Бүгүн биһиги Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии кыттыылааҕа Афанасий Елисеевич Тимофеев саҕалаабыт Бүлүү аэропордун үлэһиттэрин династиятын туһунан сырдатыахпытын баҕарабыт.
Бүлүүтээҕи аэропрот историятын сэгэттэххэ
Хотугу муора суолун судаарыстыбаннай управлениетын (ГУСМП) «Каталина» диэн гидросөмөлүөтэ 1936 с. от ыйын 8 күнүгэр Бүлүү куорат аннынан өрүскэ түспүтэ. Дьэ, бу кэмтэн ыла, «Дьокуускай-Сангаар-Бүлүү» маршрутунан сөмөлүөт сырыыта саҕаламмыта, Бүлүү улууһугар салгынынан сырыы историята арыллыбыта. Бастакы көтөр ааллар ууга түһэр буоланнар, 1938 с. сайын Бүлүү куоракка гидроаэропорт оҥоһуллубута, начаалынньыгынан төрүт олохтоох Тихон Бекетов ананан үлэлээбитэ. 1943 с. гидросөмөлүөт сырыыта тохтотуллан, «По-2» сөмөлүөттэр сылдьар буолбуттара. Сөмөлүөт түһэр былаһааккатыгар анаан, хамыыһыйа өрүс уҥуор турар Тойон Хонууну талбыта. Манна аэропортка 1946 с. начаалынньыгынан анаммыт Сунтаартан төрүттээх Василий Бочаров аэропорду туттаран үлэҕэ киллэрбитэ.
Сыллар ааһан испиттэрэ, 1954-1955 сс. «А-2» сөмөлүөттэр кэлэннэр нэһилиэктэргэ сырыы олохтоммута. 1956 с. араадьыйа киин баар буолбута. 1963 с. аэровокзал, таһаҕаһы, оттугу-уматыгы уонна саппаас чаастарын харайар ыскылааттар, о.д.а. көмөлтө эбийиэктэр, үлэһиттэр олорор дьиэлэрэ-уоттара тутулланнар, Тойон Хонуу дьоҕус бөһүөлэккэ кубулуйбута. Анал идэлээх исписэлиистэри таһынан күннээҕи үлэни-хамнаһы хааччыйар, эбийиэктэри көрөр-истэр үлэһиттэр ылылланнар, дьоһун кэлэктиип үөскээбитэ. 1960-1980 сс. аэропорт кэҥэтиллэн, тупсарыллан, «Ан-24», «Як-40», «Ан-26», «Л-410», «Ми-2», «Ми-8», «Ми-6» курдук турбовинтовай уонна реактивнай сөмүлүөттэр түһэр буолбуттара. Аэропорт өрүс уҥуор турара айанныыр да, үлэлиир да дьоҥҥо табыгаһа суоҕа, онуоха эбии сааскы халааҥҥа уонна уһун,дохсун ардахтарга Тойон Хонууну уу ылара. Инньэ гынан, 1986 с. куорат таһыгар аныгы ирдэбилгэ сөп түбэһэр саҥа аэропорт тутуллан үлэҕэ киллэриллибитэ.
Династиены төрүттээччи
Афанасий Тимофеев 1921 с. Бүлүү улууһун Модут нэһилиэгэр холкуостаах ыалга төрөөбүтэ. Дьооху оскуолатын бүтэрэн, олохтоох Сэбиэккэ сэкирэтээринэн үлэлээбитэ. 1943 с. бэс ыйын 17 күнүгэр бэбиэскэ тутан аармыйаҕа барбыта. Забайкальскай фронт байыаһа буолан, Японияны утары сэриигэ кыттыбыта. Аармыйаттан 1946 с. демобилизацияланан, «Японияны кыайыы иһин» мэтээллээх эргиллэн кэлбитэ.
Дойдутугар нолуок ааҕынынан үлэлээбитэ. 1956 сыллаахтан аэропортка үлэлии киирбитэ. Афанасий Елисеевич манна 22 сыл устата үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Бастаан хассыырдаабыта, онтон ыскылаакка сэбиэдиссэйдээбитэ, аэропорт үлэтин хааччыйар сулууспаҕа диспетчердээбитэ. Бочуоттаах сынньалаҥҥа 1978 с. тахсыбыта. Олохтон 1981 с. барбыта.
Кини кэргэнэ Мария Егоровна Иванова аэропортка 26 сыл үлэлээбитэ: остолобуойга асчыттаабыта, кастеляншалаабыта, уборщицалаабыта. Тимофеевтар аэропорт түөлбэтигэр дьиэ-уот туттан олорбуттара, онон оҕолоро гражданскай авиация эйгэтин үлэтин-хамнаһын, күннээҕи түбүгүн кыра саастарыттанбилэ-сыаналыы улааппыттара. Төрөппүттэрин дьыалаларын салҕаан, олохторун аэропорт үлэтин кытары ситимнээбиттэрэ.
