Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -19 oC

«Дьокуускайдааҕы көтөрү иитэр фабрика» аахсыйалаах уопсастыбаҕа араас сылларга дьиэ кэргэнинэн үлэлээбит-хамсаабыт дьоннортон биирдэстэрэ -- Надрышиннар буолаллар.

«Дьокуускайдааҕы көтөрү иитэр фабрика» аахсыйалаах уопсастыбаҕа араас сылларга дьиэ кэргэнинэн үлэлээбит-хамсаабыт дьоннортон биирдэстэрэ -- Надрышиннар буолаллар.

Кылааттара баар

Ыраах Башкирияҕа күн сирин көрбүт кыысчаан олоҕун тыйыс тымныылаах хотугу дойдуну, буолаары буолан көтөрү иитии курдук саҥа салааны кытары ситимниэ, өссө удьуор үлэһит утумун төрүттүө диэн ким санаан көрбүтэ баарай?

Устуоруйа быыһын сэгэттэххэ, ХХ үйэ саҕаланыытыгар бастакы гильдиялаах атыыһыт Петр Кушнарёв Дьокуускай куорат таһыгар саһыл иитэр дьоҕус пиэрмэни уонна соҕурууттан аҕалыллыбыт боруода сүөһүнү-сылгыны ууһатар хаһаайыстыбаны тэриммит, онно сөптөөх дьиэни-уоту, күрүөнү-хаһааны туттубут. Ол баазатыгар тирэҕирэн, Сэбиэскэй былаас сылларыгар племенной хаһаайыстыба тэриллэн 1939 с. диэри үлэлээбит. Салгыы сүөһү иитиитин уопутунай хаһаайыстыбатын, онтон Дьокуускайдааҕы Тыа хаһаайыстыбатын техникумун үөрэтэр-уопутунай хаһаайыстыбатын быһыытынан туһаныллыбыт.

Дьэ бу хаһаайыстыбаҕа төрүт-уус Өлүөхүмэ уола, Кыайыы кэнниттэн аармыйаттан демобилизацияланан кэлбит бырантабыык Александр Надрышин уонна дьылҕатын батыһан Саха Сиригэр кэлбит башкир кыыһа Мария Закирова 1947 с. сүөһү көрөөччүнэн үлэлии киирбиттэр. Судургутук «Племхоз» диэн ааттанар бу түөлбэҕэ дьиэ-уот туттан олохсуйбуттар. Манна 1969 с. Дьокуускайдааҕы көтөрү иитэр фабрика тутуллубутугар, иккиэн үлэһит буолбуттар. Мария Николаевна көтөрү иитэр фабрикаҕа 28 сыл дьиэ хомуйааччынан уонна көтөр аһылыгын оҥорор сыах оробуочайынан үтүө суобастаахтык үлэлээн, бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыбыт. Үлэ бэтэрээнэ буолбут, Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун Махтал суругунан бэлиэтэммит. Оттон Александр Александрович көтөр аһылыгар анаан бурдук үүннэрэр биригээдэҕэ 27 сыл таһаарыылаахтык үлэлээбит. Кини түөһүн сэриигэ ылбыт бойобуой мэтээллэрэ уонна «Социалистическай куоталаһыы туйгуна» бочуоттаах бэлиэ киэргэтэллэрэ. Дьокуускай куорат 202-с түөлбэтигэр оҥоһуллубут, Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии буойуттарыгар анаммыт аллеяҕа Александр Александрович Надрышин аата кыһыл көмүс буукубаларынан суруллан турар.

Надрышины_--_1.jpeg

Утумнааччылар

Тыйыс айылҕалаах хотугу өрөспүүбүлүкэ киин куоратыгар көтөрү бырамыысаланнай таһымынан иитэр фабрика тэриллэн, атаҕар турбут бөдөҥ хампаанньа буола сайдыытыгар Надрышиннар бэйэлэрин кырата суох кылааттарын киллэрбиттэрэ. Үлэни өрө туппут, иллээх-эйэлээх, интернациональнай ыал тоҕус оҕону төрөтөн, олох киэҥ аартыгар көччөх гынан көтүппүтэ. Кыра саастарыттан дьоннорун батыһан үлэлии-хамсыы үөрэммит оҕолор олоххо суолларын эмиэ бу тэрилтэттэн саҕалаабыттара, үгүстэрэ манна өр сылларга үлэлээбиттэрэ. Олохторун аналларын эмиэ манна көрсүбүттэрэ.

Улахан кыыс Роза Александровна көтөр фабрикатыгар 1970 сыллаахха бухгалтерынан үлэлии киирбитэ. Ол эрээри, суот-учуот үлэтигэр сүрэҕэ сыппатын өйдөөн, 1976 сыллаахтан инкубаторийга операторынан көһөргө быһаарыммыта. Бу үлэҕэ олоҕун 28 сылын анаабыта, бочуоттаах сынньалаҥҥа 2003 сыллаахха тахсыбыта. Көтөрү иитии бэтэрээнэ, элбэх эдэр ыччаты идэни баһылыырга үөрэппит маастар-настаабынньык буолар.

Алтылнасыр Александрович фабрикаҕа 1972 сыллаахха үлэлии киирбитэ. Күннээҕи үлэни-хамнаһы хааччыйар үлэ бары кэриэтэ түһүмэҕэр 31 сыл устата таһаарыылаахтык үлэлээн, бочуоттаах сынньалаҥҥа 2003 сыллаахха тахсыбыта. Кини үтүө суобастаах үлэтэ Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин Бочуотунай грамотатынан уонна Махтал суруктарынан сыаналаммыта.

Назифа Александровна Надрышина (Третьякова) лабараантан саҕалаан, көтөрү иитээччинэн барыта 32 сыл устата үлэлээбитэ. Улахан кийиит Тамара Алексеевна Надрышина фабрикаҕа 1974 сыллаахтан 1994 сыллаахха диэри, ол эбэтэр 24 сыл үлэлээбитэ. Күтүөт Валерий Владимирович Кочерга фабрикаҕа туттуллубут ууну-хаары дьаһайар сыах операторынан 13 сыл эҥкилэ суох үлэлээбитэ.

Бастакы бэтэринээр

Надрышиннар улахан күтүөттэрэ -- фабрика бастакы бэтэринээринэй бырааһа, Норуот хаһаайыстыбатын ситиһиитин быыстапкатын боруонса мэтээлин хаһаайына Геннадий Иванович Семенов. Кини 23 сыл устата үтүө суобастаахтык үлэлээбит кэмигэр көтөрү иитэр фабрикаҕа бэтэринээринэй эмтиир-сэрэтэр үлэ тиһигэ быспакка ыытыллара, үлэһиттэр санитарнай ирдэбиллэри толору тутуһаллара, көтөр сыстыганнаах ыарыыта биирдэ даҕаны таһаарыллыбатаҕа.

Идэтигэр бэриниилээх исписэлиис көтөрү иитии курдук саҥа сайдар салааҕа идэтийэн үлэлиир элбэх ыччаты үөрэтэн-такайан таһаарбыта, Саха судаарыстыбаннай университетын тыа хаһаайыстыбатын факультетын итиэннэ Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумун бэтэринээрийэҕэ салаатыгар үөрэнэр устудьуоннар практикаларын үгүс сылларга салайбыта. Ол ыччаттартан сорохторо Ньурбаҕа уонна Нерюнгрига тэриллибит көтөрү иитэр фабрикаларга үлэлээбиттэрэ.

Воропаевтар

Тафтира Александровна эдьиийэ Розалияны кытары биир кэмҥэ, 1970 сыллаахха, фабрикаҕа оробуочайынан үлэлии киирбитэ. Көхтөөх үлэ үөһүгэр икки сыл биллибэккэ ааспыта, көтөрү иитиигэ олоҕун аныырга быһаарыммыт эдэр кыыс Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумугар үөрэнэ киирбитэ. Үөрэҕин ситиһиилэхтик бүтэрэн, фабрикаҕа төннөн кэлэн, 1994 с. диэри көтөрү көрөөччүнэн үлэлээбитэ. Барыта 24 сыл устата үлэлиирин тухары төрүөҕү ылыыга, кууруссаны чөл тутууга үрдүк көрдөрүүлэри ситиһэн, мэлдьи хайҕалга сылдьыбыта. Хампаанньа салалтата тус дьыалатыгар киллэрэн туран, киниэхэ үгүс төгүл Махталын биллэрбитэ. Тафтира Александровна кэлэктиип уопсастыбаннай олоҕор, уус-уран самодеятельностка көхтөөхтүк кыттара, үлэ бэтэрээнэ буолбута.

Кини кэргэнэ Владимир Иванович Воропаев фабрикаҕа 24,5 сыл устата зоотехнигынан үлэлээбитэ. Көтөр бородууксуйаны биэриитин үрдэтиигэ, сымыыттыыр куурусса боруодатын тупсарыыга, племенной-силиэксийэлиир үлэни тэрийиигэ утумнаах уонна эҥкилэ суох үлэтэ сиэрдээхтик сыаналанан, элбэх төгүл Бочуотунай грамотанан наҕараадаламмыта.

Галина_Николаевна.jpeg

Билигин

Кыра кыыс Зухра Александровна Надрышина фабрикаҕа 13-с сылын үлэлии-хамсыы сылдьар. Бастаан бородууксуйаны харайар ыскылаакка сымыыты суортааһыҥҥа сылдьыбыта, салгыы диспетчердээбитэ. Билигин бородууксуйаны оҥорон таһаарыы биир эппиэттээх салаатын, буойуна сыаҕын, салайар.

Свердловскай уобаласка, Ирбитскэйдээҕи тыа хаһаайыстыбатын техникумун бүтэрэн, 1976 с. Саха Сиригэр зоотехник дипломнаах кэлбит эдэркээн Галина Попова үлэтин бу фабрикаҕа, инкубаторий операторынан саҕалаабыта. Идэтин дэгиттэр баһылаан, 1981 сыллаахтан инкубация сыаҕын салайар. Ыраах Урал сириттэн төрүттээх кыыс манна олоҕун аналын көрсүбүтэ, Тахир Александровичка кэргэн тахсан, Надыршиннарга кийиит буолан сүктэн киирбитэ.

Галина Николаевна көтөрү иитиигэ олоҕун 47 сылын анаата, Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин АПК-тын бочуоттаах бэтэрээнэ. Ыччат настаабынньыга, Нерюнгритааҕы көтөрү иитэр фабрика инкубациятын сыаҕын исписэлиистэрэ уонна үлэһиттэрэ бары киниэхэ үөрэммиттэрэ.

-- Инкубация сыаҕын линията иллэрээ сыл саҥардыллан, «Дьокуускайдааҕы көтөрү иитэр фабрика» АУо көтөрү бырамыысаланнай таһымынан иитэр өрөспүүбүлүкэ фабрикаларын көтөрүнэн хааччыйар. Галина Николаевна курдук идэлэригэр бэриниилээх, дириҥ билиилээх исписэлиистэр баар буоланнар, көрдөрүүбүт тупсарыллан иһэр. Өскөтүн 2005 сыллаахха биир кууруссаттан 250 устуука сымыыт ылыллыбыт буоллаҕына, 2022 сыл түмүгүнэн бу көрдөрүү 328 сымыыкка тиийдэ, быйыл бу көрдөрүү өссө чиҥэтиллиэҕэ, -- диэн тэрилтэ эппиэттээх үлэһитэ Татьяна Обулахова киэн тутта иһитиннэрэр.

Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр көтөрү бырамыысаланнай таһымынан иитиигэ 312 сыл үлэлээбит ыстаастаах удьуор үлэһит дьиэ кэргэн бэрэстэбиитэлин үлэтэ мантан итэҕэс буолара сатаммат.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Уопсастыба

Кинилэр олоҕу киэргэтэллэр

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хаптаҕай нэһилиэгин олохтоохторо Гаврил Семенович Самсонов уонна…
02.11.24 10:31