Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -39 oC

Кэм-кэрдии түргэн. Көмүс күһүн ааһа охсон, маҥнайгы хаар түстэ, халлаан улам тымныйан, уһун кыһын бэйэтин быраабыгар киирдэ.  Бокуруоп күнүн тыа сирин олохтоохторо дьиэлэрин-уоттарын сылаастык оҥостон, сүөһүнү хотоҥҥо киллэрэн көрүстүлэр. 

Кэм-кэрдии түргэн. Көмүс күһүн ааһа охсон, маҥнайгы хаар түстэ, халлаан улам тымныйан, уһун кыһын бэйэтин быраабыгар киирдэ.  Бокуруоп күнүн тыа сирин олохтоохторо дьиэлэрин-уоттарын сылаастык оҥостон, сүөһүнү хотоҥҥо киллэрэн көрүстүлэр. 

Өҥ сайын ааста
Хаҥалас улууһун I Малдьаҕар нэһилиэгэр күн бүгүҥҥү туругунан, бас билии көрүҥүттэн тутулуга суох, кыралыын-улаханныын 600-тэн тахса ынах сүөһү уонна 1000 кэриҥэ сылгы баар.

Нэһилиэккэ уон икки бааһынай хаһаайыстыбалаахпыт, – диир нэһилиэк дьаһалтатын баһылыга Айталина Васильева. – Онтон алтата Тойон Арыыга, алтата Булгунньахтаах бөһүөлэгэр бааллар. Икки хаһаайыстыба сылгыны үөрдээн иитиигэ идэтийэр, атыттар ынах сүөһүгэ үлэлииллэр. Кинилэртэн саамай элбэх сүөһүлээхтэрэ уонна бастыҥ көрдөрүүлээхтэрэ Акулина Львова бааһынай хаһаайыстыбата буолар, саамай эдэрдэрэ Александр Корякин. Кини үс сыллааҕыта нэһилиэктээҕи «Уһун ынах» бырагырааманан 10 ынаҕы ылан, сүөһүтүн ахсаанын отуччаҕа тириэтэ. Быйыл айылҕабыт үчүгэй хараҕынан көрөн, өҥ сайын буолла, окко былааммытын куоһардыбыт, хаһаайыстыбаларбыт кыстыгы туоруур отторун хааччыннылар.

Өҥөнү оҥорууттан саҕалаан

Булгунньахтаахха «Кэскил» диэн ааттаах ынах сүөһүнү иитэр тыа сирин потребительскэй кэпэрэтиибэ 2012 с. тэриллибитэ. Акулина Львова салалтатынан Лидия Данилова, Татьяна Данилова, Гаврил Михайлов нэһилиэк кырдьаҕас олохтоохторун ынахтарын, барыта 34 сүөһүнү, хомуйан көрбүттэрэ-истибиттэрэ.

Сүөһүлэрин эһэр ыаллартан сүөһү атыылаһан, ынахтарын ахсаанын сыыйа элбэтэн испиттэрэ, нэһилиэк дьаһалтатын өйөбүлүнэн, кыстык хотону туттубуттара. Ол эрээри, олохтоохтук оҥостон үлэлииргэ-хамсыырга, үүт туттаран дохуот аахсарга хаһаайыннааһын атын киэбинэн үлэлиир ирдэнэр этэ. Инньэ гынан, Акулина Егоровна нэһилиэгин дьаһалтатын итиэннэ үлэһиттэрин кытары сүбэлэһэн баран, 2016 с. кэпэрэтиип баазатыгар бааһынай хаһаайыстыбаны тэриммитэ. Итинэн Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин иһинэн бааһынай хаһаайыстыбаларга тэриллэр араас бырагыраамаларга кыттар кыахтаммыта.

АЛ_-_механ.jpeg

Бырагыраамаларга тирэҕирэн

Онон «2012-2021 сс. тыа хаһаайыстыбатын сайдыытын уонна тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын, сырьену уонна аһы-үөлү сүрүннээһин» судаарыстыбаннай бырагыраама чэрчитинэн, 120 ыанар ынахха анаммыт толору мэхэньисээссийэлээх комплексы туттан, 2020 сыл кыһыныгар үлэҕэ киллэрбитэ. Комплекска биир дойдулаахтара, урукку «Булгунньахтаах» сопхуос чулуу ыанньыксыта, үүтү ыаһыҥҥа өрөспүүбүлүкэ рекордун олохтообут, Саха АССР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, икки Үлэ Кыһыл Знамята, Өктөөп Өрөбөлүүссүйэтэ уордьаннар кавалердара, Саха АССР сэттис ыҥырыылаах Үрдүкү Сэбиэтин дьокутаата Гаврил  Романович Чепалов аата иҥэриллибитэ.

– Комплекспытын үлэҕэ киллэрэрбитигэр Гаврил Романович сылдьан, сүөһүбүтүн көрөн-истэн, үөрэн-көтөн, астынан барбыта. Уопсайынан, кини сопхуос ыһыллыбытын олус ыараханнык ылыммыта, өр сыллар усталарыгар бүөбэйдээн, иитэн кэлбит холмогор боруода сүөһүбүт эстэн эрэр, көлөһүммүт халтайга хаалар буолла диэн хомойоро. Биһиги хаһаайыстыба тэриммиппитин үөрэ-айхаллыы көрсүбүтэ, хайдах үлэлиирбитин билсэ, сүбэлии-амалыы олорбута. Ол иһин, комплекспытын кини аатынан ааттаабыппыт. Үлэҕэ үөрэппит аҕа табаарыспыт, настаабынньыкпыт тыыннааҕын баттаһа бэйэбит кыахпытынан сүөһүнү түмэн, аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир хотону туттан киирбиппититтэн үөрэбит, астынабыт, – диэн кэпсиир Акулина Егоровна.