Бибиковтар
Улахан кыыс Вера Афанасьевна 1950 с. төрөөбүтэ. Орто оскуола кэнниттэн Ленинградтааҕы Гражданскай авиация авиационнай-транспортнай училищетын (ЛАТУГА) ситиһиилээхтик бүтэрэн, 1969-2002 сс. Бүлүүтээҕи аэропортка оттук-уматык технигиттэн саҕалаан, аэропорт үлэтин хааччыйар сулууспа диспетчеринэн, начаалынньыгынан үлэлээбитэ. 2002-2009 сс. ааҕыныстыбаны салайбыта. Гражданскай авиация эйгэтигэр олоҕун 40 сылын анаабыта. Саха Сирин авиациятын бэтэрээнэ, авиация Бочуоттаах үлэһитэ буолбута
Вера Афанасьевна манна үлэлии сылдьан, радиотехник Николай Васильевич Бибиковка кэргэн тахсыбыта. Омскайдааҕы летнай училищены бүтэрбит нуучча уола 1969 с. ананан кэлбитэ. Ытык Бүлүүнү сөбүлээн, манна олохсуйбута, аэропортка 1992 с. диэри үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ.
Иллээх-эйэлээх ыал оҕолоро иккиэн эмиэ аэропорт үлэһиттэрэ буолбуттара. Сергей анал орто үөрэҕи бүтэрэн, 1997-2002 сс. Бүлүү аэропордугар үлэлээбитэ, 2005 сылтан Дьокуускай к. таһынааҕы Маҕаҥҥа «Аэропорты Севера» хампаанньаҕа үлэлиир. Василий 1995 сыллаахтан Бүлүү аэропордугар үлэлии сылдьар. Аэропорт араас түһүмэх үлэтин барытын баһылаата, куруусчуттан саҕалаан, куттал суох буолуутун иниспиэктэригэр, баһаартан сэрэхтээх буолуу салаатын начаалынньыгар тиийэ үүннэ. Тустаах үлэтин таһынан сыахтааҕы идэлээх сойууһу салайар, бэтэрээннэри кытары үлэни тэрийэр.
Бубякиннар
Тимофеевтар иккис кыыстара Ксения Афанасьевна 1952 с. төрөөбүтэ. Эмиэ Ленинградка, эдьиийэ үөрэммит училищетын бүтэрэн, 1972-2018 сс. Бүлүү аэропордугар үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ: аэропорт үлэтин хааччыйар сулууспаҕа дьуһуурунайдаабыта, хассыырдаабыта, диспетчердээбитэ. Уопсастыбаннай үлэнэн дьарыктаммыта, өр сылларга сыахтааҕы идэлээх сойууһу салайбыта. Саха Сирин авиациятын бэтэрээнэ, авиация Бочуоттаах үлэһитэ.
Кэргэнэ, Омскайдааҕы летнай училищены бүтэрбит Бүлүү уола Валерий Константинович Бубякин 1977-1993 сс. «Ан-2» сөмөлүөт пилотунан, хамандыырынан, 1994-2001 сс. ВОХР инструкторынан үлэлээбитэ.
Винокуровтар
Тимофеевтар кыра кыыстара Татьяна Афанасьевна 1965 с. төрөөбүтэ. Бүлүү куорат орто оскуолатын бүтэриэҕиттэн күн бүгүнүгэр диэри аэропортка үлэлээн кэллэ. Эдьиийдэрин курдук, Саха Сирин авиациятын бэтэрээнэ.
Кэргэнэ летнай училищены бүтэрбит Андрей Николаевич Винокуров манна 1984-1994 сс. авиатехнигынан үлэлээбитэ.
– Аэропортка төрөппүттэрим үлэлээбит, онтон эдьиийдэрим уонна күтүөттэрим, убайдарым үлэлии сылдьар, бэйэм бу эйгэҕэ үөскээбит буоламмын, ханнык идэни талар туһунан төбөбүн сынньыбатаҕым. Оскуоланы 1983 с. бүтэрээт, тута манна үлэлиикиирбитим, быйыл 40 сылын туолар. Бастаан перевозка отделыгар дьуһуурунайдаабытым, салгыы анал куурустары бүтэрэн, аэропорт үлэтин хааччыйар салааларга үлэлээбитим. 2013 сылтан радионавигация сулууспатыгар радиооператордыыбын. Билигин «Дьокуускай-Бүлүү» маршрутунан эриэйсэбэй сөмөлүөт сылдьар, ону таһынан санитарнай эриэйистэр, сааскы-күһүҥҥү хаайтарыы саҕана улуус иһинэн датаассыйалаах эриэйистэр оҥоһуллаллар, сайын баһаарынай сөмөлүөттэр көтөллөр, – диэн кэпсиир Татьяна Афанасьевна.
Уолаттар
Мария Егоровна уонна Афанасий Елисеевич Тимофеевтар уолаттара олохторун суолун эмиэ аэропорт үлэтиттэн саҕалаабыттара.
Улахан уол Эдуард манна 1974-1980 сс. дизелистээбитэ, Анатолий 1978-1989 сс., Дмитрий 2006-2012 сс. куруусчутунан уонна куттал суох буолуунун хааччыйар сулууспаҕа иниспиэктэринэн үлэлээбиттэрэ.
Түмүк оннугар
1990-с сылларга ханна да буоларын курдук, Саха Сиринээҕи гражданскай авиация управлениетын Ньурбатааҕы тэрилтэтигэр (Бүлүү аэропорда кини иһинэн үлэлээбитэ) уустук быһыы-майгы үөскээбитэ, хамнас тардыллар буолбута, улуус иһинээҕи эриэйистэр сарбыллыбыттара. Ол эрээри, аэропорт тустаах үлэтин дьоһуннук толорбута, толорор. Манна күн бүгүн 50-ча киһи үлэлии-хамсыы сылдьар. Кинилэр кэккэлэригэр 294 сыл ыстаастаах Тимофеевтар династияларын бэрэстэбиитэллэрэ Татьяна Тимофеева уонна Василий Бибиков бааллар.
- 2
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0