Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -20 oC

Ил Дархан Айсен Николаев алтынньы 3 күнүгэр таһаарбыт дьаһалынан, АПК салаатыгар өр сыллаах таһаарыылаах үлэтин, өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар киллэрбит сүҥкэн кылаатын иһин «Өрөспүүбүлүкэтээҕи аһылык технологиятын киинэ» судаарыстыба бүддьүөтүн тэрилтэтин дириэктэрэ Розаида Гудуеваҕа С.М. Аржаков аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреатын аата иҥэрилиннэ.

Ил Дархан Айсен Николаев алтынньы 3 күнүгэр таһаарбыт дьаһалынан, АПК салаатыгар өр сыллаах таһаарыылаах үлэтин, өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар киллэрбит сүҥкэн кылаатын иһин «Өрөспүүбүлүкэтээҕи аһылык технологиятын киинэ» судаарыстыба бүддьүөтүн тэрилтэтин дириэктэрэ Розаида Гудуеваҕа С.М. Аржаков аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреатын аата иҥэрилиннэ.

Ыанньыксыттан -- технологка

Талах курдаах Таатта кыысчаана орто оскуола кэнниттэн Петр Алексеев аатынан сопхуоска үлэлээбитэ. Көхтөөх үлэнэн көтөллөммүт икки сыл биллибэккэ ааспыта, ыанньыксыт кыыс Илин Сибиирдээҕи технологическай институт устудьуоҥката буолбута. Үөрэҕин ситиһиилээхтик бүтэрэн, Ленскэйгэ үлэҕэ анаммыта. Ити 1977 сыллаахха этэ. Дьэ бу кэмтэн ыла Розаида Гудуева оройуоннааҕы үүт собуотун технологынан, дириэктэринэн, оройуон тыа хаһаайыстыбытыгар салаатын сэбиэдиссэйинэн үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ.

Сопхуостар ыһыллыбыттарын кэнниттэн чааһынайынан-бааһынайынан бытарыйбыт, кэлэктиибинэйинэн барбыт хаһаайыстыбалар, тыа сирин олохтоохторо дохуот аахсалларын хааччыйар инниттэн, тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатыгар субсидия үбүнэн бигэргэммит судаарыстыбаннай сакааһы олохтуур, улуустарга соҕотуопка тиһигин тэрийэр ирдэммитэ. Онуоха уопуттаах технолог-салайааччылар наада буоланнар, Розаида Петровна 1998 с. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр үлэҕэ ыҥырыллан, бородууксуйаны батарыы салаатын управлениетын салайбыта, онтон Астыыр-таҥастыыр бырамыысыланнас департаменыгар начальниктаабыта. Дьэ бу сылларга астыыр-таҥастыыр тэрилтэлэри сөргүтүүгэ, саҥа технологиянан сэбилээһиҥҥэ улахан хамсааһын тахсыбыта. Улуустарга соҕотуопка кэлим тиһигэ тэриллибитэ, аһылык кэмбинээттэрэ, модульнай үүт собуоттара, толору мэхэньисэссийэлээх буойуналар, эт сыахтара, ыраас иһэр уу линиялара үлэҕэ киллэриллибиттэрэ, оҥоһуллар бородууксуйа көрүҥүн элбэтиигэ, ол иһигэр, сыыры уонна фабрикат аҥардаах астары оҥорууга, сир аһын туһаҕа таһаарыыга, утаҕы кутууга уо.д.а. хардыылар оҥоһуллубуттара. Ол эрээри, министиэристибэҕэ арыый атын көрүүлээх салалта кэлэн, Розаида Петровна 2008 с. атын үлэҕэ, «Туймаада-лизинг» ААУо-ҕа, көһөргө күһэллибитэ, онно даҕаны астыыр тэрилтэлэри саҥа тэрилинэн хааччыйыыга күүһэ-кыаҕа тиийэринэн үлэлээбитэ.

РГ_--_центр_кол.jpeg

Аһылык киинэ

Ил Дархан Айсен Николаев 2018 с. таһаарбыт тыа хаһаайыстыбатын сайдыытын стратегическай хайысхаларын туһунан ыйааҕар бэйэ оҥорон таһаараар аһынан-үөлүнэн хааччыйыы таһымын үрдэтэр соругу туруорбута. Онуоха Розаида Гудуева аһылык өттүнэн куттал суох буолуутун хааччыйарга аныгы тиэхиньикэнэн сэбилэммит анал киини тэрийэр туһунан этиини оҥорбута. Ону өрөспүүбүлүкэ салалтата уонна Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэ өйөөбүттэрин түмүгэр, «Өрөспүүбүлүкэтээҕи аһылык технологиятын киинэ» СБТ баар буолбута. Тэрийээччинэн уонна дириэктэринэн этии киллэрбит «буруйугар» Розаида Гудуева анаммыта. Биһиги кинини кытары көрсөммүт бу киин туһунан сэһэргэстибит.

-- Розаида Петровна, Аһылык технологиятын киинин үлэтин-хамнаһын туһунан кэпсээ эрэ.

-- Биһиги кииммит кэтиир, ыстарааптыыр тэрилтэ буолбатах, кини Таможня сойууһун тиэхэньиичэскэй ирдэбиллэрин олоххо киллэрэргэ тирэх буолар, олохтоох хаһаайыстыбаларга көмөлөһөр сыаллаах. Бастатан туран, саҥа технологиялары киллэрэргэ, инновационнай бырайыактары оҥорорго көмөлөһөбүт. Чинчийэр лабораториябыт судаарыстыбаннай аккредитацияны барда, онон аһылык бородууксуйатыгар анаалыс 184 араас көрүҥүн оҥорор буоллубут. Бырабыыталыстыба биэрбит боломуочуйатыгар тирэҕирэн уонна «суол хаартатынан» сирдэтэн, Үөрэх министиэристибэтин кытары сөбүлэһии түһэрсэн, уһуйааннарга уонна оскуолаларга итии аһылыгы тэрийии таһымын үөрэтэбит, баар итэҕэстэри туоратар сүбэлэри оҥоробут. Ол түмүгүнэн этии бэлэмнээн киллэрэбит. Ити эрээри, наһаа аҕыйах штат көрүллүбүтэ (сэттэ эрэ исписэлиистээхпит) үлэни-хамнаһы олус бытаардар.

А._Атласов_и_Р.jpeg

Каадыр барытын быһаарар

-- Соҕотуопканы тэрийии боломуочуйата улуустарга бэриллибитэ, онон улуустарга эмиэ сылдьан эрдэххит.

-- Тоҕус улууска сырыттыбыт, онно көрдөххө, дьэ, элбэх үлэ күүтэр эбит. Урукку соҕотуопка кэлим тиһигэ үрэллэн, үгүс улууска хастыы да бытархай тэрилтэ үөскээбит. Олор, туох кистэлэ кэлиэй, биир сэппэрээтэрдээх, биир баахтаах эрэ үлэлииллэр, бородууксуйаларын кээмэйэ олус кыра, ол да аҕыйах хоноот аһыйан тоҕуллар, инньэ гынан, көҥдөй ночоокко олороллор, баазаларын тупсарар кыахтара суох. Лаборатория эрдэ тутуллубут аһылык кэмбинээттэригэр эрэ баар, үгүстэргэ мэлигир. Физико-химическэй, микробиологическай анаалыстара суох техрегламент ирдэбилигэр эппиэттиир, үчүгэй хаачыстыбалаах, дьон доруобуйатыгар куттала суох бородууксуйа хайдах оҥоһуллуой? Соҕотуопкалыыр-астыыр тэрилтэлэр уһуннук харайыллар аһы-үөлү оҥорон, ону батаран, барыстаахтык үлэлээн-хамсаан, үүтү-эти туттарааччылары дохуоттуур буоллахтарына эрэ, тыа хаһаайыстыбата сайдар. Кинилэр сайдыыга сирдиэхтээхтэр.

Онон соҕотуопка тиһигин ырычааҕын үчүгэйдик тобулуохпутун, тэрилтэлэрбитин сайыннарыахпытын, хаачыстыбабытын тупсарыахпытын наада. Ити иһин өрөспүүбүлүкэҕэ ас-үөл өттүнэн куттал суох буолуутун иилиир-саҕалыыр эппиэтинэһин сүкпүт Аһылык технологиятын киинигэр эбии штат көрүллэрэ эрэйиллэр.

-- Чахчыта да «тугу барытын каадыр быһаарар» диэн мээнэҕэ этиллибэт. Оттон хаһаайыстыбалар бу өттүнэн хайдахтарый?

-- Миэстэҕэ лабарааннар, маастардар тиийбэт эбиттэр, онон АГАТУ-ну кытары кэпсэтэн, астыыр тэрилтэлэргэ үлэлии сылдьар дьону түмэн лабараан кууруһугар үөрэтэ сылдьабыт. Оттон технолог диэн суоҕун тэҥэ. Манна агрооскуолаттан саҕалаан идэҕэ туһаайар үлэни ыытар ирдэнэр. Оҕолору үлэлэтиинэн эрэ муҥурдаммакка, кинилэр тыа хаһаайыстыбатын идэтин талан, исписэлиис буолан кэлэллэрин ситиһиллиэхтээх. Киин эрэгийиэннэргэ агрохолдиннар исписэлиистэрин оскуола саҕаттан үүннэрэн таһаараллар. Биһиэхэ да анал үөрэхтээх эдэр исписэлиистэр суох буолбатахтар, ол эрээри, сөптөөх хамнаһы, олорор сири хааччыйбат дьадаҥы тэрилтэлэргэ үлэлиэхтэрин баҕарбаттар. Ону быһаарарга биһиги, АГАТУ итиэннэ Тыа хаһаайыстыыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтэ бииргэ ылсыахтаахпыт.

Кымыс_жюри.jpeg

Саҥа сокуон

-- Былырыын баччаларга Ил Түмэн «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр ас-үөл өттүнэн куттал суох уонна аһылык бородууксуйата хаачыстыбалаах буолууларын хааччыйыы кэккэ дьаһалларын туһунан» сокуону бигэргэппитэ.

-- Саха төрүт аһын-үөлүн көмүскэлин хааччыйар бу сокуон барылын биһиги өссө 2008 с. оҥорон, хаамтара сатаабыппыт, онтукабыт саҥа ылылынна. Бу сокуоҥҥа тирэҕирэн, саха национальнай аһын-үөлүн реестрин, технологическай инструкциятын оҥорон, стандартка бигэргэттэрэн, ОКВЭД-кэ киллэртэриэхтээхпит. Оччотугар кымыһы, чөчөчөйү, суораты, тары, лэппиэскэни, саламааты... судаарыстыбаннай закупкаҕа кытыннаран, маҕаһыыҥҥа атыыга таһаарар, уһуйааннар, оскуолалар, балыыһалар аһылыктарыгар киллэртэрэр кыахтанабыт. Билигин олохтоох ас-үөл маҕаһыыҥҥа өссө син атыыланар, оттон социальнай тэрилтэлэр менюларыгар киллэриллэ илик. Олохтоох аспыт-үөлбүт технология ирдэбилин тутуһан, үчүгэй хаачыстыбаны мэктиэлиир «Продукт Якутии» диэн маркировканан таһаарыллыахтаах. Дьэ ону хайа кыра кыамталаах тэрилтэ ситиһиэй?

Саҥа миниистир Артем Александров бу кыһалҕаны билэр, бу күннэргэ соҕотуопкалыыр-астыыр салаа үлэһиттэрэ түмсэммит, хайдах үлэлиирбит туһунан сүбэлэстибит. Онон харыбытын ньыппарынан, күүстээх үлэҕэ турунабыт.

  • 5
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 2

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Уопсастыба

Кинилэр олоҕу киэргэтэллэр

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хаптаҕай нэһилиэгин олохтоохторо Гаврил Семенович Самсонов уонна…
02.11.24 10:31