Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -19 oC

Нуучча кэмиэдьийэтин классиката буолбут "Операция Ы" киинэҕэ Бывалай (Евгений Моргунов) дьоҕус массыынатын эргитэ хайыһыннарар көрүдьүөс түгэнин үгүс дьон көрбүт буолуохтаахтар. Оттон оннук массыына билигин да сүүрэр туруктаах, буолаары буолан, Сахабыт Сиригэр баарын туһунан кэпсээтэххэ, дьон соһуйа, сөҕө истэр. Ол массыынаны, ону эрэ буолуо дуо, үгүс эргэ массыынаны, матасыыкылы иккис тыыннаабыт киһинэн Горнай улууһун Бочуоттаах олохтооҕо Захар Павлов буолар. Бу күннэргэ кинини СӨ Ил Дархана Айсен Николаев олохтообут "Үлэ киһитэ" бириэмийэҕэ түһэрбиттэрин туһунан үөрүүлээх сонун кэлбитэ. Түгэнинэн туһанан, Захар Егоровичка тиийэн сэһэргэстим.

Нуучча кэмиэдьийэтин классиката буолбут "Операция Ы" киинэҕэ Бывалай (Евгений Моргунов) дьоҕус массыынатын эргитэ хайыһыннарар көрүдьүөс түгэнин үгүс дьон көрбүт буолуохтаахтар. Оттон оннук массыына билигин да сүүрэр туруктаах, буолаары буолан, Сахабыт Сиригэр баарын туһунан кэпсээтэххэ, дьон соһуйа, сөҕө истэр. Ол массыынаны, ону эрэ буолуо дуо, үгүс эргэ массыынаны, матасыыкылы иккис тыыннаабыт киһинэн Горнай улууһун Бочуоттаах олохтооҕо Захар Павлов буолар. Бу күннэргэ кинини СӨ Ил Дархана Айсен Николаев олохтообут "Үлэ киһитэ" бириэмийэҕэ түһэрбиттэрин туһунан үөрүүлээх сонун кэлбитэ. Түгэнинэн туһанан, Захар Егоровичка тиийэн сэһэргэстим.

Дьиэ аттыгар аһаҕас павильон иһигэр урукку, раритетнай массыыналар кэчигирэһэн тураллар. Тэлгэһэҕэ араас кэмнээҕи тиэхиникэ, араас тимир, саппаас чаас толору. Эппиккэ дылы, киһи эргийэр миэстэтэ да суох. Дьиэҕэ киирбитим Любовь, Захар Павловтар бэйэлэрэ эрэ бааллар эбит. Захар Егорович былырыын үлэлии туран оҕустаран (инсуллаан), билигин дьиэ иһигэр аргыый сылдьар. Ол эрэн санаата эрэх, саҥата чиҥ.

753f6c31 66dc 436c 890f f025bf2325b8 copy

Захар Павлов массыыналары ааспыт үйэ 90-с сылларыттан реставрациялаан тилиннэриинэн дьарыгырбыт эбит. "Үлэҕэ олоҕун анаабыт" киһи диэн кинини ааттыахха сөп. Уопсайа 40-тан тахса массыынаны, матасыыкылы тилиннэрэн, иккис тыыннаабыт. Улуу Кыайыы 75 сылыгар анаан, Бэрдьигэстээххэ Кыайыы болуоссатыгар уолунаан Георгийдыын тааҥка оҥорон, улуус дьонугар бэлэх ууммуттарын туһунан оччолорго үгүс хаһыаттар, интэриниэт сайтар таһаарбыттара.

df10b52e 167f 4809 a1a5 d726254d4ab9

5fee5aa9 db2e 4479 a6f6 16a6b09ed201 copy

11e92c0a defb 4738 b75d 4815920d7c1f copy

5a389cd2 e788 4ffd b001 184249108a37

Бу соторутааҕыта биллиилээх суруналыыс Василий Алексеев кини туһунан "Биллиилээх рационализатор Захар Павлов ааспыт үлэтэ, бэҕэһээҥҥи хомолтото, бүгүҥҥү кэмсиниитэ..." диэн ыстатыйа суруйан турар. Ол ыстатыйаҕа Василий Ильич: "Хаһан да кырдьыы, кыаммат буолуу кэлиэ суоҕун курдук, бэйэ иннин көрүммэккэ хаалбытыттан Сахаар дьэ билигин кэлэн курутуйар. Кэргэнэ төһөлөөх эттэ, көрдөстө этэй?! “Саатар тиэргэммитигэр кыра дьиэ туттубут киһи, эбэтэр дьиэни өрөмүөннэтиэххэ баара” диэн. Суох, Сахаар ону истэрэ кэлиэ дуо?! Үлэлээн харчы буллар эрэ, барытын эргэ тиэхиникэлэри атыылаһыыга, оҥорууга, сэдэх саппаас чаастарын Россия араас куораттарыттан тиийэ сакаастаан, ыарахан сыанаҕа атыылаһыыга ыытара" диэн суруйбута бу Захар Егорович үлэтигэр, дойдутугар эҥкилэ суох бэриниилээҕин көрдөрөр. Мин да сылдьыбыт кэммэр, ити түгэни кэпсэтиибитигэр кэргэнэ Любовь Петровна: "Биэнсийэтин сыыһынан барыта тимир ылара. Хата, мин биэнсийэбиттэн тардыаласпат", — диэн эппитигэр, Захар Егорович кэргэнин диэки таптыыр, махтанар хараҕынан көрөн ылаат, бэрт истиҥник мичээрдээбитин бэлиэтии көрдүм. Ити эбитэ буолуо дуу, таптал уонна ытыктабыл үрдүк сыаната...

5ebf491f 0404 4d6a 8eae 609ec4e11232

Туох барыта ситимнээх, салгыылаах буолар. Ордук үтүө дьыала ситимнээх буоллаҕына, киһи үөрэр, санаата көтөҕүллэр. Василий Алексеев ыстатыйата тахсыбытын кэннэ Бэрдьигэстээх нэһилиэгин дьаһалтата Любовь, Захар Павловтарга дьиэ тутталларыгар анаан аахсыйа ыыппыта. Бу аахсыйаҕа улуус үгүс дьоно туора туран хаалбакка, өрөспүүблүкэ, улуус сайдыытыгар ураты үтүөлээх биир дойдулаахтарын өйөөн, кыттыспыттара. Билиҥҥитэ 400-тэн тахсы тыһ солк харчы мунньуллубут. Бу туһунан Захар Егорович: "Нэһилиэгим дьаһалтата өрүү күүс-көмө буолар. Бу да сырыыга туора туран хаалбакка, дьиэ тутарга диэн аахсыйаны ыытан сүрүннээтэ. Түгэнинэн туһанан, нэһилиэк баһылыгар Алексей Аргуновка, солбуйааччытыгар Ксения Васильеваҕа халлааҥҥа тиийэ улахан махталбын тиэрдэбин", — диэн санаатын эттэ.

"Дьиҥэр, дьиэ оннугар сылаас павильон оҥоһуллара буоллар. Биһиги, Захар этэҥҥэ буоллаҕына, хайдах эмэ гынан бэйэбит да дьиэбитин өрөмүөннэниэ этибит буоллаҕа... Тымныыга, сииккэ-силбиккэ тиэхиникэлэр туран эрэ эргэрэллэр. Кыһыҥҥы кэмҥэ оҕо дьон да кэлэн көрүө этэ. Билигин улууспутугар туризм биллэрдик сайдан эрэр. Сиинэ пааркаҕа ааһан иһээччилэр, көннөрү да кэлбит дьон үгүстүк сылдьаллар. Сөҕөллөр, махтаналлар", — диэн Любовь Петровна сэмэй киһи сиэринэн кэпсэтиигэ кыттар. Оннук ээ. Үйэлэрин тухары хаһан да, кимтэн да көрдөспөтөх, бэйэлэрин күүстэринэн дьаһанан олорбут дьон, кырдьык, көрдөһөр диэнтэн кыбыста, кэмчиэрийэ саныылларын киһи туох диэн баалыай. Арай олохторун дьон-сэргэ туһугар анаабыт бэйэлэрэ кырдьар саастарыгар нуураллык олороллорун биир дойдулаахтара өйөөбүттэриттэн киһи үөрэр.

Дьиэлээхтэр киэн туттуулара ретромассыыналары көрө кэлбит дьон санааларын суруйан хаалларбыт тэтэрээттэрэ буолар эбит. Ыскаап бастыҥ долбууругар ууруллан турар тэтэрээти Любовь Петровна сыа-сым курдук тутан аҕалан, аргыый арыйталаан көрдөрөр. Үгүс биллиилээх да, көннөрү ыалдьыттар да бэйэлэрин санааларын, махтал тылларын суруйбуттар эбит. Дьиэлээхтэр ордук оҕолор сөҕөн-махтайан суруйбуттарын бэлиэтииллэр. Олор истэригэр "Кыһыл Москвич наһаа үчүгэй!", "Табалаах массыына Мерседес курдук" диэн сөҕөн, астынан суруйбуттара баалларын көрдөрдүлэр. "Оҕолор кэллэхтэринэ, олус астынан бараллар. Үксүн киинэлэргэ көрбүт массыыналарын дьиҥ көрөн үөрэллэр. Кыайыы күнүгэр болуоссакка массыыналарбытын илтэхпитинэ, уочарат буолааччы", — диэн Захар Егорович астына ахтар. Чахчы, үлэттэн дьоллонор киһи тыллара!

851b356a b61d 4de6 90b0 dc22e63137b4

Захар Егоровичтааҕы кытары сэһэргэһэн баран, Бэрдьигэстээх нэһилиэгин баһылыгын кытта көрсөн, Захар Павловтаахха дьиэ тутталларыгар анаан ыытыллыбыт аахсыйа туһунан ыйыталастым. "Билиҥҥитэ нэһилиэнньэттэн Захар Павлов аатыгар 459116,02 солк харчы киирдэ. Ким, төһө харчыны көмөлөспүтэ нэһилиэкпит анал сайтыгар киирэн иһэр. Ыам ыйын 1 күнүгэр "Саҥа дьиэ - саҥа олох" диэн Захар Егоровичка аналлаах үлэ кэлэктииптэригэр аналлаах благотворительнай аахсыйа тэрийээри сылдьабыт. Барыта этэҥҥэ буоллаҕына, аны сайын дьиэбитин тутан саҕалыахтаахпыт. Дьиэни Любовь, Захар Павловтар оҕолоро, күтүөттэрэ уонна былырыын 100-с дьиэтин элбэх оҕолоох ыалга буор босхо тутан биэрэбит Дмитрий Григорьев тутуохтаахтар. Маннык, улуус, нэһилиэк сайдыытыгар сүҥкэн кылаатын киллэрбит киэн туттар биир дойдулаахпыт Захар Павлов уустук кэмигэр биир дойдулаахтара туора туран хаалбакка, кини үлэтин сыаналаан көмө, өйөбүл буолалларыгар махтал тылларбын тиэрдэбин", — диэн Алексей Григорьевич эттэ.

Дьэ ити ээ, үтүө ситимэ салгыылаах, саргылаах буолара. 100-с дьиэтин босхо туппут Дмитрий Григорьев бэйэтэ маастардаан, дьиэни тутуох буолбута истэргэ үчүгэйин эриэхсит. Итинник, үтүө дьыала ситимэ быстыбакка, салҕанан баран истин.

  • 2
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Уопсастыба

Кинилэр олоҕу киэргэтэллэр

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хаптаҕай нэһилиэгин олохтоохторо Гаврил Семенович Самсонов уонна…
02.11.24 10:31