Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -24 oC

Үгүстэр дьолу тиийинэн олоруунан, дьиэ кэргэн уонна тус бэйэҥ чэгиэн, чөл олоҕун кытта ситимниэхтэрэ. Уонна ол кырдьык буолуоҕа. Ама, ханнык киһи ону баҕарбат, онно таласпат буолуоҕай?

Үгүстэр дьолу тиийинэн олоруунан, дьиэ кэргэн уонна тус бэйэҥ чэгиэн, чөл олоҕун кытта ситимниэхтэрэ. Уонна ол кырдьык буолуоҕа. Ама, ханнык киһи ону баҕарбат, онно таласпат буолуоҕай?

Арай баар буолаллар ону таһынан туох эрэ биллибэккэ, саҥаҕа талаһар уонна онтон өй-санаа, күүс-уох биир улахан соругу ситиһэллэриттэн муҥутуур дуоһуйууну, астыныыны көрсөр хорсун-хоодуот дьоннор. Ол кэмҥэ кинилэр ситиспит ситиһиилэрэ, кыайыылара-хотуулара бу аҥардас бэйэлэрин эрэ дьоллоро, үөрүүлэрэ буолбакка, эргимтэ, түөлбэ, улуус, ону ааһан норуот ѳрѳгѳйүгэр кубулуйаллар.

Д1

Дугуйдаан Винокуровы саха киһитэ бары кэриэтэ билэллэр диэтэхпинэ, бука, сыыспатым буолуо. Бу хорсун санаалаах эдэр киhи саха атынан дойду тэбэр сүрэҕэр – Москваҕа айанын үгүс дьон долгуйа, эрэнэ кэтээбиттэрэ. Ол туһунан интэриниэт ситимнэрэ, хаһыаттар тиһигин быспакка таһаара, кэпсии олордулар.

Дугуйдаан Семёнович Москваҕа сырыытын кэннэ уоскуйан хаалбакка, олунньуга Өймөкөөнтөн Магадан уобалаһын Сейемчан сэлиэнньэтигэр диэри айанныахтааҕын туһунан иһитиннэрбитэ. Бу айан биһиги биир дойдулаахтарбыт, саха норуотун кэскилин туһугар үгүстүк үлэлээбит-хамсаабыт дьоннорбут Николай Кривошапкин уонна Өксөкүлээх Өлөксөй ааттарын үйэтитэр, маны таһынан саха сылгытын киэҥ араҥаҕа сырдатар сыалтан оҥоһулларын кэпсээбитэ.

Дугуйдааны кытта телефонунан быһа сибээскэ тахсан кэпсэтэ сырыттым.

- Бэйэм Өймөкөөн Үчүгэйиттэн төрүттээхпин. Атынан Москваҕа баран кэлэн бараммын, дьону кытта үгүстүк көрсөн кэпсэттим. Маннык көрсүһүүлэргэ бииртэн мунчаардым. Ордук оҕолору, ыччаттары кытта көрсүһүүлэрбэр — эдэр дьон улуу дьоммут ааттарын, кинилэр туох иһин олох олорон ааспыттарын үгүстэр билбэттэр эбит. Ол иһин Сейемчаҥҥа сырыыбын Өксөкүлээх Өлөксөй, Николай Кривошапкин ааттарын үйэтитэр сыаллаах оҥорон эрэбит, - диэн кини бүччүм санаатын үллэһиннэ.

айан

Дугуйдаан Москваҕа сырыытын туһунан кэпсэтиибитигэр "айаҥҥа турунаргар дьиэ кэргэнин төһө өйөөбүтэй" диэн ыйытыыбар: "Өскөтүн дьиэ кэргэним өйөөбөтөҕө буоллар, айаҥҥа туруммат да буоллаҕым. Айаным 1,5 сыл кэм устата барбыта. Ол тухары кэргэним Катерина, оҕолорум Диана уонна Дархан өйөбүллэрэ эрэ баар буолан сырыттаҕым", —  быһаччы, чопчу хоруйдаата.

Оннук ээ, эр киһи улуу да, судургу да быһыыларыгар хайаан да ийэ киһи чуумпу, улгум сөбүлэҥин тэҥэ, эрэл эрэ баар буоллаҕына, туох барыта кыаллар, ситиhиллэр. Ол үтүөтүнэн диэххэ, билигин бу саха норуотун эр дьоно, кинилэр сылгылара харса суох, тулуурдаах хаачыстыбаларын эрэгийиэн тас өттүнээҕи үгүс дьоно биллэҕэ, ону ааһан сөхтөҕө эбээт!

- Айаҥҥа бастаан турунарбар үгүс уустуктар бааллар бөҕө буоллаҕа. Сорох ардыгар килиэп да ылынар харчы көстүбэт түгэннэрэ үөскэтэлии сылдьыбыта. Ол эрэн "ойуурдаах куобах охтубатыныы", дьонноох киһи тутайбат, хаһан да, ханна да өлөн-охтон биэрбэт. Туох сыаллаах-соруктаах баран иһэрбитин билэн, дьон туох баарынан көмөлөһөрө.

