Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -24 oC

Пандемия олохпутугар-дьаһахпытыгар тосту уларытыылары киллэрдэ. Экэниэмикэҕэ, бэлиитикэҕэ, үөрэхтээһиҥҥэ, уопсайынан, олох бары эйгэтин хаарыйда. Киһи аймах бүттүүнэ олоро үөрэммит укулаата ыһыллан, коронавирус киһи уйулҕатыгар эмиэ дьайда. Бу туһунан уопуттаах психолог-реабилитолог Тамара Егорова кэпсиир. Тамара Петровна быраас тэҥэ, ыарахан ыарыыга ылларбыт дьону кытта алтыһан, кинилэр ис туруктарын «курдат көрөр», үс куттарын чөлүгэр түһэрэр киһи. Билигин дойду араас муннугар пандемия кэмигэр уйулҕа үөрэхтээхтэрин көмөлөрө сүҥкэн.

Пандемия олохпутугар-дьаһахпытыгар тосту уларытыылары киллэрдэ. Экэниэмикэҕэ, бэлиитикэҕэ, үөрэхтээһиҥҥэ, уопсайынан, олох бары эйгэтин хаарыйда. Киһи аймах бүттүүнэ олоро үөрэммит укулаата ыһыллан, коронавирус киһи уйулҕатыгар эмиэ дьайда. Бу туһунан уопуттаах психолог-реабилитолог Тамара Егорова кэпсиир. Тамара Петровна быраас тэҥэ, ыарахан ыарыыга ылларбыт дьону кытта алтыһан, кинилэр ис туруктарын «курдат көрөр», үс куттарын чөлүгэр түһэрэр киһи. Билигин дойду араас муннугар пандемия кэмигэр уйулҕа үөрэхтээхтэрин көмөлөрө сүҥкэн.

Уйулҕа хараҕынан

Коронавируһу киһиэхэ дьайыытын анаардахха, улаҕата көстүбэт кыһалҕалар күөрэйэллэр. Аан дойдуга пандемия дуу, истириэс дуу? Үксүн төбөнү ытыйар биллэрии­лэр интэриниэт ситиминэн тарҕаналлар. Аан дойдутааҕы доруобуйа­ны чэбдигирдэр тэрилтэ (ВОЗ) этэринэн, коронавирус эпидемия, пандемия эрэ буолбатах, үксэ инфодемия, ол эбэтэр үгүс үлүннэриилээх сонуҥҥа тимирэн эрэбит диэн сэрэтэр эбит. Ол түмүгэр, дьон уйулҕатыгар истириэс (истерия) тэнийиэн сөп диэн сэрэтэллэр. Үксүн тапталлаах бассааппыт көмөтүнэн "үһү-бадыга" олоҕуран, бородуукта бүтэр, хамнас суох, үлэни сүтэрии улаатыа диэн сонуннар киһини ыгылытар, ыксатар, санааҕа ыллаттарар, тус туругар уолуйууну, кутталы үөскэтэр эбиттэр.

WhatsApp Image 2020 07 30 at 14.09.40

Коронавирус кэмигэр дьону үс бөлөххө араарыахха сөп

Бастакы бөлөх дьоно тугу да итэҕэйбэт, билиммэт дьон, а.э. ити ыарыы миигин да, чугас дьоммун да таарыйбат дии саныыллар, этинэллэр. Бу киһи бэйэтин көмүскэнэр өрүтэ буолар. Ыарыы куттала суоһуурун ылыммат, ол эбэтэр өйө-санаата мэлдьэһэр: "Ыарыынан куттууллар, соруйан гыналлар. Коронавирус диэн сымыйа, вирус cуох, былаас барыһа..." дии саныыллар. Мантан салгыы арааһы үлүннэрэн, провокационнай үлэни ыытарга бэлэм буолаллар. Бу, З. Фрейд кэнсиэпсийэтигэр олоҕурдахха, киһи ис туругар мөккүһэр үс туруктан өһөс, хадаар "Мин" диэн өйө баһыйарын түмүгэ көстөр. Бу киһи суобаһа саҥарарын истибэт, өрүү мөкү санаата баһыйар эбит. Ол түмүгэр, этэргэ дылы, суобаһын сиэбигэр уктан төттөрүлэһэрэ улаатар, дьиссипилиинэтэ мөлтүүр. Маннык "эголаах" киһи атын дьону тус көрүүтүнэн түргэнник сутуйан, уолуйууну үөскэтиэн сөп.

