Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -31 oC

Хороҕор муостааҕы, сыспай сиэллээҕи иитэн олорор өбүгэлэрбит уһун, тымныы кыһын кэнниттэн от-мас тыллыыта, кыстыктарыттан сайылыкка көһөн тахсар үгэстээхтэр.

Хороҕор муостааҕы, сыспай сиэллээҕи иитэн олорор өбүгэлэрбит уһун, тымныы кыһын кэнниттэн от-мас тыллыыта, кыстыктарыттан сайылыкка көһөн тахсар үгэстээхтэр.


Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 348 сайылык
Сэбиэскэй былаас саҕана сайын холкуос, онтон сопхуос сүөһүтэ барыта сайылыкка таһаарыллара, ол түмүгэр үүтү ыаһыҥҥа чыпчаал көрдөрүүлэр ситиһиллибиттэрэ. 1990-с сс. сопхуостар ыһылланнар, сүөһү ахсаана лаппа аҕыйаабыта, сайылыктар да наадата суох курдук буолбуттара.
Итинник дьаһаныы сыыһатын өйдөөн, өрөспүүбүлүкэ салалтата сайылыктааһыҥҥа болҕомтотун уурбута. «Сайылык туһунан» Саха Өрөспүүбүлүкэтин сокуона оҥоһуллан, 2003 сыл от ыйын 10 күнүгэр бигэргэммитэ. Бу сокуон чэрчитинэн сайылыктары саҥардыы, технологическай тэриллэринэн хааччыйыы хамсааһына саҕаламмыта. Бүддьүөттэн үп көрүллэн, онно нэһилиэктэрдээҕи кирэдьииттиир кэпэрэтииптэр үптэрэ, тустаах хаһаайыстыбалар харчылара эбиллэн, 2006--2016 сс. улуус ахсын биэстии-алталыы, сорохторго уончалыы саҥа сайылык баар буолбута. Бу сылларга өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 146 типовой сайылык тутуллубута, 180 эргэ сайылык саҥардыллыбыта.

Ил Дархан Айсен Николаев 2018 с. таһаарбыт тыа хаһаайыстыбатын сайдыытын стратегическай хайысхаларын туһунан Ыйааҕар сайылыкка ураты суолта ууруллубута. Онон, 2018 с. 17,5 мөл. солк көрүллэн биэс хаһаайыстыба, 2019 с. 52,7 мөл. солк көрүллэн 17 хаһаайыстыба толору хааччыллыылаах сайылыктары туттубуттара. 2020--2021 сс. үп кырыымчыгынан харчы кыайан көрүллүбүтэҕэ. 2022 с. үс сайылык тутуллан үлэҕэ киллэриллибитэ. Быйыл сайылыгы туттууга субсидияны «Сайылык» (Кэбээйи), «Томпо-Ас» (Томпо), «Силис», «Кириэстээх» (Сунтаар), «Аартык» (Ленскэй) кэпэрэтииптэр ыллылар.

Билигин өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 348 сайылык, ол иһигэр 332 ыанньык сайылыга, 16 субан сүөһү сайылыга баар. Бу сайылыктартан 255-һэ толору хааччыллыылаах, итинтэн 195 сайылык тэрээһиннээх хаһаайыстыбалар бас билиилэрэ буолар. Барыта 273 сайылыкка электроуот ситимэ баар, 45 сайылык дизель, алта сайылык моногенератор көмөтүнэн уоттаналлар, алта сайылык күн уотунан үлэлиир батарыайаны туһаналлар

Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин чахчытынан, бу сайылыктарга 41 430 ынах сүөһү, ол иһигэр 18 936 ыанар ынах (өрөспүүбүлүкэ ыанар ынаҕын 26,5 %-а) таһаарыллан, 787 ыанньыксыт, 154 үүт учуотчуга, 202 техник-осеменатор, 268 ньирэй көрөөччү уонна 408 бостуук үлэлии-хамсыы сылдьаллар.

Дайыына_--_2.jpeg

Таһаарыылаах үлэлээх «Дайыына»

Нам улууһун Бөтүҥ нэһилиэгин олохтооҕо Надежда Попова «Дайыына» бааһынай хаһаайыстыбатын 1999 с. тэриммитэ. Бастакы сылларга оҕуруот аһыгар уонна хортуоппуйга идэтийбитэ, салгыы ынах сүөһүнү иитиигэ ылсыбыта. Сыллата сүөһүтүн элбэтэн, улууска биир бастыҥ көрдөрүүлээх хаһаайыстыба буолбута, тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорооччулар улуустааҕы күрэхтэһиилэригэр үс төгүл «Ынах сүөһүнү иитиигэ бастыҥ хаһаайыстыба» номинациянан бэлиэтэммитэ. 2011 с. «Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна» буолбута, урбааны сайыннарыыга кылаатын иһин «Лидер перемен» бэлиэнэн, Москваҕа ыытыллар «Көмүс күһүн» быыстапкаҕа «Тыа сирин территорияларын туруктаахтык сайыннарыыга үрдүк көрдөрүүлэрин иһин» бириэмийэнэн, 2020 с. «Арассыыйа үтүөлээх пиэрмэрэ» аатынан бэлиэтэммитэ.

Үлэ таһаарыылаах буолара үлэлиир-хамсыыр усулуобуйаны хайдах тэрийэртэн улахан тутулуктааҕын учуоттаан, «Дайыына» баһылыга материальнай-тэхэньиичэскэй базаны тэриниигэ күүскэ үлэлиир. Ол курдук, 2011 с. Күрүөлээх алааска саҥа типовой титииги туттубута. 2014 с. 100 сүөһү турар кыстык хотонун, онно эбии иллэрээ сыл толору хааччыллыылаах кыстык хотону туттан үлэҕэ киллэрбитэ. Дьэ бу хотоннорго икки хаһаайыстыба – Надежда Ивановна уонна кини уолун Александр Слепцов сүөһүлэрэ кыстыыллар. Кыра сааһыттан ийэтигэр көмөлөһөн улааппыт эдэр киһи СГТХА-ны бүтэрээт, туспа хаһаайыстыбаны тэриммитэ. «Бааһынай хаһаайыстыба базатыгар дьиэ кэргэн пиэрмэтин сайыннарыы» федеральнай бырагыраама граныгар тирэҕирэн, үс сыллааҕыта Красноярскайтан 100 боруода тиҥэһэни аҕалбыта.

– Саҥа комплекспытыгар иккис сылбытын кыстаатыбыт, – диэн кэпсиир Надежда Ивановна. – Тэрилэ барыта үлэлиир, абыранныбыт. Былырыын сайын төһө да курааннаатар, сиилэспит элбэх буолан уонна комбикуорум эбинэммит, кыстыгы этэҥҥэ туораатыбыт. Төрүөх да куһаҕана суох, аны икки ынах төрүүрэ хаалла. Улахан сүөһүнү сайылыкка ыам ыйын 17 күнүгэр таһаарбыппыт, икки хаһаайыстыбанан холбоон 142 ынаҕы ыыбыт, онтон 50-на миэнэ, уоннааҕыта Александр бас билиитэ.

Дайыына_--_3.jpeg

Күҥҥэ 1700 киилэ үүт
Күрүөлээх сайылыга Бөтүҥ бөһүөлэгиттэн икки километрдаах сиргэ турар. Үлэһиттэр үрдүттэн олорон үлэлииллэр. Электруот ситимэ баар буолан, ынахтарын аппараатынан ыыллар, суотабай сибээс хабар. Ыанньыксыттар үһүөлэр, Надежда Ивановна бэйэтэ эмиэ ыаһар эбит.

Красноярскайтан аҕалыллыбыт истиэп кыһыл боруодата тиҥэһэлэр төрөөн-ууһаан, бэртээхэй ынах буолбуттар, ааспыт сыл устата хас биирдии бэйэлэрэ ортотунан 2000 киилэ үүтү ыаппыттар. Оттон «Дайыына» ынахтара, олохсутуллубут симменталь боруодалар, 2500 киилэ үүтү биэрбиттэр. Хаһаайыстыба бастыҥ ыанньыксыта Алексанра Олесова сыһыарыллыбыт ынаҕын ахсыттан 3000 киилэни ыан, 2022 сыл түмүгүнэн «Нам улууһун бастыҥ ыанньыксыта» ааты үһүс төгүлүн ылбыт! Радислав Каратаев уонна Александр Афанасьев кыһын сүөһүнү аһатыыга үлэлээбиттэр, билигин бостууктууллар. Ынахтар ыамы көтүппэккэ, мэччирэҥтэн тотон, ыанньыйан кэлэллэрин хааччыйар сүрүн дьоннор.

Ньирэйдэри халлаан үчүгэйдик сылыйбытын кэнниттэн, бэс ыйын саҕаланыытыгар, көһөрөн аҕалбыттар. Сүүрбэччэ ньирэйи хаһаайыстыба тэринэр дьоҥҥо атыылааннар, билигин 125 ньирэйдээхтэр. Олору бастаан ыанньыксыттар бэйэлэрэ көрбүттэр, билигин оскуола оҕолоро үлэлээн эрэллэр. Комбикуорумунан хааһы оҥорон сиэтэллэр, үүт иһэрдэллэр уонна мэччитэллэр.

-- Хайдах эрэ кураанныах курдук куттаан баран, бу кэлиҥҥи күннэргэ ардах түһэн, мэччирэҥмит биллэрдик көбөөтө. Үүт эбилиннэ. Күн аайы 1700 киилэни «Эрэл» кэпэрэтиипкэ туттара олоробут, – диир Надежда Ивановна.

«Дайаана» баһылыга ыанньыксыттары кытары тэҥҥэ үлэлиирин таһынан, осеменатордар куурустарын бүтэрэн, ынахтарын бэйэтэ сиэмэлиир эбит, ону таһынан икки оҕустаах. Төрүөхтэрэ үчүгэй буолар диэн оҕустарын хайгыыр.

«Эрэл» кэпэрэтиип биир киилэ үүтү 73 солкуобайга тутар, мантан 60 солкуобайы судаарыстыба субсидия быһыытынан көрөр, 13 солкуобай -- кэпэрэтиип атыылаһар сыаната. Иллэрээ сыл киллэриллибит тыа хаһаайыстыбатын табаарын оҥорооччуларга өйөбүл саҥа мэхэньиисиминэн, нэһилиэк үгүс ыаллара ынахтарын ахсыгар 37 тыһыынча солкуобайы ылбыттар, оттон элбэх ыанар ынахтаахтар (улуус сүөһүтэ барыта симменталь боруода) сорох биирдэм дьарыкка регистрацияланан, сорох бааһынай хаһаайыстыбаҕа сыстан, үүт туттарары ордорбуттар. «Дайыына» бааһынай хаһаайыстыба иһинэн үс ыал үүт туттара сылдьар эбит.

Дайыына_--_ньирэй.jpeg

Үүнүүнү бааһынаттан
Сүөһү ииттэр хаһаайыстыбаҕа аһылык базатын хааччыныы улахан быһаарар суолталаах. Ол иһин, үүккэ идэтийэн үлэлиир хаһаайыстыбалар кэнники сылларга айылҕа тугу уунарын эрэ кэтээбэккэ, үүнүүнү бааһынаттан ыларга дьулуһан туран үлэлиир буоллулар.

Надежда Ивановна уолун Александры кытары кыттыһан, саас ахсын 225 гектар бааһынаҕа сүөһү сиир култууратын (эбиэһи, виканы, Судан отун) ыһаннар, сиилэс оҥорор идэлээхтэр. Быйылгы ыһыыларын бүтэрэн эрэллэр.

Былырыын бааһыналара өлгөмнүк үүнэн, 700 туоннаны сиилэстээбиттэр. Ону ынахтарыгар кыстыка киириэхтэн саҕалаан, сайылыкка тахсыахтарыгар диэри сиэппиттэр. Быйыл да оннук буоллар диэн сүүнэкий баҕалаахтар.

Дайыына_--_телята_2.jpeg

Хаартыскалары Надежда Попова ыытта

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Образование

Мероприятия к 90-летию СВФУ

На этой неделе научная и образовательная общественность Республики Саха (Якутия) отметит…
18.11.24 14:24