Үлэлиир усулуобуйаны тэрийиигэ салгыы үлэлээн, хаһаайыстыба 2020 с. «Бааһынай хаһаайыстыба баазатыгар дьиэ кэргэн пиэрмэтин тэрийии» федеральнай бырагыраама куонкуруһугар кыттан, грант ылбыта. Ол харчытыгар тирэҕирэн, сэндвич-панелынан субан сүөһүгэ анаммыт хотону туттубута. Былырыын «Туймаада» ҮХАПК-тан сойуом ылан, бөһүөлэктэн сэттэ километрдаах сиргэ типовой титииги оҥостубута. Онон, баазатын олохтоохтук тэриннэ.

АЛ_-_откр.jpeg

Үүт курулаччы ыанар

– Сайын биэс киһилээх биригээдэни туруоран, 600 туонна оту оттоотубут. Манна эбэн, Нөмүгү нэһилиэгиттэн, Евдокия Денисова салайар бааһынай хаһаайыстыбатыттан 80 туонна сенаһы атыылаһар кэпсэтиилээхпит итиэннэ 10 туонна комбикуорманы атыылаһыахпыт. Онон, кыстыыр аспыт-үөлбүт баар. Атын даҕаны хаһаайыстыбалар үчүгэйдэр быһыылаах, отум тиийбэт диэччи иһиллибэт. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн оттооһун былаана 100 % туолла диэн эрэллэрэ, -- диир Акулина Егоровна.

Сайылыктан алтынньы 2 күнүгэр көһөн киирбиттэр. Халлаан сылаас буолан, сүөһүлэрин комплекска хонноро-хонноро, күнүс таһырдьа таһааран аһаталлар уонна мэччитэ үүрэллэр. Булгунньахтаах өрүс үрдүгэр турар, бөһүөлэк тулатынаҕы сыһыыларга мэччирэҥ дэлэй соҕус, онон үүтү сайыҥҥыттан итэҕэһэ суох курулаччы ыы олороллор. «Хаҥалас-Ас» тыа хаһаайыстыбатын кэпэрэтиибин кытары 130 туонна үүтү туттарарга дуогабардаспыттар, онтон 120 туоннатын туттарбыттар. Хаалбыт 10 туоннатын холкутук туттарыахпыт, былааммытын толоруохпут диэн хаһаайыстыба баһылыга эрэллээхтик этэр.

АЛ_-_колл.jpeg

Билигин кыралыын-улаханныын барыта 230 сүөһүлээхтэр, ол иһигэр 120 ыанар ынахтахтар, 50-ча ньирэйдээхтэр (сороҕун нэһилиэнньэҕэ атыылаабыттар) итиэннэ 57 тыһаҕастаахтар. Дьэ олортон талан, сороҕун солбук оҥостордуу иитэ хаалларарга, ордугун идэһэҕэ туттарга былаанныыллар. Уруккуларын курдук, хотоҥҥо кыайан сылдьыбат кырдьаҕас ыаллар сүөһүлэрин ылан көрөр өҥөнү эмиэ оҥороллор, онуоха сүөһүлээх хаһаайыттар отторун бэйэлэрэ хааччыйаллар, өҥө иһин төлөбүрү уопсай мунньаҕынан олохтоммут сыананан биэрэллэр.

Үлэһиттэр бары сүөһү иитиитин дэгиттэр баһылаабыт, өр сыллартан үлэлээбит уопуттаах дьоннор. Ол курдук, «Саха сирин тыатын хаһаайыстыбын бэтэрээнэ» бэлиэ хаһаайката Зоя Тимофеева үүтү учуоттуур, Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна Лидия Данилова, Саргылаана Иванова ыанньыксыттыыллар. Хаһаайыстыба тэриллиэҕиттэн сайынын бостууктаабыт, кыһынын хотон ис-тас үлэтигэр сылдьыбыт Гаврил Михайлов ыалдьан хаалан, билигин Иннокентий Алексеев үлэлии сылдьар. Саргылаана Саввина уонна Геннадий Петров сайын ньирэй көрбүттэрэ, билигин субан сүөһүгэ үлэлииллэр. Валерий Гаврильев тырахтарыыстыыр. Ыйдааҕы хамнас ортотунан 30-40 тыһыынча солкуобай буолар эбит.

АЛ_--_СС.jpeg

Үлэһит тоҕо суоҕуй?

Сайын үлэлээбит дьон уурайаннар, билигин икки ыанньыксыт наада. Урукку өттүгэр «үлэлииргэ табыгастаах усулуобуйалаахпыт буоллар, эдэрдэр үлэлии кэлиэ этилэр» диир эбиттэр, ол эрээри, билигин төһө эмит толору хааччыллыылаах комплекс уонна титиик тутуллубуттарын, ынах аппараатынан ыанарын, хамнас төһөнү үлэлээбитинэн ааҕылларын үрдүнэн, үлэлиэм этэ диир киһи тоҕо эрэ көстүбэт эбит.

Маны Акулина Егоровна ыччат тыа сирин, тыа хаһаайыстыбатын хара үлэтиттэн тэйбитинэн быһаарар. Дьэ ол иһин, доруобуйа харыстабылыгар «Земскэй луохтуур» бырагыраама баарын курдук, тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар, чуолаан оробуочай идэлэргэ (исписэлиистэргэ эбии төлөбүр 2002 сылтан олохтоммута) дьону олохсутан үлэлэтэргэ туһуламмыт анал бырагыраама оҥоһуллуон баҕарар.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 1
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Общество

Как распознать мошенников

«Как только мы начинаем задавать вопросы, мы начинаем думать, поэтому всегда задавайте…
10.12.24 09:34