Иккис бөлөххө коронавирус ыарыы суоһаабытыгар эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһар, холку, тулуурдаах дьон киирсэллэр. Кинилэр бэйэлэрин туруктарын салайаллар, истэр-көрөр, ырытар дьоҕурдаахтар. Истириэскэ бэриммэт, бигэ тирэхтээх, күүстээх иэйии долгунугар оҕустарбат киһи. Коронавирус туһунан олус үлүһүйбэт, чугас дьонун аймаабат. Үөһэттэн этиллибит дьаһалы, быраас сүбэтин күүркэппэккэ, сөптөөҕүнэн ылынар.

Үһүс бөлөх дьоно аһары эппиэтинэстээхтэр, суруллубут сокуону, быраас сүбэтин,  бассаабынан кэлэр фейковай сонуннары 100 % ылыналлар. Коронавирустан ыалдьыам диэн санаарҕаан санньыйаллар, ол түмүгэр айманаллара, куттаналлара бэргиир, кими да кытта кэпсэппэккэ бэйэлэригэр бүгэн хаалаллар. Үрүҥү-хараны барытын араара барбакка, итэҕэйэр, айманар кыһалҕалаах.

Маны таһынан,  тулалыыр эйгэни  психологическай сутуйуу диэн баар. Тулалыыр дьонун-сэргэтин тус туругунан араас сонунунан сутуйуон сөп, ол эбэтэр хайдах иэйии кууспутуттан, сүргэтиттэн тутулуктаах. Холобурдаатахха, «Дьокуускай болуоссаттарыгар дьон күүлэйдии сылдьар эбит, мин эмиэ тахсан күүлэйдиэм, туох да буолбат ини" диэн ис куолаһа этэрин ылынар. Эбэтэр үбүлүөйгэ, төрөөбүт күҥҥэ ыҥыраллар, ону барыан баҕарбат да буоллаҕына, «Бу ытыктыыр киһим, тиийбэтэхпинэ, хомойуо» диэн санаата баһыйан бырааһынньыкка тиийэр.  Коронавируска хаптарбыт чугас дьоннорун кытта биир остуолга олорон, ыллаан-туойан, бу ыарыыга сыстыбыттар бааллар.

Аны туран, араас түгэннэргэ чорбойор түрбүөн, долгуйуу, күүркэйии, өрө холоруктаныы киһи майгытыгар араас түгэннэргэ сытыырхайыан сөп. Бу туһунан ньиэмэс психолога Карл Леонгард 1968 сыллаахха "акцентуация характера" диэн баарын дакаастаан турар. Бу өрө өттөйөн тахсар майгы пандемия кэмигэр истириэскэ, депрессияҕа түргэнник тиэрдиэн сөп. Нууччалыы эттэххэ, “стрессоустойчивость» мөлтүүр. Истириэскэ бэринэр дьон үксүгэр оҕо сааһыгар өрүү буойууга сылдьыбыт буолаллар: "үөһэ ыттыма - охтуоҥ", "иккини ылыаҥ да - сэрэн", "тыытыма – алдьатан кэбиһиэҥ", "үөрэммэтэххинэ, туһата суох киһи, бомж буолуоҥ" уо.д.а. Маннык сыһыаны гиперопека дииллэр. Күүстээх хонтуруол түмүгэр оҕо быһаарыныыта суох, куттамсах буолар, атыннык эттэххэ неврастеник буола улаатан, олоҕор кэккэ кыһалҕалары көрсөрө саарбахтаммат.

