Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -20 oC

Уонча сыллааҕыта Дьокуускайга  1,5 тыһыынча араас киэптээх, бас билиилээх маҕаһыын баарыттан 15 %-а эрэ олохтоох аһы-үөлү атыылыыр буоллаҕына, билигин хартыына биллэрдик уларыйда.

Уонча сыллааҕыта Дьокуускайга  1,5 тыһыынча араас киэптээх, бас билиилээх маҕаһыын баарыттан 15 %-а эрэ олохтоох аһы-үөлү атыылыыр буоллаҕына, билигин хартыына биллэрдик уларыйда.

Саҥа суоллары тобулуу

Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн аһы-үөлү оҥорон таһаарыыга бас билии көрүҥүттэн тутулуга суох 400 хампаанньа, тэрилтэ, кэпэрэтиип, хаһаайыстыба уо.д.а. үлэлиир. Олортон аҥардара Дьокуускайга уонна куорат таһынааҕы бөһүөлэктэргэ базалаахтар, бородууксуйалара үчүгэйдик батарыллар, үгүстэр анал маҕаһыыннардаахтар. Холобур, «Дьокуускайдааҕы көтөр фабриката» АУо, «Хатастааҕы сибиинньэ комплекса» ХЭУо, «Дьокуускайдааҕы килиэп комбината» АУо, «Скиф», «Мясной двор», «Дьокуускайдааҕы балык хампаанньата» куоракка киоскалардаахтарын таһынан, бородууксуйаларын атын маҕаһыыннарынан эмиэ батараллар.

Оттон улуустардааҕы астыыр-таҥастыыр кэпэрэтииптэр бородууксуйаларын хайдах батаралларый? Ааспыт өттүгэр кинилэр астарын-үөллэрин куорат маҕаһыыннарыгар туттаран атыылата сатыыллара. Ол эрээри, эргиэмсиктэр бэйэлэрин бырыһыаннарын эбэр буоланнар, сыананы аһары үрдэтэн кэбиһэн, атыылаһааччылары тэйитэллэрэ итиэннэ «тыаттан киирэр аһы дьон ылбат» диэн дойҕохтууллара. Инньэ гынан, сибиэһэй үрүҥ аһы, эти уонна оҕуруот аһын амсайыахтарын баҕарар дьоннор «Сайсары» Бааһынай ырыынагын эрэ кэтииргэ тиийэллэрэ. Балаһыанньаны көннөрөр туһугар, 2008 с. улуус асчыттара «Сахаагропродукт» диэн өрөспүүбүлүкэ таһымнаах кэпэрэтииби тэрийэн, бородууксуйаларын кииннээн батарар буолбуттара. Кэпэрэтиип куорат иһигэр биир маҕаһыыны уонна хас да киосканы арыйан, улуустартан киллэриллэр ас-үөл батарыллар суолун тобуларга бэйэтин кэмигэр таһаарыылаахтык үлэлээбитэ.

Ас_--_Сд_в_Як.jpeg

«Саха сиригэр оҥоһулунна» бырайыагынан

Олохтоох бородууксуйаны батарыы маркетинын тупсарар, кээмэйин элбэтэр сыалтан Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ Дьокуускай куорат дьаһалтатын кытары кыттыһан, 2018 с. «Саха сиригэр оҥоһулунна» диэн үс түһүмэхтээх бырайыагы олоххо киллэрбитэ. Ону бастакынан өйөөннөр, «Дьокуускайдааҕы килиэп комбината» АУо уонна «Айгуль», «Алмаас» эргиэн кииннэрэ олохтоох аһы-үөлү, ол иһигэр улуустартан киллэриллэр үрүҥ аһы атыылыырга ылсыбыттара.

Бырайыак иккис түһүмэҕэр министиэристибэни кытары куоракка маҕаһыыннардаах тоҕус биирдэм урбаанньыт сөҥнөһүү түһэрсибитэ, онтон үһүс түһүмэххэ куорат тэрилтэлэрин таһынан улуустар хаһаайыстыбалара кыттыспыттара. Министиэристибэҕэ тэриллибит бырайыак бастакы сылын түмүгүн таһаарар сүбэ мунньахха килиэп комбинатын товароведа Надежда Андрюшина хампаанньа маҕаһыыныгар олохтоох ас-үөл атыыланыыта икки төгүл элбээбитин бэлиэтээбитэ.

Дьэ маннык утумнаах үлэ түмүгэр куорат үгүс маҕаһыыннарыгар, ол иһигэр «Айгуль», «Алмаас», «Токко», «Поярков», «Илин Эҥэр» курдук супермаркеттарга, күннэтэ сибиэһэй сымыыт, үрүҥ ас, арыы, эт атыыланар буолбута.

Ас_--_киоски.jpeg

Киоскалар

Дьон саамай тоҕуоруһар сиригэр, элбэх этээстээх таас дьиэлэр аттыларыгар «Саха сиригэр оҥоһулунна» маарканан үлэлиир дьоҕус киоскалар аһыллыбыттара. Куорат араас түөлбэлэригэр турар «Ферма», «Мясной двор», «Местный продукт», «Дойдум аһа», «Дэлэй ас», «О’город», «Майа Баалы», «Алаас аһа» диэн дьон болҕомтотун тардар ааттаах-суоллаах киоскаларга улуустартан киллэриллибит үрүҥ ас, эт, балык, сымыыт мэлдьи баар.

Куорат килбэйэр киинигэр, Дзержинскэй уулуссаҕа турар улахан маҕаһыын иһигэр ас-үөл талбыта атыыланар.

– Бу биирдэм урбаанньыт киоската, өссө биир туочукабыт «Прометей» эргиэн киинигэр баар. Дуогабар быһыытынан, араас улуустартан: Хаҥаластан, Мэҥэ Хаҥаластан, Амматтан, Намтан, Чурапчыттан күн аайы ас-үөл арааһа киирэ турар, «Саюри» тэпилииссэ комплексын оҕурсута, помидора эмиэ атыыланар. Куорат олохтоохторо бэрт хамаҕатык ылаллар, тыа аһа-үөлэ атыыга мэлдьи баар буоларын ирдииллэр, – диир атыылааччы Айта.

Таһырдьа, маҕаһыын ойоҕоһугар, турар киоскаҕа эмиэ улуустартан киллэриллибит үүт-сүөгэй, барыанньа, халбаһы, эт эрэ дэлэй, бэл, ыһаарыламмыт собо баар! Атыылааччы Мария Иванова этэринэн, «Антонов» биирдэм тэрилтэ куоракка үс киоскалааҕыттан биирэ бу эбит.

Ас_--_остановка.jpeg

Сылаас тохтобуллар

Куорат дьаһалтата 2014 сылтан саҕалаан, социальнай суолталаах бырайыак чэрчитинэн, 64 сылаас тохтобулу оҥорон үлэҕэ киллэрдэ. "Куоракка уонна чугастааҕы бөһүөлэктэргэ сыллата 15-тии сылаас тохтобулу тутаммыт, 2026 сылга диэри 100 сылаас тохтобул баар буоларын хааччыйыахпыт", – диэн былырыын куорат баһылыга Евгений Григорьев этэн турар. Маннык тохтобуллары биирдэм урбаанньыттар арендаҕа ыланнар, хаһыат киоскатын, баан, сибээс хампаанньаларын эбии офистарын итиэннэ дьоҕус маҕаһыыннары арыйдылар. Олор истэригэр «Саха сиригэр оҥоһулунна» маарканан үлэлиир маҕаһыын аҕыйаҕа суох. Холобур, Саха гимназиятын таһыгар турар сылаас тохтобулугар быйыл саас биир урбаанньыт ас-үөл киоскатын арыйда. Дзержинскэй уулуссаҕа турар «Архыып» диэн тохтобулга «Тэтим» дьоҕус маҕаһыын үлэлээбитэ номнуо үһүс сыла буолла.

– Куорат киинэ уонна элбэх оптуобус тохтуур сирэ буолан, күн устатыгар бэрт элбэх киһи сылдьар, – диир атыылааччы Татьяна Юмшанова. – Бородууксуйаларын куоракка киллэрэр улуустары барыларын кытары үлэлиибит. Үрүҥ ас сылы эргиччи баар, күһүн оҕуруот аһа, хортуоппуй, сир аһа, кыһын эт, эттэн фабрикат аҥардаах ас эбиллэр, итиэннэ балык Чокуурдаахтан тиийэ кэлэр. Бастайааннай атыылаһааччылардаахпыт, Чурапчы чөчөгөйүн, Нам суоратын, Амма сыырын, Уус Алдан халадьыаһын, Нөмүгү килиэбин эрдэттэн үлэһэн ылар дьоннордоохпут.

Ас_--_Айта.jpeg

Дьиэттэн сакаастаан

Аныгы технология биир көстүүтүнэн таҥаһы-сабы, дьиэ миэбэлигэр тиийэ араас табаары интернет-маҕаһыынынан атыылаһыы буолар. Олоҕу кытары тэҥҥэ хаамсан, «Саха сиригэр оҥоһулунна» маарка менеджердэрэ 2019 сыл сайыныгар Sayun.ru диэн онлайн-маҕаһыыны арыйбыттара. Онон, киин куорат олохтоохторо дьиэлэриттэн сакаастаан талбыт астарын-үөллэрин атыылаһар кыахтаммыттара. Онлайн-маҕаһыыҥҥа бэйэлэрин бородууксуйаларын бастакынан бөдөҥ хампаанньалары сэргэ «Күн», «Топпут Миисэ», «Сахачай» уо.д.а. тэрилтэлэр таһаарбыттара.

Коронавирус пандемиятын кэмигэр аһы-үөлү дьиэҕэ олорон сакаастаан аҕалтарар өҥө Дьокуускайга эрэ буолбакка, бары улуустарга киэҥник тарҕаммыта, биһирэммитэ. Билигин өрөспүүбүлүкэҕэ оҥоһуллар аһы-үөлү уонна атын да табаары интернетинэн батарыыга, билиһиннэриигэ ЕTP14.ru диэн Биир кэлим эргиэн былаһаакката үлэлиир. Ону таһынан, үгүс хампаанньалар анал чат-ботторы арыйдылар, улуустардааҕы астыыр кэпэрэтииптэри кытары быһаччы үлэлиир «Кэникээн» онлайн-маркет батсаабынан сайаапка хомуйан, ас-үөл арааһын тиэрдэн биэрэр өҥөнү оҥорор.

Өрөбүлү билбэккэ түбүгүрэр хотон-хонуу үлэһиттэрин оҥорон таһаарбыт бородууксуйалара сыраны толуйар сыанаҕа батарылларын, оттон нэһилиэнньэ экология өттүнэн ыраас, иҥэмтиэтинэн баай олохтоох аһынан-үөлүнэн хааччылларын туһугар, батарыы ырыынага ити курдук кэҥэтиллэн иһэр.

  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Уопсастыба

Кинилэр олоҕу киэргэтэллэр

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хаптаҕай нэһилиэгин олохтоохторо Гаврил Семенович Самсонов уонна…
02.11.24 10:31