Бааһынайтан – кэпэрэтиипкэ
Улууска саамай элбэх сылгылааҕынан II Бороҕон нэһилиэгэ (баһылык Алексей Винокуров) буолар. РФ тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, өрөспүүбүлүкэ Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, тыа хаһаайыстыбатын наукатын хандьыдаата Николай Винокуров салайар «Тонор» кэпэрэтиибэ манна баар.
«Өймөкөөн» сопхуос дириэктэрин солбуйааччынан үлэлии сылдьан, Николай Тимофеевич Винокуров 700 сылгыны арендаҕа ылан үлэлээбит. Үс сыл устатыгар кулун төрүөҕүн ылыыны 90 %, улахан сылгыны чөл тутууну 99 % ситиһэн, сылгыһыттарын хамнастарын да үчүгэйдик хааччыйбыт, сопхуоһугар да үгүөрү дохуоту киллэрбит. Онтон санаата күүһүрэн, «Тонор» бааһынай хаһаайыстыбатын тэриммит. Ити 1991 сыллаахха эбит.
– Ыһыллыы-тоҕуллуу биллэн барбыт кэмигэр, сылгыларбытын харыстыыр сыалтан бааһынайынан барарга быһаарыммытым. Ону оччолорго сопхуоска сылгы зоотехнигынан үлэлиир Пик Заболоцкай өйөөбүтэ. Инньэ гынан, учаастактарынан кэрийэн, сыл ахсын уоннуу сылгыны талан ылан, үс сылынан биир аттаах, үс атыырдаах уонна 30 биэлээх бааһынай хаһаайыстыба буолбутум, – диэн кэпсиир Николай Тимофеевич.
Бу курдук 30 биэттэн саҕалаан, сылгытын ахсаанын сыллата элбэтэн, «Тонор» күн бүгүн, саҥа төрүөҕү киллэрэн туран, 550 сылгылаах. Бас билии киэбин уларытан, 2015 сылтан тыа хаһаайыстыбатын кэпэрэтиибин быһыытынан тэриллибит. Хаһаайыстыба баһылыга анал үрдүк үөрэхтээх исписэлиис буолан, үлэтин саҕалыаҕыттан сөптөөх базаны туттарга улахан болҕомтотун уурбута. Ол түмүгэр, ыччат сылгыны, төрүүр биэлэри тус-туһунан арааран көрөргө, эмтиир-сэрэтэр дьаһаллары ыытарга итиэннэ сааскы-күһүҥҥү маныы саҕана сылгыны хаайарга анаммыт биэс базалаах. Билигин алтыс базатын оҥостор. Сылгыны үөрдээн иитиигэ федеральнай таһымнаах племенной хаһаайыстыба буолар.
Куба саарбыт толооно
Кэпэрэтиип базата Томтор бөһүөлэгиттэн 1,5 көстөөх Куба саарбыт толоонугар баар. Бу 6,5 көс усталаах, биир көс туоралаах улуу толооҥҥо «Тонору» таһынан үс хаһаайыстыбата олохсуйан үлэлиир.
– Олус табыгастаах сир, – диир Николай Тимофеевич. – 1980-с сыллардаахха тыа хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Дмитрий Ноттосов кэлэ сылдьан: «Өрөспүүбүлүкэ улуустарын 70 %-ын кэрийдим да, сылгыны иитэргэ анаан-минэн айыллыбыт курдук, маннык улуу дойдуну көрө иликпин», – диэбитэ. Өймөкөөн сылгыта ыраас хааннаах саха сылгыта. Төрдө-ууһа 1850-с сыллардаахтан биллэр! Сылгы төрдө-ууһа төһөнөн кырдьаҕас да, кини соччонон баай. Холобур, сиэнчэр сылгылар геннара мөлтөх буоллаҕына, төрүт олохтоох сылгылар геннара бөҕө. Хаһан аһыыр дьоҕурдара күүскэ сайдыбыт, кыһыҥҥы уһун, бытарҕан тымныыны, сайыҥҥы өҥүрүк куйааһы, үөнү-көйүүрү тулуйаллар, кылгас сайыҥҥа түргэнник уойаллар, төрөлкөй төрүөхтээхтэр, үөрүмсэхтэр.
Төрүөҕү ылыы кистэлэҥэ
Кэпэрэтиипкэ кулун төрүөҕүн ылыытын көрдөрүүтэ 80 %-тан түспэт. Ити кистэлэҥин учуонай сылгыһыт маннык быһаарар:
– Кыстыкка киириигэ оҕотун араарбыт кэнниттэн, биэ чөлүгэр түһүөхтээх, тымныы түһүөр диэри уойуохтаах, итинэн уһун, тымныы кыһыны этэҥҥэ туоруурга бэлэмнэнэр. Убаһатын араарыахтан тохсунньу саҥатыгар диэри ыйааһына 70 киилэнэн эбиллиэхтээх! Биһиги дьэ оннук биэлэри иитэн таһаарарга үлэлиибит. Иккиһинэн, биэни саас тоҕоостоох кэмҥэ төрөтөбүт. Ордук тоҕоостооҕунан муус устар 20 күнүттэн саҕалаан ыам ыйын 20 күнүгэр диэри кэм буолар. Баччаларга төрөөбүт биэ ороскуоту таһаарбат. Биэ эрдэ төрүүрэ дэҥнээх, бэйэтэ да, оҕото да эчэйиэн сөп, итиэннэ элбэҕи аһыан-сиэн наада, кулунчуга эбии көрүүнү-истиини эрэйэр, оттон хойут төрөөбүт кулун сиппэккэ хаалар.
Биир сиргэ – элбэҕи
Федеральнай таһымнаах племенной хаһаайыстыба буолан, «Тонор» ыччат сылгыны, соноҕостору атыылаан, өрөспүүбүлүкэ улуустарын сылгыларын тупсарыыга кырата суох кылааты киллэрэр. Тэриллиэҕиттэн, 500-тан тахса сылгыны батарбыт. Сылгы ылбыт хаһаайыстыбалар Өймөкөөн сылгытын хайҕыахтарын хайҕыыллар. Николай Винокуров сылгыны батарыыга туспа көрүүлээх:
– Биһиги билигин биир хаһаайыстыбаҕа элбэх сылгыны биэрэ сатыыбыт. Холобур, Сунтаарга, Матвей Евсеев хаһаайыстыбатыгар 220 сылгыны биэрдибит, онтон 197-тин ааспыт сылларга ыыппыппыт, быйыл 23 сылгыны ыытыахпыт, онон дуогабарбытын толоробут. Салгыы Уус Алдан улууһун кытары үлэлиэхпит. Сылгыны аҕыйах ахсаанынан биэрэр көдьүүһэ кыра, ыһыллан-суураллан хаалар, оттон чопчу биир сиргэ элбэҕи биэрдэххэ, ону үчүгэйдик көрөн-истэн, ууһатан, бэйэлэрин эрэ буолуо дуо, чугастааҕы улуустарын сылгыларын эмиэ тупсарыахтара. Сунтаарга сылдьыбытым, бэртээхэй базаны тэриммит этилэр, ол гынан баран, сирдэрэ кыараҕас баҕайы эбит дии санаабытым.
Үөрэнэр кииҥҥэ – 2996 киһи!
2016 с. Ил Дархан Егор Борисов таһаарбыт «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр сылгыны үөрдээн иитиини сайыннарыы дьаһалларын» туһунан ыйааҕын чэрчитинэн, «Сылгыны үөрдээн иитии туһунан» сокуоҥҥа кэккэ уларытыылар киллэриллибиттэрэ, элбэх дьаһаллар торумнаммыттара. Ол иһигэр каадыры бэлэмнээһиҥҥэ, уопуту тарҕатыыга сылгыһыттар Үөрэнэр кииннэрин тэрийии былааннаммыта. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн үс Үөрэнэр киин тэриллибититтэн биирэ манна баар.
