Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -36 oC

Оҕоҕо адьас кыра эрдэҕиттэн төрөппүттэрэ үчүгэйи уонна куһаҕаны оҥоруу хайдаҕын өйдөтөн быһаардахтарына, кини сиэр-майгы тулхадыйбат үтүө өйдөбүллэриттэн турар айыы санааны өйүгэр-санаатыгар, кутугар-сүрүгэр иҥэринэн олоҕун оҥостор. 

Оҕоҕо адьас кыра эрдэҕиттэн төрөппүттэрэ үчүгэйи уонна куһаҕаны оҥоруу хайдаҕын өйдөтөн быһаардахтарына, кини сиэр-майгы тулхадыйбат үтүө өйдөбүллэриттэн турар айыы санааны өйүгэр-санаатыгар, кутугар-сүрүгэр иҥэринэн олоҕун оҥостор. 

Онтон айыы санааны оҕоҕо иҥэрбэтэххэ, кэлин бэйэтин быһыытын-майгытын, тугу оҥорорун кыайан арааран билбэт, сыаналаммат, анаарбат, суобаһа суох киһи буола улаатар. Суобас диэн тугуй? Суобас диэн – кэмсинэр санаа. Кэмсинэр санаа тоҕо үөскүүрүй? Киһи туох эмит сыыһаны, куһаҕаны оҥорон баран онтун билинэн көннөрүнүөн баҕардаҕына кэмсинэр, сэмэлэнэр. Бу аата, киһи оҕо эрдэҕиттэн ылыммыт сиэрдээх буолуу өйдөбүллэригэр олоҕуран, айыы санаатынан сиэттэрэн бэйэтин быһыытын-майгытын сыаналанара буолар.

алампа

Аныгы балысхан сайдыы, куйаар ситимин үйэтигэр сиэрдээх буолуу кыһалҕата сытыырхайан турар. Уопсастыбаҕа сиэр-майгы таһыма түспүтүн куйаар ситимэ арылхайдык туоһуулуур дии саныыбын. Билигин эдэрдиин-эмэҥниин бары куйаар ситимиттэн аан дойдуга туох буола турарын тутатына билэбит-көрөбүт. Дьэ, уонна ону ырытан, талбыппытынан санаабытын үллэстэбит. Араас сонуннар, тэрээһиннэр, биллэр-биллибэт дьон олоҕун ырытыы тула санаалары аахтахха киһи сороҕор сонньуйар эрэ. Тоҕо диэтэр, ол кэмэнтээрийдэргэ ымсыы, бэрт былдьаһыы, ордук санаһыы, о.д.а. мөкү майгы көстүүлэрэ баһылыыр буолаллар. Маны психология, социология өттүнэн дириҥник ырытыы, үөрэтии тоҕоостоох буолуо. Онтон, мин, бу кыһалҕаны саха литэрэтиирэтин төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ, драматург, бэйиэт уонна прозаик Анемподист Иванович Софронов (Алампа) хоһоонноругар дьүөрэлии тутан санаабын тиэрдэргэ сананным. Алампа айымньыларыгар сиэр-майгы тиэмэтин арыйар, кыра-хара норуот эрэйдээх-буруйдаах олоҕун, дьон-сэргэ сыһыаннарын, куһаҕан дьаллыктар кыһалҕаларын сытыытык туруорар.

Куйаар ситимин Алампа «Төрөөбүт дойду» диэн хоһоонугар (1912 с.) суруйбут «атын дойдутугар»  дьүөрэлии туттахпытына хайдах эбитий...

«... Ол дойдум дьоно

Аан дойду айхалыгар

Уу долгунун курдук,

Көрүдьүөс көҥүл олоххо

Көрүлүүллэр эбит.

Ол дойдуга

Күн сирин көҥүл олоҕо,

Күөстээх үүт курдук,

Күнүстэри-түүннэри

Куугунуу оргуйа турар сирэ эбит.

Арааһынай куолаһынан

Айхал бөҕөнү айаарбыт,

Көҥүл куолаһынан

Көрүдьүөс бөҕөҕө көҕүйбүт сир эбит.

Ол да эрээри

Онно мин тэһийиминэ, тэскилээбитим,

Ол дойду дьоллоох долгунугар олороммун,

Тулуйумуна, туоххаһыйбытым...».

 

Дьэ, кырдьык даҕаны, куйаар ситимин ойуулуур тыллар буолбатах дуо?! Онно чахчы күнүстэри-түүннэри оргуйа турар көҥүл олох... көҥүл куолаһынан туойар олох... киһини угуйар, көҕүтэр сир... Куйаар ситимигэр көҥүлүнэн көччүйэн, талбыппытынан күөлэһийэн, дьыбааҥҥа тиэрэ түһэ сытан, санаабытын көҥүллүк этэбит диэн түөскэ охсунан, күн талбыппытын туойабыт эбээт, доҕоттоор. Онтон үтүөтүн-мөкүтүн, сымыйатын-кырдьыгын сыыйан ылар, туһалааҕын арааран ылынар ардыгар кыаллыбат суол.