Онтон айаҥҥа ол-бу быһылаан тахсара ханна барыай? Биирдэ Бүрээтийэ хоту өттүгэр тиийбит кэммитигэр оннукка түбэстим диэххэ сөп. Аппар икки аты сэтиилэнэн иһэбин. Хайа тарыҥын туораан иһэн аттарым муустан халтарыйан, бары аллараа диэки оҕуттубут. Маннык ыгым түгэҥҥэ киһи бэйэтэ хайдаҕын билэр эбит. Ыксаабакка-ыгылыйбакка, салгыы хайдах гынан бу уустук балаһыанньаттан тахсаргар өйүң-санааң түмүллэр. Аттарбын туруортаатым. Хата, туохпутун да улаханнык эчэппэтэх этибит. Түспүт сирбитинэн тахсыбат буоллахпыт. Инньэ гынан эргийэн, налыы сиринэн таҕыстыбыт. Этэҥҥэ барыта ааспыта, - диэн Дугуйдаан Семёнович мүччүргэннээх түгэнин туһунан холкутук кэпсиир. Ыксаллаах быһыыга-майгыга киэҥ көҕүстээх буолуу, чахчы, үрдүк хаачыстыба.

- Айаным устатыгар биир бэлиэтии көрбүтүм — олох-дьаһах, сайдыы өттүнэн национальнай өрөспүүбүлүкэлэр уобаластардааҕар лаппа үчүгэйдик дьаһанан олороллоро. Ити ордук тыа сирдэрин, дэриэбинэлэри этэбин. Ол оннугар соҕуруу сирдэр куораттара лаппа сайдыылаах эбиттэр. Саха Сириттэн сылдьарбын иһиттэхтэринэ, олус соһуйаллар этэ. Тас эрэгийиэн дьоно Саха Сирин тымныыны, табаны уонна алмааһы эрэ кытта дьүөрэлииллэр эбит. Сылгы иитиитинэн дьарыктанар норуот буоларбытын, Арассыыйа үрдүнэн саамай элбэх ахсааннаах сылгылаахпытын иһиттэхтэринэ, олус сөҕөллөр.

Айанньыт биир кичэм баҕа санаата, саха сылгытын туһунан кэпсиир түмэли тэрийии эбит. "Хас биирдии нэһилиэккэ, улууска кэпсэлгэ сылдьар аттар бааллар. Кинилэр кыахтарын, быһыйдарын, өйдөрүн туһунан көлүөнэттэн көлүөнэҕэ уос номоҕо буолан баран иһэр. Арай ол кэлин мөлтүү быһыытыйда. Ол үксүн сылгынан дьарыгырар дьон аҕыйаан, сүтэн иһэриттэн. Холобур, Үөһээ Бүлүүгэ үөскүү сылдьыбыт "Точка" диэн аты да ылан көрүөххэ. Үөһээ Бүлүүлэр ол аттарын ытыктаан, киниэхэ мэҥэ туруорбуттар. Хайа, онтон уонна саха сылгытын үтүөтүнэн оччотооҕу ыраахтааҕылаах Арассыыйа Уһук Илин сирдэрин баһылаатаҕа. Маны таһынан Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр эмиэ төһөлөөх элбэх сылгы туһаныллыбытын, ама, хайаан умнуохпутуй?! Түмэл тутуллуута төһө да уустуктардааҕын иһин, саха норуотугар инникилээх дии саныыбын. Үйэлэргэ илдьэ кэлбит үгэспитин үйэтитиигэ, маны таһынан эрэгийиэҥҥэ туризм сайдыытыгар төһүү буолуо этэ", — диэн Дугуйдаан санаатын үллэстэр.

дьиэтэ

Кэпсэтиибит устатыгар Дугуйдаан Винокуров аҕа быһыытынан оҕолоругар болҕомтотун күүскэ уурарын бэлиэтээтим. "Төрүт тылбытын тутан хаалыыга улахан эппиэтинэһи төрөппүт сүгэр. Сорохтор учуутал, үөрэх мөлтөҕүттэн төрүт тыл симэлийэр куттала баар дииллэр. Мин онно сөбүлэспэппин. Төрөппүт дьон оҕолоругар бириэмэ аттаран, болҕомтолорун ууруохтаахтар. Холобур, оҕо дьонуттан тугу эрэ нууччалыы ыйытар, ону төрөппүт эмиэ нууччалыы хоруйдуур. Дьиэ иһигэр төрөөбүт тылынан кэпсэтэ үөрэттэххэ, оҕо ону сөпкө ылынар. Бастатан туран, сахалыы толкуйдуурга үөрэтиэхтээхпит. Барыта онтон тахсар дии саныыбын", — диэн аҕа киһи сэһэргиир.

- Инникитин айаным туһунан киинэ устуохтаахпыт. Нуучча географическай уопсастыбатын кытта ыкса сибээстэһэбин. Маны таһынан кэлин кинигэ оҥорон таһаарар баҕалаахпын. Баҕа санаам түмсүүлээх буолуоххайың диэн. Түмсүүлээх, итэҕэллээх буоллахпытына, тугу барытын тулуйуохпут, кыайыахпыт, - Дугуйдаан Семёнович кэпсэтиибит түмүгэр баҕа санаатын тиэрдэр.

Дугуйдаанныын кэпсэтэн бүтэн баран, чочума остуолбар саҥата суох олорон ыллым. Бу эдэр киһи аҥардас санаатынан эрэ буолбакка, тус быһыытынан саха норуотун кэскиллээх инникитин тѳhѳ кыайарынан туруулаһарын хайгыы, ытыктыы санаатым. Саха тыла, кини ыраас эйгэтэ маннык дьорҕоот дьон баарын тухары сүтэн-уостан хаалыа суоҕа диэн эрэл санаа кыыма сөҕүрүйбэт.

Хаартыскалар интэриниэт ситимиттэн туһанылыннылар.

  • 2
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением