Олоҥхо тыйаатырын туруоруутунан өссө эрдэ «Кыыс Дэбэлийэ» олоҥхону сөҕө көрбүттээхпин. Онно Степанида Борисова уобараһын дьоһуннаахтык арыйбыта. Дьэ бу бэҕэһээ көрбүт «Хардааччы Бэргэн» олоҥхо-испиэктээкпин эмиэ саҥа харахпынан астына көрдүм. Испиэктээх саҕаланыыта (экспозицията), аар саарга аатырбыт «Чолбон» рок-бөлөк Намолий Ильин «Хаһан эрэ» диэн композициятынан доҕуһуолланан саҕаланар. Аныгы ыччаттар гитаранан ыллыы олороллор. Манна даҕатан эттэххэ, биэс музыкант тыыннаах дьүрүскэнинэн, испиэктээҕи саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри олус үрдүк таһымнаахтык доҕуһуоллаабыттара кэрэхсэбиллээх. Урут биир ханнык эрэ туруорууга, «Чолбоннор» эмиэ илэ бэйэлэринэн доҕуһуоллаан тураллар. Бу эмиэ саҥа, сэдэх, сонун сүүрээни бэркэ туттубуттар.
Айыы Умсуур удаҕан кыталык буолан киириитигэр Владимир Татаринов «Тохтооҥ дуу туруйалар» диэн ырыатын, Павел Семенов толоруутун музыкатыттан (проигрыһыттан) киллэрэн биэрбиттэрэ олус бэркэ дьүөрэлэһэр. Ол курдук хас эпизод аайы араас сыаналарга музыка сөп түбэһэн иһэрэ, испиэктээҕи күүһүрдэр.
Аны сыанаҕа уруккулуу буолбакка, аныгылыы (условнай) судургу киэргэтиитэ суох икки төгүрүччү сыыйа үрдээн тахсар подиум курдуктаах. Сыана ортотугар Аллараа дойду абааһыларын ордуутун аарыктаах аана арыллар-сабыллар дьиктилээх томтор буолан сытар. Сыана худуоһунньуга манна эмиэ олус бэрт аныгылыы сыана кэтэҕинээҕи көстүүнү проекторынан уларыта турара испиэктээх хаамыытын арыйан, уларытан иһэр. Петр Бояркин өр сыл уопуттаах (саха киинэтигэр да) барытыгар мындыр бутофор буолара арылхайдык испиэктээҕи ситэрэн-хоторон биэрэр. Айыы Умсуур удаҕан, Хардааччы Бэргэн уонна Туналыкаан Куо оҕолорун, уот кыһыл кынаттаах көтөр абааһы кынаттара, киргил, Хаан Кугас ат, Тимир Лаҥкыр оҕус, олус табыллыбыттар.
Олоҥхоһут оруолун кыайа-хото тутан толорбут Андрей Соловьев эмиэ, Өндүрэй Тиитээрэп курдук төрөлкөй, үрдүк уҥуохтаах, эр бэрдэ буолан биэрдэ. Чөллөркөй куолаһынан кэмиттэн кэмигэр испиэктээх хаамыытын, түһүмэхтэрин сатабыллаахтык ситимнээн, киллэрэн-таһааран истэ. Дьэ аны оруоллары толорооччулар бары олус имигэстэр, ыллаан-туойан, туттан -хаптан көрөөччүлэр куттарын тутуохтарын туттулар. Сүрүн оруолларга Хардааччы Бэргэн -- Гаврил Мэнкээрэп, кини арахсыспат аргыһа, чугас доҕоро Хаан Кугас ат -- Дмитрий Хойутаанап уобарастарын олус бэркэ арыйдылар. Хаан Кугас ат сиэлэ өрө илгистэн, кистээн дьириһитэрэ астык!
Бу испиэктээххэ сороҕор киһини «мүчүк» гыннарар түгэннэр кэмиттэн кэмигэр киирэн биэрбиттэрэ көрөөччүнү сэргэхситэр. Артыыстар бары да олус ис-истэриттэн уобарастарын арыйан оонньуулларын көрөөччүлэр олус сөбүлээтилэр. Испиэктээх түмүгэр абааһы уолаТимир Дьигистэй хотторон ытыы-ытыы, матассыыкылын анньан Орто дойдуттан барара режиссер бэрт сонун ньымата буолла. Ол аата олохпутугар билигин, аныгы да кэмҥэ, сырдык уонна хараҥа охсуһуута бара турарын санатар. Ити гынан баран ханнык да олоҥхоҕо Айыы күүһэ хараҥаны кыайар, барыта үтүө түмүктэнэн, көрөөччү, олоҥхону истээччи сүргэтин көтөҕөр соруктаах.
Онон бу Өндүрэй Тиитээрэп толорон хаалларбыт «Хардааччы Бэргэн» диэн олоҥхо-испиэктээҕэ аныгылыы тыыннаах, сэргэх туруоруулаах айымньы буолан, аан дойду көрөөччүлэрин сөхтөрүөн сөхтөрөр эбит диэн сырдык түмүккэ кэлэҕин. Маннык олоҥхобут, сахалыы тылбыт-өспүт үрдүк сыанаттан, артыыс ыччаттарбыт оонньоон, сахабыт тыынын уһатан, өллөйдөөн, хараанныы сылдьалларыгар махталбытын этиэҕиҥ.
Хаартыскаҕа ааптар түһэриилэрэ
- 7
- 0
- 0
- 0
- 1
- 0