Улуус дьоно, улуус ыраах-чугас нэһилиэктэриттэн баһылыктар, улуус, нэһилиэк дьокутааттара бу дохсун үөрүүнү үллэстэ, эҕэрдэ, баҕа санааларын кэлэн эттилэр. Саалаҕа баппат элбэх киһи мустан, саҥа баһылык туһугар үөрбүт-көппүт дьон санаатын долгуна толору буолла.
Үөрүүлээх тэрээһин добун чааһа саҕаланна. Ыытааччылар өрө күүрүүлээх куоластарынан сыанаҕа саҥа баһылыгы ыҥырдылар. Бу түгэҥҥэ хааман-сиимэн, толору мичээр кыымнаах, улууспут үлэһит уола киирэн кэллэ.... Биллэн турар долгуйар. Кинини талбыт бар дьонун иннигэр, андаҕар этиэ турдаҕа. Эҕэрдэ тыллар этилиннилэр, эҕэрдэ ырыалар ылланнылар. Андаҕар тылларын кэнниттэн саала иһигэр дохсун ытыс тыаһа өрө хабылла түстэ...
Василий Иванович Аммосов улуус баһылыгын дуоһунаһын толору ылынна, эрэллээхтик үлэлиэм диэн эттэ. Онтон, биһиги улууһун дьоно, бу түгэнтэн истээччи-көрөөччү эрэ буолбакка, саҥа баһылыкпытыгар күүс-көмө буоларбыт наада. Инагурация диэҥҥэ киһи күн аайы сылдьыбат. Бу улуус, өрөспүүбүлүкэ историятыгар киирэр түгэн. Бу маннык бэлиэ түгэни, өрөгөй күнүн үгүс киһи күүппүтэ буолуо. Онтон бу хандьыдаат улуус баһылыгар турара оруннаах диэн үлэлэспит дьон, кыайыы эрэ туһугар буолбакка, биир бэйэм дьон-сэргэ уһуктарыгар, бэйэтин санаатын аһаҕастык этинэр кэмэ кэлбитин өйдүүрүн, ылынарын туһугар үлэлэспитим.
Улуус дьоно, бу түгэни буолуохтаах эрэ курдук ылыммакка, хас биирдиибит сүрэҕинэн-быарынан уларытыы, саҥа сайдыы үрдэллэрэ биһиги улууспутугар кэлиэхтээх диэн санаанан салайтарыахтаахпыт. Улууска итэҕэс-быһаҕас, ситэриллибэтэх үлэ үгүһүн бары билэбит-көрөбүт, онон, бары биир сомоҕо түмсэр кэммит кэллэ. «Баһылык кыайда, кыайбыт баһылык үлэлиэҕэ», -- диэн баран, көрөн олорор сатаммат. Улууспут киэҥ, нэһилиэк үгүс. Улууспут саҥа баһылыгын үлэтэ-хамнаһа тахсыылаах буолара хас биирдиибититтэн эмиэ тутулуктаах.
Улууспут саҥа баһылыгар Василий Ивановичка баҕарабыт кэскиллээх, таһаарыылаах үлэни, хас биирдии нэһилиэкпитигэр сайдыыны, түмсүүлээх буолууну!
- 8
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0