Ол туһунан Н.Е.Андросов аатынан муниципальнай унитарнай тэрилтэ салайааччыта Александр Михайлов маннык сэһэргээтэ:
– Үүт сыаҕа муниципальнай унитарнай тэрилтэ иһинэн арыллан үлэтин саҕалаан эрэр. Сыах тутуутун улууспут дьаһалтата үбүлээтэ, астыыр тэрил 80 %-ын Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтэ уйунна. Сыаҕы, сокуон ирдэбилинэн, госзакупка нөҥүө ыытыллыбыт куонкуруһунан быһаарыллан, «Услуга» ХЭТ тэрилтэбары ымпыгын-чымпыгын тутуһан, ирдэбилгэ эппиэттиир гына тутта.
Астыыр тэриллэрбитин дойду араас эрэгийиэннэриттэн, үчүгэйэ диэн тиксиһиннэрээччитэ суох, тустаах собуоттартан бэйэлэриттэн ыллыбыт, барыта Арассыыйаҕа оҥоһуллубут: пастеризациялыыр ванналар, гомогенизатор, уу фильтра, үүтү кутар аппарат, холодильник, үүт иһитин (упаковкатын) аппарата. Барытынан толору хааччылынныбыт.
Үүтү бороһуок үүтүнэн оҥоробут, сөргүтүү ньыматынан. Сырьебутун Ижевскайтан аҕалтарабыт, ону атыылаһыы уонна аҕалтарыы ороскуотун аҥаарын толуйууга Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтэ субсидия биэрэр. Онон үчүгэй. Сыах күҥҥэ 2000 лиитэрэ үүтү кутар кыамталаах, ону биһиги 500 лиитэрэни оҥоро сылдьабыт, үчүгэйдик баһылаан истэхпит ахсын, бородууксуйабыт кээмэйин улаатыннаран иһиэхпит. 2,5 %-наах пастеризацияламмыт үүтү кутабыт, 2,5 %-наах кефири, йогурту уонна иэдьэгэйи астыыбыт.
Бородууксуйабытын улууска тарҕатыахпыт, ону таһынан биһиги сирбитигэр-уоппутугар үлэлиир «Анаабыр алмаастара» хампаанньаны кытары дуогабар түһэрсэн, батарыахпыт. Сыахпыт аата «Укумни» (эбэҥкилии «үүт») диэн, биэс үлэһиттээх (технолог, лабараан, оператор-оробуочай, уборщица), бары олохтоохтор. Технологпут уонна лабарааммыт Дьокуускайга тиийэн, идэни үрдэтэр кууруһу ааспыттара.
Дьон-сэргэ бородууксуйабыт атыыга тахсарын кэтэһэ аҕай сылдьар, бу күннэргэ тустаах декларацияны ылыахтаахпыт, ол кэнниттэн анаалыстатан баран, киэҥ атыыга таһаарыахпыт.
Хаартыскалары Александр Михайлов ыытта.
- 10
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0