Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -25 oC

Дойдубутугар сылын ахсын тохсунньу 25 күнүгэр Устудьуоннар күннэрин бэлиэтиибит. Устуоруйа мэктиэлииринэн, бу күн ыраахтааҕы Елизавета Петровна ыйааҕынан, Москубаҕа университет аһыллыбыт. Ол оруобуна сордоох-муҥнаах Сибэтиэй Татиананы ахтар күҥҥэ түбэспит. Онон Татьяна күнэ Арассыыйаҕа Устудьуоннар күннэринэн буолбут.

Дойдубутугар сылын ахсын тохсунньу 25 күнүгэр Устудьуоннар күннэрин бэлиэтиибит. Устуоруйа мэктиэлииринэн, бу күн ыраахтааҕы Елизавета Петровна ыйааҕынан, Москубаҕа университет аһыллыбыт. Ол оруобуна сордоох-муҥнаах Сибэтиэй Татиананы ахтар күҥҥэ түбэспит. Онон Татьяна күнэ Арассыыйаҕа Устудьуоннар күннэринэн буолбут.

25 января

1923 сыллаахха Татьяналар күннэрин пролетариат-устудьуоннар күннэринэн биллэрбиттэр. Оттон 1995 сыллаахха төттөрү Арассыыйа устудьуоннарын күнүнэн сөргүппүттэрэ.

 2005 сылтан бырааһынньык официальнай буолбута, РФ Бэрэсидьиэнэ бу туһунан анал ыйаахха илии баттаабыта.

Оттон биһиги өрөспүүбүлүкэбит хайдах көрсөрүй бу эдэрдии эрчимнээх бэлиэ күнү?

Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр 5 судаарыстыбаннай үрдүк үөрэх кыһата баар: Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет, Аартыкатааҕы агротехнологическай университет, Култуура уонна искусство Аартыкатааҕы института, Чурапчытааҕы физическэй култуура уонна спорт института, Уу тырааныспарын института. Бары федеральнай бас билиигэ сылдьаллар, 4 филиаллаахтар. Маны тэҥэ эрэгийиэммит бэйэтэ төрүттээбит ураты кыһата – Муусука үрдүкү оскуолата.

Бу үөрэх кыһаларыгар 24 тыһыынча устудьуон үөрэнэр. Бу көрдөрүү дойду устудьуонун 0,5%-гар тэҥнэһэр. Балартан 16 тыһыынчата күнүскү үөрэххэ уһуйуллар.

Анааран көрдөххө, устудьуоннар 28,3%-ра инженернэй дьыалаҕа, технологияҕа уонна тэихэньиичэскэй наукаларга үөрэнэллэр. Уопсастыба наукаларын 18,5% устудьуон үөрэтэр, үөрэхтээһин уонна педагогическай наукаларга - 14,2%, гуманитарнай наукаҕа - 10,5%, доруобуйа харыстабылын уонна мэдиссиинэ наукаларыгар - 9,4%, тыа хаһаайыстабытын наукаларыгар – 9,0%, математика уонна естественнэй наукаларга – 6,8%, искусство уонна култуура салаатыгар – 3,3%. Бу туһунан Үөрэх министиэристибэтин пресс-киинэ иһитиннэрдэ.

Бүгүҥҥү биһиги ыалдьыппыт Ольга Брюханова Владивосток куоракка быраас идэтин баһылыыр. Бэһис куурус устудьуона. Актыбыыс, араас кэмпириэнсийэлэр кыайыылаахтара.

5fac54fa 52ec 409b 9005 96a4d029c96d 1

--Мин дьоллоох Дьокуускай куоракка күн сирин көрбүтүм. Ийэм Наталья Валентиновна -- бухгалтер-экэнэмиис, аҕам Михаил Валерьевич -- тутааччы-монтажник. Маны тэҥэ XI кылааска үөрэнэр бырааттаахпын.

Бэйэм куорат 30-с №-дээх оскуолатын бүтэрбитим. Ол кэннэ Мэдиссиинэ  Чуумпу акыйааннааҕы судаарыстыбаннай университетыгар Үөрэх министиэристибэтин нөҥүө туттарсан киирибитим. Факультетым “эмтиир дьыала” диэн. Саха Сириттэн устудьуоннар элбэхпит. Билигин 50-тан тахсабыт.

Университеппыт Владивосток куоракка баар. Уһук Илиҥҥэ миэдиктэри бэлэмниир биир саамай таһымнаах үрдүк үөрэх кыһата буолар. Араас хайысханан үлэлиир. Үөрэх иннинээҕи бэлэмнэниини, орто анал үөрэҕи биэрэр.

Устудьуоннарга араас кыах баар. Ол курдук, симулациялыыр-тренинниир кииҥҥэ олус элбэҕи билэбит. Уруоктар куорат килииникэлэрин0 базаларыгар ааһаллар. Манна эмтэнээччилэри кытары, коронавирус дьаҥа тура илигинэ, ыкса үлэлээччи этибит. Маҥнайгы диагнозтарын туруорааччыбыт.

2bb54cab 6367 4468 b010 f14834b876c8 1

Идэбин оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан талбытым. Биология, химия сөбүлүүр предметттэрим этэ. Бу олус махталлаах идэ дии саныыбын. Тулуурдаах, дьулуурдаах, дьоҥҥо көмөлөһөр баҕа санаалаах буолар ирдэнэр. Маны тэҥэ идэҕин таптыахтааххын дии саныыбын.

Устудьуон киһи буоларым быһыытынан, араас кэмпириэнсийэлэргэ тиһиги быспакка кыттабын. Иллэҥ кэммэр волонтердуубун. Бириэмэбин ыпсара сатыыбын. Сүрүн болҕомтобун үөрэҕим ылара саарбахтаммат.

Сылын ахсын университекка научнай-чинчийэр кэмпириэнсийэлэр ыытыллаллар. Устудьуон үксэ кытта сатыыр. Секциялар араастар: хирургия, неврология, реабилитациялыыр мэдиссиинэ, микробиология, о. д.а. Мин бары хайысхаҕа холонон көрбүтүм. Маҥнай микробиология уонна вирусология кафедратыттан. Салайааччыбын кытары саахардаах диабетынан ыалдьар дьон антибиотигы ылынар кыахтарын үөрэппиппит (антибиотикочувствительность возбудителей синдрома диабетической стопы у больных с сахарным диабетом). Манна иккис миэстэни ылан, олус үөрбүтүм, олоҕум биир умнуллубат түгэнэ буолбута. Итинитэн сиэттэрэн, науканы үөрэтэргэ баҕа санаам күүһүрбүтэ.

8a56b8f0 3865 4010 afce 3caf8237577d

Кэлин хирургия, неврология, реабилитациялыыр мэдиссиинэ секцияларыгар кыттан, эмиэ бириистээх миэстэлэргэ тиксибитим.

Иккис куурустан саҕалаан мэдиссиинэ этэрээтигэр киирэн волонтердуубун. Атын устудьуоннары кытары түмсэн, балыыһаларга көмө буоларбыт. Маны тэҥэ ыарыһах оҕолорго таҥас-сап, балыыһаларга дьаҥтан көмүскүүр тэриллэри хомуйбуппут. Доруобуйаларынан ыарахан туруктаах оҕолорго араас кэнсиэрдэри, чэбдигирдэр тэрээһиннэри ыыппыппыт.

6ec68470 20ee 43be a5dd ce8df1cd3279

Устудьуон олоҕо араас өрүттээх. Тахсыы-түһүү даҕаны баар. Элбэх дьарык ирдэнэр. Бэйэҕин бэйэҥ үөрэтэриҥ элбэх. Маны сэргэ ыччат быһыытынан сынньанар эмиэ умнуллуо суохтаах.

98c3c3fe b3b2 464e 8009 b2245c5420cc

Владивостокка дьиэ куортамнаан олоробун. Биир сыл уопсайга олоро сылдьыбытым. Үчүгэй, ыраас этэ. Ол эрээри дьарыктанарбар, үөрэнэрбэр туһалаах буолуо диэн, кыбартыыра уларсыбытым.

Мин Үөрэх министиэристибэтинэн тус сыаллаах миэстэҕэ тиксэн үөрэнэбин. Онон бүтэрдэхпинэ, өрөспүүбүлүкэбэр төннөр эбээһинэстээхпин. Ол эрэн, онто да суох төрөөбүт дойдубар кэлиэм этэ.

Атын куораккка устудьуоннуу барар оҕолорго баҕа санаам – талбыт идэҕит суолтатын өйдүүр уонна таптыыр буолар ирдэнэр. Сыалы ситиһэргэ үөрэниэххэ, онуоха сыыһартан куттанымыахха наада, ол оннугар иннигит диэки баран иһиҥ.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Общество

Цифровизация туризма

В рамках форума «Цифровой Алмаз» прошла сессия, посвященная цифровизации туризма, где…
13.11.24 19:37