Коронавируһынан ситимнээн саҥа сүү­рээн тыллар баар буоллулар "дьиэҕэр олор", "удаленка", "онлайн-режим", "ZOOM", "дистанционнай үөрэхтээһин" о.д.а. Дьиэҕэ олорон үлэлээһин  («удалёнка») кэккэ ыарахаттардаах.  Ордук куоракка: дьиэ кыараҕас, оҕо сүүрэрэ-көтөрө, кэргэн кыйаханара иирсээҥҥэ, арахсыыга тиэрдиэн, сыһыаны да татымырдыан сөп. Маҥнай үөрүйэхтэнии (адаптация) кэмин тулуйан ааспыт ыал этэҥҥэ суолу-ииһи тобулар.

Соҕотохсуйуу содула. Психологтар этэллэринэн, бэйэҕэ тиийинии үксүгэр каникул, өрөбүл күннэргэ буолуталыыр эбит. Ол эбэтэр киһи соҕотох кэмигэр санааҕа ыллаттарар куттала үрдүүр эбит. Онон дьиэ кэргэҥҥэр сууланан олороруҥ уон төгүл ордуга бигэргэнэр.

Бэйэҕэ уонна дьиэ кэргэҥҥэ хайдах көмөлөһүөххэ сөбүй?

1. Төһө кыалларынан, ыарыыны тус туруккар сайыннарыма, өйгөр оҥорон көрүмэ (фантазиялаама). Баары баарынан ылын, холкутук сыһыаннас.

2. Бэйэҕин кытта сөбүлэҥ түһэрсэргэ үөрэн, коронавирус туһунан тустаах уорганнартан истэр оруннаах.

3. Коронавирус туһунан соччото суох сонуну кэргэҥҥин эбэтэр дьүөгэлэргин кытта оҕо истэригэр кэпсэппэккит ордук. Оҕоҕут оонньуу сылдьар да буоллаҕына, син биир истэр, иҥэринэр.

4. Бүрүүкээбит коронавирус кыһалҕатын ырытан, остуоруйа курдук оҕоҕо кэпсээн үчүгэй түмүктээх буоларын ситиһэр ордук. Киһи аймах  Аҕа дойду сэриитин кыайбыта, ыарахан кыһалҕалары, муор-туор олоҕу этэҥҥэ ааспыта. Өрүү сырдыгы, үчүгэйи ыраҥалыыр оруннаах. Бу «хааччахтанан олоруу тоҕо уһууруй, тоҕо оскуолаҕа оҕолор үөрэнэ барбаттарый?” диэн элбэх тоҕус төгүл тоҕо күөрэйиэн сөп. Онно судургутук, киһи киһиэхэ кыһалларын, чөл буолуу, сүргэни көтөҕүү тустарынан кэпсэтэр-ипсэтэр ордук.

Бу интэриниэт сайдыбыт үйэтигэр «ютубка» араас дьарыктары, эрчиллиилэри булуохха сөп.

Хамсаныы оруола муҥура суох

Дьиэҕэ  хааччахтанан олорор кэмигэр хамсаныы туһата сүҥкэн:

1. Хамсаныы.  Биир сиргэ туран хардыылааһын, төҥкөйүү, тыллаҥнааһын, сөпкө тыынары эрчийии.

2. Медитация. Наҕыл муусуканы холбоон, нухарыйан да ыллаххына, өй-мэйии сынньанар. Олус ыгыллар, айманар киһиэхэ бу туһата улахан. Аптека уоскутар эминээҕэр медитация муусуката бэркэ солбуйар.

3. Эт-хаан процедураларын сайыҥҥы кэмҥэ оҥорон хааларга тиэтэй, туһата кыһыны быһа дьайыа.

4. Киһини өйүүр эйгэ ситимнэригэр алтыһан аралдьыйыахха сөп. Холобур, инстаграмм, фейсбук, ким эмэ үөрэххэ киирэр кыахтаах буоллаҕына,  ыраахтан олорон көмөлөһүөххүн да сөп. Лиидэр хаачыстыбалаах буоллаххына, чат, түмсүү салайааччыта буолан, бэйэҕин тургутун. Тус бэйэҥ сыанабылыҥ үрдүө.

5. Психотерапия көмөтө, дьиҥэр, сүҥкэн. Ардыгар ыһытыы-хаһытыы сылдьар дьону кытта үлэлииргэр күһэллэҕин. Үөһэ этиллибиккэ олоҕурдахха, өрүү бэйэтин көмүскэнэн тахсар өрүттээх дьону, тугу барытын мэлдьэһэр өрүтүн психотерапевтическай ньыманан сүөрүөххэ сөп.

6. Коронавирус кэмигэр олоҕун табыгастаахтык дьаһаммыт киһи күнүн сөпкө тыырар. Ол курдук, күнү-дьылы, коронавирус туһунан араас сонуну биир кэмҥэ истэрин сөбүлүүр.  Кэлин дьон Тускул күн-дьыл билгэтин көтүппэккэ истэр буолла. Коронавирус  туругун туһунан Ил Дархан Айсен Николаев, бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина коронавируһу утары сэрэтэр үлэлэр тустарынан кэпсииллэрин  сэҥээрэр буоллулар.

7. Аралдьыйыы кэмин олохтооһун. Көр-күлүү киинэлэрэ, муусука, дьиэни-уоту өрө тардыы, хомуйуу, уһаныы, тигии, дьоҕурунан дьарыктаныы тэнийдэ. Бу олус үчүгэй.

8. Ууну иһии. Бу олус туһалаах. Киһи ордук истириэскэ сылдьар буоллаҕына, хааныгар истириэс гормоннарын быраҕар түмүгэр киһи ыгылайара, уолуйара бэргиир. Уу ол гормону хааҥҥа суурайар буолан туһата улахан. Ордук куттаныы кэмигэр 20 мүнүүтэ буола-буола ыстакаан аҥаара ууну иһэр ордук. Ыгылыйбыт киһиэхэ өрүү уу иһэрдэллэрин элбэх холобурдарга көрөбүт.

9. Ритуаллары туттуоххутун сөп дииллэр психологтар. Саха омуга күҥҥэ сүгүрүйэр аналлаах, ол чэрчитинэн айылҕаны кытта алтыһыы, күнү кытта кэпсэтии туһалааҕа чахчы. Кэнники кэмҥэ алаадьылаан алҕааһын саха сүргэтин бэркэ көтөҕөр буолбутун бэлиэтиэххэ сөп.

10. Айымньылаах айар дьоҕуру тобулуу. Бэйэни сайыннарарга дьулуһуллуохтаах. Хоһоон айыы, тойук туойуу. Манна даҕатан эттэххэ, саха сатаабата суох.

11. Кэлин куйаар ситимэ киһини араастаан моһуоктуур буолла. Холобур, «ютуб оҕолоро» баар буолбуттара мэлдьэх буолбатах. Ол иһин «детоксикация» диэн тылы туттуу баар. Туох баар аныгы үйэ сайдыытын ситимиттэн мэйиини сынньатар наада.

12. Киһиэхэ ис уонна тас  кэпсэтии диэн баар. Таска монологу, хоһоон этиитин эҥин киллэриэххэ сөп. Оттон ис кэпсэтии арыый да уустук. Ол гынан баран, саха киһитэ ис алтыһыыта быдан сайдыылаах диэн көрөбүн. Фольклор хараҕынан да ырыттахха. Ис саҥаны сайыннардахха, киһи бэйэтин ордук хонтуруолланар, салайынар кыахтанар.

13. Бэйэҕэр бэйэҥ көмөлөһө үөрэн.

Олус долгуйар, уолуйар буоллахха, иммунитет мөлтүүр. Киһи ис туруга бөҕөргөөтөҕүнэ эрэ иммунитета бөҕө буолар. Киһи кыйаханар, кыыһырар, ыгылыйар буоллаҕына, туруга түөрэҥниир, ыарыыга ыллаттарар, кэбириир. Бу түгэҥҥэ билиитэ-көрүүтэ, ол эбэтэр болҕомтото лаппа намтыыр.  Онон пандемия кэмигэр холку, киэҥ көҕүстээх, дириҥ көрүүлээх буолар ордук.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением