Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -9 oC

Сэтинньигэ бастакы үлэ нэдиэлэтэ түмүктэннэ. Тымныы сэтэрээн күүһүгэр киирдэ, дьиэҕэ олоруу эрэсиимэ салҕанар, мантан сибээстээн дьиэттэн тахсыбакка эрэ «Ил Түмэн» парламент хаһыатын бэрт судургутук онлайн сурутан ылыҥ. 

Сэтинньигэ бастакы үлэ нэдиэлэтэ түмүктэннэ. Тымныы сэтэрээн күүһүгэр киирдэ, дьиэҕэ олоруу эрэсиимэ салҕанар, мантан сибээстээн дьиэттэн тахсыбакка эрэ «Ил Түмэн» парламент хаһыатын бэрт судургутук онлайн сурутан ылыҥ. 

Болҕойуҥ, бүгүҥҥү  32 илиистээх халыҥ нүөмэри «Горпечать» киоскаларыттан атыылаһыаххытын сөп. 


Хамсык кэмигэр дьон үрүҥ аһынан аһаата

Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин чахчытынан, алтынньы 29 күнүнээҕи туругунан, 56 319 туонна үүт туттарыллан, былаан 98,4 % туолбут (былырыыҥҥы сыл туһааннаах кэмигэр 73 604 туонна). Үүтү тутан астааһыҥҥа 2 млрд 862 мөл. 500 тыһ. солк. субвенция көрүллүбүтүттэн улуустарга 98,4 %-на тиэрдиллибит. Биирдиилээн улуустарынан көрдөххө, Амма, Бүлүү, Мииринэй, Сунтаар, Өлүөхүмэ улуустара уонна Дьокуускай к. сорудахтарын 100 %, сорохтор өссө аһара толорбуттар.

Омук тыллаах – норуот тыыннаах

Феодосия Габышева Грознайга эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы кэмпириэнсийэҕэ кытынна. Тэрээһин алтынньы 12-13 күннэригэр ООН төрүт омуктар тылларын аан дойдутааҕы 10 сылынан биллэриллибит үтүө дьаһал чэрчитинэн ыытыллыбыт.

Бастакынан суолу тэлэр уустук

Хамсыгынан биллэриллибит уһун өрөбүллэр иннинэ, алтынньы 28 күнүгэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт сокуонун сүбэтин бастакы мунньаҕа буолан ааста.

Олохпут чахчыта — статистикаҕа

2028 сылга мөлүйүөннээх статуһу ситиһэрбитигэр, бу 18 тыһыынча дьоммутун хантан ылабыт? Ол туһуттан тугу гынабыт?

Бырайыактыыр кииннэр ситимнэрэ олохтонно

Бу күһүҥҥүттэн 15 улууска үөрэх тэрилтэлэрин базаларыгар бырайыактыыр кииннэри тэрийэр соруктаах далааһыннаах үлэ саҕаланна.

Тулалыыр эйгэ харыстабыла барыбытын долгутар

Ил Түмэн сир сыһыаннаһыыларыгар, айылҕа баайыгар уонна экологияҕа сис кэмитиэтин саҥа бэрэссэдээтэлэ Сахамин Афанасьев дьокутаат быһыытынан бастакытын нэһилиэнньэни кытта көрүстэ, уопсастыбанньыктар ыйытыыларыгар хоруйдаата. Кэпсэтии ВКС нөҥүө онлайн ыытылынна.

Саамай сүрүн – оҕо доруобуйата

Ил Түмэн дьиэ кэргэҥҥэ уонна оҕо аймахха сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Алена Атласова ВКС нөҥүө нэһилиэнньэлиин көрүстэ. Парламентарийга 8 киһи быһа сибээскэ тахсан, кыһалҕатын кэпсээтэ, мунаахсыйар боппуруостарыгар хоруй ыллылар.

6 7 стр

Сайдыы өттүгэр хамсааһын тахсыбыт

Бүлүү улууһун II Күүлэт нэһилиэгэр 2012-2017 сыллардаахха баһылыктаабыт Светлана Николаевна Игнатьева 2020 сыл ахсынньытыттан Сунтаар улууһун Тэҥкэ нэһилиэгин баһылыгынан үлэлиир.

Киһи киһитэ кини баар!

90-с сылларга Саха Өрөспүүбүлүкэтэ Арассыыйа Федерациятын иһигэр бэйэтин бэйэтэ дьаһанар сувереннай, демократическай судаа­рыстыба буолуутун ситиһиигэ үс сүҥкэн кэскиллээх хардыы оҥоһуллубута: Суверенитет туһунан декларация, саҥа Төрүт сокуон уонна Федеративнай дуогабар. Бу үс сүрүн докумуонтан Федеративнай дуо­габары Климент Егорович Иванов сүрүн­нээччи уонна оҥорсооччу буоларын билэбит.

Алампаны көрбүт ытык кырдьаҕас кэпсээбитэ...

Бу сэтинньи 14 күнүгэр саха литературатын төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ, драматург, поэт, прозаик Анемподист Иванович Софронов-Алампа төрөөбүтэ 135 сылын туолар.

Идэтийбит парламеҥҥа Идэтийбит парламеҥҥа көһөр оруннаах дуо?

Аҕыйах хонуктааҕыта киирбит «Об общих принципах публичной власти в субъектах федерации» сокуон барылын быһыытынан, субъектар РФ Госдуматын сокуоннарын барылын 15 күн иһинэн көрө охсон, ырытан, бэйэлэрин эппиэттэрин, позицияларын ыытыахтаахтар. Ити олус ыгым болдьох. Бастайааннай профессиональнай төрүккэ эрэ үлэлиир парламент эппиэттэһиэн сөп.

Бастакынан суолу тэлэр уустук

Төрүт сокуон сүбэтин тэрийии уопута билиҥҥитэ Арассыыйа биир даҕаны субъегар суох, онон Саха Өрөспүүбүлүкэтэ пионер, бастакы хараҥаччы буолар, инньэ гынан эппиэтинэспит соччонон үрдүк.

Сокуон кэнсиэпсийэтин уларыттахтарына табыллар...

«Биһиги ханнык баҕарар сокуон Конституцияны тутуһуохтаах диэн тирэх өйдөбүллээхпит. Оттон бу сокуон барыла Төрүт сокуон балаһыанньаларын элбэх түгэҥҥэ кэһэрин таһынан, өссө өрөспүүбүлүкэлэр ытык бэлиэлэрин урусхаллыырга туһаайыллыбыт курдук».

Константин Мамонтов: «Сэлиибит муоһа бэйэбитигэр хаалыахтаах»

Аан дойдуга саха муосчуттарын үлэлэрэ хайҕаныахтарын хайҕаналлар. Бу ускуустуба сайдыытыгар, атаҕар турарыгар сүҥкэн кылааттаах киһинэн РФ үтүөлээх худуоһунньуга, муосчут, скульптор, педагог, Култуура уонна ускуустуба Аартыкатааҕы судаарыстыбаннай институтун бэрэпиэссэрэ Константин Меркурьевич Мамонтов буолар.

16 17 стр

«Аҕабыт» диэн таптаан-ытыктаан ааттыыллар

Бүлүү улууһугар Андрей Иванову билбэт киһи аҕыйах буолуо. Кини төрөөбүт дойдутун, II Күүлэт нэһилиэгин, дьоно-сэргэтэ байылыаттык олороллорун, төрүт дьарыктарыттан тэйбэттэрин туһугар бары билиитин-көрүүтүн, кыаҕын-уоҕун, олоҕун үтүө кэмнэрин анаата.

Ыччат бэлиитикэтин сүрүннэһэр үлэһиттэри бэлэмнииллэр

М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет Арассыыйа хотугулуу-илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын институтугар 2017 сыллаахха «Ыччаты кытта үлэни тэрийии» диэн саҥа үөрэх хайысхата тэриллибитэ. Бу сонун идэни баһылыыр дьону туохха үөрэтэллэрин, ханнык эйгэҕэ үлэлиэхтээхтэрин, туох сонун дьиссипилиинэлэр баалларын, ситиһиилэрин туһунан педагогическай наука хандьыдаата, ХИФУ дассыана Марк Николаевич Егоров кэпсээтэ.

Сайдар эйгэни тэрийии ньымалара

Үтүө киһини иитиигэ, кини сайдар эйгэтин олохтооһуҥҥа туһаайыылаах үөрэх дьылыгар үктэнэн олорон, тумус туттар дьоммут этиилэрин, норуот муудараһыгар олоҕурбут санааларын болҕойуоҕуҥ. Тула өттүбүтүн одуулаан, буола турар быһыыны-майгыны кэтээн көрүөҕүҥ, бэйэҕэ эргиллэн, дьайыыларбытын ырытыаҕыҥ.

Биһиги бырааспыт актыбыыска ааттааҕа

Быйыл өрөспүүбүлүкэҕэ Чэбдигирии, Чурапчы улууһугар Доруобуйа сыллара биллэриллэн, эмтиир эйгэҕэ элбэх үлэ бара турар.  Улуустааҕы уопсастыбаннай сэбиэт мустан, бу Доруобуйа сылыгар биһиги түмсүүбүт тугунан көмө-тирэх буолуон сөбүн ырытыспыппыт. Суруналыыстар, буоларын курдук, улуус ыытар үлэтин-хамнаһын сырдатарбытын таһынан, өссө: «Доруобуйа харыстабылын үлэһиттэрин, бэтэрээннэрин суруйууга ылсыахпыт», – диэн эппиппит. Уонна бу тэрриллибит куонкуруска кыттан бүгүн Болтоҥо нэһилиэгин учаастактааҕы бырааһын, эдэр быраастар «Харысхал» түмсүүлэрин чилиэнэ Людмила Тарабукина туһунан кэпсиибит, кэпсэтэбит.

Идэһэни дьаһайар кэм кэллэ

Көмүс күһүммүт күрэнэн, уһун кыһыҥҥа бэлэмнэнэн, сир-дойду добдугураччы тоҥно. Онон бүгүн хаһыаппыт эрэллээх сүбэһитэ – Чурапчы Далбар Хотуна Маарыйа Саабына – идэһэни хайдах дьаһайар үөрүйэҕин үллэстэр.

Быһыыны күргүөмүнэн түргэнник ыллахпытына эрэ...

Билиҥҥи туругунан өрөспүүбүлүкэҕэ быһыы бастакы компоненын 416 тыһ. киһи, оттон иккиһин 383 тыһ. киһи ылла. Бу көрдөрүү Саха сирин бары олохтоохторун 58,2%-ныгар тэҥнэһэр. Дьон-сэргэ бүттүүн иммунитета үөскүүрүн ситиһэр билигин да ыраах. Күргүөмүнэн турунан, быһыыны түргэнник ыллахпытына эрэ, бу ыарыыбыт уҕарыйар кыахтаах. Чугас күндү дьоммутун, оҕолорбутун, бэйэбитин ыарыыттан харыстыырга вакцинаттан атын суол суох.


2022 сыл бастакы аҥарыгар сыаната удамыр:

1 зонаҕа - 995 солк.,

2 зонаҕа - 1222 солк. 

Онлайн сурутарга  бу ссылканы баттаа https://podpiska.pochta.ru/press/ПА508   

Нэдиэлэ ахсын сахалыы тылынан тахсар  «Ил Түмэн» парламент хаһыаты кыттаб бииргэ буолуҥ!

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением