Онтон орто дойду олоҕор хайа баҕарар киһи олоҕун олугун хорук тымыра, хамсатар күүһэ итэҕэл буолар. Итэҕэллээх эрэ буоллаххына, үрдүк айыылар сылаас тыыннарыгар сыламныыгын, кинилэр сырдык сыдьаайдарыгар сууланаҕын, тоҕус аартык үктэллэригэр үктэнэҕин. Саха киһитэ барахсан оччоттон – баччаҕа диэри үҥэн-сүктэн туран дьылҕа бэлэҕэ буолан бэриллибит кылгас кэмҥэ – сайыҥҥыга уһун кыһыны туоруурга бэлэмнэнэр, уйгуну- быйаҥы сомсор.
Уйгу-быйаҥ диэтиҥ үрүҥ илгэни саныыгын, үрүҥ илгэ диэтиҥ хороҕоркоон муостаах, эбиркээн ойуулаах, ;р;нь илгэни үрүлүтэ сүүрдэр, эмис эти дэлэтэр ынах сүөһүбүтүн саныыбыт. Өбүгэ дьоммут сах саҕаттан үөскээн - төрөөн кэлбит көмүс уйата – хотонноох балаҕана бииргэ тутуллан бэйэ бэйэлэрин сылаастарын бэрсэн уһун кыһын кыһарҕанын туорууллара. Сыл устата кыстыктан сайылыкка, сайылыктан кыстыкка көһүүгэ улахан суолта биэрэллэрэ, болҕомто уураллара. Кыстыкка да, сайылыкка да сүөһүгэ анаан анал күрүө-хаһаа олус кичэллээхтик оҥоһуллара. Сайылыкка көһүү кэмэ да кэрэтинэн, уйгута-быйаҥа да үгүөрүтүнэн олус күүтүүлээх-кэтэһиилээх, долгутуулаах буоллаҕа.
Үктэммит сириҥ үкэр күөх, хаампыт сириҥ хампа күөх, сүүрбүт сириҥ солко күөх, хамсанныҥ да хаарыс солко суугуна кэм ама хайа нохтолоох сүрэҕи долгуппат буолуой?! Сайылыкка сөрүүн сөлөгөй салгын күүлэйдиир, үрүҥ илгэ үрүлүйэ сүүрэр үрүйэтэ титиик буолар. Инньэ гынан сайылыкка көһүү сиэрэ-туома титииктэн саҕаланан салгыы хааччахха, тиэрбэскэ тахсан сүөһүнү алҕааһын буолар. Үрүҥ илгэ иҥнин, сыа-арыы аҕаатын диэн ураа муостааҕы суоратынан сотон, сүһүөхтээх бүдүрүйбэтин, эгээннээх тэмтэрийбэтин туһугар, мэҥириир ньирэй эбиллэрин, маҥырыыр ынах ханалыйа хаамарын, байтаһын сүөһү бастакылыырын туһугар ийэ тыл күүһүнэн салгын кутунан салайтаран, буор кутунан моһойторон, түптэ буруотун унаарытан, алаадьы сытынан тунуйан, тойук туойан, аал уоту оттон алгыс тылын амалыйа этэллэр.
Бу маннык күн бүгүн даҕаны тоҕоостоох, күн бүгүн даҕаны кэмигэр, миэстэтигэр этиллэн сиэр-туом ыытыллар. Ол курдук, «Баҕарах» ХЭХ сайылыкка көһүүтүн сиэрин-туомун Дьокуускай куораттааҕы норуот айымньытын киинин «Арчы» дьиэтин уонна «Тускул» КК кэлэктииптэрэ бииргэ үлэлээһин чэрчитинэн ыыттылар. Сайылыкка тиийбиппит, этэргэ дылы, хаамардыын, туттардыын-хаптардыын сыыдамсыйбыт, сэргэх сэбэрэлээх үлэһиттэр сэгэччи соҕус туттан ис истэриттэн сырдаан бэйэ бэйэҕэ эрэллэрэ, титииктэригэр итэҕэйиилэрэ, сырдык күүстэргэ итэҕэйиилэрэ күүстэригэр күүс, санааларыгар санаа эппиккэ дылы буолбута биһигини эмиэ сүргэбитин көтөхтө. Бэл диэтэр сүөһүлэр даҕаны саастаах өттө эдэр-мэник өттүлэрин күөйэ тутарга дылы туттан хайдах эрэ атын турукка сылдьаллара көстөр.
Алгыһы, арчылааһыны ылынарга тиҥэһэ оҕус, ыанар ынах, бэҕэһээ төрөөбүт ньирэй кэккэлэһэн тураллара көрөргө үчүгэйэ бөҕө. Титиик сүөһүлэрэ сахалыы сиэри-туому ылынан, иҥэринэн баран күөх дуолга мэччийэ тиэтэйэ-саарайа кудуччу-хадыччы хааман таҕыстылар. Сиэр-туом ыытыллар сиригэр алаадьы сыта дыргыйда, түптэ буруота унаарда. Ситэри симэммит ситии быа салама буолан кустук араас өҥүнэн оонньоон титириктэри, чэчир мастары сэргэхситтэ, хас биирдии кэлбит киһи үтүө санаатын туомтуу баайан баҕа санаата туоларыгар бүк эрэннэ. Ол кэннэ, Евдокия Павлова кылыһахтаах кыҥкынас куолаһынан оһуохайынан уруйдаата, эһиэхэйинэн эҕэрдэлээтэ.
Сиэр-туом ыытыллыбытын кэннэ сахалыы сайыны, сайылыгы уруйдуур-айхаллыыр Клавдия Онуфриева, Даниил Санников, Алексей Калининскай уо.д.а ырыалара киэҥ нэлэмэн хонууга куйаар устун эҥээрийдэ.
«Баҕарахтар» уустук кыстыгы этэҥҥэ туораан сайылыкка, күөххэ үктэнэннэр үөрүүлэрэ үгүөрү. Бу күҥҥэ «Кыһыл Күөл» сайылыгар 7 ыанньыксыт 50-55 ынахтаах таҕыстылар.
Сайылыкка оҕо-уруу үөрэ-көтө сылдьара хараҕы сылаанньытар, сүрэҕи манньытар. Манна хас да көлүөнэ Олесовтар, Грязнухиннар, Гермогеновтар, о.д.а. бааллар. Былаан быһыытынан сүөһү сайылыкка тахсыбыт күнүттэн … кыстыкка бэлэм саҕаламмыт. Бүгүҥҥү тэрээһиҥҥэ «Тускул» КК иһинэн үлэлиир кэлэктииптэрбит – «Чэлгийэ», «Сайдам», «Төрүт ас» кэлэн көмө-тирэх буолбуттарыгар махталбыт улахан. Бары даҕаны сүрэхтэригэр – дууһаларыгар сайылык диэн сырдык, сылаас өйдөбүлү чугас илдьэ сылдьар далбардар сүргэ көтөҕүллэ кэлэн ыллаан-туойан, үҥкүүлээн, оһуохайдаан бардылар.
Алгысчыт Петр Кычкин кынат буолар далбардарынаан тыл – өс маанытын, өй санаа өркөнүн тиэрдэрдии ылыннарыылаахтык эттэ-тыынна. Бу маннык тэрээһин Дьокуускай куорат уокуруктааҕы норуот айымньытын киинигэр баар көһө сылдтан үлэлиир уотунан – күөһүнэн, тыас-дорҕоон аппаратуратынан, бэл диэтэр көрөөччү ыскамыайкатыгар тиийэ хааччыллыбыт автокулууп баар буолан, олус үрдүк таһымнаахтык ааста.
«Бу автоклуб Арассыыйа бырабыытылыстыбатын «Култуура» диэн бырайыагынан үп-харчы көрүллэн атыылаһыллыбытын бэлиэтээн этэн туран махталбытын тиэрдэбит» - дэһэллэр «Арчы»дьиэтин уонна Тускул КК салайааччылара Лариса Константиновна Андреева уонна Валентин Азотович Чепалов. «Баҕарах» ХЭХ салалтата уонна кэлэктиибэ маннык улахан дириҥ суолталаах тэрээһини үрдүк таһымҥа ыыппыккытыгар сүһүөхтээх бэйэбит сүгүрүйэбит диэн ис сүрэхтэриттэн махтаннылар.
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0