– Сылгыһыттар Үөрэнэр кииннэрин 2018 с. тутан үлэҕэ киллэрбиппит. Биһиги сылгыларбытын көрөөрү, хайдах үлэлиирбитин-хамсыырбытын, туох уратылаахпытын билсээри араас улуус сылгыһыттара, исписэлиистэрэ бастаан балайда кэлэр этилэр. Бэйэм ааҕарбынан, барыта 2996 киһи кэлэн барда. Бу кэлин кэлии арыый мөлтөөтө. Киинтэн олус ыраахпыт уонна кэлэ-бара айаҥҥа харчы көрүллүбэтэ чаҕытан эрдэҕэ. Оттон биһиги кэлбит дьону барытын ытыспыт үрдүгэр түһэрэн көрсөбүт, хаһаайыстыбабытын көрдөрөбүт, босхо аһатабыт, олордобут, – диир Николай Тимофеевич.
Манна биир быһаарыыны эрэйэр кыһалҕа баар эбит: Үөрэнэр киин дьиэтин-уотун көрүү-истии, уһун, бытарҕан тымныыга сылытыы о.д.а. ороскуота сылга биир мөлүйүөн солкуобайтан тахсар! Ону кэпэрэтиип бэйэтэ уйунар. Бу хайысханан көмө көрүлүннэр, хаһаайыстыбаҕа төһөлөөх өйөбүл буолуой?
Сылгыбыт билиниллиэхтээх!
Саха сирэ киэҥ, бэйэ-бэйэлэригэр майгыннаспат айылҕалаах, астаах-үөллээх түбэлэргэ үөскээбит сылгылар уратылаһаллара элбэх. Ити иһин саха учуонайдара 2010 с. саха сылгытын икки саҥа боруодатын (Мэгэдьэк сылгыта, Өлүөнэ өрүс сылгыта) уонна икки тиибин (Дьааҥы сылгыта, Халыма сылгыта) бигэргэппиттэрэ. Өймөкөөн сылгытын Дьааҥы сылгытын тиибигэр киллэрэллэрин уопуттаах сылгыһыт сыыһанан ааҕар.
-- Дьааҥы биһигиттэн кый дойду буоллаҕа, – диир кини. – Манна үөскүүр сылгы Дьааҥы сылгытыттан кээмэйинэн, этин-сиинин тутулунан чыҥха атын. Ону учуоттаан, биһиги сылгыбытын туспа тиип быһыытынан билинэргэ туруорса сылдьабыт. Бастаан «Өймөкөөн сылгыта» диэри гынан баран, олус кыараҕас буолсу, иитиллэн олорор Индигир эбэбит сүнньүгэр сытар улуустарга барыларыгар, Өймөкөөнтөн саҕалаан, Муомаҕа, Абыйга уонна Аллайыахаҕа тиийэ Дьөһөгөй оҕото төрөөн-ууһаан кэлбитинэн, "саха сылгытын Индигирдээҕи тиибэ" диэн ааттыырга сүбэлэспиппит. Докумуонун научнай өттүн ТХНЧИ учуонайа, идиэйэ ааптара Реворий Иванов чөкөтөр, биһиги манна «хара» үлэтин оҥоробут. Бүтүн Арассыыйатааҕы Сылгыны иитии научнай-чинчийэр институтун дириэктэрэ Александр Зайцев быйыл саас кэлэн, хас да хоно сытан сылгыбытын, базабытын көрөн-истэн барбыта. Саха сылгытын Индигирдээҕи тиибэ бигэргэннэҕинэ, кэлэр өттүгэр манна биир сылгы собуота тэриллиэн сөп.
- 5
- 0
- 0
- 0
- 1
- 0