«Тыл чыычаах буолбатах, көттө эрэ туппаккын» диэн нуучча өс хоһооно этэр. Куйаар ситимигэр эмиэ сонун тарҕаныыта ол курдук. Маныаха бэйэ-бэйэни харыстаһыы, аһыныгас буолуу курдук үтүө үгэстэрбит туһунан саныы да барбаппыт. Оттон кэнчээри ыччаппыт куйаар ситимиттэн холобур ылар эбээт...

Бары билэ-көрө сылдьабыт, куйаар ситимигэр киһи киһини түһэриитэ, атыннык эттэххэ сонордооһун (буллинг) баар суол. Маннык кыһалҕаҕа ылларбыт киһи (хомойуох иһин, үксүгэр буллиҥҥа эдэр ыччат хабыллар) күннээҕи олоххо төннөрүгэр уустуктардаах буолар, дьон харса суох тыла-өһө, күлүү-элэк оҥостуута, сиэрэ суох быһыыта кини уйулҕатыгар оспот баастары хаалларар, ардыгар бэйэҕэ тиийиниигэ тиэрдэр.

Сонордооһуҥҥа түбэспит киһи ис туругун Алампа 1921 с. суруйбут «Утуйа сытан баттаппыт» диэн хоһоонугар хоһуйар:

«Салбаннаах санаа сарбыллара,

Өрөгөйдөөх өй өһөрө,

Кэтит кэскил кэхтэрэ,

Кэрэгэй кэмэлдьи кэтириирэ

Кэлбит эбит буоллаҕа...

... Тыыным хаайтарда,

Сүрэҕим мөҕүстэ,

Тугуй бу?

Тулуйумаары гынным...

Кэтит сир киэлитэ

Киэҥ да этэ,-

Кыараатаҕа кыһалҕатын нии...

Олуйумаҥ даа!..»

Бу хоһоону кини гражданскай сэрии кэмигэр, былаас, олох-дьаһах уларыйыытыттан уолуйан, айманан, долгуйан суруйбута. Кини оччолорго «сэптээх-сэбиргэллээх сэриини сэргэ өссө «тыл сэриитэ» бара турар» диэн эппитэ биллэр. Билиҥҥи кэмҥэ «тыл сэриитэ» (информационная война) олохпут туох баар араҥатыгар бигэтик киирдэ. Ол курдук, бэлиитикэттэн саҕалаан, дьон күннээҕи олоҕор куйаар ситимин сонунунан сирдэтинэр буолбутугар тиийэ.

Маныаха хайдах харыстанабыт? Тугу тобулабыт? Мин саныахпар, сиэрдээх санаа, киһилии майгы эрэ абырыа.

«... Бэйэҥ даа

Билбэккин дуо

Өбүгэ тухары өспөтөх

Өс хоһоонун:

«Кыһын сааһынан салаллар,

Сайын күһүнүнэн көһөр,

Үчүгэй үксэ үтүгэннээх,

Үлүгэр үгүһэ үтүөлээх» –

(диэни)?...

Итиниэхэ эбии эттэххэ,

Бэҕэһээ бэккиһэппит бэрди

Бүгүн бүдүлээн көрдөххө,

Куһаҕана куотарын?..

Бүгүҥҥү бүрүүкээбит мөкүнү

Сассыныгар сайыннаран санаатахха,

Сааскы сассыардалыы

сандаарарын?..

Алҕас алдьаххайа

Ааспытын кэннэ араҥаланарын,

Сатамматах сабыдыала

Сассыныгар самалыктанарын?..» – диэн суруйар Алампа «Доҕоччугуом» (1928 с.) хоһоонугар. Мантан сиэттэрэн этиллиэҕи баҕарар: туттунуоҕуҥ, ис дьиҥин билбэккэ сылдьан тутатына сиилииртэн, кыһыл тылынан кыырартан! Харыстыаҕыҥ бэйэ-бэйэбитин, оччоҕуна эрэ кэнчээри ыччаппытыгар үтүө холобур буолуохпут, айыы санааны иҥэриэхпит.

«Мин

Ыраас олох

Ыллыгын ыллыыбын,

Көнө көҥүл

Көрүн көрдүүбүн,

Атаҕастаһыыта суох

Айылгыны ахтабын...».

(«Мин», Алампа, 1926 с.).

Анемподист Иванович Софронов (Алампа) - саха киһитин суобаһын мэктиэтэ буолар диэтэхпинэ сыыспатым буолуо. Кини суруйан хаалларбыт айымньылара билигин даҕаны сонуннар, киһини толкуйдатар, иитэр-үөрэтэр суолталаахтар.

Антонина НЕУСТРОЕВА

  • 5
  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Уопсастыба

Ытык ыал ийэтэ

Татьяна Васильевна Романова 1931 с. күһүн оччолорго Амма оройуонун, билигин Мэҥэ Хаҥалас…
14.12.24 14:29