Ычча!
Үгүс билгэһиттэр күһүн «килиимэт сылыйда, онон быйыл дьэ, кыһыммыт сылаас буолуо» диэбиттэрин үгүстэр өйдүүр буолуохтааххыт. Ол эрээри, тымныыбыт ханна да күрэнэ илик эбит, халлааммыт ахсынньы-тохсунньу ыйдарга өрөспүүбүлүкэни киэҥник хабан, улаханнык тымныйан бытарытта! Күн аайы ол улууска -50 кыраадыс, бу улууска -60 кыраадыс тымныы буолла диэн иһитиннэрэллэр.
Уһун, бытарҕан тымныы охсуута улахан, ити ордук чуолаан сылгыны үөрдээн иитии салаатыгар биллэр. Маннык күннэргэ сылгыһыттар сылгыларын эбии аһатар үгэстээхтэр. Билиҥҥи чахчынан, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 14 661 сылгы, ол эбэтэр сыспай сиэллээх 8 %-а аһылыкка киллэриллибит. Мантан инньэ бу сыыппара эбиллэн иһиэ турдаҕа.
Хаһыы син баар
– Биһиги 1 150 сылгыны, ол иһигэр 450 биэни, 170 убаһаны кыстатан олоробут, – диир Орто Халыта улууһуттан «Өлөөкө Күөл» сылгы собуотун дириэктэрэ Константин Винокуров. – Оппут уонна бурдукпут тиийиэхтээх диэн суоттанабыт. Суолбут аһылыннаҕына, Дьокуускайтан эһиил сиэтэр эбиэспитин аҕалыныахпыт. Сайын манна курааннаабыта, инньэ гынан, хата, хаһыы син баар. Сылгы туруга этэҥҥэ. Халлаан тымныы, холобур, бүгүн -48 кыраадыс. Тымныы балачча турбахтаһар чинчилээх. Ыччат сылгыны, убаһаны, тыйы солбуһуннаран эбии аһата сылдьабыт.
Сылгы аһылыкка киирдэ
Ааспыт сайын халааннаан уонна быыстала суох ардаан, Бүлүү эргинээҕи улуустарга итиэннэ Дьааҥыга үгүс ходуһа ууга барбыта. Оттон илин эҥээр улуустарга курааннаабыта, өссө улахан кураан буолуоҕун ардаҕы искуственнайдык түһэрии абыраабыта. Мэччирэҥ мөлтөх буолан, билигин чуолаан бу улуустарга элбэх сылгы аһылыкка киллэриллибит: Үөһээ Бүлүүгэ 2 046 (24 %), Бүлүүгэ 1 634 (21 %), Ньурбаҕа 1476 (14 %), Чурапчыга 4 291 (25 %), Мэҥэ Хаҥаласка 1315 (8,2 %) эбии аһатыллар.
Бүлүү улууһун Дьөккөн нэһилиэгэр «Сиккиэр» бааһынай хаһаайыстыба 52 ынах сүөһүнү уонна 50 сылгыны, ол иһигэр 40 биэни кыстатан турар.
– Ходуһабытын уу ылан, 67 туонна оту Намтан, 250 туонна оту Амматтан атыыласпыппыт, – диэн этэр Альбина Ионова. – Намтан ылбыт оппут кэлбитэ, билигин Амматааҕы оппутун тиэйтэрэ сылдьабыт. Онуоха өрөспүүбүлүкэттэн тиэйии ороскуотун 40 %-ыгар, оту атыылаһыы ороскуотун 30 %-ыгар көмө көрүлүннэ. Сылаас хотоҥҥо турар ынах сүөһү билиҥҥитэ кэминэн, оттон сылгыга, сир мууһунан тоҥон, хаһыы мөлтөх. Инньэ гынан, хаһаайыстыбалар бары кэриэтэ сылгыбытын аһатан турабыт. Сорох ыаллар биэлэрэ ырыганнаабыта, кулуннаабыта иһиллэр. Уонна биир куһаҕана -- тыраассаҕа олорор буоламмыт, сылгылары айан массыыналара дэҥнииллэрэ буолар, кыстыкка киириэхпититтэн түөрт-биэс сылгыны түҥнэри көттүлэр.
Суордаахха, Адыаччыга
Дьааҥы улууһугар төһө сылгы аһаан турарын туһунан официальнай чахчы, хомойуох иһин, суох. Ол эрээри, сэрэйдэххэ, сылгыһыттар сылгыларын эмиэ аһата сылдьаллара чахчы.
Улуус кииниттэн саамай ыраах, чиэски сытар, халааҥҥа улаханнык эмсэҕэлээбит Суордаах нэһилиэгин баһылыга Владимир Стручков иһитиннэрбитинэн, сайын халааны, ардаҕы быыһынан оттоон, 65 ынах сүөһүнү, 412 сылгыны кыстатар отторун улахан аҥарын хааччыммыттар. Тиэйии-таһыы ороскуотун сорох чааһын толуйар харчы саҥа көрүллэн, ыаллар эбии атыыласпыт 10 туонна отторун саҥа тиэйтэрэн эрэр эбиттэр.
– Сылгы туруга ама курдук, хаар чараас соҕус. Хаһыы син баар. Хаһаайыстыбалар сылгыны мантан инньэ дьэ аһатыахтара. «Якутопторг» чэрчитинэн атыыласпыт 6 туонна комбикуоруммут, 10 туонна эбиэспит бу нэдиэлэҕэ кэлиэҕэ. Саҥа дьыл саҕана Дьокуускайга тиийэн, саҥа «КамАЗ» массыына атыыласпыт биир дойдулаахпыт тиэйэн илдьэ иһэр, – диир баһылык.
Адьыаччы нэһилиэгин хаһаайыстыбаларын сүөһүтэ-сылгыта балачча элбэх эбит: 200-тэн тахса хороҕор муостааҕы уонна 1 000 сыспай сиэллээҕи кыстаппыттар.
– Сайын ходуһалартан ууну түһэрэ-түһэрэ оттообуппут, – диир нэһилиэк дьаһалтатын баһылыга Иннокентий Юмшанов. – Эбии 150 туоннаны сайаапкалаабыппыт кэлэрин кэтэһэбит. Сылгыга хаһыы син баар курдук, муустаах да буоллар. Сылгыны туруктарыттан көрөн, эбии аһата сылдьабыт. Эбиэс кэлиэхтээх, харчытын төлөөбүппүт.
Сааскы өттө кутталланыыһы
– Улуустан да, өрөспүүбүлүкэттэн да төһө эмит өйөбүл баарын үрдүнэн, дьэ, сүөһүгэ-сылгыга улахан ороскуоттаах дьыл буолла, – диир Чурапчы улууһун Одьулуун нэһилиэгин олохтооҕо Иван Попов. – Дьону-сэргэни кытары сэһэргэһэн биллэххэ уонна ааҕан-суоттаан да көрдөххө, ыал үксэ 100-200 тыһыынча солкуобай харчыга от атыылаһан олорор. Мин да Намтан, уолбуттан, от аҕалтардахпына эрэ сыл тахсар буоллум быһыылаах. Уонча ыччат сүөһүнү кытары 17 сылгыны кыстатан турабын. Туруктара орто, сылгыларбын Саҥа дьыл инниттэн аһаппытым. Хаһыы син баар. Быйыл биир маннык уратыны бэлиэтии көрдүм: урут хаар көмүрүөтүйэн, аллара өттө сымныыр буолара, оттон быйыл аһары кытаанах, ол оннугар үрдэ сымнаҕас. Сылгы туруга орто диэххэ сөп эрээри, биэ кулуннаан эрэрэ иһиллэр, инньэ гынан сааскы өттө кутталланыах курдук.
Сылгыһыт күнэ Аммаҕа ыытыллыаҕа
Кыһыҥҥы бытарҕан тымныыга, сааскы-күһүҥҥү хаайтарыыга, сайыҥҥы өҥүрүк куйааска аһаҕас халлаан анныгар, ыраах учаастактарынан базаланан сылдьан үлэлиир-хамсыыр сылгыһыттары өрө тутар сыалтан, 2016 сыллаахха тахсыбыт «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр сылгыны үөрдээн иитиини сайыннарыы дьаһалларын» туһунан ыйааҕынан, кулун тутар 21 күнэ өрөспүүбүлүкэҕэ Сылгыһыт күнүнэн бигэргэммитэ. Сылгыһыт өрөспүүбүлүктээҕи күнэ 2017 сыллаахха Дьокуускайга (СГТХА базатыгар), 2018 сыллаахха Намҥа, 2019 сыллаахха Үөһээ Бүлүүгэ, 2020 сыллаахха Мэҥэ Хаҥаласка, 2021 сыллаахха Чурапчыга, 2022 сыллаахха Ньурбаҕа ыытыллыбыттара.
– Быйыл Сылгыһыт өрөспүүбүлүкэтээҕи күнэ кулун тутар 21-22 күннэригэр Амма улууһугар, биллиилээх сылгыһыт, Социалистическай Үлэ Дьоруойа Тимофей Спиридонович Лукин төрөөбүтэ 110 сылын итиэннэ И.Я. Строд аатынан тыа хаһаайыстыбатын производственнай кэпэрэтиибэ федеральнай суолталаах сылгы собуотун аатын ылбытын бэлиэтээһин чэрчитинэн ыытыллыаҕа. Бу кэпэрэтиип 2022 сыллаахха өрөспүүбүлүкэҕэ племенной сүөһүнү-сылгыны иитии историятыгар бастакынан федеральнай сылгы собуота буолары ситистэ. Сылгыһыт күнүгэр салааны сайыннарыы тирээн турар боппуруостарыгар анаммыт «төгүрүк остуол», племенной сылгы быыстапка -атыыта уонна дьон-сэргэ биһирэбилин ылбыт «Сылгыһыт күрэҕэ» тэриллиэхтэрэ. Татарстаантан ыалдьыттар кэлэллэрэ күүтүллэр, – диир тыа хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Николай Афанасьев.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0