Е.С.Гаврильева – Сибэкки Дуунньа:
--Түргэнник үүннүн диэн сиэмэни биир суукка водород перекиһигэр сытыараллар. Оччоҕуна сүбүөкүлэ уонна помидор сиэмэлэрэ биир суукканан үүнэллэр.
Мин ордук сөбүлээн алоэ сүмэһинин туһанабын. Маны ханна баҕарар туттабын. Ук турар уутугар 3-7 хааппыла алоэ сибиэһэй сүмэһинин таммалатабын. Оччоҕуна силиһэ түргэнник тахсар уонна үүнээйи иммунитетын бөҕөргөтөр. Онно сиэмэлэри эмиэ сиигирдиэххэ сөп, оччоҕуна түргэнник үүнэллэр.
Роза сибэкки хаппыт сэбирдэҕэ үүнээйи силистэнэригэр көмөлөһөр. 1 ыстакаан хаппыт сэбирдэҕи 2 лиитирэ ип-итии ууга кутуҥ, онно 2 хааппыла йод эбиҥ. Сойутан баран, үүнээйи силиһин обработкалааҥ эбэтэр буорга үүннэрэр кэмҥэ кутуҥ.
Үүнээйи үүнэрин түргэтэтэр туһугар 1,5 лиитирэ ууга 1 чаайынай ньуоска мүөтү суурайыҥ, бу ууга ханнык баҕарар үүнээйи угун 12 чаас устата туруоруҥ. Үүнээйи силиһэ түргэнник тахсыаҕа.
Үүнээйини кэбирэтэр үөнү уонна үүнээйи ыарыытын утары охсуһуу
Араас ньымалар бааллар – агротехническай, механическай, биофизическай, химическай уонна биологическай.
Химическай ньыма үөннэри түргэнник суох оҥорор. Ол эрээри бу ньыма итэҕэстэрдээх, сыыһатык тутуннахха буортулаах буолуон сөп. Ол курдук, сорох препараттар үүнээйини сиир үөннэри суох оҥорорун сэргэ туһалаах үөннэри эмиэ өлөртүүр. Итини тэҥэ, күүстээх препарат сыта үүнээйи аһыгар иҥэр. Суурадаһынын сыыһа оҥордоххо, үүнээйи бааһырар. Онон бары ирдэбиллэри тутуһан оҥоһуллуохтаах.
Пестицидтэр – бу үүнээйигэ буортулаах үөннэри, үүнээйи ыарыытын уонна сыыс от үүнэрин кытары охсуһар химическэй сириэстибэлэр. Хас да бөлөххө арахсар:
Инсектицид – үүнээйини кэбирэтэр үөннэри кытары охсуһар. Ханныктарый?
Интавир – өтүөнэни (тля), үрүмэччини, сахсырҕаны, хомурдуоһу, белокрылогу, хаппыыста белянкатын утары препарат, үөннэр үөскээбиттэрин буллахха, үүнээйи үүммүт буоругар кутуллар.
Фитоверм – клещ, өтүөнэ, трипс, гусеница, цветоед утары препарат. Манан үүнээйини ыстарыллар.
Гром – кымырдаҕаһы, сахсырҕаны, проволочнигы утары препарат.
Фунгицид – үүнээйи ыарыытыттан харыстыыр препараттар. Ханныктарый?
Фитоспорин – оҕуруот аһын ыарыыларын кытары охсуһар. Сиэмэлэрин илитиллэр, аһын обработкалыыллар, рассада силиһин бу суурадаһыҥҥа угаллар уонна үүнэр кэмигэр ыстарыллар.
Купролюкс – буору сараасата суох оҥорор. Оҕуруот аһын, уонна хортуоппуй саҥа ыалдьан эрэр кэмнэригэр эмтиир аналлаах.
Гербецид – сыыс оту кытары охсуһар препараттар.
Ханныктарый?
Зонтран – хортуоппуйу уонна томаты кытта үүнэр биир сыллаах уонна туораахтаах сыыс оттору утары. Оҕуруот аһын олордуллубут буорун ыстараллар, үүнээйилэр 5-8 см буолбуттарын кэннэ иккистээн ыстараллар.
Отличник – моркуобу, сүбүөкүлэни, луугу, томаты, хортуоппуйу кытары үүнэр биир сыллаах уонна элбэх сыллаах сыыс оту суох оҥорор.
Үүнээйини сиир үөнү уонна үүнээйи ыарыытын суох оҥорор норуодунай сириэстибэлэр (Е.С.Гаврильева сүбэтэ)
Сиэмэ сараасаламматын туһугар 20 мүнүүүтэ 10 %-наах водород перекиһигэр сытыарыллар. Ол кэннэ ыраас уунан сайҕаан баран хатарыллар.Буортулаах үөн үөскээбэтин туһугар буорга чох кутуллар.Буортулаах үөннэри суох гынар туһугар хартыыһалаах, уксуустаах уунан ыстарыллар. Маны таһынан хартыыһа бороһуогун помидор, клубника, хаппыыста кирээдэлэригэр ыһыахха сөп.Мыылалаах уунан үүнээйи сэбирдэҕин ыстаран өтүөнэни суох оҥоруохха сөп.Чеснок 4 өлүүтүн итии ууга 30 мүн. тутуллар уонна үүнээйигэ кутар ууга эбиллэр. Биир остолобуой ньуоска суурадаһыны 1 лиитэрэ ууга туһаныллар. Бу үүнээйини өлөрөр тэллэйи суох оҥорорго көмөлөһөр.Сыыс оту суох оҥорорго ньыма: уксууһу, тууһу уонна иһити сууйар сириэстибэни булкуйуҥ уонна итии күҥҥэ бу суурадаһынан сыыс оту ыстарыҥ. От үүнэрэ биллэрдик кыччыаҕа. Буортулаах үөннэри суох оҥорор туһугар тэпилииссэ иһигэр түптэ оҥорон буруолатар үчүгэй. Ол үөннэри суох оҥорор, үүнээйи үүнэригэр көмөлөһөр, бөҕөргүүр, ыарыыга ылларбат буолар. Итии күн үөннэри суох оҥорор туһугар киэһэ буруолатар ордук, онтон сөрүүн күҥҥэ – күнүс. Күһүн оҕуруот аһын хомуйан баран, тэпилииссэ иһин буруолатыллар.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0